Туристары сэрэтэбит: эбии төлүүргэ бэлэм буолуҥ
Сорох ааҕааччыларбыт Арассыыйа курортарыгар, дьон-сэргэ сөбүлээн сылдьар куораттарыгар «курорт хомуура» («курортный сбор») баарын билбэт буолуохтаахтар. Холобур, бу сайын Питергэ барааччылар сууккаҕа 100 солк. эбии төлүүллэр, оттон Белокуриха курортара ыалдьыттарыттан сууккаҕа 50 солк. ирдиэхтэрэ.
Ол курдук, 2017 сыллаахха от ыйын 29 күнүгэр ылыллыбыт «О проведении эксперимента по развитию курортной инфраструктуры» (№214-ФЗ) федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, маннык хомуур Алтаайга, Краснодарскай уонна Ставропольскай кыраайдарга, Крымҥа, Санкт-Петербурга уонна Сочига баар «Сириус» федеральнай территорияҕа киирбитэ. Кээмэйэ сууккаҕа муҥутаабыта 100 солк. буолар.
Регион салалтата, дьыл кэмиттэн, куоратыттан көрөн, уларытыылары киллэриэн эбэтэр быстах кэмҥэ тохтотуон сөп. Холобур, пандемия саҕана Алтаай кыраайыгар хомууру ылбат буола сылдьыбыттара, оттон «Сириус» федеральнай территорияҕа Ыччат аан дойдутааҕы бэстибээлин кэмигэр тохтоппуттара. Крым, төһө да эксперимент ыытыллар региона буоллар, ыалдьыттарыттан эбии харчыны көрдөөбөккө олорор.
Харчы ханна барарый?
Хомуллубут харчы курорт инфраструктурата сайдарыгар – гостиницалар, санаторийдар, сөтүөлүүр сирдэр, пааркалар, спорт балаһааккалара уонна да атын эбийиэктэр тутууларыгар уонна тупсарыллалларыгар туттуллар.
Холобур, Санкт-Петербурга киирбит үбүнэн 2024 сылга «Дюны» уонна «Ласковый» диэн пляжтары тупсарыахтара, Москва триумфальнай боруоталарын саҥардыахтара уонна Линейнай пааркаҕа фонтан оҥоруохтара. Нева өрүс үрдүгэр турар кэрэ көстүүлээх куораты көрүөн баҕарар киһи ахсаана сыл аайы элбии эрэ турар. Онон киирбит харчы история эбийиэктэрин саҥардарга, уопсастыбаннай туоналары тупсарарга туһуланыаҕа.
Интэриэһинэй чахчы: Арассыыйа хотугу киин куоратыгар туризм балысханнык сайдар. 2023 сылга Санкт-Петербург куоракка 9,4 мөлүйүөн киһи кэлэн барбыт. Турист үксэ – Арассыыйа араас регионнарыттан, оттон 6%-на – тас дойдулартан кэлбит ыалдьыттар.
Ханна ылалларый?
2024 сылга эксперимеҥҥэ Санкт-Петербург, Алтаай, Краснодарскай уонна Ставропольскай кыраайдар уонна Сочига баар «Сириус» федеральнай территория кытталлар. Манна даҕатан эттэххэ, Ставропольскай кыраай салалтата курорт хомуурун региоҥҥа барытыгар киллэрэр санаалаах. Билиҥҥи туругунан туристартан курорт хомуурун Ессентукига, Железноводскайга, Кисловодскайга, Пятигорскайга уонна Минераловодскай куораттааҕы уокурукка ылаллар.
Крым 2022 сыл кулун тутар 11 күнүттэн курорт хомууруттан аккаастаммыта. Оттон Санкт-Петербурга, төттөрүтүн, быйыл муус устар 1 күнүттэн ылан саҕалаатылар.
Хайдах ааҕалларый?
