19.10.2023 | 10:00

Туяра Константинова: «Байыаннай дьайыы бүтүөр диэри волонтердар үлэбит тохтообот»

Туяра Константинова:  «Байыаннай дьайыы бүтүөр диэри волонтердар үлэбит тохтообот»
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

«Сахаволонтер» хамсааһын туһунан аан  бастаан былырыын сэтинньи ыйга хаһыаппытыгар суруйан турабын. Онтон ыла волонтердары, СВО кыттыылаахтарын, байыастар ийэлэрин, чугас дьоннорун тустарынан тиһигин быспакка сырдатан кэллим. Оччолортон күн бүгүҥҥэ диэри волонтердар бөлөхтөрүн салайааччытынан Москваҕа биир дойдулаахпыт, кэллиэгэм, суруналыыс  Туяра Константинова үлэлиир. Бүгүн кинини кытта кэпсэтиибитин ааҕаргытыгар ыҥырабын.

Кэккэбит кэҥээн иһэр

— Туяра Николаевна, “Сахаволонтер” хамсааһын тэриллиэҕиттэн сылтан ордук кэм ааста. Бастакы хардыыларгытын кэпсиэҥ дуо?

— Биһиги хамсааһыммыт 2022 сыл алтынньы 21 күнүгэр тэриллибитэ. Оччолорго Москваҕа олорор ийэлэр госпитальга сытар уолаттарга көмөлөһүөххэ диэн түмсэммит үлэлээн барбыппыт, ол кэмтэн ыла оруобуна биир сыл ааста. Биллэн турар, ыллыбыт да тута саҕалаабатахпыт. Бастатан туран, дойдубутуттан, Сахабыт сириттэн иһитиннэриилэр кэлэн барбыттара. Ол уол манна сытар, онно сытар, бааһырбыттарга көмөлөһүөххүт дуо диэн көрдөһүүлэр киирэллэрэ. Бастакы көмөлөспүт уолбут Владик Кондаков Бурденко аатынан госпиталь бэһис филиалыгар кома кэнниттэн сыттаҕына Аина Храмова диэн биир дойдулаахпытыгар, кадровай байыаннай офицер кэргэнигэр  госпитальтан эрийэн: “Манна саха оҕото сытар, кэлэн билсиэххит дуо, олох аһаабат эҥин, ким эмит сылдьыан олус баҕарар”, – диэн тиэрдибиттэрэ. Ол Татьяна Дьякова диэн генерал кэргэнэ, бэйэтэ эмиэ волонтер эрийбит. Аина миэхэ хайыыбытый диэн сүбэлэппитигэр, хайаатар да көмөлөһүөххэ, бара сылдьыахха диэн сарсыҥҥы күнүгэр 2000 солкуобайга кыттыһан ас атыылаһан госпитальга тиийбиппит. Уолбут биһигини көрөн сүрдээҕин соһуйбута.  Онтон  сыыйа-баайа билсэн, кэпсэтэн, нэдиэлэҕэ биирдэ-иккитэ сылдьар буолан барбыппыт.

Аны Аиналыын иккиэн элбэх оҕолоох ийэлэрбит, уоппуска кэнниттэн  саҥа үлэлээн эрэбит,  харчыбыт суох. Харчы хомуйуутун туһунан толкуйдаатыбыт, хас да бөлөххө саллаакка көмөлөһүөххэ диэн биллэрии ыыталаатыбыт. Итинник харчы хомуйуута ханна да итэҕэйбэт буолууну, туохха эрэ күтүрээһини таһаарыан сөп, биһиэхэ да оннук буолбута. Владик төрөппүттэрин кытта оччолорго билсэ илик этибит, биһиги харчы хомуйуута тэрийбиппитин сөбүлээбэтэхтэр, онтукаларын миэхэ бассаабынан биллэрэн баран полицияҕа сайабылыанньа суруйбуттар этэ. Бу массыанньык, түөкүннээн харчы хомуйар быһыылаах, кинини бэрэбиэркэлээҥ диэн. Онтон кэнники быһаарсан, волонтердар чахчы  көмөлөһөллөр эбит диэн өйдөһөн, уол ийэтин кытта табаарыстаһан, билигин куруук билсэбит.

