28.06.2022 | 14:27

Тренери сокуон учууталга тэҥниэҕэ

Тренери сокуон учууталга тэҥниэҕэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйыл  «Тренер-преподаватель» диэн профессиональнай стандарт олоххо киириэҕэ. Ол аата спортивнай оскуолаларга уонна кииннэргэ үлэлиир тренердэргэ педагогическай үлэһит статуһун биэриэхтэрэ.


Бу барыта  «О физической культуре и спорте» сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэр былаан туһунан РФ Бырабыыталыстыбатын дьаһалыгар баар.

Тренердэр педагогическай үлэһит статуһун ылыахтара, ону кытта бырааптара уонна эбээһинэстэрэ элбиир. Учууталлар курдук, сыллааҕы аттестацияны ааһыахтара уонна квалификацияларын бигэргэтиэхтэрэ, ону тэҥэ кинилэргэ педагогическай ыстаас ааҕыллар буолуоҕа.
2022 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри маннык уларыйыыларга ирдэнэр нуорма аахталарын бэлэмниэхтэрэ, оттон 2023 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри миэстэлэригэр сокуон нуормаларын ылыныахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...