18.07.2024 | 12:00

Турист пааспара баар буолла

Турист пааспара баар буолла
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

1965 сыллаахха Саха сиригэр туризмҥа уонна экскурсияҕа аналлаах Саха уобаластааҕы Сэбиэтэ тэриллэр. Ол эбэтэр Саха сирин Арассыыйа туристическай муннугун быһыытынан официальнайдык көрдөрүү ити сылтан силис-мутук тардар.

Аныгы Арассыыйаҕа, 21-с үйэҕэ үктэнэн баран, чуолаан 2003 сыллаахха, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын 718 №-дээх уурааҕынан Саха сиригэр туризмы сайыннарыы концепцията бигэргэтиллэр. 2020 сыллаахха салгыы 2025 сылга диэри олоххо киириэхтээх Туризмы сайыннарыы стратегията ылыллар. Болдьох туризм салаата төрүттэммитэ үйэ аҥаардаах үбүлүөйүн кытта ситимнээҕэ саарбаҕа суох.

Ааспыт нэдиэлэҕэ Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Кирилл Бычков өрөспүүбүлүкэҕэ туризм салаатын сайыннарыыга сыһыаннаах мунньаҕы ыытта. Өрөспүүбүлүкэ салалтата бэлиэтээбитинэн, туризмы сайыннарыы экономика үрдээһинигэр саҥа саҕахтары арыйар, дьарыктаах буолууну кытта быһаччы ситимнээх. Онон, премьер Кирилл Бычков иһитиннэрбитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ индустрия иннигэр баараҕай соруктар тураллар, ол иһигэр: ааспыт 2023 сылтан тастан киирэр турист ахсаанын үс төгүл элбэтии, туристары олордор сирдэри тэрийии, промышленнай туризм 10-тан итэҕэһэ суох көрүҥүн, оҕо туризмын 20 маршрутун арыйыы, ону сэргэ Саха сирин потенциалын Арассыыйа регионнарыгар киэҥник билиһиннэрии.

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы маны сэргэ Саха сирин туризмын барытын билиһиннэрэр биир кэлим судаарыстыбаннай цифровой платформа баар буолуохтааҕын тоһоҕолообута. Бэлиэтээн эттэххэ, 2023 сылга Саха сиригэр 235 тыһыынча турист кэлэн барбыт, ол эбэтэр 2022 сыллааҕар 11 % элбэх (212,5 тыһ.). Оттон 2019 сылтан туристар кэлиилэрэ 17 % үрдээбит (201,5 тыһ. киһи). 2024 сылга 250 тыһыынчаттан итэҕэһэ суох киһи кэлэрэ күүтүллэр.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ территориятыгар 23 оператор туризм 170-ча араас көрүҥүн үлэлэтэр. 2023 сылга эбии 53 саҥа турбаза тэриллэн, 121 ахсааҥҥа тиийбит.

Оттон бу күннэргэ туризм эйгэтигэр биир сонун бырайыак олоххо киирдэ.

Мин иннибэр «Паспорт туриста Якутии» диэн дьоҕус кээмэйдээх сувенир-докумуон сытар. Арыйан көрдөххө, маҥнайгы сирэйигэр турист хаартыскатын сыһыарар, илии баттааһынын кытта аата-суола, гражданствота, төлөпүөнэ уонна пааспарын нүөмэрэ cуруллар анал миэстэлээх. Бу дьоҕус кээмэйдээх докумуон Олоҥхо дойдутун ыалдьыта олохтоох норуот сиэрин-туомун хайдах тутуһа, тутта-хапта сылдьыахтааҕыттан саҕалаан, элбэх интэриэһинэй, туһалаах иһитиннэриилээх, ону таһынан төлөпүөн камератын даҕайан, илэ хараҕынан көрөр кыаҕы кытта биэрэр.

Дьэ, бу сувенир-докумуону толкуйдаан-тобулан оҥорбут ааптардарынан Ньурба Өҥөлдьөтүттэн төрүттээх учууталлар династияларын сыдьааннара эдьиийдии-балыстыы Изабелла уонна Татьяна Павловалар буолаллар. «Киин куорат» хаһыат ааҕааччыларыгар анаан кыргыттары кытта көрсөн, ирэ-хоро сэһэргэстибит.

– Дьэ, маннык сонун толкуй хантан, хайдах кэлбитэй? 

– Атын сирдэргэ турист быһыытынан сырыттахха, «путеводитель» диэн баар буолааччы. Холобура, «Паспорт «Золотого Кольца» диэни өссө 2017 сыллаахха көрбүппүт. Итилэргэ олоҕуран, «тоҕо биһиэхэ, Саха сиригэр, маннык суоҕуй? Туристарга көрдөрөр сирдэрбитин биир сиргэ түмэр тоҕо табыллыа суоҕай?» диэн санааҕа кэлбиппит.

Кырдьык, сыл аайы төһөлөөх айанньыт, ыалдьыт кэлэн ааһарый, бэйэбит да дьоммут айылҕа маанылаах миэстэлэринэн күүлэйдиирий?! Кинилэргэ бу сиргэ үктэнэн ааспыттарын туоһулуур анал сурук, кумааҕы баар буолуон сөп эбит диэн санааттан, «Паспорт туриста Якутии» диэн бырайыагы тобулан таһаарбыппыт. Бастакы пааспардарбытын быйыл Туймаада ыһыаҕар туттардыбыт.

– Дьэ эрэ, саас-сааһынан, бастакы сирэйиттэн саҕалыах...

