Турцияҕа сынньана барыы тохтоото дуо?
Турцияҕа сыстыганнаах коронавирус дьаҥа турбутунан сибээстээн, Арассыыйа үрдүкү салалтата бу дойдуга салгынынан сырыыны, ол эбэтэр чартернай рейстэри муус устар 15 күнүттэн бэс ыйын 1 күнүгэр диэри тохтотто.
Арай Москва–Стамбул–Москва нэдиэлэҕэ иккитэ сылдьар рейс күүһүгэр хаалла. Туристическай фирмаларга билиэт, путевка атыытын тохтоттулар. Сүрүн биричиинэтэ – Турция сиригэр-уотугар короналаах вирус өрө туруута. Манна дойду 58 провинцията кыһыл зонаҕа хабыллыбыт. Онон итии дойду олохтоох туристическай фирмалара уонна муораҕа сынньана барар туристар уустуктары көрүстүлэр. Арассыыйаҕа да, Турцияҕа да буоллун, туристическай бизнес эйгэтигэр бу уодаһыннаах ыарыы тустаах дойдулар экономическай уонна социальнай балаһыанньаларыгар биллэр охсууну оҥордо.
Муус устар ыйтан бүтүн Турция үрдүнэн коронавирус дьаҥынан сибээстээн, хааччах бөҕөтүн киллэрдилэр. Ол курдук, суббуота, өрөбүл күннэргэ олохтоох нэһилиэнньэ дьиэттэн уулуссаҕа тахсарын, ыраах айанныырын боптулар. Кафелар, рестораннар аһы тиэрдэн биэриигэ эрэ үлэлииллэр. Онтон комендантскай чаас күн аайы киэһэ 21 чаастан сарсыарда 5 чааска диэри хааччахтанна. Аны туран, муус устар 13 күнүттэн ыам ыйын 12 күнүгэр диэри сылын аайы ыытыллар “Рамадан” ытык постара саҕаланна. Бу ислам итэҕэллээх норуоттар бары кытаанахтык тутуһар үгэстэрэ буолар. Манна маассабай ифтар уонна сахур ыытылларын эмиэ кытаанахтык боптулар. Былырыын эмиэ баччаларга дойду үрдүнэн харантыын биллэрэннэр, туристическай сезон от ыйыттан үлэтин саҕалаабыта. Пандемия кэмигэр Турция курдук “ырай дойдутугар” сынньана барар туристар син биир кэккэ уустуктары көрсөллөр диэм этэ.
Коронавирус балаһыанньата хайдаҕый?
Муус устар 19 күнүнээҕи туругунан Турция үрдүнэн:
Ыалдьыбыт дьон ахсаана – 2862
Өлбүт киһи ахсаана – 341
Үтүөрбүт дьон ахсаана – 48947
Икки күнтэн бэттэх сыстыганнаах дьаҥ тарҕаныыта намтаан эрэр эбит. Ол эрэн, хомойуох иһин, ыалдьан өлүү ахсаана элбээбит. Дьэ, бу маннык туруктаах олорор бүгүҥҥү Турция норуота.
Соһуччу сурах
Бу күннэргэ Дьокуускай куораппытыгар икки киһи британскай мутациялаах CОVID-19 коронавируһунан ыалдьыбыта биллибитин туһунан сурах куйаар ситимин нөҥүө бассаапка биир күн иһинэн тарҕанан, дьону-сэргэни уолутта, соһутта.
Муус устар 20 күнүгэр Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев бу түбэлтэнэн суһал оперативнай штаб мунньаҕын ыытта. Кини этэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ сыстыганнаах дьаҥ атын көрүҥэ биллибитинэн балаһыанньаны өссө кытаатыннарар туһунан иһитиннэрдэ. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ эпидемиологическай балаһыанньа билиҥҥи туруга уустук. Бу этэр британскай мутациялаах вирустара түргэнник киэҥ эйгэҕэ тарҕанар куттала баар диэн сабаҕалыыллар. Билигин Сахабыт сириттэн тас дойдуларга, ол иһигэр Турцияҕа туристыы, сынньана барар киһи ахсаана биллэрдик элбээтэ. Онон Аҕа баһылыкпыт кыраныысса таһыттан кэлэр дьону кытаанах хонтуруолга ыларга тустаах дьону сорудахтаата. Нэһилиэнньэ ортотугар өйдөтөр-сэрэтэр үлэлэри күүскэ ыытан, нэһилиэк баһылыктарын сөптөөх миэрэни тутуһалларыгар ыҥырда. Мааска эрэсиимин уонна тэйиччи туттуу быраабылаларын тутуһалларыгар, уопсастыбаннай миэстэлэргэ уонна оптуобустарга ирдэбили күүһүрдэргэ ыҥырда.
Туроктар хааччах ирдэбилин сүрдээҕин тутуһаллар
Лена, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
–Биһиги Дьокуускай куораттан Турция, Стамбул куоратыгар муус устар 4 күнүгэр көтөн тиийбиппит. Туристическай фирма өҥөтүнэн туһаммакка, бэйэбит сонун сири-дойдуну көрөр сыаллаах, нууччалыы эттэххэ, “дикарем” айан суолун тутуспуппут. Маннык сылдьар олус үчүгэй эбит диэн санааҕа кэллибит. Ханна баҕарбыт сиргэр айанныы тураҕын, кими да кэтэспэккин. Суолгун-иискин булунан, киирэ-тахса быһаарса сылдьар буоллаххына, туох да харгыстары көрсүбэккин. Каппадокия, Памуккале курдук туристическай куораттарга сырыттыбыт. Биллэн турар, мааска кэтэри булгуччу ирдииллэр. Ол чааһыгар кытаанахтар. Онтон ханна киһи аҕыйах сиригэр мааската суох сырыттыбыт. Туроктар хааччах ирдэбилин сүрдээҕин тутуһаллар эбит. Этэҥҥэ күүлэйдээн, муоралаах сирдэргэ сынньанан, Антальяттан Москваҕа “Уральские авиалинии” хампаанньанан муус устар 18 күнүгэр, хата, бэйэбит чартернай рейспитинэн, туох да хааччаҕы, мэһэйи көрсүбэккэ, этэҥҥэ айаннаан кэллибит.
