08.12.2020 | 12:37

ТУОХТАН ДА ЧАҔЫЙБАТ ЛЕТЧИК

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир
 

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр эр дьону кытта 600 000 мөлүйүөҥҥэ диэри дьахтар тэбис-тэҥҥэ саа-саадах тутан киирсибиттэрэ! Онтон 100 000-тан тахсата араас уордьаннарынан уонна мэтээллэринэн наҕараадаламмыттара. Олор истэригэр биһиги биир дойдулаахпыт, үгүстэргэ холобур буолар олоҕу, хорсун сырыылары көрдөрбүт Вера Захарова бойобуой киирсиилэрин, үтүөлэрин иһин Аҕа дойду сэриитин II истиэпэннээх уордьанынан, «За Победу над Германией», «20 лет Победы над Германией», «50 лет Вооруженных сил СССР» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.

Сэрии иннинэ оччотооҕу ыччат авиациянан, сэбиэскэй летчиктарынан умсугуйар этэ. Чкалов, Байдуков, Беляков курдук ааттар бүтүн Сэбиэскэй Сойуус үрдүнэн аатыраллара. Авиациянан уолаттар эрэ буолбакка, кыргыттар эмиэ үлүһүйэллэрэ. Сэрии саҕаланаатын кытта эдэр кыргыттар, дьахталлар инники кирбиигэ сылдьыһан барбыттара. Биллэн турар, бары бойобуой сүрэхтэниигэ кыттыбатахтара. Үгүстэр тыылга сулууспалаабыттара: хаһаайыстыбаҕа, медицинэҕэ, штабка уо.д.а. Ол да буоллар уот, буулдьа ортотугар сылдьааччылар бааллара. Разведка, диверсия, бартыһааннар этэрээттэрин бөлөҕө, сибээскэ, зениткаларга, снайпердарынан, пулеметчицаларынан, массыына, тааҥка суоппардарынан.

Үгүс дьахталлар авиацияҕа летчигынан, штурманынан, ытааччынан, радистканан сэриилэспиттэрэ. Маныаха кинилэр эр дьонтон хаалсыбакка сэриилэһэллэрэ. Эр дьон уонна дьахталлар диэн туһунан састаапка киирэллэрэ. Оттон биһиги кыыспыт, Вера Захарова – Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сахалартан бастакы уонна соҕотох летчик, кини бойобуой сырыыларын туһунан бүгүн биһиги ааҕааччыларбытыгар билиһиннэриэхпит.

Халлаанынан «ыалдьыбыт»

Вера Захарова 1920 сыллаахха Саха АССР Өлүөхүмэ оройуонугар Дэлгэй сэлиэнньэтигэр күн сирин көрбүтэ. Икки сыл буолаат дьоно аҕаларын дойдутугар Чурапчыга көһөн кэлбиттэрэ, онно 12 сыл олорбуттара. Кырачаан Вера биир дойдулаахтарын ааҕарга уонна суруйарга үөрэтэрэ, ону таһынан ылбыт билиитин үллэстэрэ. Ол курдук оҕо сааһа элэстэнэн ааспыта.

Өссө сэрии иннинэ дойдубут устун аэрокулууптарга уолаттары кытта сүүһүнэн кыргыттар тэҥҥэ дьарыктаналара. Биллиилээх летчиктар Марина Раскова, Валентина Гризодубова уонна Полина Осипенко холобурдарынан кинилэр сөмөлүөтү ыытыы курдук ыарахан искусствоҕа үөрэнэллэрэ, авиация тиэхиньикэтин баһылыырга ылсаллара. Бу кэмҥэ, 1934 сыллаахха, ыраах сытар Саха сиригэр Чурапчыттан сылдьар Захаровтар дьиэ кэргэн Дьокуускайга көһөн кэлэллэр. Манна Вера аан бастакытын сөмөлүөттэри илэ хараҕынан көрөр уонна, быһата, халлаанынан “ыалдьар”. Тохсус кылааска үөрэнэ сылдьан, 1937 сыллаахха, кини аэрокулуупка киирэргэ быһаарынар. Күөх хонууга Вера парашютунан ыстанарга үөрэнэр. Биирдэ ол сылдьан үнтү түһэн өлө сыһар, ол да буоллар летчик буолар баҕа санаата хаҥныбат. Оччотооҕу кэмҥэ, бэрт кылгас бириэмэ иһигэр кыыс 19 ыстаныы оҥорор, ол кэннэ киниэхэ парашютист-инструктор аата иҥэриллэр. Сыалын ситиһэ үөрүйэх кыыс атын курсаннар теорияны саҥа үөрэтэ сырыттахтарына, “бастакы хараҥаччы” буолар. Ол курдук Вера чыычаах көтүүтүттэн халлааҥҥа тиийэ харбаһар. Ону тэҥэ ПО-2 диэн икки кынаттаах сөмөлүөтү ыытарга үөрэнэр. Бу кэннэ кыыс халлааны кытта биир буолар, сиргэ түһүөн баҕарбат. Сөмөлүөт штурвалыгар түргэнник олорор баҕаттан кини күнү кытта тэҥҥэ ойор уонна үөрэҕэр уонча килэмиэтири сатыы түһүнэн кэбиһэр.