Төһө да араас соһуччу  балаһыанньаларга түбэстэрбит, үлэбитин тохтоппотохпут, билэр дьоннорбутунан, табаарыстарбытынан эрийэн, биллэрии ыыталаан госпитальнай набордары атыылаһарбытыгар  харчы хомуйан  үлэбит тэтимэ улам кэҥээн, орун оннугар  киирэн барбыта.

Светлана Владимировна Лаврентьева-Диодорова “Саха” НКИХ Москватааҕы филиалын быыкаа хоһугар ас астыырбын, морозильникпытыгар аҕыйах кырбас эт сытарын  көрөн: “Улуустарга, нэһилиэктэргэ ыҥырыы быраҕыахпыт, сахабыт дьоно хайаатар даҕаны көмөлөһүөхтэрэ”, – диэн эрэннэрэн барбыта. Онтон биир үтүө күн Постпредство охранатыттан эһиэхэ киһи кэллэ диэн эрийдилэр. Ким буоллаҕай диэн санаан олордохпуна,  кабинеппар Аржакова Елизавета Николаевна киирэн кэллэ, Дьокуускайтан көтөн кэлбит, икки бакыат тобус-толору астаах. Эт диэн, арыы, буотарах, хаан... “Сахаволонтердарга” көмөлөһө кэлбит бастакы ийэ бирээмэ аанньал киирбитин курдук этэ. Оччолорго биһиги эппит эҥин суох, мин дьонтон умналаһан уолаттарга эт наада диэн дьоҥҥо барытыгар сакааастаһар  этим. Оччолорго аҕыйах үс-түөрт уол эрэ баара, билиҥҥи курдук отучча буолбатах. “Якутское постпредство в Москве” диэн тэрилтэни кытта дьукаахтыы олоробут, кинилэргэ  Иннокентий Иннокентьевич Тарбахов ас астыыр билиитэ оһоҕо баарын билэн, аны ону, баһаалыста, көҥүллээҥ диэн көрдөһөммүн уларсааччы буолан, онно аспытын астаан, сылаастыы госпитальга ыытар буолбуппут.

Биир улахан өҥөнү Саха сиригэр үлэлиир суруналыыстарбыт оҥорбуттара, кинилэри эмиэ “Сахаволонтердар” кэккэлэригэр бааллар диэн  бүгүн  хайаатар да тоһоҕолоон этиэхпин наада. “Саха сирэ”, “Киин куорат”, “Кэскил” оҕо кыһата, “Сахабэчээт”, “Сахамедиа”, НКИХ, “Пряная Якутия”  телеграм-ханаал үлэһиттэрэ биһиги туспутунан сырдатан, кэпсээн өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар “Сахаволонтер” хамсааһыны уонна биһиги волонтердарбытын  билэн барбыттара.

— Оччолорго олох аҕыйах этигит дии. Билигин Арассыыйа араас регионнарыгар олорор, үөрэнэр дьон көмөлөрө элбээтэҕэ. Кинилэр тустарынан кэпсиэҥ дуо?

— Волонтердар диэн бу хамнаһа суох, баҕа санааларынан, ким төһө кыахтааҕынан  көмөлөһөр  дьон. Онон былдьаһык дьарык  хайдах да буолар кыаҕа суох эбит. Көмөлөһөр дьон син биир көмөлөһө тураллар. Билигин 10-ча куоракка тирэх пууннарынан, ЕКЦ (биир кэлим координационнай киин) бэрэстэбиитэллэринэн, землячестволарынан  бары түмсэн көмөлөһө олоробут. Олортон бэлиэтиэхпин баҕарабын Прасковья Алексеевна Бороненконы. Кини Крым Өрөспүүбүлүкэтигэр сүрдээҕин күүскэ үлэлиир ийэ. Волонтерство диэн, уопсайынан, дьиэ кэргэнинэн, аймаҕынан тарҕанан  барда, ол аата ыал ийэтэ көмөлөһөр буоллаҕына дьиэ кэргэн уруулуун-оҕолуун  барыта кыттыһар. Маны таһынан Екатеринбург куоракка Максим Матвеев диэн эмиэ сүрдээх актыыбынай биир дойдулаахпыт баар. Кини – Ураллааҕы юридическай академия тутаах үлэһитэ, бэйэтин тула саха устудьуоннарын түмэр. Маны таһынан Казань куоракка  Марианна Вафина диэн Мииринэйтэн көһөн кэлэн Татарстаҥҥа кийиит буолан олохсуйбут кыыспыт, ис сүрэҕиттэн кыһаллар, көмөлөһөр, бэйэтэ баҕаран туран биһиги хамсааһыммытыгар киирбитэ.  Балаҕан  ыйыгар арай биир уолбут Казань куоракка госпитальтан тахсан баран сүтэн хаалбыт диэн сурах кэлбитэ. Соччото суох быһыыга түбэспит, өссө эбии бэрээдэги кэспит курдук буолбут этэ. Ону Марианна куораты биир гына кэрийэн ол саха уолун сиргэ утуйа сытарын, дьиэтигэр илдьэн сууйан-тараан, аһатан-сиэтэн чааһыгар этэҥҥэ атаарбыта. Итинник курдук хорсун быһыылаах волонтердар бааллар. Аны Санкт-Петербурга наһаа күүстээх биир дойдулаахтар түмсүүлэрэ үлэлиир, кинилэр көмөлөрө өссө дириҥ хайысхалаах. Волонтер кыргыттар уолаттары атахтарын, баттахтарын сууйан, ис таҥастарын уларытан, массаастаан оҕолорун, бырааттарын  курдук бүөбэйдииллэр.  Питердээҕи поспредство “обособленное представительство” диэн статустаах, онно Юрий Кравцов, Станислав Константинов, Евгений Петров үлэлииллэр. Кинилэргэ туох баар кыһалҕалаах дьон барыта тиийэр. Ону таһынан Сочига Шадрина Валентина Гаврильевна олорор. Кини уолаттары алаадьылаан маанылыыр үгэстээх, көрсөр-атаарар, эмиэ сүрдээх элбэх көмөнү оҥорбута.  ЕКЦ үлэһиттэрэ Вера Душкевич Ростовка, Алена Лебедкина Хабаровскайга бааһырбыт саллааттарга иккис ийэ курдук буолбуттара.

Быраабыла элбэх, ирдэбил кытаанах

— Бастаан утаа туох ыарахаттары көрсүбүккүтүй? Билигин быдан уопутурдаххыт дии.

— Волонтерство диэн тугун олох билбэт дьон мустубуппут. Саамай ыарахана бастаан утаа харчы боппуруоһа турбута. Туох барыта харчыга эрэ кэлэр, атыылаһыллар буоллаҕа: таҥас-сап, ас-үөл. Иккиһинэн, волонтердары бэлэмнээһин. Ол курдук чиэһинэй, ис сүрэҕиттэн көмөлөһүөн баҕарар, аны информацияны дьоҥҥо кэпсии-ипсии сылдьыбат, уолаттар төлөпүөннэрин мээнэ тарҕаппат буолуохтааххын, ис-иһигэр киирдэххэ уйулҕа да өттүттэн уустуктардаах дьыала эбит. Госпитальга киирдэххинэ, эчэйэ сытар саллааты  көрөн сүрдээҕин аһынаҕын, онтукаҥ аһаҕас баас, ыарыы буолан хаалыан сөп, сүрэххэр оннук чугастык ылынаҕын. Ону хайдах эрэ гынан куттаммыккын, хомойбуккун, кини ыарыытын билбиккин биллэриэ суохтааххын, ол уустук соҕус этэ. Палаатаҕа туох да иһин киирбэппит диир волонтердар эмиэ бааллара.

Дьиҥинэн ыллахха,  хас биирдии киһи көмөтө  оруоллаах.  Биирдэ эрэ госпитальга ас илдьибит буоллаххына, ол аата эн атын волонтердарга кыратык да буоллар сынньалаҥ биэрбиккин. Ханнык баҕарар дьыалаҕа быраабылалар бааллар, волонтердарга, эппитим курдук, эмиэ кытаанах ирдэбиллэр бааллар, ону туох да иһин кэһиэ суохтааххын. Бөлөххө тугу кэпсэппиппитин, ырыппыппытын, тарҕатар бобуллар, байыастар хаартыскаларын, сирэйдэрин саппакка эрэ ханна да ыытыа суохтааххын, ону тутуһар сорохторго ыарахан соҕус буолан биэрбитэ. Уонна бэйэ-бэйэҕэр ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыахтааххын, мин элбэхтэ көмөлөстүм, эн аҕыйахта көмөлөстүҥ диэн кими да сирэй-харах анньыа суохтааххын. Итинник быһыы тахсаары гыннаҕына мин координатор быһыытынан  кэпсэтэн,  сэрэтэн, өйдөтөн, ол кыаллыбат буоллаҕына бөлөхтөн таһааран, иилээн-саҕалаан сырыттаҕым.

Харчыны ханна гынаҕытый, бэйэҕитигэр туттаҕыт быһыылаах диэн уорбалааһын курдук тыл-өс эмиэ баар этэ. Сорохтор итэҕэйбэттэр этэ, хайдах эһиги итинник босхо, туох да хамнаһа суох дьоҥҥо көмөлөһүөххүтүн сөбүй диэн. Бастаан утаа социальнай ситимнэргэ комментарийдарын эҥин көрөр этим, “сымыйанан волонтердаамаҥ” эҥин диэн тыллары ыарахан соҕустук ылынарым. Санаарҕыырым, утуйбатым, ол иһигэр олох тохтууһубун, туох алдьархайай, итинник оруна суох  үөҕэллэрин хайдах тулуйа сылдьыахпыный диэн испэр саныырым. Онтон уолаттар барахсаттар: “Биһиги эһигини наһаа күүтэбит, хаһан кэлэ сылдьаҕытый, эһиги бааргыт наһаа үчүгэй”, – диэтэхтэринэ, аҥаардас “махтал” да диэн суруйдахтарына, “ээ, чэ, туох да диэтиннэр, син биир көмөлөһүөхпүт”, – диэн  хайдах эрэ бэйэҥ-бэйэҕин уоскутан баран салгыы бараҕын.

Уопутурдубут, ким тугу сатыырын билэбит, хамаандабытыгар билигин 20-чэбит. Ким эрэ бородуукта сакаастыыр, ким эрэ наһаа үчүгэйдик астыыр, ким эрэ иистэнэр, ким эрэ дьону кытта олус бэркэ тапсан кэпсэтэр, ону оруобуна аттаран туруоран, ким туох кыахтааҕынан быыс булан волонтердуу сылдьабыт.

Мин бэйэм координатор быһыытынан “Мосволонтер” куурустарыгар үөрэнним, “Сообщество” форумҥа кытынным, аан дойдутааҕы “Мы вместе” диэн бириэмийэҕэ эмиэ холонон көрдүбүт.  Аһымал аахсыйалары тэрийэн ыыттыбыт:  “Коробка добра”, “Помочь может каждый”, “Госпитальные подушки” уо.д.а. Итинник аахсыйаларбытыгар биһиги оҕолор кытталларын олус сэҥээрдибит, сөбүлээтибит. Уус Алдантан, Сунтаартан, Дьокуускайтан, Чурапчыттан,  Мииринэйтэн оҕолор суруктарын, уруһуйдарын, оннооҕор гуманитарнай көмөлөрүн туттубут. Москваҕа Саха сириттэн төрүттээх ыаллар оҕолоро эмиэ кыралаан хамсааһыммытыгар кыттыһан эрэллэриттэн үөрэбит. Онон толкуйдаан, сүбэлэһэн баран,  “Дети волонтеры” диэн туспа хайысха тэрийэргэ, үлэлэтэргэ быһаарынныбыт, туспа оробуочай бөлөх тэриннибит.  Манна учууталлар, педагогтар уонна уһуйаан иитээччилэрэ киирэннэр анал бырагыраама оҥоруохтаахтар.

Үтүө үтүөнэн эргиллэр

— СВО саҕаламмытын утаа, кырдьык, уолуйуу, ыгылыйыы баар бөҕө буоллаҕа. Эһиэхэ көмө көрдөөччүлэр түүннэри-күнүстэри эрийэллэрэ, сүбэлэтэллэрэ. Билигин хайдаҕый?

— Син биир хантан эрэ төлөпүөммүн булан эрийэллэрэ тохтообот, ол гынан баран ирдэбиллэрэ, наадыйаллара уларыйда диэхпин баҕарабын. Урут биһиги бааһырбыттарга эҥин төлөбүр диэни иҥэн-тоҥон быһаарсыбат, докумуон хомуйсуутун эҥин билбэт эбит буоллахпытына, билигин ол төлөбүрүн,  бырайыас, уоппускаҕа барыы, докумуоннары хайдах чөлүгэр түһэрии туһунан ыйыттахтарына наадалаах төлөпүөннэри биэрэммит туһааннаах сиргэ атааран иһэбит. Билигин  сылаас таҥас, бырайыас эбэтэр иэс харчы көрдүүллэр, сорохтор атын куораттарга волонтердар бааллар дуо диэн ыйыталаһаллар. Сибээһи быспаттар, төрөппүттэр, кэргэттэр, эдьиийдэр, балыстар да тахсаллар. Тугунан көмөлөһөбүтүй диэн аҕыйах киһи суруйар, “баһаалыста, көмөлөһүҥ” диэн ис хоһоонноох иһитиннэрии элбэх. Мин санаабар, байыаннай дьайыы бүтүөр диэри волонтер үлэтэ тохтообото буолуо.

— Ордук саамай ханнык долгутуулаах боппуруоһу быһаарбыккытый?

— Волонтер көмөтө  дьиҥнээх суолтата олус дириҥ. Хас биирдии көмөлөспүт уолбутун киһи умнубат, кинилэр наһаа ыараханы ааһаллар. Бу соторутааҕыта Сунтаартан сылдьар байыаска кэргэнэ “баһаалыста, төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлиэххит дуо” диэн көрдөспүтүгэр, сөп диэммит эҕэрдэлээн, уолбут дэлби соһуйан, үөрэн, астынан, дуоһуйан, хайдах эрэ биһиги эмиэ онно сылдьыспыт, бэйэбит бэлэх туппут курдук санаммыппыт. Ол торду сакаастыырга, фруктатын атыылаһарга, бэйэ аһын астаан илдьэн биэрэргэ “Сахаволонтер” көмөлөөн, анал эпэрээссийэ курдук тэринэн, биир киһиэхэ үөрүү оҥороору алта киһи кыттан, бэйэ-бэйэбитигэр эстафетнай палочка курдук тиэрдэн үлэлээбиппит.

Утары көмө, үтүө үтүөнэн эргиллэр диэн баар дии, холобур, биир байыаспыт Костя, кини табаарыһа Александр эһиги көмөлөспүккүт иһин атын уолаттарга көмө буоллун диэн биирдии тыһыынчаны аан бастакынан ыыппыттарын өйдүүбүн. Оо, онно наһаа да үөрбүппүт, онтон ордук эн үлэҕин үрдүктүк сыаналыыр, атын уолаттарга көмөлөһүөхтээх эбиппит диэн санаа үөскээбитигэр ити саамай үрдүк хайҕабыл, сыанабыл диэххэ дуу, билигин да санаан үөрэбин. Бу аҕыйах күннээҕитэ «Пионер» диэн позывнойдаах разведчик уолбут эмиэ харчы ыыппыта. “Эһиги уолаттарга көмөлөһөҕүт, биһиги эмиэ көмөлөһүөхтээхпит”, – диэбитэ. Хас биирдии СВО кыттыылааҕар итинник өйдөбүл баар буолан эрэр.

— Уолаттарбыт сыл иһигэр буһан-хатан өйдөрө-санаалара уларыйдаҕа.

— Уолаттар хара маҥнайгыттан санаалара күүстээх, төһө да улахан эчэйиилээхтэрин да иһин, санаалара түспүт уолаттары көрсө иликпит. Үгүстэрэ олох төннөбүт, Саха сиригэр итинник сэрии  байыаннай дьайыы, иэдээн тиийиэ суохтаах дииллэр. Араас балаһыанньаҕа түбэспит уолаттар  бааллар, биһиэхэ ону аһаҕастык кэпсээччилэр, сорох түгэннэри сатаан хаһыакка кэпсээбэппит, кэлэйии да баар, таҥнарыы да баар дииллэр, барыта устаабынан суруллубут курдук буолбат. Биһиги кими даҕаны дьүүллүүр бырааппыт суох дии саныыбын. Уолаттар госпитальга бэрээдэги кэстэхтэринэ хата биһиги кыбыстааччыбыт. Ол эрээри  атаакаҕа сылдьыбатах, окуопаҕа сыппатах буолан  кинилэри өйдүү сатыыбыт, сыыһа хамсанымаҥ, хайаатар да дойдугутугар тиийиэхтээххит диэн быһаарабыт.  Бааһырбыт киһи хайаан да болҕомтоҕо наадыйар. Төһө да эн күүстээх санаалаах буол, син биир чарааһыыгын, ол кэмҥэ волонтердар тиийэн кэллэхтэринэ,  санааҥ көтөҕүллэ түһэр,  ыарыыҥ да чэпчээбиккэ дылы буолар. Ол курдук биһиги волонтердарбыт ыраас санааларынан, үтүө сүрэхтэринэн уолаттарга үчүгэй эрэ өттүнэн дьайаллар дии саныыбын. Уолаттарбыт “Эһигини ким эрэ атаҕастаатаҕына биһиги көмүскэл буолуохпут” диэн этээччилэр, итинник тыллары истэргэ хайдах эрэ үчүгэй буолааччы.

Ытык иэспит, кыайыыга кылааппыт

— Сахабыт сирин олохтоохторо көмө бөҕөтө оҥороллор, араас аахсыйаны ыыталлар. Мантан кыһын идэһэ өллөҕүнэ, муҥха саҕаланнаҕына эмиэ ас-үөл ыытыы саҕаланыаҕа. Уопсайынан, көмө тиһигин быспакка оҥоһуллар дуо?

— Куорат да, тыа сиригэр да дьонноох-сэргэлээх буоламмыт, сахалыы аһы астаан, эт миинин буһаран, күн аайы да буолбатар биирдэ эмит балык амсатан, сахалыы ас сиэхпитин баҕарабыт диэбит оҕолорго, муоруспутун, бэрэскибитин тохтоппокко эрэ илдьэ сырыттыбыт. Ол гынан баран билигин хаһаас аспыт бүтэн, кэлиибит-барыыбыт аҕыйаата диэххэ сөп. Наар ас кэлэ турар курдук саныыллар, ол эрээри ити үлэни ким эрэ тэрийиэн наада, ким эрэ таһыан наада. Тыа сиригэр олорор дьоммутугар анаан этиэхпин баҕарабын, СВО бүтүөр диэри бааһырбыт байыастары умнубакка өлүүлээн, ыалларынан эбэтэр кэлэктиибинэн кыра-кыралаан, төһө кыалларынан  “гуманитарка” хомуйан, ынах, убаһа этин, собо, отон ыыта тураргыт буоллар олус үчүгэй буолуо этэ.  Уһуннук эмтэнэр уолаттар  дьиэ аһын, төрөөбүт төрүт  астарын олус  ахталлар, тушенкаттан хал буоллубут диэччилэр.

— Биир дойдулаахтарбытыгар тугу тиэрдиэҥ этэй, өссө тугунан көмөлөһүөхтэрин сөбүй?

— Москваҕа айанныыр, командировкаҕа эҥин кэлэр дьон, хайаатар да биир дойдулаахтаргытын санаан, кэһиилээх кэлэргитигэр баҕарабыт, биһиги эһигини волонтерскай кииҥҥэ мэлдьи үөрэ-көтө көрсүөхпүт. Маны таһынан киин куораттарга күүлэйдии, сынньана кэллэххитинэ хайаатар даҕаны госпиталларга таарыйан, волонтердар үлэлэрин арыый чэпчэтэн, бириэмэҕитин аттаран сылдьа сатааҥ. Уолаттар төннөн кэлэн хас биирдиибититтэн ыйытыахтара: “Биһиги дойдубутун көмүскээтибит, оттон эһиги тугу гынныгыт, тугунан көмөлөстүгүт?”  диэн.

