Тутааччы буруйунан олохтоохтор уота уонна ититиитэ суох хаалбыттар
Бу күннэргэ Автодорожнай уокурук салайааччыта Александр Иванов Ленин пр., 53 №-дээх 16 этээстээх саҥа дьиэ олохтоохторун кытта көрүстэ. Саҥа дьиэ олохтоохторо аҕыс күнү быһа ититиитэ уонна итии уута суох олорорго күһэллибиттэр. Олохтоохтору кытта көрсүһүүгэ «Прогресс» ПЖСК бэрэстэбиитэллэрэ уонна прокуратура үлэһиттэрэ ыҥырыллыбыттар, ол эрэн кэлбэтэхтэр. Бу туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Александр Иванов эппитинэн, итинник быһыы-майгы тутааччы буруйунан үөскээбит, дьону үлэҕэ киирэ илик дьиэҕэ олороллорун көҥүллээбиттэр. Ити дьиэ олохтоохторун кыһалҕалара араас таһымнаах мунньахтарга дьүүллэһиллибит.
«Бас билээччилэр өссө 2017 сылга, бэлэм буолбут дьиэни туттарыы аактата оҥоһулла илигинэ, өрөмүөн оҥостоору кыбартыыраларын күлүүһүн ылбыттар. Өрөмүөн кэнниттэн олоро хаалбыттар. «Якутскэнерго» тэрилтэҕэ быһаарбыттарынан, уоту кинилэр сокуоҥҥа олоҕуран араараллар, тоҕо диэтэххэ дьиэ официальнайдык үлэҕэ киирэ илик», – диэн Александр Иванов иһитиннэрбит.
Итини таһынан, студия-кыбартыыралар бас билээччилэрэ бэйэлэрэ билэллэринэн олорор сирдэрин былаанын уларыппыттар, онтон сылтаан гаас ситимин ирдэбиллэригэр кэһиллии тахсыбыт. Итинэн сибээстээн судаарыстыбаннай тутууну – олоҕу-дьаһаҕы хонтуруоллуур Управление дьиэни үлэҕэ киллэрэргэ көҥүлү биэрбэтэх. Итини сэргэ, тутааччы «Прогресс» ПЖСК хааччыйар тэрилтэлэргэ 2 мөлүйүөн солкуобай иэстэммит.
«Гарант плюс» салайар хампаанньаҕа иһитиннэрбиттэринэн, ааспыт нэдиэлэттэн олохтоохтортон хомунаалынай өҥө иһин төлөбүрдэри хомуйуу саҕаламмыт.
Олохтоохтор сайабылыанньаларынан куорат прокуратуратыгар туһааннаах тэрилтэлэр кыттыылаах мунньах ыытыллыбыт.