Фроҥҥа барытын быраҕан туран

Сэрии саҕаламмытын кэннэ Вера, уһуннук толкуйдуу барбакка, олохтоох военкомакка кинини сэриигэ ыыталларыгар көрдөһө тиийэр. Ол эрэн уһуннук күүтэр. Маныаха кини аҕатын ыаллара үҥсэн хаайбыттара атахтаабыт буолуон сөп. Ыраахтааҕы режимин хайҕаата уонна дьон настарыанньатын кыайтарыыга алдьатта диэн. Кыайтарыыга кини нууччалыы билбэт саха саллаата уоттаах сэриигэ ыарахаттары көрсүөн сөп диэн этэр. Оттон ыраахтааҕы режимин хайҕааһына диэн Бастакы аан дойду сэриитигэр сахалары сэриигэ ыҥырбатахтара диэн. Кирилл Захаров оччолорго сэллигинэн ыалдьа сылдьара, кинини тута норуот өстөөҕө диэн дьарылыктаабыттара. Оттон “норуот өстөөҕө” бу кэмнэргэ үс оҕотун сэриигэ атаарбыта учуоттамматаҕа. Ыарахан ыарыыттан уонна силиэдэбэтэллэр кырбааһыннарын тулуйбакка Вера аҕата түрмэҕэ сытан тыына быстар. Төһө да аҕата өллөр, кыыс былаастары буруйдаабакка, кинилэргэ хом санаата суох дойдутун көмүскүү барарга туруулаһар. “Норуот өстөөҕүн” кыыһа сыалын ситиһэр – кинини авиополкаҕа үөрэххэ ыыталлар. Ол түмүгэр кини 141-с туһунан санитарнай авиаполкаҕа түбэһэр, бу 1-кы  Белорусскай фронт кимэн киирэр балаһатыгар киирсэр. Полкаҕа кини хайыы-үйэ билэр ПО-2 сөмөлүөттэрэ бааллара, кинилэр бааһырбыт дьону тиэйэллэрэ. Биирдиилээн уонна звенонан “кынаттаах” санитардар уоттаах сэрии уонна тыылга баар госпиталлар быыстарынан көтөллөрө. Салгыҥҥа бэйэ буочарын хаалларыы, оскуораһынан туһаныы, араас угаайылары оҥоруу уонна ниэмэс атаакаларыттан куотуу – бу барыта кылгас кэм иһигэр ханнык да эксээмэнэ суох оҥоһуллубуттара. Ол курдук, бааһырбыт дьону быыһаары кыыс фронт линиятыгар күҥҥэ үстүү-түөртүү көтүүнү оҥороро. Маны таһынан Вера өстөөхтөргө разведкаҕа барара, почта таһара, хаан уонна эмп-томп аҕалара, сэриилэһэ сылдьар дьоҥҥо сэрии сэбэ уонна ас-үөл илдьэрэ, атын да араас сорудахтары толороро.

Бастакы бойобуой сорудах

Вера бастакы бойобуой сорудаҕын толороругар биир да былыта суох этэ, халлааҥҥа күн чаҕылыйан олороро. Эмискэ этиҥ эппитэ. Дьиктиргиэх иһин биир да былыт суоҕа. Төбөҕүнэн эргичиҥниир – көҥүллэммэт, бирикээс, хараххын араарбакка иннигэр көтөн иһэр сирдиир сөмөлүөтү эрэ көрүөхтээххин. Ол курдук, иннинээҕи сөмөлүөтүн кытта кинилэр хаста да байыаннай аэродромнарга түһүтэлииллэр, онно саллааттар тута сөмөлүөттэрин маскировочнай сиэккэнэн бүрүйэн иһэллэр. Дьиэлэригэр чугаһаабыттарын эрэ кэннэ хамандыырдара кинилэри ниэмэстэр мессершмиттэрэ эккирэтэ сылдьыбыттарын этэр. Оттон били этиҥ этэр диэбиттэрэ снаряд эстэр эбит. Ол курдук байыаннай күннэр, сынньалаҥнар ааһан иһэллэр. 1944 сыл атырдьах ыйыгар диэри Вера Захарова барыта 180-тан тахса көтүүнү оҥорор, оттон кини кынаттаах санитара 200 кэриҥэ бааһырбыт олоҕун быыһыыр. Ковель куораты быыһааһыҥҥа бойобуой сорудахтары ситиһиилээхтик толорбутун иһин ыраах Саха сириттэн сылдьар хорсун летчица хамандыыртан бастакы махталын ылар.

«Кыһыл Армыйа сөмөлүөттэригэр монгол дьахталларын олордоллор!»

1944 сыл атырдьах ыйын 6 күнүгэр Вера Захарова сөмөлүөтэ звено састаабыгар киирэн Польшаттан ыараханнык бааһырбыт дьону аҕала барсар – 1-кы Белорусскай фронт госпитала, Брестэн чугас Парусив диэн сиргэ. Быһалыы, олус кутталлаах маршрутунан көтөллөр – фронт линиятын уһаты. Кыратык уҥа диэки туораабыт үс сөмөлүөтү өстөөх зениткалара уматаллар. Хамандыыр ПО-2 бэйэтин сөмөлүөтүн былааннаан икки сэрии икки ардыгар балаһаҕа олордор.  Вера Захарова уонна Иван Чесноков сөмөлүөттэрэ өстөөх сытар сириттэн чугас соҕус түһэллэр. Маныаха Чесноков сөмөлүөтэ өстөөхтөр чаастара сытар сирдэригэр олорор. Бу өлөр өлүүгэ киирэн биэрии этэ. Оттон Захарова сөмөлүөтүн вермахт сэрииһиттэрэ иилээн сытар сирдэригэр түһэрэр. Атын сөмөлүөккэ бааһырбыт дьон тыыннаах эбиттэр, кинилэри быыһаатын кытта нууччалыы үөхсүү тыл кутуллан олорор: “Баба! Так и знал, что баба! С мужиком давно бы до своих долетели, а вы, дуры, ничего по-человечески сделать не можете!” Ону ол диэбэккэ, сөкүүндэни да сүтэрбэт туһуттан, Вера кинилэри быыһыыр аатыгар барар. Дьэ өрө тыынаат, эмискэ атаҕа ынырыктык ыалдьарын билэр – тобугун анныгар уҥуох быга сылдьар эбит. Манна да кини кытаанах майгытын көрдөрөр: бааһырбыттары кууһан, ыарыытын тулуйан, дьонун тыаҕа соһор. Умайа турар сөмөлүөт ыраах хаалар, ол эрээри ниэмэс саппыкытын тыаһа иһиллэр... Кинилэри ниэмэстэр төгүрүйбүттэр. Бастатан туран Вераҕа иилистэ түһэллэр: бэстилиэттээх курун былдьаан ылаллар, шлемын туура тардаллар, онуоха хара баттаҕа ыһылла түһэр. Биир сылайбыт ниэмэс өрө тыыныытыгар “Фрау!” диир, онтон атын саллаат “Пилят” диир. Вера туох диэбиттэрин барытын өйдүүр уонна хараҕын симэр.

Бааһырбыт үс билиэннэйи наһыылканан чугас дэриэбинэҕэ аҕалаллар уонна сарайга хаайталаан кэбиһэллэр. Сотору соҕус санитарнай суумкалаах биир эр киһи кэлэн кыратык онон-манан көрбүтэ буолар уонна “Хаамыыһыккын” диэн тарбаҕынан көрдөрөр. Онтон харабыллаах атын сиргэ илдьэллэр. Вера кинилэри көрөр уонна саныыр: эмиэ да ниэмэстэр, саалаахтар, оттон таҥастара гражданскай. Дьоно айаннаан иһэн айахтара хам буолбат, кэпсэтинньэҥнэрэ сүрдээх эбит: тарбахтарынан көрдөрөн биһигиттэн куттанымаҥ, биһиги боростуой дьоммут, эсэсовецтар буолбатахпыт дииллэр. Салгыы кинилэри таһаҕас тиэйэр вагоҥҥа олордоллор. Хайдах, төһө өр айаннаабыттарын Вера өйдөөбөт, төбөтө барыта туман курдук буолар. Онтон биир түгэн өйүгэр үйэтин-сааһын тухары хаалар – мустубут дьоҥҥо кинини көрдөрө-көрдөрө: “Бу сэбиэскэй летчица! Нууччалар үтэһэлэрэ туолла: Кыһыл Аармыйаҕа сэриилэһэр киһилэрэ суох буолан, бассабыыктар сөмөлүөттэригэр монгол дьахталларын олордоллор!” Сотору, билиэҥҥэ сылдьан Вера, ниэмэстэр кини дьахтар-летчик буоларыттан соһуйбуттарын таһынан, майор чыыннаах диэбиттэрин истэн олус соһуйар.

Самнымаҥ, санааҕытын түһэримэҥ!

Билиэҥҥэ сылдьан Захарова тыыннаах хааларга үөрэнэрин таһынан, атыттарга көмөлөһөр, хаһан да самныбат. Концлааҕырга сылдьан, атын билиэннэйдэри кытта, үтүөрбүт дьон күрүүллэригэр көмөлөһөллөр. Ол курдук айаннарыгар диэн бэйэлэригэр да кыратык тииһэнэр астарыттан хаһааналлар. Маны таһынан туох баар кыахтара баарынан бааһырбыт дьон ыарыыларын, санааларын чэпчэтэ сатыыллар. Маннык 1945 сыл тохсунньутугар диэри салҕанан барар. Тохсунньу 19 күнүгэр Сэбиэскэй Аармыйа танковай разведката концлааҕыр олбуоругар кэлэн билиэннэйдэри быыһыыр. Захарова демобилизацияҕа ананар. Ол эрэн өстөөх өссө да самнарылла илигинэ манан бүтэн дойдулуур санааны отой ылыммат. Туох баар бэрэбиэркэни ааһан баран Захарова бэйэтин авиаполкатын көрдүүр. Оттон бу кэмҥэ кини көрдүүр авиаполката нүөмэрин уларыппыт эбит. Онно кинини өлбүтүнэн аахпыттарын билэр. Туох баар күүһүн мунньунан, Вера Захарова эрэллээх ПО-2 сөмөлүөтүн штурвалыгар хаттаан олорор. Кини Польшаны уонна Илин Германияны бүттүүнүн кэриэтэ иилии көтөр, оттон Кыайыы кэнниттэн рейхстаг истиэнэтигэр сурук хаалар: “Захарова из Якутска”.

Дьоруойга сырдык өйдөбүл

Сэрии кэнниттэн Вера Захарова фронтовикка кэргэн тахсар, хас да уолланаллар. Брянскай уобаласка орто оскуолаҕа үлэлиир, онтон дойдутугар төннөн кэлэр. ССРС СО НА Дьокуускайдааҕы филиалыгар космофизика уонна аэрономия Институтугар үлэлиир. 1976 сыллаахха Вера Кирилловнаҕа эйэни көмүскүүр Аан дойдутааҕы Фондаҕа Сэбиэскэй кэмитиэт эйэни көмүскүүр уонна Аан дойдутааҕы эйэ Фондатыгар көһөрүгэр этии киллэрэллэр, кини онно 1983 сыллаахха диэри ситиһиилээх үлэни ыытар.

Былырыын, бэтэрээннэр Сэбиэттэрин кытта Улуу Кыайыы 75 сылын көрсөр үбүлүөйдээх тэрээһиннэри дьүүллэһиигэ Дьокуускай куорат биир уулуссатыгар Саха сириттэн соҕотох уонна бастакы летчица Вера Захарова аатын иҥэрэр туһунан этии киирбитэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....