07.07.2021 | 11:25

''Тускул'' КК сонуннара

Ааптар: Руфова Н.И.
Бөлөххө киир

Бииргэ буолуу бигэ, кытта буолуу кытаанах турук буолуу төрдө буолара өбүгэ саҕаттан биллэр суол. Бииргэ үлэлээһин үтүөтүн ''Тускул'' КК үлэтин бары хайысхатыгар олус диэн бэркэ туһанар. Олортон биир хайысха иис-күүс, ойуулуур-дьүһүннүүр эйгэлиин алтыһыылара буолар. Манна биһиги биир дойдулаахпыт Федот Гаврильевич Макаров кэргэнинээн Светлана Михайловналыын кылааттара баарынан киэн туттабыт уонна махталбыт муҥура суох. Ол курдук маҥнайгы  улахан (фундаментальнай) үлэ олоҥхо тематыгар триптих буолар. Бу үлэни ''Утум иис'' иистэнньэҥнэрэ Татьяна Иннокеньевна Олесова,  Анна Ильинична Ефимова, Анна Петровна Пестерева тикпиттэрэ Арассыыйа таһымыгар быыстапкаларга биһирэбили ылбыттара.

Күн бүгүн саха санаалаах барыта Саха Өрөспүүбүлүкэтин эһиилги үбүлүөйүгэр бэлэмнэнэр, тэринэр, бэринэр, сааһыланар, наарданар. ''Утум иис'' онно бэлэмнэнэн Дьокуускай куорат гербэтин кырадаһынан тигиэхтээх. Күн бэҕэһээ, о.э. 06.07.21 ол үлэ саҕаланна. Бу үлэни кырадаһынынан иискэ бэлэмнээн, өҥүн - дьүһүнүн дьүөрэлээн, этэргэ дылы сантымыатырга диэри сааһылаан, миллимиэтиргэ диэри мээрэйдээн Макаровтар уруһуйдаан биэрбиттэрэ. Дьэ бу курдук бииргэ буоларбытыттан бигэ буоларбытыгар кылааттарын иһин Федот Гаврильевичка, Светлана Михайловнаҕа махталбытын тиэрдэбит, сарсын буолар Дьиэ кэргэн күнүнэн эҕэрдэлиибит. Аны да үтүөнү үксэтэргитигэр, кэрэни элбэтэргитигэр төрүөт баар буоллун, этэҥҥэ буолуҥ диэн алгыыбыт.  
Тускул КК иһинэн үлэлиир Норуот оҥорон таһаарар үлэлэрин, норуот айымньыларын дьиэтин салайааччыта Татьяна Григорьевнаҕа Жирковаҕа, ''Утум иис'' түмсүү салайааччыта Пестерева Анна Петровнаҕа ситиһиилэри, кыайыылары баҕарабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...