Тупсаҕай тутуулар — саҥа саҕахтар
Мархаҕа – күүтүүлээх комплекс
Быйыл Саха сиригэр үс Физкультурнай-чэбдигирдэр комплекс үлэҕэ киириэҕэ. Ол курдук, «Газпром» хампаанньа «Газпром – оҕолорго» өрөспүүбүлүкэни кытта бииргэ үлэлээһин бырагырааматын чэрчитинэн үс Физкультурнай-чэбдигирдэр комплексы тутта.
«Аныгы спорт кииннэрэ оҕолор уонна улахан дьон спордунан дьарыктаналларыгар уонна чөл олоҕу тутуһалларыгар төһүү күүһүнэн буолуохтара», – диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээн турар.
Биир Физкультурнай-чэбдигирдэр комплекс Алдан куоракка быйыл сэтинньи ыйга үлэҕэ киириэхтээх.
Иккис – катоктаах комплекс – Нерюнгри оройуонун Чульман бөһүөлэгэр, бүгүҥҥү күҥҥэ 98% бэлэм.
Үһүс эбийиэк Дьокуускай куорат уокуругун Марха дьоҕус оройуонугар тутулла турар. Ити үс комплекстан саамай улаханнара, иэнэ – 6 500 квадратнай миэтэрэ. Манна бассейн, каток баар буолуохтаах. Билиҥҥи туругунан тутуу бэлэмэ – 90%.
Николай Ксенофонтов, Марха дьоҕус оройуонун дьаһалтатын баһылыга:
– Мин дьаһалта баһылыгын курдук эрэ буолбакка, Марха төрүт олохтооҕун быһыытынан, биһиэхэ Физкультурнай-чэбдигирдэр комплекс тутулларыттан, өссө бассейннаах уонна катоктаах буоларыттан олус үөрэбин. Ити эбийиэк тутуутун наһаа уһуннук күүппүппүт, нэһилиэнньэ спордунан дьарыктанарыгар, эт-хаан өттүнэн чэбдигирэригэр, чөл олоҕу тутуһарыгар наһаа наадалаах комплекс. Аны “Севернай” кыбаарталбыт ситэри тутуллар, онно икки тыһыынча кэриҥэ ыал олоруоҕа. “Саталга” икки аҥаар тыһыынча дьиэ кэргэн олорор. Онон ити кыбаарталлар олохтоохторугар эбийиэк турар сирэ олус табыгастаах. Итини таһынан, Тулагы, Маҕан, Кангалаас нэһилиэнньэтэ сылдьыаҕа, кинилэр биир оптуобуһунан айаннаан кэлэр кыахтаахтар. Баҕа санаабыт диэн итинник социальнай эбийиэктэр элбээн иһэллэрэ буоллар, дьоҕус оройуоммут өссө сайдыа этэ.
Марха сылын аайы улам улаатан иһэр, сайыҥҥы кэми киллэрэн туран аахтахха, манна 25 тыһыынча кэриҥэ киһи олорор, онон спортивнай эбийиэктэн өссө атын тутуулар наадалар. Баһылык буоларым быһыытынан, саҥа комплекс тутуутун Марха быыбардыыр учаастагыттан Дьокуускай куорат Дууматын дьокутаата Андрей Викторович Лебедевтыын хонтуруоллаһабын. Билиҥҥи туругунан эбийиэк тутуутун бэлэмэ – 99%. Сүрүн үлэтэ бүтэн турар, билигин тутуу бөҕүн хомуйа, ыраастыы сылдьаллар, эбийиэги аһарга бэлэмнииллэр. Ол эрэн катогу арыйаллара арыый уһуон сөп, мууһун тоҥорон бэлэмниэхтэрин наада, технологическай тэрил барыта таҥыллан турар. Барытын кэмигэр баттаһан оҥоруохтара, комплекс болдьоҕор аһыллыаҕа диэн бүк эрэллээхпит.
Саҥа дьоҕус оройуон
«Звезднай» дьоҕус оройуоҥҥа быйыл, 2022 сылга, сэттэ бастакы элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуута түмүктэниэҕэ. Саҥа тутуллубут дьиэлэр кыбартыыраларын улахан аҥаарыгар хаарбах туруктаах, эргэ дьиэлэртэн көспүт гражданнар киириэхтэрэ.
«Саҥа тутуллубут сэттэ дьиэ кыбартыыраларын 80%-на хаарбах туруктаах, эргэ дьиэлэртэн көспүт гражданнарга ананан тураллар. Итиннэ эбии уон элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуутугар көҥүлү ыллыбыт, итинтэн биэс дьиэ тутуута сотору кэминэн саҕаланара былааннанар», – диэн иһитиннэрдэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин тутууга миниистирэ Павел Кылатчанов.
Саҥа дьоҕус оройуоҥҥа, хас да түһүмэхтээх уочарат чэрчитинэн 264 тыһ. кв. миэтэрэ иэннээх уопсайа 30 элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуллара былааннаммыт. Бырайыакка олоҕуран, 630 миэстэлээх икки оҕо уһуйаана, 1 980 үөрэнээччигэ учуоттаммыт икки оскуола, күҥҥэ 600 киһини көрөр кыахтаах поликлиника, сабыылаах катоктаах, элбэх функциялаах спортивнай саала тутуллаллара былааннаммыт. Итини таһынан, кыбаартал территориятыгар баһаарынай чаас дьиэтэ уонна хочуолунай баар буолуохтара.
