ТОБОