Тулаайах оҕолорго сертификаттары туттарыы бэрээдэгэ бигэргэтилиннэ
Арассыыйа бырабыыталыстыбата 23 саастарын туолбут тулаайах оҕолорго дьиэ-уот сертификаттарын туттарыы бэрээдэгин бигэргэттэ диэн РФ бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ол курдук, 2024 сылга 23 саастарын туолбут тулаайах оҕолор, дьиэ-уот сертификаттарын ылыахтара уонна ханнык баҕарар региоҥҥа бары өттүнэн хааччыллыылаах дьиэлэри атыылаһыыга эбэтэр ипотека кирэдьиитин сабыыга туттуохтара.
Сертификаты ыларга сайабылыанньаны Элбэх өҥөнү оҥорор кииннэргэ (МФЦ) эбэтэр дистанционнай көрүҥүнэн, судаарыстыбаннай өҥө порталыгар тус кэбиниэт нөҥүө биэриэххэ сөп.
Тулаайахтары массыанньыктартан көмүскүүр курдук, сертификат үбүн кыбартыыраны атыылааччы счетугар эбэтэр ипотеканы сабар буоллаҕына, быһа кирэдьиит тэрилтэлэригэр ыытыахтара.
Уураах быйыл атырдьах ыйыгар ылыныллыбыт «Тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор социальнай өйөбүллэрин туһунан» федеральнай сокуон саҥа нуормаларын олоххо киллэрэр сыаллаах таҕыста. Ити нуормаларга олоҕуран тулаайахтары олорор дьиэнэн хааччыйыы көрүҥэ кэҥээтэ.