Олорорго, үлэлииргэ, сынньанарга табыгастаах
Арассыыйа Бырабыыталыстыбата Бэс Күөл сэлиэнньэтигэр элбэх функциялаах сынньалаҥ киинэ уонна Дьокуускайга «Үлэ кыбаарталын» тутулларыгар 2022-2023 сылларга федеральнай бүддьүөттэн үп ыытар буолбута. Бу туһунан дьаһалга Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаабыта, Уһук Илиҥҥи субъектар олорор дьиэлэрин, тырааныспардарын уонна социальнай инфраструктураларыгар уопсайа 1,6 млрд солкуобай туһуламмыта.
Ити көрүллүбүт үптэн 550 мөл. солкуобай Саха сиригэр тиксэр. Дьокуускай куораттааҕы «Үлэ кыбаартала» ситэри тутуллуутугар быйыл федеральнай бүддьүөттэн 200 мөл. солкуобай кэлэр диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэн турар. Креативнай кластер IT-исписэлиистэр, архитектордар, дизайнердар, музыканнар, худуоһунньуктар уо.д.а. айар үлэһиттэр бизнес-инкубатордарын быһыытынан үлэлиэхтээх. Ол курдук, сүрүн хайысхаларынан анимация, киинэ, компьютернай графика, хаартыска уонна видеопродакшн, блогинг, креативнай агентстволар, маркетинг уонна брендинг, дизайнердар, архитектурнай уонна бырайыактыыр бюролар, ойуулуур-дьүһүннүүр уонна толорор искусство, үөрэҕирии уо.о.д.а. буолуохтара.
Бу күннэргэ Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев киин куоракка тутулла турар «Үлэ кыбаартала» кластерга сылдьан үлэ хаамыытын билистэ.
Санатар буоллахха, Арассыыйа регионнарыттан аан бастакынан Саха сиригэр креативнай экономиканы сайыннарар регионнааҕы концепция оҥоһуллан ылыныллыбыта. «Үлэ кыбаартала» креативнай кластер тутуута Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн былырыын саҕаламмыта. Этиини федеральнай таһымҥа өйөөннөр, кластер тутуутугар «Биир кэлим субсидия» социальнай сайдыы кииннэрин сайыннарыы былаанын чэрчитинэн үп көрүллүбүтэ.
«Кластер үлэҕэ киириитэ – өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар анаммыт дьоһун тэрээһиннэриттэн биирдэстэрэ. Билиҥҥи кэмҥэ кластерга резидент буолуу туһунан 70-тан тахса сөбүлэҥҥэ илии баттанна. 2025 сылга диэри сөбүлэҥ ахсаанын 150-ҥа диэри элбэтэр сорук турар, 1250-ҥа диэри үлэ миэстэтэ тахсыахтаах», – диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан.
Билиҥҥи туругунан кластерга иһинээҕи тупсарыы уонна таҥар үлэлэр түмүктэнэн эрэллэр. Дьиэ сирэй бүрүйүүтүн элеменнэрин көтүрүү кэнниттэн саҥалыы уларытан оҥоруу кэмигэр эксперт тэрилтэ дьиэ «конструктивнай элеменнэрин» эбии күүһүрдэн биэрэргэ сүбэлээбитэ. Итинэн сибээстээн, куттал суох буолуутун хааччыйар сыаллаах бырайыак докумуонугар инники көрүллүбэтэх уларытыылар киирбиттэрэ.
Айсен Николаев эбийиэк үрдүк бэлэмнээҕин бэлиэтээн туран, болдьоммут кэмҥэ – быйыл сэтинньи ыйга үлэҕэ киллэрэр курдук үлэни тэтимирдэн биэрэллэригэр сорудахтаата.
Уопсайа 14,6 тыһыынча кв. м иэннээх кластер олорорго, үлэлииргэ уонна сынньанарга табыгастаах толору инфраструктуралаах «куорат иһигэр куорат» буолуохтаах. Эбийиэк аныгы киинэ устар тэрилинэн, компьютернай графика устуудьуйаларынан хааччыллыаҕа. Ханнык баҕарар креативнай индустрия хампаанньата кластер резиденин статуһун ыларга дьулуһуон сөп.
«Үлэ кыбаартала» Арассыыйаҕа креативнай индустрияны сайыннарыыга ананан оҥоһуллубут ТОР бастакы балаһаакката буолуоҕа.
Креативнай кластер былаан быһыытынан 2022 сыл сэтинньи ыйыгар аһыллыаҕа.
Саамай улахан оскуола
Биир күүтүүлээх эбийиэк – «Прометей» дьоҕус оройуонугар тутуллан бүтэн эрэр 990 миэстэлээх оскуола. Билиҥҥи кэмҥэ итиннэ иһинээҕи дизайн үлэтэ бара турар.
Тутааччы «Прометей» ХЭТ оскуола тутуутун түмүктээн эрэр. Ичигэс кэмҥэ спортивнай балаһаакка туруоруллубута, көҕөрдүү үлэтэ ыытыллыбыта уонна территорияҕа уот ситимэ холбоммута.
Оскуола дьиэтэ хас даҕаны силбэһэр блоктартан турар. Алын сүһүөх кылаастара үөрэнэр блоктара туспа киирэр ааннаах. Итиннэ 12 кэбиниэттээх, итини сэргэ туспа технология уонна логопед-дефектолог кэбиниэттэрэ бааллар. Үөрэнээччилэргэ аналлаах рекреационнай зона таһынан туспа оонньуур уонна сынньанар зоналар оҥоһуллубуттар.
Орто уонна үрдүкү сүһүөх кылаастар үөрэнэр блоктарыгар 20 кылаас баар. 3 этээстээх оскуола уопсай иэнэ – 13 тыһ. кв. м. тахса.
Саҥа оскуола быйыл сэтинньи ыйга үлэҕэ киирэрэ былааннанар.