Төһө харчы хомуллара, холобур, бу курдук суоттанар: турист Ессентуки санаторийыгар бэс ыйын 10 күнүгэр кэлбит уонна бэс ыйын 19 күнүгэр тахсан барбыт. Оччоҕуна бу киһи 9 суукка иһин төлүүр (кэлбит күнэ учуоттаммат): 100 солк. 9 күҥҥэ төгүллэнэр, ол аата бу киһи 900 солк. төлүүр.
Ким төлүөхтээҕий?
18-тан үөһэ саастаах айанньыттар. Өскөтүн:
1. Ити этиллибит регионнарга (куораттарга, сэлиэнньэлэргэ) сууккаттан ордук кэмҥэ олорор буоллахтарына. Биир сууккаҕа тохтоон ааһар дьон тугу да төлөөбөттөр.
2. Ханнык эмит тэрилтэ эбэтэр ИП бас билиитигэр киирэр гостиницаҕа, санаторийга, апарт-отельга, хостелга, пансионакка эбэтэр онтон атын эбийиэккэ тохтообут буоллахтарына.
Курорт хомуурун туристар эрэ төлөөбөттөр, сууккаттан ордук кэмҥэ командировкаҕа эбэтэр атын дьыаланан кэлбит дьоҥҥо тарҕанар.
Ким төлүө суохтааҕый?
Өскөтүн айанньыт чааһынай дьиэҕэ түстэҕинэ эбэтэр кыбартыыра куортамнаатаҕына, дьиэ бас билээччитэ ИП буолбатах түгэнигэр, төлөөбөт. Аймахтарга, доҕотторго хонор-өрүүр дьон эмиэ тугу да төлөөбөттөр.
Курорт хомууруттан босхолоноллор:
1. 18-гар диэри саастаах оҕолор.
2. Курорт хомуура киирбит регионугар пропискалаах олохтоохтор.
3. Эксперимент ыытыллар сиригэр хамсаабат баайдаах дьон.
4. Эксперимент ыытыллар сиригэр үлэ дуогабарынан эбэтэр хантараагынан үлэлиир дьон.
5. Эксперимент ыытыллар сиригэр күнүскү үөрэх тэрилтэтигэр үөрэнэр 24-гэр диэри саастаах дьон.
6. Бастакы уонна иккис группалаах инбэлииттэр, ону сэргэ бастакы группалаах инбэлиити, инбэлиит оҕону арыаллыыр гражданнар.
7. Эмтэнэ кэлбит дьон. 18-гар диэри саастаах оҕону арыаллыыр улахан киһи курорт хомуурун эмиэ төлөөбөт.
8. Сэллик ыарыылаах дьон.
9. Кыаммат дьиэ кэргэттэр.
10. Күрэхтэһиилэргэ кытта кэлбит спортсменнар, тренердэр, судьуйалар уонна да атын физкултуура исписэлиистэрэ.
11. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара.
12. Бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ.
13. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр ПВО (противовоздушная оборона) эбийиэктэригэр үлэлээбит, оборуона тутууларын, байыаннай-морской баазалары, аэродромнары уонна да атын байыаннай эбийиэктэри туппут дьон.
14. Өлбүт сэрии инбэлииттэрин, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын уонна бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ. Ленинград госпиталларыгар уонна балыыһаларыгар үлэлээбит дьон дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ.
15. Сэрии инбэлииттэрэ.
16. Блокадаҕа түбэспит дьон.
17. Чернобыль АЭС уонна Семипалатинскай радиациятыттан эмсэҕэлээбит дьон.
18. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдара, Арассыыйа Дьоруойдара, Албан аат уордьанын кавалердара, Социалистическай Үлэ уонна Үлэ Дьоруойдара, Үлэ Албан аатын уордьанын үс истиэпэнинэн наҕараадаламмыт дьон.
* Маныаха туһааннаах докумуон оригиналын эбэтэр нотариуһунан бигэргэтиллибит куоппуйатын гостиницаҕа эбэтэр санаторийга көрдөрүллэр.
