Тустуу үгэстэригэр иитии, дьарык туһунан саҥа кинигэ
2018 сыллаахха үбүлүөйү көрсө ыытыллыбыт научнай-практическай конференция матырыйааллара, тыл этиилэр, спортоскуола үлэтин көрдөрөр ыстатыйалар, эдэр спортсменнары иитии проблемалара, күрэхтэһиилэри тэрийэн ыытыы боппуруостара, Дьокуускай куоракка көҥүл тустуу сайдыытын историческай түһүмэхтэрэ болҕомто киинигэр тураллар.
Пандемия мэһэйдээн уонна үбүлээһинэ кыайтарбакка, хомуурунньук М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Издательскай дьиэтин типографиятыгар 100 ахсаанынан 90 сирэйдээх бэчээттэнэн таҕыста. Ааптардар 20-чэ сыл спортоскуолаҕа дириэктэрдээбит, бэтэрээннэргэ аан дойду чемпиона Федот Архипович Соловьев уонна билигин дириэктэрдиир, хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэ икки төгүллээх чемпиона Василий Васильевич Уйгуров.
Үлэлээбит тренердэр матырыйааллара, 2020 сыл ситиһиилэрэ, таблицалар бааллар. Федот Архипович 1998 сылтан саҕалаан, спортоскуола төрүттэниэҕиттэн хас биирдии тустуук оҕо ситиһиитин сурунан испит биэс дневнигэ Василий Васильевич таблица оҥортоон, көмпүүтэргэ түмэн киллэрэн, дириҥ ырытыыны (анаалыс) оҥороругар төһүү буолбут. Онон дириҥ хорутуулаах уонна сыралаах үлэ барбыт. Владислав Андреев Европа чемпионатыгар түөрт төгүл миэстэлэспитэ, аан дойдуга боруонса мэтээли ылбыта, Аан дойду Кубогын кыайбыта, оҕолорго Иван Оконешников аан дойдуга бастаабыта, Петр Константинов үһүс миэстэлэммитэ, Европаттан оҕолорго Егор Слепцов боруонсаны ылбыта, өрөспүүбүлүкэ, Уһук Илин, Арассыыйа күрэхтэһиилэригэр хас оҕо хаста бастаабыта барыта суруллубут. Сиһилии үчүгэй информациялар бааллар. Ситиһиилэр үлэлэр түмүктэринэн кэлбиттэрэ, бэлэмнээх оҕолор көбүөргэ тахсаллара дьэҥкэтик көстөр. Оҕолор хамаандалара 2017 сыллаахха Аризона штатыгар тиийэн матчевай көрсүһүүгэ АХШ оҕолорун хамаандатын 8:4 хоппуттара сөхтөрөр. 2018 сылга 3 № спортоскуола иитиллээччилэрэ өрөспүүбүлүкэ оҕолорун сүүмэрдэммит хамаандатын кытта табаарыстыы көрсүһүүгэ 6:3 кыайбыттар.
Кинигэҕэ тренердэр үлэлэрин сүнньүнэн суруйталаабыт ыстатыйалара киирбиттэр. Аан дойдуга хайдах миэстэлэспиттэрин сиһилии ырыппыттар. Көҥүл тустууга бэтэрээннэргэ аан дойду чемпионнара Иннокентий Кочкин, Федот Соловьев барыларыгар үтүө холобурунан туһаналлар. М.К. Аммосов аатынан ХИФУ физическэй култуураҕа уонна спорка институтун преподавателэ Светлана Ушкановалыын бииргэ үлэлэһэннэр, бу кинигэлэри таһаартардылар. Тренер Михаил Михайлович Каженкин уонна Иван Иванович Соркомов үлэлэрэ экспериментальнай балаһаакка быһыытынан билиниллибит. Тэттик хомуурунньук кинигэ тренердэр туһаналларыгар билиһиннэрэр матырыйаала элбэх. 25 сыллаах үбүлүөйдэригэр үлэһиттэр хайдах усулуобуйаҕа кэлбиттэригэр, туох хамсааһын барбытыгар сорудахтаахтар. Научнай-методическай үлэҕэ кытталлар, санааларын этэллэр, сүбэлэһэллэр.
Спортоскуола түмсүүлээх, чөл олохтох кэлэктиибин үлэһиттэрэ, тренердэр үбүлүөйдэригэр анаммыт спартакиаданы тэрийэннэр, бэйэлэрин икки ардыларыгар спорт сэттэ көрүҥэр күрэхтэспиттэр. Урукку уонна билиҥҥи дириэктэрдэр Василий Уйгуров бастаабыт, Федот Соловьев иккис, тренер Иван Соркомов үһүс миэстэлэри ылаттаабыттар.
Өр сылга бииргэ үлэлэспит үөлээннээхтэрэ, Арассыыйа үтүөлээх тренерэ Валерий Петрович Керемясов сырдык аатын үйэтитэр дьаһаллар чэрчилэринэн, спортивнай муннукка тус олоҕо, бөҕөс, тренер быһыытынан ситиһиилэрэ көрдөрүллэллэр. Дьокуускай куоракка уулусса ааттаммыта, киин куорат чемпионата ыытыллар. Спорт оскуола тэлгэһэтигэр Валерий Керемясов бюһа туруоруллуоҕа. Мэрияны кытта кэпсэтии баран, уулусса суола саҥардыллан, олохтоохтор махталларын ыллылар.
Хомуурунньук-кинигэ дизайна көрөргө тупсаҕай, ис хоһоонноох гына киэргэтиллибит. Титульнай лииһэ, кинигэ тас көстүүтэ, уруһуйа дириҥник толкуйдаммыт, тылтан олоххо киирэр идеялаах. Аар баҕарах тиит мас силистэрэ улаатан, сэбирдэхтэрэ элбээн, эбиллэн иһэллэр. Хас биирдии сэбирдэх спорт оскуола иитиллээччилэрин кэрэһэлиир, тустуу оскуолатын былыргы историята, хапсаҕай, аныгы көҥүл тустуу, модьу-таҕа силистэр аарыма тиит куурбатын-хаппатын диэн эрэллээхтик туталлар. Сүүстэн тахса Арассыыйа чемпиона, призердар тиит лабаалара, сэбирдэхтэрэ буолан силигилииллэр.
Күннээҕи үлэҕэ туһаныллыан сөптөөх, айымньылаах үлэҕэ ыҥырар-угуйар бэртээхэй пособие тахсыбыт.
Үлэ-олох күөстүү оргуйар!