04.07.2024 | 12:01

Тус илгэ үөскүүр туоната

Тус илгэ үөскүүр туоната
Ааптар: Наталья РУФОВА, Хатас
Бөлөххө киир

Тиспит оһуора сэһэннээх,

 Тикпит таҥаһа кэпсээннээх,

Оҥорбут оҥоһуга олоҥхолоох,

Айар тыла алыптаах

Саха киһитэ иис-күүс илгэлээх.

 

Туймаада ыһыаҕын биир тарбахха баттанар, кэтэһиилээх-күүтүүлээх, күүстээх бэлэмнэниилээх күрэҕинэн саха таҥаһын көрүү буолар. Хаһан даҕаны буоларын курдук күрэх кыттыылаахтара өбүгэ дьоммут үтүө үгэстэринэн былааннаан-торумнаан, сылы быһа уура сылдьан уустаан-ураннаан, ситэрэн-хоторон, тупсаран, “дьэ бүттэ” диэн дьон болҕомтотугар долгулдьуһа тахсар түгэннэрэ бу күҥҥэ буолар.

 Айар-тутар эйгэ хайа баҕарар хайысхатыгар айымньыны оҥоруу, айыы, суруйуу, тигии, уһаныы оҕо төрөтөр кэриэтэ дьикти, кэрэ, умсугутуулаах, иэйиилээх, минньигэс, күндү. Ол эрэн бу түгэн, бу үөрүү хайдах кэлэрэ, үөскүүрэ-төрүүрэ киһи аайы тус-туһунан суоллаах-иистээх, устуоруйалаах. Көрөр-истэр тухары чинчийээччилэр, умсугуйааччылар бэлиэтииллэринэн, саха таҥаһа олох хардыытынан, хаамыытынан ол кэм тыынын ылынан, тэтимигэр олорсон уларыйар-тэлэрийэр, моһуоннанар, өҥнөнөр-дьүһүннэнэр. Ол гынан баран суруллубатах сокуоннардаах, кэһиллибэт бэрээдэктэрдээх, туһуламмыт аналлардаах, тоҕо, хаһан, ханна диэҥҥэ хардалаах, хайдах этэй диэҥҥэ хоруйдардаах. Ол биһиги төрөөбүт үөскээбит сирбит-дойдубут айылҕатын, дьылын-кэмин, айылҕатын туругуттан быһаччы тутулуктаах. Таҥаспыт-саппыт тымныыттан, тыалтан, куйаастан, ардахтан, хаартан көмүскүүрүн ааһан, өссө харысхаллаах, алгыстаах буолар, ону таһынан өҥүн-дьүһүнүн дьүөрэлэһиитинэн, быһыытынан-таһаатынан көстүүтэ ис киирбэх, кэрэ, тупсаҕай. Аны таҥаһынан көрөн хайа диэкиттэн кэлбитин, ол аймах-билэ дьон хайдах, туох олохтоохторун кытта билэллэр эбит; быһата, таҥас-сап эмиэ кинигэ курдук олох сэһэнэ-сэппэнэ, кэпсээнэ. Биһиги аныгы кэм сахалара чинчийээччилэрдээх, ирдэһэр-тордоһор, харааннаһар дьоннордоох буоламмыт улуу дьоммут уруккуларын, ааттаах дьоммут анараа өттүлэрин саҕанааҕыга тиийэ таҥас-сап хайдаҕын билэбит, тарбаҕар талааннаах, имигэс илиилээх, өркөн өйдөөх уруккуну кытта билиҥҥини сатаан алтыһыннарар дьоннордоох буоламмыт, кэлиҥҥи ыһыахтарга былыргы хаартыскаларга, киинэлэргэ көрөр дьоммут субу хаамса сылдьалларын курдук көстүүлэр бааллар. Ол аата урукку эбит диэн улаҕа диэки уурбакка, ааспыт эбит диэн антах анньыбакка, норуоппут устуоруйатын тута сылдьабыт.

“Туймаада ыһыаҕын мааны таҥаһа” диэн саха таҥаһын көрүү сүрүн сыала-соруга бу инники суруйбутум курдук. Дьэ онон быйылгы күрэх балаһыанньатын быһыытынан маннык буолла: 

1) Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүт олохтоох норуоттарын кэтэр таҥастарын чөлүгэр түһэрии;

2) Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүт олохтоох норуоттарын бырааһынньыкка  кэтэр таҥастара;

3) Дьиэ кэргэн ыһыахха кэтэр таҥаһа.

