“Тобуруокап күһүнэ – Иэйии биһигэ"
“Иэйии” кэммиэрсийэтэ суох литературнай түмсүү көҕүлээһининэн “Тобуруокап күһүнэ – Иэйии биһигэ" кинигэ Хаҥалас улууһун киин библиотекатыгар сүрэхтэннэ. Тэрээһини Хаҥалас улууһун "Өлүөнэ долгуннара" литературнай түмсүү салайааччыта Людмила Колесова уонна Хаҥалас улууһун кииннэммит библиотекатын сүрүн испэсэлииһэ Валентина Колесова иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Куйаар нөҥүө Үөһээ Бүлүүттэн «Нам» МТ нэһилиэгин баһылыга Николай Иннокентьевич Кардашевскай, Петр Тобуруокап аатынан уһаайба музейтан Иван Егорович Чичахов, Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотека сэбиэдиссэйэ Дария Николаевна, Уус-Алдантан "Уһуктуу" литературнай түмсүү салайааччыта Галина Аммосова, онтон да үгүс Бүөтүр Тобуруокап көмүс күһүнүн биһирээччилэр киирэн кыттыстылар, Хаҥаластарга махталларын тириэртилэр.
Сүрэхтэниигэ саха норуодунай суруйааччыта Павел Николаевич Харитонов-Ойуку алгыс тылын тириэртэ. “Иэйииттэн” салайааччы Илья Ильич Афанасьев-Алмаас, Николай Иванов-Хоро Холлой, Санаара- Степанида Иванова, Бүөтүр Атласов кыттыыны ыллылар, эҕэрдэлэрин эттилэр.
Эһиил, 2022 сылга, балаҕан ыйын 2-3 күннэригэр ыытыллар киэҥ хабааннаах Тобуруокап күһүнүгэр ыалдьыттата ыҥырбыттар. Онон, поэзияны сэҥээрээччилэр онно көрсүөхтэрэ.