Токио-64 суола
Сарсын бары куйаар ситимэ Японияҕа ыытыллар күүтүүлээх олимпиада долгутуулаах аһыллыытын көрдөрүө. Бу улахан түһүлгэ былырыын ыытыллыахтааҕын хара дьайдаах дьаҥтан сыл курдук көһөрүллүбүтэ. Ол үрдүнэн “Токио—2020” логотибын уларыппакка оннунан хаалларбыттара. Ити ааттанар куоракка Саха сиригэр төрөөбүт бухатыыр Владимир Голованов “Токио-64” олимпиадаҕа хас да улахан албан ааты ылбыта. Кини уонна тренердэр Дмитрий Петрович Коркин, Валерий Пантелеймонович Кочнев, суруналыыс Иван Семенович Кычкин урукку 27 сыллааҕы чаҕылхай арыйыыларга, үктээбит суоллара 26 чыыһылаттан тустар Айаал Лазаревпытын кыайыыга сирдээрэй? Онон санаан-ахтан, кыайыы кута үрдүккэ угуйарыгар ааттаһа көрдөһүөҕүҥ. Голованов хас да, чуолаан этэбин хас да албан ааты хайдах ылла этэй?
1964 с. Токио. Олимпиада Азия континеныгар аан бастаан ыытыллыбыта. Американскай байыаннай база олимпийскай дэриэбинэҕэ кубулутуллубут этэ. Манна сэбиэскэй штангистар күрэхтэһиилэрэ саҕаланыа үс нэдиэлэ инниттэн кэлэн, олус өр олорон, кэтэһэртэн хал буолтара. Сатахха, В.Голованов оччотооҕу кэмҥэ аан дойдуга 1 №-дээх спортсменынан, саамай күүстээх киһинэн билиниллэ сылдьар, Римнээҕи олимпиада геройа, аан дойду чемпионаттарыгар тэҥнээҕин була илик Юрий Власовтыын биир хоско олорбута. Онон болҕомто киинигэр сылдьаллара. Аны ССРС штангаҕа хамаандатын сэттэ атлетыттан Хабаровскайтан үһүө этилэр. Иннинээҕи күннэргэ бииргэ эрчиллэр доҕотторо Владимир Каплунов, Виктор Куренцов орто ыйааһыннарга Токиоҕа иккис призердарынан буолбуттара. Ити Головановка болҕомтону өссө күүһүрдүбүтэ. Сүгүн хаамтарбат этилэр. Кэлэ-кэлэ интервью, автограф ыла сатыыллара.
Ю.Власов «Справедливость силы» кинигэтиттэн: «Сосед по номеру –Владимир Голованов «Рядом молча шагали Володя Голованов и Богдасаров»; «а хочется уединения. Целые дни долбят люди: вопросы, автографы, фотографирование, порой и ощупывание мыщц»;
«Вечером в комнате Богдасарова... сказал:
- Голованов? Голованов флегматичен, а разойдется!.. Идет к штанге—глаза злые, горят, в одну точку... Весь устремлен вперед.
- Зато я спокоен.
- Ты?! Только внешне! У тебя на соревнованиях пожар в груди».
Дьэ, ити курдук оннооҕор албан аатырбыт спортсмен уонна кини тренерэ Сурен Петрович Богдасаров олус долгуйаллара. Луис Мартин уонна Иренеуш Палинскай хайдах эрчиллэллэрин салла ырыталлара.
