27.06.2020 | 09:48

Тутар этэрээт үлэтэ саҕаланна

Тутар этэрээт үлэтэ саҕаланна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйыл устудьуоннар тутар этэрээттэрэ 2 тыһыынча кэриҥэ байыаһы Саха сиригэр уонна тас сытар регионнарга үлэлэтэр былааннаахтар. Бу туһунан Арассыыйа устудьуоннарын тутар этэрээттэрин Саха сиринээҕи штабын салайааччыта Айсен Соловьев иһитиннэрэр. Санатан эттэххэ, бу ый 12 күнүттэн Саха сирин тутар этэрээттэрин үлэтэ саҕаланна.

5000 КЭРИҤЭ ҮЛЭ МИЭСТЭТЭ

-Быйыл пандемия туран, үлэбит арыый атын өттүнэн мөлтөөн биэрдэ. Үлэ саҕаламмыта номнуо ыраатта. Быһа холоон, балаҕан ыйын маҥнайгы күнүгэр диэри үлэлиир былааннаахпыт. Күһүн өссө элбэх үлэ эбийиэгэ тахсара күүтүллэр. Быйылгы сылга тутуу эбийиэктэригэр уонна тыа хаһаайыстыбатын эргин болҕомтобутун уурабыт. Кэлии омук дьоно барбыттарынан сибээстээн, биһиги байыастарбыт быйылгыттан тутуу эбийиэктэригэр күүскэ үлэлиэхтэрэ. Былаан быһыытынан 2 тыһыынча кэриҥэ устудьуону таһаарар сыаллаахпыт. Уопсайа 5 тыһыынча кэриҥэ үлэ миэстэтэ тахсан турар.

ТУТУУ ХАЙЫСХАТА

-Устудьуоннар  өрөспүүбүлүкэбитигэр тутулла турар  улахан эбийиэктэргэ үлэлии сылдьаллар. Холобур, оскуола, дьиэ тутуутугар, инфраструктураны сайыннарыыга, о.д.а. Билиҥҥи туругунан киин куоракка уонна тыа сиригэр 160 кэриҥэ устудьуон  тупсарыы үлэтигэр тахсыахтаахтар.

СУОЛ ОҤОҺУУТУГАР

-Быйыл өссө биир күүстээх үлэбит суол оҥоһуутугар туһуланар. Ыччат дьыалатын министиэристибэтэ, тутуу министиэристибэтэ уонна үөрэх министиэристибэтэ буолан, инфраструктурнай эбийиэктэри уонна олорор дьиэлэри тутууга үлэлэтээри, быйыл 148 устудьуону эбии үөрэттэрдибит.

ҮЛЭ ЭЛБЭХ

-Манна сүрүннээн байыастарбыт бетон ууруохтара, арматура баайыахтара, буор, кумах таһыахтара, үлэтэ элбэх буолар. Дойдубут хас даҕаны сиригэр улахан эбийиэктэри ыллыбыт, үлэһиттэри күүтэбит.

ТЫА ХАҺААЙЫСТЫБАТА

-Билигин өрөспүүбүлүкэбит тыа хаһаайыстыбатын кооперативтарын кытта үлэ ыыта олоробут. Быйылгыттан күрүө тутуутун үлэтин баһылаан көрөөрү гынабыт. Күрүө тутуута элбэх сыраны эрэйэр. Мин санаабар, эдэр уолаттар үлэлиэхтэрэ дии саныыбын.

БАЛЫК ЫРААСТААҺЫНА

-Балык ыраастааһыныгар уопсайа биэс үлэ эбийиэгэ тахсыбыта. 220-тэн тахса устудьуон Сахалин уобалаһыгар, ону тэҥэ Хабаровскай уонна Камчатка кыраайыгар балык ыраастааһыныгар үлэлиэхтэрэ.

Балык собуоттарыгар тиийэннэр, оҕолорбут муора балыгын (чавыча, нерка, кета, горбуша, кижуч) ыраастааһыныгар, атыыга бэлэмнээһиҥҥэ үлэлиэхтэрэ. Барыларын уопсай дьиэҕэ олохтуубут.

ХАМНАС АЛЫН КЭЭМЭЙЭ

-Хас биирдии хайысхаҕа хамнас кээмэйэ араас буолар. Орто хамнас – 32 тыһ. солк. Тутуу эбийиэктэригэр үлэлиир байыастар хамнастара үлэ кээмэйиттэн көрөн  ааҕыллар, 25 тыһ. саҕалаан, 50-60-70 тыһ. тиийэ халбаҥныан сөп. Балык ыраастааһыныгар 35-40-45 тыһ. солк. курдук буолуоҕа уонна үлэһит бэйэтин көрдөрдөҕүнэ, үлэни суобастаахтык толордоҕуна хамнаһа эбии үрдээн биэрэр.

