Тобоҕу-туһаҕа

Биһиги күрэхпитигэр Сунтаар улууһун Сиэйэ орто оскуолатын технологияҕа учуутала Клавдия Дмитриевна үлэлэрин ыыттылар.

К.Д. Гурьева – уруһуй уонна технология учуутала, РФ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, норуот маастара, Үөрэхтээһин бэтэрээнэ, Сиэйэ бочуоттаах олохтооҕо. Кини айбыт паннолара нэһилиэк сүрүн тэрилтэлэрин киэргэтэллэр.





