10.11.2023 | 12:00

Тротуары ыраастыыр наада дуо?

Олохтоох дьаһалта тиэргэни хомуйааччылар үлэлэрин күүһүрдүү туһунан иһитиннэрбитин кэннэ «SD Новости Якутии» Телеграм-ханаалыгар куорат үгүс олохтооҕо тротуары ыраастыыры утарарын биллэрдэ.
Тротуары ыраастыыр наада дуо?
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Кырдьык, кыһын сороҕор килэччи ыраастаммыт тротуарынан нэһиилэ халтарыйа-халтарыйа хааман иһэн: «Тоҕо да хаарын барытын кыһыйан ылаллара буолла, сытыа этэ буоллаҕа, арыый да тирэхтээх буолуох этэ», дии саныыгын уонна, охтумаары, хаардаах өттүн көрдөөн хаама сатыыгын. Комментарийдары көрдөххө, куорат олохтоохторун үксэ эмиэ итинник санаалаах, килэгир тротуарынан сылдьыахтааҕар, хаарынан хаамар ордук диэн.  Элбэх киһи тротуар хаарын көннөрү тэҥнээн биэриэххэ диэн этиитэ эмиэ оруннаах курдук. Маны таһынан, кытаанах билиитэнэн хаамар сүһүөххэ охсуулааҕа, буортуну оҥороро этиллэр. Биллэн турар, халтарыйан, сүһүөхпүт уйбакка, килэгир тааска сууллуохтааҕар, сымнаҕас сыа хаарга охтубут быдан ордук буоллаҕа. Телеграм-ханаалга дьон Олохтоох дьаһалтаҕа туһаайан «Үлэһиттэри, тиэхиньикэни, бүддьүөтү уонна биһигини, сатыы сылдьааччылары, эрэйдээн бүтүҥ», диэтилэр. Кинилэр санааларынан эрэ муҥурдаммакка, куорат атын олохтоохторуттан ыйыталаһарга быһаарынныбыт.

Телеграм-ханаалга куорат олохтоохторо тротуар хаарын ыраастатымаҥ, наһаа халтархай диэтилэр, итиннэ эһиги санааҕыт?

Николина Иванова, устудьуон:

Баҕар, эдэр буоламмын буолуо, наһаа халтарыйбаппын, атаҕым таҥаһын уллуҥа үчүгэй уонна улаханнык итиннэ болҕомтобун уурбат эбиппин. Мин санаабар, саҥа оҥорбут билиитэлэрэ үчүгэй курдук, сорох сирдэринэн, кырдьык, оччото суохтар бааллар, холобур, Бааһынай ырыынагын утары атыы-эргиэн дьиэлэрин таһынан, «Этажи» эргиэн киинин диэки баран иһиигэ халтараан.

Наталья Николаевна, биэнсийэлээх:

Тротуары килэччи ыраастыылларын олох сөбүлээбэппин, кыһыҥҥы өттүгэр хаардаах сири булан хаама сатыыбын. Ол иһин ханна да ырааппакка дьиэм таһынааҕы маҕаһыыннарга тахсабын, ону да сэрэнэн. Биирдэ эмэ оптуобустаннахпына хаар тилэхпэр сыстан хаалар, инньэ гынан, муус килэгир тротуарга үктэнним да, халтарыйан барабын. Саастаах киһиэхэ бу наһаа сэрэхтээх, аҕыйах сыллааҕыта халтарыйан охтон илиибин тоһуппутум наһаа уһуннук оспута. Мин өйдүүрбүнэн, урукку кэмҥэ, былыр диэххэ дуу, тротуары килэччи ыраастаабат этилэр, хаарын көннөрү дэхсилээн эрэ биэрэллэрэ, онон билиҥҥи курдук «каток» буолааччыта суох. Саастаах дьон итинник кириитикэлээтэхпитинэ, баппат аатырарбыт буолуо.