90 киилэлээхтэр күрэхтэһиилэрэ ыарахан ыйааһыннаахтартан итэҕэһэ суох ураты болҕомтону тардар. Тоҕо диэтэргит, бу ыйааһыҥҥа Великобритания курдук улуу держава соҕотох эрэлэ, ити дойдуттан ыарахан атлетикаҕа бастакы аан дойду чемпиона, сир шарын саамай күүстээх негрынан билиниллэр (Оннооҕор оччотооҕу боксаҕа аан дойду абсолютнай чемпионуттан ордоруллубут!) Ямайкаттан төрүттээх Луис Мартин уонна Польша бары спортсменнарыттан бастакы олимпийскай чемпион Иренеуш Палинскай киирсиэхтээхтэр. Кинилэр улахан түһүлгэлэргэ атыттары чугаһаппакка маҥнайгы-иккис миэстэлэри бэйэлэрэ үллэстэ сылдьаллара. Бу сырыыга ити лидердэри Европа саҥа чемпиона В.Голованов кыайыан сөп, кыахтаах үһү диэн сурах кэтэһиини өссө күөттүүр. Люис Мартин бытык үүннэриэҕиттэн лаппа күүһүрдэ диэн Англия штангистара Токиотааҕы олимпиадаҕа бары бытык үүннэринэн кэлэн хаартыскалаах интервьюларын хаһыаттарга таһаартаран психологическай атаакаларын саҕалаабыттара. Люис бу сырыыга туох-баар хап-хара түүтүн хоруммакка өссө хойуннара сылдьара.
Эрчиллэр саалаҕа Л.Мартин бытыгын имэринэ-имэринэ, көрөҕүт, хайдах курдук кыахтаахпыный, дьоҥҥутугар кэпсээҥ диирдии сэбиэскэй, польскай спортсменнар, тренердэр иннилэригэр ыарахан рекорднай ыйааһыннары ас да ас буола сылдьара.
Иренеуш Полинскай киниттэн итэҕэһим суох диирдии эмиэ ыарахан штангалары көтөҕүлүүрэ.
Ю.Власов «Справедливость силы» кинигэтиттэн: «Пришел Богдасаров:
- Я с тренировки. Чертов Мартин! Какая прикидка, ведь скоро соревнования! Жал 160, рвал 142,5, толкал 170!»
Эмиэ ити кинигэттэн: «Богдасаров рассказывал за обедом:
- Мартин снова работал около пределов. Мама родная! 150 выжал, 135 вырвал и 180 толкнул! Ужас просто!»
Арай биһиги Головановпыт онно эрэ наадыйбат, тот эһэ курдук холку этэ. Кини Саха сиригэр, Дүпсүн сиригэр Аллан Элиэнэҕэ түһэр төрдүн Эбэ элбэх эһэлээх хотугу кытылыгар Байанайдаах Батамайга төрөөбүтэ. Айылҕаҕа сылдьарын, бултуурун, балыктыырын олус сөбүлүүрэ. Туттуута-хаптыыта мөдөөн, тыатааҕыга майгынныыра. Ол иһин Владимиры «Эһэ» диэн ааттыыллара.
«Советскай спорт» хаһыаттан:
«...Когда и кто первым назвал Владимира Голованова «медведем», я не помню. Только пришел как-то в Хабаровский спортивный клуб Армии, спросил ребят, где, мол, Голованов, и услышал в ответ:
- «Медведь» тренируется после обеда.
Меткое прозвище дали молодые своему кумиру. Присмотрелся, а он и впрямь на медведя похож. Могучий, коренастый, неторопливый в движениях, с гривой непослушных волос. И сильный, как хозяин амурской тайги...»
Эһэни кыыһырдар куһаҕан. Голованов эрчиллиигэ ыараханы көтөхпөт идэлээҕэ. Сэбиэскэй хамаанда штангистарга кылаабынай тренерэ, икки төгүллээх олимпийскай чемпион, аан дойду биэс төгүллээх чемпиона Аркадий Воробьев ыйааһыныгар хаһан да хотторбот бэйэтэ Мартиннаах Палинскайга баһыйтаран, спортан хомолтолоохтук хотторуунан барбытын, саатар салайар хамаандатын чилиэнинэн иэстэһиннэриэн баҕарара. Кинилэри салыннараары Головановка ыарахан штангалары көтөҕөн эрчиллэригэр күһэйбитэ. Владимир сөбүлээбэтэҕэ. Кыйаханан оннооҕор кистээн табахтаабыта. Ол да буоллар хайыаҕай? Толорорго тиийбитэ. Голованов: “Бэйэм ньымабынан эрчиллибитим буоллар, оччотооҕу бэлэмминэн, троеборьеҕа 500 киилэни көтөҕүөм этэ”, -диэн эппититтэн сүрүн тренери кытта тапсыбат буолуулара үөскээбитэ.