Күрэх буоларын быһыытынан, хайаан даҕаны тутуһуллуохтаах диэн ирдэбиллэрдээх:

Көрүү икки категориянан барда:

1)      СӨ норуотун маастардара;

2)      Саҥа саҕалыыр иистэнньэҥнэр.

Ханнык баҕарар күрэх, көрүү дьүүллүүр сүбэ таһымыттан сүрдээх тутулуктаах диэн туран, бүгүҥҥү тэрээһиммит тутаах дьонун – дьүүллүүр  сүбэни билиһиннэрэрбин көҥүллээҥ:

Петрова Светлана Ивановна, историческай билим хандьыдаата,  этнограф–костюмолог, Арассыыйа уонна СӨ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар култуураларын уонна тылларын үнүстүтүүтүн хаапыдыратын дассыана. Саха сирин төрүт норуоттарын култуураларын харыстааһыҥҥа, үйэтитиигэ, сайыннарыыга үгүс үтүөлээх дьоһун киһибит, бу да сырыыга олус эппиэтинэстээхтик, ирдэбиллээхтик үлэлээтэ.

Понохова Зинаида Дмитриевна – СӨ норуотун маастара, СӨ култууратын, үөрэхтээһинин туйгуна. Олоҕун анаабыт идэтин да чэрчитинэн, олоххо ананан кэлбит ыйааҕынан даҕаны кэлэр көлүөнэ ыччаппыт үүнэр-сайдар суолга тахсарыгар норуот айымньытын сүдү суолтатын тириэрдээччи быһыытынан убаастанар, ытыктанар киһибит.

Голубь Елена Иннокентьевна – СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, 1999 сылтан 2013 сылга диэри «Дьэргэлгэн», «Саһарҕа» куонкурустар тэрийээччилэрэ уонна бу тэрээһиннэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка ситиһиилээхтик көстөн, биллэн, иис-күүс эйгэтэ үрдүк таһымҥа тахсыытыгар күүскэ үлэлэспит үлэһит үтүөтэ, майгылаах мааныта далбарбыт. Елена Иннокентьевна бу күннэргэ төрөөбүт-үөскээбит Сахатын сиригэр кэлэн сүбэ-ама, өйөбүл-өйдөбүл буолан, астына-дуоһуйа үлэлии-хамсыы сылдьарыттан үөрэбит, киэн туттабыт.

Шелковникова Акулина Романовна – СӨ национальнай музейын  реставратор худуоһунньуга, С.Г. Строганов аатынан судаарыстыбаннай промышленнай, художественнай академия анал үөрэҕин баран, чиҥ билиини ылбыт, сатабылга үөрэммит, төрөөбүт төрүт Сахатын сиригэр кэлэн ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар биир кэскиллээх ыччаппыт.

Дьэ, көрөрбүт курдук, дьүүллүүр сүбэ дьоно дьоһун, уопуттаах да баар, эдэр да көрүү баар. 

2024 сыллаах Туймаада ыһыаҕын “Туймаада ыһыаҕын мааны таҥаһа” күрэх кылаан бирииһин – 100 000 солк. уу харчынан бириэмийэни – Сунтаар улууһун уһулуччу талааннааҕа, үлэһит бэрдэ Митрофан кыыһа Варвара Егорова – Дыгыйа ылла.

СӨ норуотун маастардарын уонна СӨ норуот уус-уран оҥоһуктарын маастардарын  икки ардыларыгар:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүт олохтоох норуоттарын бырааһынньыкка  кэтэр таҥастара:

1 миэстэ – Уус-Дьааҥы улууһуттан Ирина Константиновна Пахомова;              

2 миэстэ –  Дьокуускай куорат “Сөргүтүү” түмсүү (салайааччы Азиана Филипповна Харлампьева);   

3 миэстэ     – Дьокуускай куорат “Аборигенка” (салайааччы Ия Герес).

XVII – XIX үйэтээҕи таҥаһы чөлүгэр түһэрии, сөргүтүү:

1 миэстэ – Уус Алдан улууһуттан Алдана Иннокентьевна Егорова;

2 миэстэ – Чурапчы улууһуттан Надежда Прокопьевна Ахматова;  

3 миэстэ – Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан Александра Петровна Кузьмина.    

Дьиэ-кэргэн ыһыахха кэтэр таҥаһа:

1 миэстэ –  Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан Ефремовтар дьиэ кэргэн;      

2 миэстэ – Дьокуускай куораттан Софроновтар дьиэ кэргэн;

3 миэстэ – Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан Кузьминнар дьиэ кэргэн.

