Туризм туруорсар
Сотору кэминэн “ыалдьыт дьиэлэрэ” (“гостевые дома”) үлэлииллэрэ көҥүллэниэҕэ. Бу туһунан сокуон бырайыага оҥоһуллан, бырабыыталыстыбаҕа көрүллэр диэн Ростуризм салайааччыта Зарина Догузова ааспыт нэдиэлэҕэ иһитиннэрдэ.
Билиҥҥитэ “ыалдьыт дьиэлэрин” туһунан сокуоҥҥа суох. Курортнай куораттарга нэһилиэнньэ онон айаҕын ииттэн олороро кистэл буолбатах. Ол курдук, чааһынай дьон туристарга хосторун куортамҥа биэрэллэр эбэтэр элбэх мэндиэмэннээх дьиэлэрин “ыалдьыт дьиэтэ” оҥороллор.
Зарина Догузова дьокутааттарга кэпсээбитинэн, сокуон бырайыага өр оҥоһуллубут, хас да түһүмэҕи ааспыт. Экономическай сайдыы министиэристибэтин кытта ыкса үлэлээбиттэрин түмүгэр, элбэх көннөрүү киллэриллибит.
Мунньах кыттааччылара бэлиэтээбиттэринэн, дойду элбэх региона бу сокуон ылылларын кэтэһэр. Ол курдук, туристар чуолаан Крымҥа отель оннугар “ыалдьыт дьиэлэрин” ордороллор эбит. Аҥаардас Краснодарскай, Алтайскай кыраайдарга, Крым уонна Алтай өрөспүүбүлүкэлэригэр маннык 15 тыһыынча эбийиэк баара биллэр.
Хонтуруола суох үлэлииллэрэ бары өттүнэн ночооттоох. Бастатан туран, турист бырааба көмүскэлэ суох. Иккиһинэн, дойду бүддьүөтэ элбэҕи сүүйтэрэр. Ол иһин Ростуризм “ыалдьыт дьиэлэригэр” сокуонунан көҥүл биэрэри туруорсар.
“Быйыл сайын сокуон кыайан ылыллыбат, ол эрээри сыл бүтүөр диэри бырайыак олоххо киирэрин ситиһиэхтээхпит. Оччоҕуна эһиилги сезоҥҥа үлэлиир кыахтаныаҕа”, – диэтэ Зарина Догузова Судаарыстыбаннай Дуума туризмҥа уонна туристическай инфраструктураҕа кэмитиэтин мунньаҕар.