Ю.Власов «Справедливость силы» кинигэтиттэн: «Мы в одной комнате с Володей Головановым. Он лежит на кровати и рассуждает: «Отчего подлость?»... Потом пустился в рассуждения о Воробьеве: «Тяжелый человек. Людей делит на категории. По-разному речь ведет. Для одних улыбка, а для других едва цедит слова...»; «Сидели долго. Вечер был прохладный. Вышел, украдкой покурил Голованов. Ему работать завтра. Он уже горит: порывист, говорит громко, пятнами румянец по лицу».
«Наука и жизнь» сурунаалтан Головановы кытта бииргэ үөрэммит, бииргэ эрчиллибит, биир ыйааһыҥҥа күрэхтэспит доҕоро ССРС үрүҥ көмүс призера буола сылдьыбыт Рудольф Шум ахтыытыттан: «Были у них (Головановтаах Воробьевка) и другие разногласия. Голованов, например, страшно не любил ходить на тренировках на «контрольные веса» – так Воробьев определял готовность спортсмена. Голованов говорил, что пусть, мол, предельные веса тот поднимает, кто в себе не уверен, а я подниму, сколько будет нужно, на соревнованиях. Защищать свою точку зрения если настаивает сам Воробьев, нелегко».
Голованов ити олимпиадаҕа бараары сылдьан Шумтан Токиоҕа ким чемпионнуон сөбүн ыйыппыта уонна тута бэйэтэ хоруйдаабыта: «Вова Голованов!» – диэн. Өссө биллиилээхтэри барыларын сирэй көрсөн кыайбытын, арай Мартины эрэ кытта көрсө илигин: “кинини даҕаны кэһэтиэм, олох саарбаҕалаама даҕаны!” диэн бигэтик эрэннэрбитэ. Сүрэ эһэ курдук оннук күүстээх этэ. Атыттар долгуйан эрэйдэнэр буоллахтарына, кини кыһаммат, холкутук утуйар. Арай, киирсэр күнэ үүнэр түүнүгэр төһө да тимир характердаах буоллар, кыайан утуйбатаҕа.
Олимпийскай дэриэбинэҕэ ардах түһэ турара. Ол күн өссө күүһүрбүтэ. Спортсменнарга дэриэбинэ иһигэр талбыттарынан сылдьалларыгар велосипед хачыр курдук гостиницаларын аттыгар кэккэлэччи анньыллан тураллара. Итини тэбэн бэйэлэрин аралдьытыналлара. Дьоппуонскай «тимир көлөлөр» уйуктаахтарынан салыннарбыттара. Ыарахан ыйааһыннаах үс дзю-доист: “Биһигини бу хайдах уйуой?”—диэн мөккүспүттэр. Ону үһүөннэрин биир велосипедка олордон ыыппыттарын хаартыскаларын олимпийскай дневниккэ таһаарбыттар. Балтараалыы центнер ыйааһыннаах Л.Жаботинскай, Ю. Власов уонна центнердээх Эһэ-Голованов велосипедынан сылдьаллара көрөргө күлүүлээх этэ.
Ю.Власов «Справедливость силы» кинигэтиттэн: «Дождь льет, - сказал Голованов, - к счастью».
Мин ити биттэниини ааҕан баран, Голованов саха хааннаах быһыылаах диэн Хабаровскайга баран чуолкайдыырга баҕам өссө күүһүрбүтэ.
1964 сыл. Алтынньы 17 күнэ. Токиоҕа тымныйбыта. Силбиккэ эбии хотуттан тыал бөҕө түспүтэ. Төрөөбүт Сахатын сириттэн биллибэт күүһү аҕала турдаҕа дуу? Ити күн 16 мөлүйүөн тэлэбиисэр «Сибуйя» спорт саалаттан репортаһы быһа ыларга холбоммута. Күрэхтэһиини өссө биир күүркэтэрэ: хайа да көрүҥҥэ буолбатах, штангаҕа эрэ—бу түһүлгэҕэ кыайбыттар историяҕа аан бастаан икки кыһыл көмүс мэтээли кэтэр чиэскэ тиксэллэр – олимпийскай чемпион уонна аан дойду чемпионун гиэннэрин!
