26.06.2020 | 13:08

Туйаара-Кэтрин: “Сахалыы үчүгэйдик саҥарабын”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Былырыын Туйаара-Кэтрин ийэтэ Сьюзен Крейтиин Ийэ тыл, сурук-бичик күнүгэр сахалыы “Күөрэгэй” диэн ырыаны толорбуттарын сэргии көрбүт буолуохтааххыт.  Бүгүҥҥү нүөмэргэ Америкаҕа олорор, уу сахалыы саҥарар биир дойдулаахпыт Туйаара-Кэтрин Егорова-Крейт ыалдьыттыыр.

Бу интервьюга ыйытыыларбын омуктуу суруйан ыыппытым да, кыыһым уу сахалыы хоруйдаата...

АМЕРИКА УОННА САХА СИРЭ

Биир дойдулаахтарым, дорооболоруҥ! Мин аатым Туйаара-Кэтрин. Көннөрү Туйаара эбэтэр Катя диэххитин сөп. 24 саастаахпын, икки сыллааҕыта Индиана университетын туйгуннук  бүтэрбитим. Славянскай уонна Илиҥҥи омуктар тылларын уонна култуураларын үөрэппитим, бакалавр истиэпэннээхпин. Ону таһынан аан  дойду сыһыаннаһыытын салаатыгар «Култуура уонна политика» диэн идэни баһылаабытым. Ийэм курдук антропологиянан дьарыктанабын. 2017 с. Арассыыйа Санкт-Петербургтааҕы судаарыстыбаннай университекка нуучча тылын үөрэппитим. Билигин Техас университетыгар аспиранткабын. Славистика уонна Евразия кафедратыгар магистерскай бырагыраамам бастакы сылын түмүктээтим. Бу үөрэххэ антропологияны, нуучча тылын уонна төрөөбүт сахам тылын чинчийэбин. Маны таһынан преподаватель көмөлөһөөччүтүнэн үлэлиибин. Араас академическай подкастары оҥорон таһаарабыт. Онно сүрүннүүр эрэдээктэр, продюсер быһыытынан эмиэ үлэлиибин. Төрөөбүт норуоппут баай култууратын уонна нэһилиэстибэтин сэргээн, аспирантураҕа тиийэ үөрэтэ сылдьарбыттан олус үөрэбин.

ТӨРӨППҮТТЭРИМ

Мин ийэм 1991 с. Саха сиригэр этнографияны, олохтоох айылҕаны үөрэтэ тиийбитэ. Оччолорго аҕам Прокопий Егоров-Уран учуонай, саха тылын учуутала, спортсмен, ювелир этэ. Билсэн-көрсөн баран, 1995 сыллаахха Элгээйигэ уруу тэрийбиттэрэ уонна сотору кэминэн Америкаҕа көспүттэрэ. Онон мин Америкаҕа төрөөбүт саха буолабын.

Ийэбин кытта Саха сиригэр этнография уонна антропология уобаластарыгар чинчийиилэри, үөрэтиилэри оҥоро уонна аймахтарбытыгар ыалдьыттыы кэлээччибит. Быйыл тиийэр былааннаах сылдьыбыппыт эрээри, ыарыы туран, сатаан барбатыбыт.

Сыл аайы Сунтаарга сайылаан барарым. Эбэм барахсан нууччалыы аҕыйах тылы билэрэ, ол иһин сахалыы эрэ кэпсэтэр этибит. Сахалыы үчүгэйдик саҥарабын, өйдүүбүн. Оннооҕор «Чуораанчык» оҕо уһуйааныгар сылдьыбытым.

Төрөппүттэрим иккиэн олус талааннаах, айар куттаах дьон. Кинилэринэн киэн туттабын. Ийэбин кытта сахалыы ыллыырбытын олус сөбүлүүбүт, чуолаан норуот ырыаларын толоробут. Саамай сөбүлүүр ырыаһытым – Раиса Захарова. Кини репертуарын барытын да билэрим буолуо.

Аныгы үйэҕэ олоробут. Онон эһиэхэ туох буола турарын, хайа ырыаһыт тахсыбытын барытын интэриниэтинэн ааҕа, билэ-көрө олоробун.

Бэйэм балачча айымньылаах киһибин диэхпин сөп эрээри, бу барыта төрөппүттэрбиттэн бэриллибит дьоҕур буоллаҕа. Кинилэр – худуоһунньуктар, музыканнар. Ийэм аҕата дизайнер уонна архитектор этэ, ийэтэ операҕа ыллыыра. Аҕам аҕата талааннаах оһуокайдьыт этэ, эбэм олус үчүгэйдик иистэнэрэ. Мин эмиэ иллэҥ кэммэр ыллыыбын, пианиноҕа оонньуубун.

УЛААТАН БАРАН ӨЙДӨӨТҮМ

Биллэн турар, Америкаҕа да, Саха сиригэр да биир тыыннаахпын. Америкаҕа үгүстэр мин туох омукпун туһунан ыйыталлар. Кылгастык ийэм американка, европейскай хааннаах, оттон аҕам – азиат диибин. Онтон өссө эбии ыйыттахтарына, сахалыы саҥарабын, Саха сирин туһунан үөрэ-көтө кэпсиибин, көрдөрөбүн.

