Тумулга тустуу түһүлгэтэ
2000 с. Доллу нэһилиэгин Тумул бөһүөлэгэр атах оонньуутун спордун маастара Петр Афанасьевич Илларионов дириэктэрдээх Майатааҕы спортоскуола филиала аһыллыбыта, 2012 с. биллиилээх бөҕөс, үтүөлээх тренер Василий Петрович Уваров дириэктэрдээх тустуу оскуолатыгар уларытыллыбыта. Тренеринэн ССРС спордун маастара, Н.Н. Тарскай түһүлгэтин чөмпүйүөнэ, ССРС-ка бэһис миэстэлэнэ сылдьыбыт, билигин хаһыс да болдьоххо нэһилиэк баһылыгынан үлэлии сылдьар Николай Прокопьевич Сивцев анаммыта.
Ити кэмтэн ыла сыллата оҕолорго көҥүл тустуу турнира үтүө үгэскэ кубулутуллан эрэр. Ол курдук, быйыл эмиэ, олунньу 16 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ киин, илин эҥэр улуустарыттан, хоту Анаабыртан, Томпоттон, Кэбээйиттэн, Бүлүүттэн тиийэ кэлэннэр, 14-тэн кыра саастаах 379 уол Тумул бөһүөлэгэр түмсэн, ким ордук бэлэмнээҕэр үс көбүөрүнэн кииристилэр. Сүрүн судьуйанан манна тустуу оскуолата тэриллэрин көҕүлээбит норуоттар икки ардыларынааҕы категориялаах судьуйа Аркадий Николаевич Тастыгин үлэлээтэ. Хапсыһыылары биллиилээх комментатор Илья Ильич Скрябин бэрт сэргэхтик сырдатта.
Иккис төгүлүн ыытыллыбыт турниры Тумул тустууга оскуолатын бүтэрбит бөҕөстөр тэрийдилэр. Ол эбэтэр манна “буһуу-хатыы” оскуолатын ааспыт маҥнайгы көлүөнэ спорт маастардарынан Алексей Стручков, Василий Эверстов, Никифор Попов, Иван Белолюбскай, маастарга кандидаттар, өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөннэрэ, призердара Семен Константинов, Семен Десяткин, Андрей уонна Василий Птицыннар, Силин Власов, Арыйаан Свинобоев, Алексей Пономарев, Юрий Куличкин, Айаал Верховцев, Дьулустаан Шеломов, Василий Черкаев, Егор Свинобоев, Арассыыйаҕа тахсыылаахтык тустубут, билигин туста сылдьар Сахабыт сирин күүстээх маастардара Иван Белолюбскай, Константин Власов, Владислав Кривошапкин, Станислав Свинобоев буолаллар.
Турниры үөрүүлээхтик арыйыыга нэһилиэк баһылыга Николай Сивцев, Монреаллааҕы Олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призера Александр Иванов, Аллараа Бэстээхтээҕи “Парус” спорт киинин дириэктэрэ Дьулустаан Захаров, Майатааҕы спортоскуола дириэктэрэ Петр Илларионов, турнир сүрүн судьуйата Аркадий Тастыгин кыттыыны ыла кэлбит кыра саастаах тустууктарга, тренердэргэ эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
Чуолаан, Тумул спортоскуолата сүһүөҕэр туруутугар дириэктэрдээбит Петр Афанасьевич Илларионов Николай Прокопьевич Сивцев 2002 сылтан хамнаһа суох уопсастыбаннай тренеринэн айымньылаахтык үлэлээбитин, Тумулга улуус таһымнаах бастакы турниры тэрийэн ыыппытын, иитиллээччилэрэ 2003 с. Пинигин турнирыттан, Боотурдар оонньууларыттан маҥнайгы мэтээллэри аҕалтаабыттарын, 2005 с. Прокопий Сивцев Арассыыйа оҕолоругар үрүҥ көмүс мэтээли аҕалан, ааны аспытын, Иван Белолюбскай 2009, 2010 сс. Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэ сылдьыбытын, бастыҥ иитиллээччилэрэ Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар тусталларын, Тумулларынан киэн тутталларын бэлиэтээтэ.
Монреаль-1976 үрүҥ көмүс призера, ССРС спордун үтүөлээх маастара Александр Николаевич Иванов оҕолор турнирдарын сөбүлүүрүн, бэйэтэ оҕо сылдьан олбуор иһигэр мадьыктаһалларын, маҥнайгы күрэхтэһиитигэр кыайтарбытын, маннык турнирдарга оҕолор сүрдээх интэриэһинэй хамсаныылары оҥороллорун, айалларын, дьикти, киһи сэрэйэн да билбэт албастарын таһаартыылларын бэлиэтээтэ. Кыра саастаах оҕолор тустууга күрэхтэһиилэриттэн саҥа талааннар тахсалларын санатан эттэ.
Тумуллар биир ылгын уоллара, маастарга кандидат, саха эстрадатын сулуһа Арыйаан Свинобоев “Сүрэхпэр доҕотторум бука бары” киинэҕэ ыллаабыт ырыатын толорбута дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна.
Николай Прокопьевич уонна Марита Прокопьевна Сивцевтэр бэйэлэрин төрөппүт уолаттара эмиэ бары тустууктар. Онон аҕа оҕону иитиигэ үтүө холобурун Сивцевтэртэн билиэххэ сөп. “Уол оҕо спордунан үлүһүйүөхтээх, тустуунан дьарыктаныахтаах”,– диэн бигэ санаалаах ыал аҕата. Уолаттара Прокопий, Андрей, Дьулус кыра саастарыттан тустуунан дьарыктанан, Арассыыйаҕа миэстэлэһэннэр, спорт маастардара, кыра уол Николай өрөспүүбүлүкэ, Уһук Илин күрэхтэһиилэригэр миэстэлэһэр. Бары олоххо миэстэлэрин булбут дьоһун дьон.
Ыал аҕа баһылыгын оҕо сааһа төрөөбүт-үөскээбит Чурапчытын Чакырыгар ааспыта. Удьуор үлэһит ыал ийэтэ Елена Михайловна Кузьмина Үлэҕэ Албан аат уордьаннаах ыанньыксыт, аҕалара Прокопий Прокопьевич Сивцев сүөһү иитиитин туруу үлэһитэ. Николай аҕыс оҕолоох ытык ыал иккис уоллара. Убайа, ССРС спордун маастара Прокопий Сивцев, сабыдыалынан Чакыр аҕыс кылаастаах оскуолатыгар Саха АССР үтүөлээх учуутала, таһаарыылаах үлэлээх физрук Николай Николаевич Адамовка баскетболунан, сүүрүүнэн, хайыһарынан утумнаахтык дьарыктанан, спорка таптал тыынын иҥэриммитэ. Дириҥ орто оскуолатыгар Саха АССР үтүөлээх тренерэ Михаил Егорович Захаровка, онтон эмиэ үтүөлээх тренер Егор Николаевич Старостиҥҥа тустуунан дьарыктаммыта. Ити сайын улуу тренер Дмитрий Петрович Коркин уоппускатын кэмигэр эрчийэн, бөҕөс быһыытынан лаппа эбиллибитэ. Сэбиэскэй Сойуус ыччаттарыгар ССРС маастара буолбута, Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирдарга миэстэлэспитэ, Н.Н. Тарскай турнирыгар бастаабыта, түөртэ-биэстэ миэстэлэспитэ. Билигин доллулар мааны күтүөттэрэ, хаһыс да төгүлүн баһылыгынан талыллан үлэлии сылдьар. Тустуунан элбэх оҕо дьарыктанарын ситиһэр баҕа санаата олоххо киллэриллэриттэн үөрэр. Ыаллыы олорор Төҥүлү оҕолоро эмиэ тустуунан ылсан дьарыктаныахтарын ыраланар.
Хапсыһыылар түмүктэринэн ким үчүгэй бэлэмнээҕэ биллэн, 10-11 саастаах уолаттарга 20 кг Осипов Николай (Нам, тр. Е.В. Протопопов), итинтэн үөһэ ыйааһыннарга Альфред Михайлов (Нам, тр. И.А. Обутов), Диас Сергеев (ДЮСШ-5, тр. Дь.Н. Сивцев), Аман Массаев (Дьокуускай, тр. И.С. Кочкин), Кирилл Кузьмин (Мэҥэ Хаҥалас, тр. В.П. Владимиров), саамай ыарахан 35 кг Марат Попов (Мэҥэ Хаҥалас, тр. Г.А. Неустроев); 12-13 саастаахтарга 38 кг Власий Афанасьев (Мэҥэ Хаҥалас, тр. И.Е. Белолюбскай), Ильдар Птицын (Мэҥэ Хаҥалас, тр. И.Е. Белолюбскай), Айсен Захаров (Дьокуускай, тр. У.П. Кривошапкин), Вова Слепцов (Мэҥэ Хаҥалас, тр. И.Е. Белолюбскай), Арсен Ефремов (Чурапчы, тр. М.А. Явловскай), Рустам Десяткин (Мэҥэ Хаҥалас, тр. И.Е. Белолюбскай), Роман Постников (ДЮСШ-3, тр. Н.Н. Никифоров), 60 кг үөһэ Пантелеймон Софронов (Бүлүү, тр. А.Н. Харлампьев) кыайыылары ситистилэр.
Мэҥэ Хаҥалас, Хатас (7№-дээх спортоскуола), Нам, Дьокуускай (33№-дээх орто оскуола, 3, 5 №№-дээх спортоскуолалар), Чурапчы, Томпо, Хаҥалас, Дьокуускай, Өймөкөөн, Кэбээйи, Уус Алдан, Таатта, Горнай, Бүлүү улуустара миэстэлэстилэр.
Аллараа Бэстээх “Парус” спорка киинин дириэктэрэ Дьулустаан Иванович Захаров тустуу оскуолатыгар сабыс-саҥа тустуу көбүөрүн бэлэхтээтэ.
Тумуллар маҥнайгы иитиллээччилэрин турнира сэргэхтик ааста.