ӨҤӨ ОҤОРООЧЧУЛАР

-Коронавирустан сылтаан, сервис салаатыгар этэрээттэр үлэлэрэ тохтоон турар. Билигин туга-ханныга чопчу биллибэт. Биһиги устудьуоннарбыт номнуо сайаапкаларын түһэрбиттэрэ, бэлэм сылдьаллар. Маны таһынан, оҕо лааҕырыгар үлэлиир устудьуоннар туох-ханнык буолаллара эмиэ чопчу быһаарылла илик. Бу эйгэҕэ үлэ сөргүтүллүө диэн бигэ эрэллээх олоробут.

ЧАЙАҤДАҔА

-Билигин Чайаҥдаҕа сир баайын хостуур тэрилтэлэргэ ыччаты, үлэлиэн баҕалаах дьону көрдүүбүт. Манна араас хайысхалаах үлэ миэстэлэрэ бааллар. Биһиги  подсобнай үлэһиттэри уонна суол үлэһиттэрин сүүмэрдиибит. Хамнаһа – 54 тыһ. солк. 

ДОКУМУОННАР

-Үлэлиэн баҕалаах дьонтон паспорт, ИНН, СНИЛС уонна устудьуон буоллаҕына үөрэҕиттэн тустаах ыспыраапка ирдиибит. Билигин даҕаны сайаапкалары түһэриэххитин сөп. Сиһилии @rso.ykt инстаграмҥа баар аккауммутугар киирэн билсиэххитин сөп.

ҮЛЭҺИТ УОЛАТТАР САНААЛАРА

Иван Левин Сахалиҥҥа бараары сылдьар, этэрээт комиссара.

-Бэйэм үһүс сылбын тутар этэрээккэ үлэлиибин. Бу күннэргэ Сахалиҥҥа, Шикотан диэн арыыга, 15 оҕо буолан, тутуу эбийиэгэр үлэлии бараары сылдьабыт. Маны таһынан суол өрөмүөнүгэр эмиэ кыттыахтаахпыт. Олорор сирбитин, аспытын тэрилтэбит хааччыйар. Хамнас ыйга, быһа холоон, 30 тыһ. солк. буолара күүтүллэр. Кэлэр-барар бырайыаспытын барытын төлүүллэр.

Владимир Петров Дьокуускайга онкология киинин тутуутугар үлэлии сылдьар.

-Биһиги киин тутуутугар бэһиэ буолан үлэлиибит. Бэйэм алтыс сылбын устудьуоннар тутар этэрээттэригэр сылдьабын. Үөрэхпин бүтэрэн, дипломмун көмүскээбитим. Хамнаспыт, быһа холоон, 25 тыһ. солк. буолуохтаах.

Захар Оконешников Таатта улууһун Кыйы нэһилиэгэр үлэлии сылдьар.

-Бэйэм тутар этэрээккэ бэһис сылбын үлэлиибин. Кыйы дэриэбинэтигэр саҥа таас оскуола тутулла турар. Билигин 6х9 уу насоснай ыстаансыйатын дьиэтин тута сылдьабыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ бетону уураммыт, истиэнэтин, көҥдөйүн туруора сылдьабыт. Маны бүтэрэн баран, иһин-таһын обшивкалыыбыт, муостатын, ититиитин барытын оҥоруохтаахпыт. Кэлбиппит  икки нэдиэлэ курдук буолла. Бары үөрэхпитин быйыл саҥа бүтэрбит эдэр исписэлиистэрбит, сайыммытын туһалаахтык атаараары уонна кыра хамнас аахсаары кэлбит дьоммут.

Устудьуоннар тутар этэрээттэригэр тиийэн, билсэн, үлэ баарын истэн кэлбиппит. Мин хамандыырбын, бииргэ үлэлиир уолаттарым –  чугас доҕотторум. Өссө биир ый курдук үлэлиирбит буолуо диэн суоттанабыт. Спорт комплексыгар олоробут, усулуобуйата үчүгэй.

«Быйылгы дьылга тутар этэрээт үлэһиттэригэр  улахан эппиэтинэс сүктэриллэр. Эһигини тутааччылар, суол-иис, нэһилиэнньэлээх пууннара күүтэллэр. Туруоруллубут соруктары чиэстээхтик толоруоххут уонна идэтийбит таһымҥытын үрдэтиэххит диэн эрэнэбин».

Ил Дархан Айсен Николаев. 

ЭРЭНЭ КҮҮТЭБИТ

Өскөтүн сири-дойдуну көрүөххүн, эбии харчылаһыаххын, сайыҥҥын туһалаахтык атаарыаххын эбэтэр тапталгын көрсүөххүн баҕарар буоллаххына, устудьуоннар тутар этэрээттэрэ эйигин ыҥырар!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...