Сайаана Семенова, эдэр ийэ:

Ити боппуруос көтөҕүллүбүтэ наһаа үчүгэй. Бэйэм соҕотох ийэбин, оҕобун уһуйааҥҥа сылаас кэмҥэ кэлээскэнэн, кыһын салаасканан таһабын. Кырдьык, хаарын үнтү кыһыйан, ыраастаан кэбистэхтэринэ, салаасканан соһор наһаа уустук. Мин санаабар, итинник билиитэлэр сылаас дойдуларга барсаллара буолуо, биһиги килиимэппитигэр соччото суох курдук. Олох ыраастаабаттара сатаммата, ирдэбиллэрэ оннук буолуо диэн өйдүү сатыыбыт эрээри, наһаа эрэйдэнэбит. Салааскалаах киһи  соҕотох буолбатахпын, элбэхпит. Салалта өттүттэн хайдах эрэ балаһыанньаны өйдөөн, туһааннаах миэрэлэри ылаллара буоллар диэн баҕа санаалаахпын. 

Николай, чааһынай тэрилтэ үлэһитэ:

Үлэбэр оптуобуһунан, сороҕор сатыы сылдьабын, дьиҥэр, дьиэбиттэн наһаа ыраах буолбатах. Ол эрэн, төһө да эдэр, сүһүөхтээх  буолларбын, хаста даҕаны халтарыйан охто сыспытым. Саастаах дьону аһына көрөбүн, ити үлүгэр халтарааҥҥа сылдьаллар. Киһи, биллэн турар, ыраастыы сылдьар дьону буруйдаабат, үөһэттэн ирдэнэри оҥороллор буоллаҕа. Бэйэм чааһынай тэрилтэҕэ «рядовой» үлэһит буолан ону өйдүүбүн, үлэни сүтэрбэт курдук ,сорудаҕы толоруллуохтаах.

Дьон санаатын истэн баран, былаас бэрэстэбиитэлин кытта кэпсэттибит.

Владислав Слепцов, Олохтоох дьаһалта Территориялары кытта үлэлиир департаменын начаалынньыга:

Куораппыт сылын аайы улаатан, кэҥээн, уулусса, тротуар элбээн иһэр. Онон бу үлэҕэ эппиэттээх «Якутдорстрой» тэрилтэ куораты бүтүннүү соҕотоҕун кыайбат буолан, быйылгыттан балаһыанньа уларыйда. Ол курдук, хас биирдии уокурукка ити үлэҕэ бэдэрээтчит баар буолуохтаах диэн быһаардыбыт. Кинилэр, хантараак быһыытынан, алтынньы 1-гы күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри үлэлииллэр, онтон кэлэр сылга урутаан «закупкалары» биллэриэхпит уонна салгыы хантараактары түһэрсиэхпит. Урукку өттүгэр атын аукцион кэнниттэн (инертнэй матырыйааллары кутуу уонна грейдэрдээһин, көҥүлэ суох сыбаалкалары тиэйии уо.д.а.) бары уокуруктарга икки-үс бэдэрээтчит эрэ үлэлиир уонна олох «физически» тиийиммэттэр этэ. Холобур, биир күн Строительнай уокурукка, иккис күн Кииҥҥэ, үһүс күн Губинскайга үлэлииллэр, итинник тырыта тыыттара сылдьааччылар.   

Хас биирдии бэдэрээтчиккэ сүрүн ирдэбилбит – бэйэлэрэ тиэхиньикэлээх буолуулара. Бастаан, хаар аҕыйах кэмигэр, бөҕү-сыыһы, сэбирдэхтэри оробуочайдар илиилэринэн сиппийэллэрэ. Ол саҕана хас биирдии уокурукка түөрт-биэс киһи хомуйара. Оттон кыстык хаар түһүүтэ үлэ элбиир, ол иһин анал тиэхиньикэ – сиппийэр, ыраастыыр массыына, Бобкэттэр, дьоҕус тыраахтырдар, погрузчик, самосвал бааллара ирдэнэр. Ол иһин булгуччу итинник тиэхиньикэни ылынаҕыт диэн усулуобуйа туруорбуппут. Тиэхиньикэтэ суох арендаҕа ылар, холобур, уокуруктар сиппийэр массыыналарын уларсаллар. Иллэрээ сыл бары управаларга сиппийэр массыыналары ылан биэрбиппит, онон хас биирдиилэригэр иккилии-үстүү баар. Ити массыына маҥнайгы хаар түһэр кэмигэр наһаа көдьүүстээх.   