Антах Турцияттан көтөөрү сылдьан судаарыстыбаннай өҥөнү оҥорор портал нөҥүө анкетабытын толорбуппут. Сөмөлүөккэ киирдэххинэ эмиэ оннук анкетаны толортороллор эбит. Көтөн кэлээт, хонтуруоллуур саалаҕа киирэрбитигэр Роспотребнадзор үлэһиттэрэ анкетаны хомуйа олороллор этэ. Биири дьиктиргии көрбүтүм диэн, кыраныысса таһыттан кэлбит айанньыттары термометрынан кээмэйдээн температураларын бэрэбиэркэлээбэтэхтэрэ. Баҕар, улахан аэропортарга тепловизордары туруораллара буолуо. Арассыыйа Турцияны кытта салгынынан сибээһэ тохтообутун Анталья куоратыгар сылдьан истибиппит. Кэлэргэ ханнык да хааччаҕы көрсүбэтибит. Барыта кэмигэр, көтөр графигынан буолла. Арассыыйаттан сынньана кэлбит туристар болдьохторун кэмигэр көтүөхтэрэ диэн информация баарын истибиппит. Онон улаханнык кыһаллыбатыбыт. Москваҕа көтөн кэлэн баран, ПЦР анаалыспытын куоракка тахсан, “Архимед” лабораторияҕа баран туттарбыппыт. Анаалыспыт түмүгэ этэҥҥэ үчүгэй. Бу лабораторияҕа анаалыһы 1800 солкуобайга туталлар эбит. Онтон аэропорка баар ПЦР анаалыс экспресс өҥөтүн сыаната 2500 солкуобай. Манна анаалыһыҥ түмүгэ икки чааһынан биллэр. Биһиги биир хонуктаах буоламмыт, куоракка тахсан туттарбыппыт. Бүгүн дойдубутугар, Саха сиригэр, көтүөхтээхпит.
Сайыҥҥы ыйдарга Турция арыллыа диэн эрэллээхпит
“Интрэвел” туристическай фирмаҕа сибээскэ тахсаммын, уоппускаларын Турцияҕа атаарар санаалаах сылдьыбыт дьон путевкаларын хайдах быһаараҕыт уонна маннык балаһыанньаҕа турфирма туох миэрэни ылыан сөбүй диэн ыйыттым.
Рустам Рафикович Халильрахманов, “Интрэвел” туристическай фирма генеральнай дириэктэрэ:
– Манна хас да варианы көрүөххэ сөп. Бастакы вариант – айанныахтаах туристар бу маннык түгэҥҥэ сынньана барааччылар туохтарын да сүтэрбэттэр, төлөөбүт харчылара ханна да сүтэн хаалбат, барыта күүһүгэр хаалар. Холобура, балаһыанньаттан көрөн, бу барыахтаах кэмнэрин кэлэр сыл ыам ыйыгар көһөртөрүөхтэрин сөп. Манна туох да уларыйыы тахсыбат. Ол путевкалара, түһүөхтээх гостиницалара барыта оннук сыананан хаалар. Иккис вариант – уоппускалара бу эрэ кэмҥэ буолар түгэнигэр, онтуларын туһана сатыахтарын наада. Турцияҕа барыахтаах туурдарын атын хайысхаҕа уларытан биэриэхтэрин сөп. Холобура, Куба, Сербия, Мальдива диэбит курдук. Ол эрэн бу хайысхаҕа барар буоллахтарына, путевка сыаната уларыйыан сөп. Бу барыларыгар кыаллыбат. Кинилэр Турцияҕа эрэ барыахтарын баҕараллар. Ол эрэн, Арассыыйа иһигэр баар куруортнай куораттарга, ол курдук Крымҥа, Краснодарскай кыраайга, Байкалга көһөртөрүөхтэрин сөп. Манна сыаната эмиэ уларыйыан сөп. Үһүс вариант – өскөтүн айанньыттар (туристар) Турцияҕа аныгыскы сылга баралларын сөбүлэспэт буоллахтарына, уоппускаларын бу сайыҥҥы ыйдарга сыҕарытыахтарын сөп. Ол эрэн, бу ыйдарга сыаната үрдээн биэриэн сөп. Тоҕо диэтэххэ, муус устар уонна ыам ыйыгар путевка сыаната чэпчэки буолар.
Иккис ыйытыкка турфирма туох да миэрэ ылбат. Биһиэхэ үөһэ салалтаттан, туристическай оператортан ыйыы-кэрдии кэлэр. Айанныахтаах туристарбытын кытта мэлдьи сибээскэ сылдьабыт. Туох эмит уларыйыы буолар түгэнигэр, тустаах дьоммутугар информацияны иһитиннэрэ, биллэрэ турабыт. Онон туристарбыт наһаа аймамматтар. Сайыҥҥы ыйдарга бу балаһыанньа сымнаан, Турцияҕа сынньана барыахтаах туристарбыт этэҥҥэ баран кэлиэхтэрэ диэн эрэллээхпит.