Сайын уоппускабар Дьокуускайга сылдьан көрдөхпүнэ СВОҕа көмөлөһөр киһи ахсаана аҕыйах курдук, сорох дьон истиэхтэрин да баҕарбаттар, сорохтор атыттар көмөлөстүннэр дииллэр, сорох дьон итиччэ элбэх хамнастаах эрээри тоҕо бэйэлэрэ атыыласпаттарый дииллэр. Бааһыран сытар киһи хамнаһын сиэбигэр укта сылдьыбат, үгүстэр госпитальга анал байыаннай дьайыы хонуутуттан  турар бэйэлэрэ  эрэ кэлэллэр, төлөпүөннэрэ, уларыттар таҥастара, докумуоннара да суох буолааччы.

“Сахаволонтер” көмөлөһүөн баҕарар дьону уонна көмөҕө наадыйар уолаттары ситимниир хамсааһын буолла дии саныыбын. Кыра да көмөнү оҥордоххуна киһи санаата сырдыы түһэр. Бааһырбыт уолаттар көмөҕө наадыйалларын билэ-билэ хайдах көрбөтөҕө- истибэтэҕэ буолуоххунуй? Баҕар, кытаанах соҕустук иһиллиэ гынан баран, билиҥҥи курдук кэмнэр орто дойду киһитин үтүөнү уонна мөкүнү араарарга  үөрэтэллэр.

Бэйэм киһи быһыытынан наһаа улахан ирдэбиллэри волонтердарга туруорабын быһыылаах:  эттиҥ да оҥоруохтааххын, ылынныҥ да сорудаххын сүүс бырыһыан толоруохтааххын, туох эрэ мэһэйдэри көрүстэххинэ, кимиэхэ да сэлээннээбэккэ тиһэҕэр диэри  тиэрдиэхтээххин. Байыаннай госпиталларга тиийдэххинэ волонтердары  мэлдьи үөрэ-көтө көрсөллөр диэн сыыһа соҕус өйдөбүл баар буолуон сөп. КПП-га байыаннайдыы барытын туоһулаһаллар,  бэрэбиэркэлииллэр, эн кимиэхэ кэлбиккин, докумуоҥҥун, тугу аҕалбыккын  барытын көрдөрөн ааһаҕын, өссө эбиитин онно үөҕүөхтэрин да, сэмэлиэхтэрин да сөп. Эппиккэ дылы, биир муостанан хаамаҥҥын, киирэн-тахсан, кэпсэтэн-ипсэтэн, иннигин-кэннигин быһаарсан сылдьыахтааххын. Хас биирдии волонтер оннук кытаанах ирдэбилгэ сылдьар. Онтон палаатаҕа киллэрдэхтэринэ  үөрэ-көтө, туох да буолбатаҕын курдук көрсөн,  байыас  санаатын көтөҕөн,  күүһүгэр күүс эбэн, бэйэҥ эмиэ “дойдуҥ көмүскээччитэ”, буойун курдук турукка сылдьыахтааххын.

Түгэнинэн туһанан, хас биирдии “сахаволонтердарга”, көмөлөспүт биир дойдулаахтарбытыгар ис сүрэхпититтэн махталбытын тиэрдэбит. Биһигини өйүүр, өйдүүр дьоннордоох буоламмыт бааһырбыт уолаттары  соҕотохтуу хаалларбакка, болҕомтобутун уура сылдьабыт, мэлдьи билсэ турабыт. Саха сирин ийэлэрэ, эбээлэрэ, эдьиийдэрэ бу биһиги кэммитигэр түбэспит ытык иэспит,  кыайыыга кылааппыт дии саныыбын уонна “мин сахаволонтербун” диэн киэн тутта, кимтэн да, туохтан да кыбыстыбакка үрдүктүк ааттана сылдьыахпыт диэн эрэнэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...