Туһааннаах сулууспалар мууска тахсааһыны хонтуруоллууллар
Сэтинньи 23 күнүгэр Өлүөнэ эбэни дьон көҥүлэ суох туоруур сирдэригэр гражданскай оборонаҕа уонна ыксаллаах быһыыга-майгыга Управление, Дьокуускай куорат Административнай хамыыһыйата, ГИБДД уонна дьоҕус суудуналар судаарыстыбаннай инспекциялара кыттыылаах эриэйдэ ыытылынна. Бу туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
2021 сыл сэтинньи 1 күнүттэн киин куорат территориятыгар уу эбийиэктэригэр куттал суох буолуутун ыйа саҕаланна. Дьокуускайдааҕы 2 №-дээх салаа дьоҕус суудуналарга судаарыстыбаннай инспектора Михаил Дедюхин иһитиннэрбитинэн, кинилэр күннээҕи үлэлэрэ уу эбийиэктэрин хонтуруоллааһыҥҥа уонна куттал суоһаабатын хааччыйыыга, тырааныспар уонна гражданнар муус анныгар барбаттарын туһугар туһуламмыт.
«Тырааныспар көҥүлэ суох мууска тахсарын кутталлаах диэн сэрэтэн тохтотобут. Билигин муус халыҥа тэҥэ суох, онон тырааныспар уонна дьон дэбигис муус анныгар түһэр кыахтаах диэн бэлиэтиххэ наада. Итини таһынан, өрүс сорох учаастактарынан билигин даҕаны сиикэй сытар, уу бычыахтыыр», – диэн кэпсээтэ судаарыстыбаннай инспектор.
Административнай хамыыһыйа 1 разрядтаах исписэлииһэ Дьулустан Тоскин информациятынан, көҥүлэ суох мууска киирии иһин физическэй сирэйдэр 3-тэн 5 тыһ. солк. диэри ыстарааптаныахтарын сөп. Оттон юридическэй сирэйдэргэ ыстараап 1 мөл. солк. кытта тиийэр эбит.
«Административнай хамыыһыйа итинник кэһиилэр иһин СӨ КоАП 9.10 ыстатыйатыгар олоҕуран гражданнары уонна тэрилтэ салайааччыларын ыстарааптыан сөп. Бүгүн ГИБДД уонна ГИМС сотрудниктарын кытта бастакы кыттыгас эриэйдэбит буолла уонна өссө да Лена өрүһү туоруур суол аһыллыар диэри салҕаныахтара», – диэтэ Дьулустан Тоскин.
Дьоҕус суудуналар судаарыстыбаннай инспекцияларын сотрудниктара гражданнартан бэйэлэрэ өйдөөннөр чараас мууска киирбэттэригэр көрдөһөллөр.
Инспекция информациятынан, өрүһү туоруур суол быһа холоон 2021 сыл ахсынньы 10 күнүгэр арыллыахтаах.