Туһалаах оскуола
Дьокуускайга «Киберволонтеры. ЯКТ» дистанционнай куурус ыытылынна. Оскуола ыччат дьыалатыгар федеральнай агентство өйөбүлүнэн Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар аһылынна.
Онлайн тэрээһиҥҥэ СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларыгар миниистирин бастакы солбуйааччы Александр Сусоев, Дьокуускай куорат үөрэххэ управлениетын начальнига Алексей Семенов, кини солбуйааччыта Егор Охлопков, Ыччат уонна дьиэ кэргэн политикатын управлениетын начальнигын эбээһинэһин толорооччу Кирилл Лазарев, Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһын дириэктэрэ Мария Петрова, ХИФУ преподавателэ Максим Сорочинскай уонна “Improve digital” хампаанньа data-инженерэ Сардана Назарова кытыннылар.
“Интэриниэт сырыы аайы тупсар, киэҥ сири хабар, манна туһалаах, ону таһынан сэрэхтээх информация элбэх”, – диэтэ Александр Сусоев.
Алексей Семенов пандемия кэмигэр информационнай технологиялар балысханнык сайдыбыттарын бэлиэтээн ааста.
“Кулун тутар ыйтан дистанционнай үөрэхтээһиҥҥэ көһөргө күһэллибиппит. Үөрэх, иитэр-үөрэтэр үлэ аһаҕас буолбута.
Социальнай ситимнэр эмиэ да үтүө, эмиэ да мөкү өрүттээхтэр. Онтон биһиги үчүгэйи эрэ сомсорго, куһаҕаны араарарга үөрэниэхтээхпит”, – диэтэ үөрэх управлениетын начальнига Алексей Семенов.
Мария Петрова бу хайысха биһиэхэ наадалааҕын ыйда. “Юный горожанин” оҕо хамсааһына аныгылыы интэриэһинэй уонна туһалаах үлэ суолун тутуһарын хайҕаата. “Improve digital” хампаанньа data-инженерэ Сардана Назарова Амстердамтан быһа холбонон сибээскэ таҕыста.
Онлайн оскуола лектора Максим Сорочинскай үөрэнээччилэри туох күүтэрин билиһиннэрдэ. Бырайыак салайааччыта, “Юный горожанин” оҕо хамсааһынын бэрэссэдээтэлэ Мария Матчитова оонньуу ыытта.
Кууруска 8-11 кылаастартан уопсайа 23 оҕо суруйтарбыт.