Туймаада туонатын олохтоохторо!
Күндү Олоҥхо дойдутун ыалдьыттара!
Ыһыах – саха култууратын, орто дойду олоҕу көрүүтүн муҥутуур чыпчаала. Күн түүннүүн тэҥнэһэр, үрдүккэ күөрэйэр ураты кэмэ былыр-былыргыттан ытыктанар, хас да сүүһүнэн үйэлэри уҥуордаан, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн испит үгэспит буолар. Саха Ыһыах күн алгыһы иҥэринэр, тахсар күнүн уруйдуу көрсөр. Ыһыах бырааһынньыга – биһиги омук быһыытынан култуурабыт ураты көстүүтэ. Сахалыы таҥастан, муусукаттан, фольклортан, иһиттэн-хомуостан, маанылаах сандалыбытыттан саҕалаан, барыта сиэри-туому толорорго көмө буолар күүстээх.
1998 сыллаахха киин куорат оччотооҕу баһылыга Илья Михальчук Үс Хатыҥ ытык сиригэр Туймаада Ыһыаҕын тэрийэр үгэһи олохтообута үйэ чиэппэрэ буолла. Норуот номоҕор кэпсэнэринэн, бу ытык сиргэ биһиги өбүгэлэрбит Эллэй уолаттарыныын олохсуйбуттар. Оттон археолог учуонайдар булумньулара норуот номоҕо оруннааҕын өссө төгүл дакаастаабыта.
Үс Хатыҥ Ыһыаҕын олохтуурга, сыллата тупсаран иһэргэ бэйэлэрин сүҥкэн кылааттарын киллэрбит дьоҥҥо махталбытын биллэрэбит: Розалия Иннокентьевна Бравинаҕа, Василий Васильевич Илларионовка, Ульяна Алексеевна Винокуроваҕа, Екатерина Назаровна Романоваҕа, Анатолий Игнатьевич Гоголевка, Надежда Семеновна Толбоноваҕа, Вильям Федорович Яковлевка, Афанасий Семенович Федоровка, Федор Иванович Марковка, Егор Петрович Оготоевка, Владимир Никифорович Игнатьевка, Антонида Николаевна Корякинаҕа, Лариса Константиновна Андрееваҕа уонна да атыттарга.
Билиҥҥи кэмҥэ Туймаада Ыһыаҕа – Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын сайыннарар уонна бөҕөргөтөр биир сүрүн тэрээһинэ. Сиэр-туом толорулларын таһынан, икки күн устата ас-үөл уонна айар үлэ күөн күрэстэрэ, дьаарбаҥкалар, талааннаахтар кэнсиэртэрэ, маастар-кылаастар, ат сүүрдүүтэ уонна күүстээхтэр күрэхтэһиилэрэ буолар.
Биһиги Ыһыахпытыгар сыллата 200 тыһыынчаттан тахса киһи тоҕуоруһар, сүүһүнэн турист Арассыыйаттан уонна тас дойдулартан ыалдьыттыыр, онон маассабай күргүөмүнэн кыттыынан Ыһыахха ханнык да тэрээһин тэҥнэһэр кыаҕа суох. Араас сылларга Ыһыах кэмигэр Гиннесс рекордтара олохтоммуттара, маны таһынан Ыһыахпыт Арассыыйа таһымнаах хас да бириэмийэлээх. 2018 сыллаахха национальнай бырааһынньыкпыт аан дойду бастыҥ туристическай эбийиэгэ ааты ылбыта.
Туймаада Ыһыаҕа инникитин даҕаны бу үрдүк таһымын тупсаран иһиэҕэ – айар күүс, кыах үөскүүр, Саха сирин норуоттарын култууратын ситимниир тэрээһин буолуоҕа.
Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев