Туһалаах үөрэх буолан ааста
Сахабыт сиригэр талааннаах оҕолору кытта үлэ киэҥ далааһыннаахтык ыытыллар.
Василий Егоров салайааччылаах спорка солбугу бэлэмниир Саха Өрөспүүбүлүкэтин киинэ оҕо спордун эйгэтигэр үлэлиир исписэлиистэргэ, физкултуура учууталларыгар, тренердэргэ идэни үрдэтэр биир нэдиэлэлээх куурустары онлайн форматынан тэрийэн ыытта. 15 улуустан барыта 87 истээччи хабылынна.
Оҕо спордугар туһуламмыт сокуоннар, идэни сөпкө талыы, үлэ ньымаларыгар, физкултуура учууталлара, тренердэр оҕону иитиигэ оруолларын, талааннаах оҕону кытта үлэ, үлэни былааннааһын туһунан лиэксийэлэри үөрэхтээһин экспертнэй сэбиэтин чилиэннэрэ, Ил Түмэн физическэй култуураҕа уонна спорка, ыччаты кытта үлэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, педагогическай наука доктора Михаил Гуляев, Чурапчытааҕы спорт институтун ректора, п.н.к. Иннокентий Готовцев, федеральнай киинтэн наука учуонайдара Баир Найданов, Андрей Карцев, Василий Коновалов, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ учуонайдара Маргарита Колодезникова, Василий Находкин аахтылар.
Куурус түмүктүүр практическай түһүмэҕэ Хаҥалас оройуонун Өктөм нэһилиэгэр баар Наукалар дьоҕус академияларын быйыл саҥа киллэриллибит аныгылыы сиэдэрэй тутуулаах үөрэтэр куорпуһугар буолла. Сыл устата өрөспүүбүлүкэ улуустарынан ыытыллар үөрэхтээһин экспедицияларынан култуура, искусство, наука, спорт салааларыгар булуллан сүүмэрдэммит талааннаах оҕолор манна иккилии нэдиэлэ устата комплекснай үөрэтиини, дьарыктары бараллар.
Олимпийскай солбук анал оскуолаларын дириэктэрдэрэ Сунтаартан Денис Данилов, Бэрдьигэстээхтэн Роман Пахомов, Бороҕонтон Иван Ноговицын, Алдантан Максим Скупой, Намтан дириэктэри солбуйааччы Раиса Негнюрова, Покровскайтан дириэктэри солбуйааччы Виталий Прокопьев, харбааһын оскуолатын дириэктэрэ Петр Черкашин кэлэннэр, үлэлэрин-хамнастарын билиһиннэрдилэр.
Өрөспүүбүлүкэ талааннаах оҕолорун кытта анаан-минээн үлэлиир Наукалар дьоҕус академияларын үөрэтэр куорпустара, кабинеттара, лабораториялара сайдыылаах үйэҕэ сөп түбэһэр толору хааччыллыылаахтар. Дьоллоох оҕолор судаарыстыба суотугар үрдүттэн олорон, буор босхо тус бэйэлэригэр элбэҕи туһаналлар, билиилэрин-көрүүлэрин хаҥаталлар, дэгиттэр сайдыыны ылаллар. Икки нэдиэлэ устатыгар анал үөрэтиини, дьарыгы ааһан, олоххо сыһыаннара үчүгэй эрэ өттүгэр уларыйар. Анал үөрэхтээх преподавателлэр, учуонайдар киин куораттартан тиийэ кэлэн үөрэтэллэр.
Идэни үрдэтиини ааспыт физкултуура уонна спорт үлэһиттэрэ ыйытыыларга хоруйдаан, тургутууну аастылар, үөрэммиттэрин туоһулуур дастабырыанньалары ыллылар.