«Тобуруокап көмүс күһүнэ»: быйылгы түһүлгэ сүрүн түгэннэрэ
Үөһээ Бүлүү Намыгар ыытыллар үгэс буолбут «Тобуруокап көмүс күһүнэ» хоһоон көҥүл түһүлгэтэ – уран тыл умсулҕаныгар ылларбыт дьон кэтэһэр, ахтар тэрээһиннэрэ. Бу бырайыак ааптара – саха норуодунай суруйааччыта Миитэрэй Наумов.
Быйыл ахсыс төгүлүн ыытыллыбыт түһүлгэҕэ уопсайа 15 улуустан 223 киһи кыттыыны ылла. Ол курдук, Дьокуускай куораттан, Нам, Таатта, Орто Халыма, Хаҥалас, Чурапчы, Үөһээ Дьааҥы, Уус Алдан, Өлүөхүмэ, Абый, Кэбээйи, Сунтаар, Ньурба, Амма, Үөһээ Бүлүү улуустарыттан.
Күндүттэн күндүнү – олоҕу туойбут бэйиэппит, ытык-мааны киһибит, Аҕа дойдуну көмүскээбит буойуммут, сахалыы тыллаах барыта сөбүлээн истэр хомоҕой хоһоонньуппут, ылбаҕай ырыалаах ырыанньык-бэйиэппит Бүөтүр Тобуруокап дьон-сэргэ сыанабылын туохтааҕар даҕаны үрдүктүк тутара. Кини норуот тапталынан муҥура суох дьоллоох этэ. «Дьон тапталыттан ордук күндү, үрдүк аан дойдуга туох да суох», – диирэ. «Тобуруокап көмүс күһүнэ» ол туоһута буолар. Айар алыптаах, ураты иэйиилээх түһүлгэҕэ икки сылга биирдэ мустуу – бу хас биирдии кыттааччыны ситиһиилээх, айдарыылаах, киэҥ ыырдаах буолууга угуйар, ыҥырар көҥүл хоһоон түһүлгэтэ.
Бу тэрээһин биир уратыта диэн хас биирдии көрүҥ күөн көрсүүтүгэр, кыттааччы аата-суола суруллубакка, кимэ-ханныга биллибэккэ, айымньыта эрэ Дьүүллүүр сүбэ көрүүтүгэр киирэр.
Ол курдук, 4 строкалаах хоһоону тута айыыга Үөһээ Бүлүү улууһун хоһоонньута Харыйалаах уола кыайан, 10 тыһ. солкуобай харчынан наҕараадаланна.
Хоһуйсуу күрэҕэ үс түһүмэхтээх буолла. Уопсайа 14 хоһоонньут күрэхтэстэ. Бастакы түһүмэххэ талбыт киһилэрин көрөн туран тута хоһуйдулар. Иккис түһүмэххэ 6 хоһоонньут талыллан, «төлөпүөн» диэн тиэмэни арыйдылар. Үһүс түмүктүүр киирсиигэ 3 күрэхтэһээччи «орон» диэн тиэмэҕэ хоһоону тута хоһуйан аахтылар. Тыҥааһыннаах киирсии түмүгэр муҥутуур кыайыылааҕынан «Иэйии» түмсүүттэн Александра Жулева-Суһума (Таатта улууһа) буолан, 50 тыһ. солкуобай уу харчынан тутта.
«Тобуруокап көмүс күһүнэ» түһүлгэҕэ «Дани-Алмас» кинигэни бэчээттиир хампаанньа хоһоонньуттарга анал күрэхтэһиини тэрийдэ. Хоһооннору көрүү түмүгэр Ньурба улууһуттан Саргылана Стручкова кыайыылааҕынан тахсан, «Дани-алмас» типографияттан 100 экземплярдаах кинигэни бэчээттэтэргэ туоһу суругу тутта. Иккис миэстэни Үөһээ Бүлүү улууһуттан Антонина Хобусарова 75 экземплярдаах кинигэни, оттон үһүс бочуоттаах миэстэҕэ Чурапчы улууһуттан Римма Корякина-Хотууна тиксэн, 50 экземплярдаах кинигэни бэчээттэтэргэ туоһу суругу ыллылар. Ону тэҥэ улуус түмсүүлэрэ 20% чэпчэтиилээх бэчээттэтиигэ туоһу суруктарынан наҕараадаланнылар.
Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгин баһылыгын 2024 сыл балаҕан ыйын 2 күнүнээҕи 19 нүөмэрдээх ыйааҕар олоҕуран, тэрээһин биир сонун уонна дьоһун быһаарыныытынан саха норуодунай бэйиэтэ Петр Николаевич Тобуруокап сырдык аатын үйэтитиигэ үлэлиир, айымньыларын норуокка киэҥник сырдатыыга бөдөҥ кылааттарын киллэрбит дьоҥҥо “Саха норуотун бэйиэтэ Бүөтүр Тобуруокап” диэн түөскэ кэтиллэр бэлиэни туттарыы буолла.
Тэрээһин биир сэргэх, сонун түгэнэ – балыктааһын. Бэйиэт айымньыларынан оҥоһуллубут мас оҥоһуктар – «Тобуруокап ыллыга» күһүҥҥү ойуурунан Бүлүү эбэ биэрэгэр тириэрдэр. Манна сыа балыкка муҥха, туулааһын, собо миинин буһарыы түһүлгэтэ тэрилиннэ. Бастыҥнар уу харчынан, оннооҕор тыыннаах хаастарынан наҕараадаламмыттара сонун көстүү буолла. Собо буспут миининэн, итии үүттээх чэйинэн, ис үөрэтин миининэн кэлбит дьону күндүлээтилэр. Кутаа тула хоһоон, ырыа дьиэрэйдэ.
***
Биһиги хаһыаппыт «Ыалдьыт» балаһатын атырдьах ыйынааҕы дьоруойа – Суруйааччылар сойуустарыгар 70 сааһыгар киирбит Николай Пахомов хоһоонун аахтаргыт эрэ, «Тобуруокап көмүс күһүнэ» дириҥ, киэҥ ис хоһоонун өйдүөххүт:
«Тобуруокап күһүнүгэр»
Айар дьоннор кынаттанан,
Улуу киһи ыллыгынан
Бичийэргэ тэриннилэр.
Аарымабыт манаһыаҕа,
Былыт быыһы арыйыаҕа,
Сэргиэ кэлбит ыалдьыттарын,
Ыытыа ытык алгыстарын.
Кэлбиттэргэ мичээрдиэҕэ,
Иэйии тыына эҥээрдиэҕэ,
Айар илбис иҥэриэҕэ,
Боччумнааҕы кэтэһиэҕэ.
Чахчы даҕаны, хоһоон көҥүл түһүлгэтигэр кэлбиттэргэ Саха норуодунай бэйиэтэ Бүөтүр Тобуруокап түмэлин тиэргэнигэр турар бүүһүн анныгар, дьон-сэргэ иннигэр бэйэтин хоһоонун ааҕааччыга иэйии тыына эҥээрдэһэн, айар илбис иҥэр ээ, быһыыта. Ол да иһин бу түһүлгэ сылтан сыл аайы өссө кэҥээн, сириэдийэн истэҕэ эбээт!
Тохсус өрөспүүбүлүкэтээҕи хоһоон түһүлгэтэ аны икки сылынан – 2026 сылга Үөһээ Бүлүү Намыгар, Тобуруокап түмэлин тэлгэһэтигэр ыытыллыаҕа.
Хаартыскалар: Уруйдаана Саввинова түһэриилэрэ