Саҥа саҕалыыр (любитель) иистэнньэҥнэр:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүт олохтоох норуоттарын бырааһынньыкка  кэтэр таҥастара:

1 миэстэ – Чурапчыттан Анфиса Егоровна     Ефремова;

2 миэстэ – Дьокуускай куораттан Татьяна Илларионовна Омина;    

3 миэстэ –  Дьокуускай куорат “Мааны Мандар” түмсүү (салайааччы Любовь Константинова) -  Алыптаах Туяра Лэгэнтэй кыыһа.

XVII – XIX үйэтээҕи таҥаһы чөлүгэр түһэрии, сөргүтүү:

1 миэстэ     – Дьокуускай куораттан  Варвара Юрьевна Попова;               

2 миэстэ –  Дьокуускай куорат олохтооҕо Оксана Ивановна Тобохова;

3 миэстэ – Чурапчы улууһун Одьулуунуттан «Иэйэхсит» түмсүү  (салайааччы Елена Артемьева).

Дьиэ кэргэн ыһыахха кэтэр таҥаһа:

1 миэстэ – Амма улууһуттан Ивановтар;

2 миэстэ – Мииринэй оройуонуттан       Сивцевтэр дьиэ кэргэн;

3 миэстэ – Чурапчыттан Сивцевтэр дьиэ кэргэн.

Анал ааттар:

– «Сатабыллаах иистэнньэҥ» – Марианна Сивцева, Мииринэй куорат;

– «Уран тарбахтаах иистэнньэҥ» – Надежда Пахомова;

– «Ымыылаах иистэнньэҥ» – Марфа Оконешникова, Уус Алдан;

– «Төлкөлөөх иистэнньэҥ» – Елизавета Потапова, Үөһээ Дьааҥы;

– «Сиэдэрэй симэхтээх иистэнньэҥ» – Сиимээйи, Орто Халыма;

– «Өбүгэ үгэһин сөргүтээччи» – Маргарита Чалбанова, Сунтаар;

– «Махтал» – Елена Голубь, Москва.

Айар-тутар киһиэхэ саамай күндү, күүтүүлээх кэмэ – Айыы Кэмэ, бу  саха киһитин олоҕун оҥкулун туох барыта кэмнээх-кээмэйдээх, күннээх-дьыллаах диэн биир сүрүн өйдөбүлүн өркөн түгэнэ. Онон Айыы Кэмин мүлчү туппакка, сиргэ-буорга бырахпакка, күөдьүйбүтү, үөскээбити күөттээн, күүһүрдэн, ситэрэн-хоторон биэрдэххэ, Ийэ куппут иэнигийэн, салгын куппут сайыннаран, буор куппут бөҕөргөөн биэрэр. Ол түмүгэр маастардар, сатабыллаах, талааннаах-дьоҕурдаах дьоммут үйэлээҕи, кэрэни, дьиктини айаллар, ол да иһин олоҥхобут айылыннаҕа, улуу айымньылар сурулуннахтара…

Маастардарбыт, иистэнньэҥнэрбит бары даҕаны бу үөһэ этиллибиккэ сүүс бырыһыан сөп түбэһэр майгылаах, туттуулаах-хаптыылаах, саҕалаабыты салгыыр, оҥорбуту түмүктүүр идэлээх буоланнар, маннык үтүө түмүктэрдээх үлэлээхтэр диэн бэлиэтээн этиэҕи баҕарыллар. Кэлиҥҥи сылларга бу күрэх кэҥээн-тэнийэн, сураҕыран, суола-ииһэ кэҥээн, дьон-сэргэ – көрөөччү даҕаны, кыттааччы даҕаны – олус күүтэр. Иистэнньэҥнэр, таҥаһы кэтээччилэр  оҥостон-туттан, оҥорон, бүтэрэн-оһорон кынтаһан киирдэхтэринэ, кырдьыга даҕаны, нохтолоох сүрэх долгуйар, харах халтарыйар кэрэ көстүүтэ. Манна талаан арыллыыта, өркөн өй, сүрэхтээх буолуу, тулуһуу, дьулуһуу бииргэ алтыһаллар. Манна табыллыыттан дьол түгэнин тутуу, оҥорбуттан дуоһуйуу, инникигэ, бэйэ күүһүгэр эрэл, тус илгэ үөскүүр түһүлгэтэ! Илгэ диэн үрүлүйэ сүүрэр үрүҥ илгэ дуу, эбэтэр от-мас чэлгийэ үүнүүтэ эрэ буолбатах. Илгэ диэн хас биирдии киһи олоҕун суолугар тутуспут хайысхатын сайдыыта, үүнүүтэ, тэнийиитэ, туһата, инникитэ буолар.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...