Турцияҕа сөмөлүөтүнэн сырыы хааччахтанна
Арассыыйа суһал штаба Турцияҕа уонна Танзанияҕа көтөр аалынан сырыыны быстах кэмҥэ тохтоторго быһаарыныы ылла. Бу туһунан «Интерфакс» иһитиннэрдэ.
«Муус устар 15 күнүттэн бэс ыйын 1 күнүгэр диэри Турция өрөспүүбүлүкэтигэр күннэтэ көтөр уонна чартернай рейстэри хааччахтыырга быһаарыныы ылынныбыт»,— диэн вице-премьер Татьяна Голикова брифинг кэмигэр иһитиннэрдэ.
Арассыыйаҕа төттөрү кэлэр уонна “Аккую” атомнай электростанция тутуутугар кыттар дьоҥҥо рейстэр тэриллиэхтэрэ. Маны таһынан Москва – Стамбул – Москва хайысханан нэдиэлэҕэ икки сырыы баар буолуоҕа.
Туроператордарга муус устар 15 күнүттэн бэс ыйын 1 күнүгэр диэри Турцияҕа сынньанар путевканы атыылыыры тохтоторго сүбэлииллэр. Оттон бэс ыйын 1 күнүгэр диэри Турцияҕа диэри путевка атыыласпыт дьоҥҥо сынньанар сиргитин уларытыҥ эбэтэр атын кэмҥэ көһөрөргүт ордук диэтилэр.
Арассыыйа туроператордарын ассоциацията иһитиннэрбитинэн, бэс ыйыгар диэри Турцияҕа 533 200 киһи путевка үлэспит.
Татьяна Голикова билигин Турцияҕа баар туристар чартернай рейсинэн төннүөхтэрин эбэтэр көтүөхтээх күннэригэр диэри сынньана хаалыахтарын сөп диэтэ.
Эпидемиологическай быһыы-майгы кытаатан, Танзания Холбоһуктаах Өрөспүүбүлүкэтигэр муус устар 15 күнүттэн бэс ыйын 1 күнүгэр диэри сөмөлүөтүнэн сырыы тохтотуллар.