Туризм салаата экономиканы сайыннарыыны кытта быһаччы ситимнээх
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Кирилл Бычков бэҕэһээ, от ыйын 10 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэҕэ туризм салаатын сайыннарыыга сыһыаннаах мунньаҕы ыытта.
Өрөспүүбүлүкэ салалтата бэлиэтээбитинэн, туризмы сайыннарыы экономика үрдээһинигэр саҥа саҕахтары арыйар. Онуоха инфраструктура, сибээс, суол-иис боппуруостара бастакы уочарат быһаарыллыахтаахтар. Сынньана кэлбит дьоҥҥо табыгастаах усулуобуйа тэриллиэхтээх, өҥө хаачыстыбата тупсуохтаах, ураты, интэриэһинэй маршруттар тэриллиэхтээхтэр. Ол иһигэр аэропорт терминалын өрөмүөнэ, гостиницалары тутуу, Туймаада ыһыаҕа, «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл курдук бөдөҥ култуурунай тэрээһиннэри сайыннарыы киирсэллэрэ бэлиэтэннэ.
Премьер Кирилл Бычков бэлиэтээбитинэн, индустрия иннигэр баараҕай соруктар тураллар, чуолаан ааспыт 2023 сылтан тастан киирэр турист ахсаанын үс төгүл элбэтэр, туристары олордор сирдэри тэрийэр, промышленнай туризм 10-тан итэҕэһэ суох көрүҥүн, оҕо туризмын 20 маршрутун арыйар, ону сэргэ Саха сирин потенциалын Арассыыйа регионнарыгар билиһиннэрэр соруктар тураллар.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы маны сэргэ Саха сирин туризмын барытын билиһиннэрэр биир кэлим судаарыстыбаннай цифровой платформа баар буолуохтааҕын бэлиэтээтэ. Кини туризмы сайыннарыы дьарыктаах буолууну уонна экономика атын салааларын кытта быһаччы ситимнээҕин санатта.
Бэлиэтээн эттэххэ, 2023 сылга Саха сиригэр 235 тыһыынча турист кэлэн барбыт, ол эбэтэр 2022 сыллааҕар 11 % элбэх (212,5 тыһ.). Оттон 2019 сылтан туристар кэлиилэрэ 17 % үрдээбит (201,5 тыһ. киһи). 2024 сылга 250 тыһыынчаттан итэҕэһэ суох киһи кэлэрэ күүтүллэр.
Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ территориятыгар 23 оператор туризм 170-ча араас көрүҥүн үлэлэтэр. 2023 сылга эбии 53 саҥа турбаза тэриллэн, 121 ахсааҥҥа тиийбит. Ол туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.