Штанга саалата «Сибуйя» дьикти кэрэ көстүүлээҕэ. Истиэнэлэр, снарядтар турар түһүлгэлэрэ от күөҕэ туойунан керамикаланан кыраһыабайдык национальнай колоритынан оҥоһуллубуттар этэ. Үөһээ сүүнэ улахан веер эргийэн сөрүүкэтэ сатыыра да, таһырдьа тымныы буоллаҕына, манна олус итии этэ.
Күрэхтэһии сыыйа анньыыттан (жимтэн) саҕаламмыта. Штангистар үс араас көрүҥүнэн өрө анньыыга үстүү холонууларга, түһүлгэҕэ барыта тоҕустуута тахсыахтаахтар. Ол быыһыгар эрчиллэр саалаҕа эмиэ табатык хамсаныыга бэлэмнэнэн штангалары көтөҕөлүүллэр. Ыарахан тимири кытта ип-итиигэ тиритэ-тиритэ киирсии алта чаас устата барбыта. Штангаҕа ыйааһын эбилиннэҕин аайы күүстээхтэр тахсан испиттэрэ. 1960 сыллааҕы олимпиада чемпиона И.Палинскай 150, аан дойду үс төгүллээх чемпиона Л.Мартин, аан дойду рекордсмена Вильям Марч (АХШ) 155 киилэттэн ордугу кыайбатахтара. Маннык түһүлгэҕэ саҥа сүрэхтэнэр Голованов мөдөөт бэйэтэ түргэнник кыайа охсоору ыҥырылыннар эрэ сорунуулаахтык сүүрүү кэриэтэ түргэн хаамыынан киирэрэ.
Киниэхэ утарсааччы мэлдьи буоларын курдук биир эрэ этэ – штанга. Головановка иннигэр турар снаряд уонна – бүттэ. Анньар техникатын илиибин маннык тутуохтаахпын, атахпын, сиспин оннук хамсатыахтаахпын диэн өйүгэр оҥорон көрөрүн, түһүлгэҕэ киирэн толорор эрэ. Утарсааччыта төһөнү көтөхпүтүн иһиттэ да, оччонон кыйахаммыт эһэлии күүһүрэргэ дылыта, штангаҕа өссө эптэрэрэ.
«Наука и жизнь» сурунаалга Рудольф Шум ахтыытыттан: «Володя ведь какой? Легко возбудимый, соперники на него действуют как допинг. Иногда он прямо бегом бежит к штанге—так ему не терпится скорее поднять. С таким спортсменом тренеру работать легко».
В.Голованов Токио олимпиадатын түһүлгэтигэр бастакы тахсыытыгар олимпийскай рекорду – 160, иккиһигэр 165 киилэни холкутук анньыталаабыта – аан дойду рекордун хатылаабыта. Номнуо иккис миэстэҕэ иһээччилэртэн 10 киилэнэн чорбойо түспүтэ. Сыыйа анньыы – кини атыттартан ордук сатыыр хамсаныыта этэ. Европа чемпионатыгар аан дойду рекордун охсон омуктар бары кини хамсаныытын киинэҕэ устан, онон эрчиллэр буолбут этилэр. Голованов өссө чорбойон хаалаары, икки аҥаар киилэни эптэрэн бэйэтин аан дойдутааҕы рекордун алдьатыыга холоммута. Штанганы өрө анньан атаҕын холбообута. Ол эрээри соһуйуон иһин, аахпатахтара. Бырачыас оҥорорго валютанан төлөөһүн эрэйиллэр. Сэбиэскэй хамаанда тренердэрэ балыйыыны көннөрөргө эрэнэн доллары кытта сурук оҥорон судьуйаларга түһэрбиттэрэ. Хомойуох иһин, билиммэтэхтэрэ.