Уокуруктарынан үлэлииргэ хантараак түһэрсибит бэдэрээтчиттэр сорохторо урукку өттүгэр «Якутдорстрой» акционернай уопсастыбаны кытта суббэдэрээтчит быһыытынан үлэлэспиттэрэ эбэтэр суол үлэтинэн дьарыктаммыттара. Билиҥҥи туругунан, итинник дьаһанан хас биирдии уокурукка бэдэрээтчиттэри кытта хантараак түһэрсэн үлэлэтэрбит ордук көдьүүстээх.

Билигин куорат олохтоохторо халтараан диэн үҥсэллэр. Тоҕо итиннигий диэн ыйытыыга маннык хоруйдуубун – күнүскү өттүгэр сылаас буолан ууллара турда, оттон түүнүгэр   тоҥорор. Инньэ гынан халтараан үөскүүр. Тымныы түстэҕинэ  халтараан тохтуоҕа. Тэлгэтиллибит билиитэ барыта тымныыга олус үчүгэйдик барсар матырыйааллаах. Сэтинньи ыйга улахан  хаар түспэт, онон ыраастыы, сиппийэ сырыттахтарына, билиитэ халтарыйбат буолуоҕа. Планеркаларга управа салайааччыларыгар туһаайан этэбит, ханан оҕо тиэйбит салааскалаах дьон сылдьалларын көрөн, онно килэччи ыраастаабаттарын, дьон санаатын учуоттуулларын, сөптөөх усулуобуйаны тэрийэллэрин курдук. Онон управалар билигин кэтээн көрүөхтэрэ уонна оҕолоох, салааскалаах дьон сылдьар сирдэринэн хаарын хаалларыахтара, күрдьүөхтэрэ суоҕа.

Ол эрэн, тротуардар булгуччу ыраастаныахтаахтар. Олох ыраастаабатахпытына, тротуар хамсыыр, долгун курдук барар, алдьанар. Урукку сылларга ыраастамматахтар оннук буолбуттара. Мунньуллан сыппыт хаар уута саас тротуар анныгар киирэн, оннун хамсатан алдьатар. Итини эмиэ учуоттуохха наада. Урукку өттүгэр, уокуруктарга бэдэрээтчиттэр суох эрдэхтэринэ, тиэргэни хомуйааччылар субуотунньук быһыытынан тротуардары тахсан ыраастааччылар, итиннэ туспа үбүлээһин көрүллүбэт этэ. Быйыл саас хаары күрдьэн суолга куппуттара, аны хаар эбии кэлэн түһэ турар. Билигин хас биирдии уокурук управата бэйэтин территориятын тротуарын бэйэтэ ыраастыаҕа уонна кэмигэр тиэйиэҕэ. Оччоҕо атын дьон кэлэн хомуйарын күүтэ, эрэнэ сатаабаппыт. Билигин, этэн аһарбытым курдук, ити хайысханан бэдэрээтчиттэр үлэлииллэр, управа тиэргэн хомуйааччылара буолбатах. Бэдэрээтчиттэргэ билигин ортотунан биэстии-сэттэлии киһи үлэлиир, сыыйа ахсааннара элбиэхтээх. Управалар тиэргэн хомуйааччылара билигин «разнорабочай» диэн ааттаах штат үлэһиттэрэ. Эбээһинэстэрэ элбэх, ол курдук уопсастыбаннай санитарнай туочукалары ыраастыыллар, бөҕү-саҕы хомуйаллар, алдьаммыт балаһааккалары өрөмүөннүүллэр уо.д.а.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....