Регионнар чэпчэтиинэн туһанар араҥаны бэйэлэрэ кэҥэтиэхтэрин сөп. Холобур, Алтаай, Краснодарскай уонна Ставропольскай кыраайдар олохтоохторо бэйэлэрин регионнарыгар баар нэһилиэнньэлээх пууннарга (эксперимеҥҥэ кыттар) курорт хомуурун төлөөбөттөр. Холобур, Краснодар олохтооҕо Анапаҕа тиийдэҕинэ, киниттэн тугу да көрдөөбөттөр. Оттон Ставропольскай кыраай олохтооҕо Анапаҕа ыалдьыттыырыгар курорт хомуурун төлүүр.
Хомууру ылыы бэрээдэгэ
Төлөбүрү өҥөнү оҥорор оператор, ол эбэтэр гостиницаны эбэтэр пансионаты бас билэр тэрилтэ эбэтэр ИП ылар. Өскөтүн ИП быһыытынан үлэлээбэт дьонтон хос куортамныыр буоллаххытына, кинилэргэ тугу да төлөөбөккүт.
Оператор хомуур сууматын суоттаан ылар, кыбытаансыйа биэрэр уонна регион бүддьүөтүгэр харчыны ыытар эбээһинэстээх. Турист хомууру төлүүртэн аккаастанар буоллаҕына, регион салалтатыгар үҥсэр.
Оператордар кимтэн харчы ылбыттарын, төһө киһи чэпчэтиинэн туһаммытын кэмигэр отчуоттуохтаахтар.
Хайдах уонна хаһан?
Хомуур суумата путевкаҕа эбэтэр гостиницаҕа олоруу иһин төлөбүргэ киирбэт. Отельтан (санаторийтан, пансионаттан) тахсан барарга эбии төлөнүллэр.
Төлөөбөтөххө...
Курорт хомуурун туһунан сокуоҥҥа төлөөбөтөх дьону туох күүтэрэ суруллубатах. Айанньыты тутан ылар, малын былдьыыр эбэтэр поезка эбэтэр сөмөлүөккэ киллэрбэт буолуу көҥүллэммэт. Отельга түһэрэртэн аккаастаабаттар, тоҕо диэтэххэ тахсан барыыга эрэ төлөнүллэр.
Регионнар бэйэлэрин сокуоннарынан эрэ ыстарааптыахтарын сөп. Ол кээмэйэ араас. Холобур, Алтаай уонна Краснодарскай кыраайдарга – 500-2000 солк., Ставропольскай кыраайга – 3500-4000 солк. Онон регион туһааннаах биэдэмистибэтэ, холобур, Ставропольскай кыраайга туризм уонна чэбдигирдэр курортар министиэристибэтэ дьарыктанар.
Санкт-Петербург дьаһалтата административнай эппиэтинэс туһунан сокуоҥҥа уларытыы киллэрэр уонна курорт хомууруттан куотунуу иһин ыстараап олохтуур былааннаах. Билиҥҥитэ гостиница Санкт-Петербург туризмы сайыннарыыга кэмитиэтигэр үҥсэр кыахтаах.
Түмүккэ
Курорт хомуурун туһунан билбэт да, ону утарар да турист элбэх. Бу матырыйаалы бэлэмниир кэммитигэр араас сайтары үөрэттибит. Ол тухары «Путевканы, гостиницаны таһынан өссө тоҕо төлүөхтээхпитий?», «Тоҕо биһиги харчыбытынан куораттарын тупсарыахтаахтарый?» диэн мунаарааччы үгүс эбит.
Биир өттүнэн көрдөххө, олохтоох бүддьүөтү бөҕөргөтөргө үчүгэй суол диэххэ сөп. Иккиһинэн, хомуур кээмэйэ оннук айылаах улахан буолбатах.
Ол эрээри… курортаах куораттар харчыны киллэрбэттэр диэбэккин. Туристар хас хардыы аайы кумааһынньыкпыт чарааһаан иһэр эбээт. Онуоха эбии Саха сирин олохтоохторо бырайыаспыт сыаната, этэргэ дылы, бас быстар. Онон хас биирдии солкуобайы аахсарбыт оруннаах курдук...