Иккис хамсаныы—нууччалыыта “Рывок” – штанганы өрө анньыбытынан чохчойо олоро биэриэхтээххин уонна туран кэлиэхтээххин. Голованов 137,5, 142,5 киилэлэри эрэллээхтик ылбыта. Иккис олимпийскай рекордун оҥороот, эмиэ аан дойду рекордугар барбыта. Бу да сырыыга аахпатылар (?!) Ээ, тоҕо балыйаллара билиннэ. Жюрига Голованов сүрүн утарсааччыларын биир дойдулаахтара – бэрэссэдээтэлинэн К.Джонсон—(АХШ), сэкэритээринэн О.Стейн–(Великобритания) олороллор эбит. Эй, чэ, тугун бырачыастаһан ороскуотурабыт, Голованов онто да суох, кинилэр ыалдьан өрө көтөҕө сатыыр штангистарыттан, иккис миэстэҕэ иһэр великобританец Л.Мартинтан—12,5, американец Марчтан 17,5 киилэнэн чорбойдо! Үһүс хамсаныы—“Толчок” – штанганы алларааттан ылан, олоро түһэҕин, онтон түөскэ өйөөн уурунан баран, өрө анньыыга кини курдук бэлэмнээх киһи ньуулу ылбата чуолкай. Син биир кыайар буолла! Ити – сэрэйбит курдук, маҥнайгы тахсыытыгар 180 киилэни аста! Троеборьеҕа аан дойду рекордун номнуо олохтоото—487,5!. Дьэ, истиҥ диэбиттии конкуреннарын диэки холкутук көрөн кэбистэ. Анараа дьон аан дойду рекордун түөстэн эмискэ анньыыга уонтан тахсалыы киилэнэн тупсарбыттара да буоллар, Голованов рекорду өссө эбэн чорбойон биэрэр кыахтааҕа көстүбүтэ. Кини тэҥҥэ күрэхтэстэхтэринэ, кыйыттан, допиннаммыт курдук буолааччы.
Мартин да, Палинскай да мээнэ бэриниэх үһүлэр дуо. Хотторор да түгэннэригэр бэрт кыранан сабырыттарар туһугар биирдэрэ бытыгынан «аптыы-аптыы» муҥнанна. Иккиһэ социализм дойдутун киһитэ буоларынан таҥараттан көрдөһөрүн сөбүлээбэккэ боболлорун, буруйга-сэмэҕэ ыгыахтаахтарын билэн туран кириэстэнэ-кириэстэнэ түһэ сатаан сордонно. Туһамматылар, кыһыл көмүс мэтээли ыла үөрүйэх буоллахтарына, бу сырыыга харахтарын уутун бычыгыраппытынан, ымсыырбытынан былдьаттылар. Тоҕустуу холонуу түмүгэр —суумаларыгар, 12,5, 20 киилэлэринэн хааллылар. Голованов аан дойду рекордун тупсарарга өссө икки тахсыыта хаалбыта. Бииринэн, дьиэтиттэн өрө тэйэн ахтылҕантан, хал буолан, иккиһинэн Воробьев “ноҕурууската” сылаппыт этилэр. Ол эрээри ким эрэ тэҥҥэ күрэстэһэн испитэ буоллар өссө да эбэр кыахтааҕа. Олимпийскай оонньуулар уонна аан дойду чемпионнара буолбута биллэн, холкуйан, дууһата уоскуйан иһигэр ыллыы сылдьара. Онтуката күүһүн түмүнэригэр мэһэйдээбитэ. Икки төгүл рекорду бэрт кыранан тупсарбакка хаалбыта. Ама, онтон хомойуо дуо? Спорт саамай үрдүк очуоһугар дьоһуннук тиийэригэр—ааттаах атлеттары сирэй көрсөн кыайда. Рекордар таблицаларыгар Голованов диэн түөртэ бэчээттэннэ (олимпийскайга – үстэ, аан дойдутааҕыга—бэйэтин араспаанньатын үрдүнэн) үйэлэргэ сурулунна. Киниэхэ пьедесталга икки кыһыл көмүс мэтээли кэтэттилэр. Биирэ Токиотааҕы олимпиада эмблиэмэтэ ойуулаах, иккиһигэр “аан дойду 1964 с. чемпионата” диэн суруктаах. Онон эһэлээх тайаҕы хоһулаппыттыы аан дойду уонна олимпийскай оонньуулар чемпионнарын ааттарын ити биир күрэхтэһиинэн ылла!