Туора күрдьэҕинэн бизнес
Александр Иванович уонна Оксана Алексеевна Павловтар (@big_fam_pavlove) – элбэх оҕолоох приемнай дьиэ кэргэн. Билигин 4 сааһыттан 17-гэр диэри 12 иитэр оҕолоохтор, 6 выпускник оҕолоохтор – ол аата кинилэр номнуо суолларын булбут, үлэлэнэн, үөрэхтэнэн туспа барбыттар. Бэйэлэрэ 4 төрөппүт оҕолоро эмиэ үлэлии-хамсыы сылдьар, улааппыт дьон.
Хаар ыраастыыр туора күрдьэх оҥорон атыылаан саҕалаабыттара үс сыл буолбут. “Күрдьэҕи атыылаары эрэ буолбакка, бастатан туран, оҕолору үлэҕэ уһуйаары, инструменынан туһана үөрэтээри дьарыктанабыт. Уолаттарбын эр киһи туттар араас инструменнарыгар, тоһоҕону саайыыттан саҕалаан сваркалыыр аппараты туттарга тиийэ, үөрэтэр баҕа санаалаахпын. Оҕолорбун балыкка, булка, үлэҕэ барытыгар батыһыннара сылдьабын”, - диэн аҕалара Александр Павлович кэпсиир.
Бастаан оҕолорбут оҥорор күрдьэхпитин атыылаан көрүөххэ диэн идея укпуттара. Бу күрдьэхпит атыытыттан киирбит харчынан спортивнай инвентарь ылабыт. Холобур, бу саас хайыһардарын саҥардыбыппыт, балаакка ылбыппыт. Атах таҥаһа, сүрүннээн кроссовка элбэхтик ылабыт – спордунан дьарыктанар оҕо кроссовката түргэнник элэйэр. Боксанан дьарыктанар уолаттардаахпыт – биир оҕоҕо үс паара атах таҥаһа наада, ох саанан эмиэ дьарыктаналлар – оҕун сакаастаан ылар эмиэ ботуччу сыаналаах. Ол иһин илиибитинэн тутан-хабан оҥорон таһаарар күрдьэхпитин атыыга киэҥник таһааран эбии дохуот оҥосторбут биһиэхэ олус табыгастаах.
Павловтар туора күрдьэхтэрэ хаачыстыбалаах фанераттан оҥоһуллар. Күрдьэх кытыыта тимир илиистэнэр буолан ордук үйэлээх. Ыйааһына чэпчэки, тутарга-хабарга олус табыгастаах. Угугар баһаарга сиэммит ойуурдары кэрийэн, куруҥ титириктэри хомуйан ылаллара хайҕаллаах.