– Пааспарга хаһаайын хаартыската баар буолар. Анал нүөмэрдээх. Докумуон Сахабыт сирин анал бэлиэлэрин – Өрөгөй ырыатын, дьаралыгын – билиһиннэрииттэн саҕаланар. Сиэпкэ укта сылдьарга табыгастаах буоллун диэн, кээмэйин дьоҕус оҥордубут. Турист маны тута сылдьан, наадалаах иһитиннэриилэри кэбэҕэстик булан көрөр, оттон дойдутугар өйдөбүнньүк быһыытынан илдьэ барар.

– Пааспарбыт пааспар курдук кумааҕы да буоллар, куар-код көмөтүнэн ырыаны-тойугу, айылҕа кэрэ көстүүлэрин көрдөрөр да, иһитиннэрэр да дьоһун кыахтааҕа астык.

– Сахабыт сиригэр баар ытык сирдэрбитин, айылҕабыт дьикти көстүүлэрин, төрүт култуурабытын, ойуубутун-бичикпитин, аспытын-үөлбүтүн, таҥаспытын-саппытын, иһиппитин-хомуоспутун, ырыабытын-тойукпутун о.д.а. анал тэрилтэлэр тустарынан иһитиннэриилэргэ куар-кодунан киирэн билиэххэ-көрүөххэ сөп. Онон, аныгылыы эттэххэ, интерактивнай ыйынньык буолла.

– Көрөн олордоххо, сорох сирэйдэргэ «10% чэпчэтии» диэн  бэлиэлэр турбуттар.

– Пааспарбыт ыйынньык быһыытынан туһалыырын ааһан, чэпчэтиилэри биэрэр. Ол курдук, СӨ култуураҕа уонна туризмҥа министиэристибэлэрин өйөбүлүнэн пааспар хаһаайына куораппыт түмэллэрин көрүүгэ чэпчэтиинэн туһаныаҕа. Ону таһынан пааспарга киирбит атыы-эргиэн биирдиилээн тэрилтэлэригэр эмиэ чэпчэтиилэр бааллар. Саха сиригэр кэлэр туристар бэйэлэрэ тутан-хабан сувенир оҥорорго интэриэстэрин учуоттаан, маастардарга сылдьар уонна эбиитин чэпчэтиинэн туһанар буолуохтара.

– Аныгы үйэҕэ туризм хайысхата элбэх, ону барытын хаптыгыт дуу, холобур быһыытынан сорҕотун эрэ билиһиннэрэҕит дуу?

– Бары хайысхатын хабарга дьулустубут. Холобура, «экологическай туризм» диэҥҥэ Өлүөнэбит очуостара, Киһилээх хайабыт, Тымныы чыпчаала Өймөкөөн, Сиинэ, Буотама үрэхтэрбит, Амма о.д.а. киирдилэр. «Этнокултуурунай туризм» хайысхатын Дьокуускайга Атласовтар уһаайбалара, Хаҥаласка Дьаамсыктар дэриэбинэлэрэ, Чөркөөх, Суотту аһаҕас халлаан анныгар түмэллэрэ о.д.а. көрдөрөллөр. Саха иһитин-хомуоһун, таҥаһын-сабын, киэргэлин, туттар тэрилин оҥорууга идэтийэр оҥорон таһаарааччылар табаардарын эмиэ билиһиннэрэбит. «Бриллиантовая неделя Якутии», «Мир» трубка о.д.а. «промышленнай туризмы» сэҥээрээччилэр болҕомтолорун тардар буоллахтарына, Туймаадабыт ыһыаҕа, «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар», «Муус Устар» бэстибээллэр – «событийнай туризм» көстүүлэрэ буолара саарбаҕа суох. Маны барытын сиһилии куар-кодунан билсиэххэ сөп.

– Туризм сайдарыгар эһиги пааспаргыт кылаатын туохха көрөҕүт?

– Бастатан туран, кэлэн барбыт ыалдьыттар дойдуларыгар бу пааспардарын илдьэ баран, атыттары көҕүлүөхтэрэ турдаҕа. Пааспарбыт нүөмэрдээҕэ инники үлэбитигэр сыһыаннаах. Холобура, «2024», «1 000 000» нүөмэрдэрдээх пааспардар хаһаайыннарыгар соһуччу бэлэхтэр баар буолуохтарын сөп. Атын регионнар уопуттарынан аныгылыы «квест» оонньууну олохтууру эмиэ толкуйдуубут. Холобура, анал усулуобуйаны толорбут туриска пааспарга киирбит тэрилтэлэртэн бэлэх буолуон сөп.

– Сонун саҕалааһыҥҥа өйөбүл-тирэх буолбуттары ааттыахха.

– О.Г. Григорьева салайааччылаах «Сделано в Якутии» ассоциация бу санаабытын бастакынан өйөөбүтэ. И.А. Атласова киэҥ эйгэҕэ тарҕатарбытыгар көмөлөспүтэ. Ити курдук СӨ туризмы уонна территориальнай маркетины сайыннарыыга агентствотыттан А.А. Ксенофонтовка, историк, кыраайы үөрэтээччи В.Б. Борисов – Алтан Түһүнэйгэ, СӨ култуура уонна духуобунас, урбаан министиэристибэлэригэр махтанабыт. Пааспарбыт бэчээккэ тахсарыгар олус болҕомтолоохтук сыһыаннаспыт типография үлэһиттэригэр о.д.а. барыларыгар махтанабыт.

– Кэпсээниҥ иһин махтал! Кэскиллээх, хайа да өттүгэр барыстаах бырайыаккыт салгыы сайдарыгар баҕарабыт!

Хаартыскалар: ааптар түһэриилэрэ, дьоруой тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....