Тобоҕу-туһаҕа!
Сунтаар улууһун Уһун Күөл бөһүөлэгин Леонид Попов аатынан Арыылаах агротехнологическай хайысхалаах уопсай үөрэхтээһин орто оскуолатын 2-с кылааһын үөрэнээччитэ Даана Потапова (сал. алын сүһүөх учуутала Алексеева А.М.):
- Бастакы оҥоһукпар туттуллан бүппүт, быраҕыллаары сытар 5 л уу иһитэ (бытыылка) туһаҕа таҕыста. Ыламмын ортотунан быһан баран, икки өттүттэн орон таҥаһын хаҕыттан хаалбыт тутаахтары ииллим. Уонна түмүгэр араас оҕуруонан, изолентанан киэргэттим. Кимиэхэ даҕаны наадата суох быраҕыллаары сытар иһиппит хаҕа билигин биһиги дьиэ кэргэммитигэр кыра малы-салы угар абыраллаах иһит буолан турар.
Хас биирдии ыал дьиэтигэр хайаан даҕаны мас арыытын иһитэ ыйга хаста даҕаны бүтэн быраҕыллар буолуохтаах. Ол курдук биһиги дьиэ кэргэммитигэр эмиэ мас арыытын иһитэ туһата бүттэ даҕаны быраҕыллар. Ону көрөммүн мин мас арыытын хаппахтарыттан итии чаанньыгы, миискэни уурар подставка оҥорорго сананным. Подставкам ордук кыраһыабай, кэрэ көстүүлээх буоллун диэн биир өттүн хартыынаны сыһыаран киэргэтэн биэрдим.
Аныгы үйэ киһитэ суотабай төлөпүөнэ суох билигин ханна даҕаны барбат-кэлбэт буолла. Ону тэҥэ оҕоттон саҕалаан улахан киһитигэр тиийэ бары араас бытыылкалаах утахтары иһэр буоллубут. Онтон бу бытыылкабыт хаҕын ханна гынабыт? Утахпыт хаҕын туһаҕа таһаарарга сананным. Төлөпүөммүт батарын курдук бытыылка ыламмыт, иннин ортотунан быһабыт, онтон кэннин иннититтэн арыый даҕаны үрдүк гынабыт. Кэннитигэр төлөпүөммүт иитэр зарядката батарын курдук хайаҕас оҥоробут уонна түмүгэр барытын бэйэбит баҕабытынан киэргэтэбит. Иһиллибит утахпыт хаҕыттан төлөпүөммүтүн иитэрбитигэр олус туһалаах, наадалаах тэрил буолан таҕыста.
Хаартыскаҕа көстөр тутан турар дьэрэкээн кэрэ корзинабын маҕаһыынтан атыыласпатаҕым, баара-суоҕа ааҕыллан бүппүт хаһыаттан оҥорбутум. Хаһыат илииһин эрийэн баран, үрүт үрдүгэр корзина быһыытынан уурталаабытым уонна үрдүнэн корзинабын бүтүннүү кырааскалаабытым. Сүрдээх судургу, ол эрэн киһи хараҕа үөрэр-астынар кэрэ оҥоһуга.