Мин киһи буолан тахсарбар, үөрэх ыларбар Америка улахан сабыдыаллаах. «Нация мигрантов» диэн баарын сорохтор истибиккит буолуо. Дьон-сэргэ эйигин түргэнник өйдөөн хаалар, этническэй быһыыгын-таһааҕын, майгыгын барытын холбуу тутан көрөллөр. Кыра эрдэхпинэ оҕолор ньүдьү-балай буолааччылар. Арассыыйаҕа араас омук барыта олорор диэни өйдөөбөт этилэр. Азиаттар элбэхпит диирим даҕаны, ким даҕаны ону билбэт этэ. Мин дьүһүммүнэн дьон интэриэһин тардыам дии санаабатаҕым, уустук этническэй булкаастаах курдук сананарым уонна бэйэбин хаһан да көмүскэммэт этим. Ону улаатан баран биирдэ өйдөөтүм. Билигин саха аҥаардаах буоларбынан киэн туттабын!

ЧИНЧИЙИИЛЭР

Ийэбин кытта иккиэн араас чинчийиилэри ыытабыт. Холобур, күн-дьыл, халлаан уларыйыытын уонна  култуура сыһыанын. Бэйэ-бэйэлэригэр хайдах сабыдыаллыылларын кэтээн көрөбүт. Смартфон, аныгы технологиялар дьон олоҕун туругун, хаачыстыбатын төһө уларыппыттарын үөрэтэбит. Билиҥҥи кэмҥэ киһи барыта киин сирдэргэ тардыһар буолла, ордук бөдөҥ куораттарга талаһа сатыыллар. Дьон куоракка киирэн төһө уларыйбытын эмиэ үөрэтэбит. Антропология олус интэриэһинэй. Киһи саҥаттан саҥа арыйыылары, чинчийиилэри хасыһан бара турар. Саха сиригэр тиийдэхпинэ, төһө кыалларынан айылҕаҕа тахса сатыыбын. Айылҕа уларыйыыта, халлаан туруга биһиги үлэбитин кытта ыкса ситимнээх. Манна даҕатан эттэххэ, Саха сирин айылҕата атын сирдэртэн, чуолаан Европа дойдуларыттан чыҥха атын.

ЫҺЫАХ

Сахам дьонун самаан сайын үтүө-кэрэ кэмнэринэн эҕэрдэлиибин! Ыһыах быйыл буолбатах эбит дии. Ол эрээри сахалыы куттаах киһи син биир санаатыгар сайыҥҥа үктэммитин өйдөөбүт буолуохтаах. Чөкө, аҕыйах ахсааннаах ыһыахтары сэҥээрэбин. Миэхэ өйдүүргэ да чэпчэки буолар. Сунтаар ыһыаҕын эппинэн-хааммынан билэбин, куруук үрдүк таһымнаах ыытыллар. Былырыын Саха сиригэр элбэх тэрээһиҥҥэ, бырааһынньыкка сылдьыбытым олус туһалаата.

Дьиэбэр сахалыы таҥастаахпын, төрүт инструменнарга кыралаан оонньуубун. Сахам сирин аҕыннахпына сахалыы таҥнабын, ырыалары истэбин, алаадьы буһаран дойдубун саныыбын.

САХА АҺЫН АХТАБЫН

Саха сандалытын олус сөбүлүүбүн! Чуолаан ис миинин, хааны, сүөгэйи уонна күөрчэҕи. Манна биһиги астаатахпытына амтана олох атын буолар. Ээ, өссө биир ахтар аһым – дьэдьэн. Хомуйарбын уонна барыанньалыырбын эмиэ сөбүлүүбүн.

Саха аһа киһи өйүгэр-санаатыгар, толкуйугар олус күндү эбит. Мин саха астарын аһаатахпына сэниэлэнэбин, күүһүм-уоҕум эбиллэр. Тоҕо эбитэ буолла, билбэтим. Саха аһа киһи төбөтүгэр, ис уорганнарыгар оннук туһалаах.

БИЭС ТЫЛЫНАН САҤАРАБЫН

Английскай тылынан көҥүллүк кэпсэтэбин, саҥарабын. Нуучча тылын биэс сыл анараа өттүгэр үөрэппитим. Орто таһымҥа саҥарабын. Төрөппүттэрбин кытта сахалыы саҥаран иитиллибитим, улааппытым эрээри, дьаныардаахтык ылсан туран үөрэппэтэҕим. Билигин саха тылын аспирантурабар киллэрэн үөрэтэ сылдьабын. Оскуолаҕа үөрэнэрбэр сэттэ сыл испанскай тылы үөрэппитим, үчүгэйдик саҥарабын. Корея тылын эмиэ үөрэппитим. Үрдүк таһымҥа саҥарбаппын, син кыралаан удумаҕалатабын. Ити курдук уопсайа биэс тылы билэбин диэхпин сөп.

КӨҺӨН КЭЛЭЭЧЧИ ЭЛБЭХ

Америкаҕа син элбэх саха көһөн кэлэр буолбут. Манна баар сахалары кытта көрсүбүппүт, билсэбит. Үксэ эдэр оҕолор. Ким олохсуйа, үлэлии эбэтэр күүлэйдии кэлэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...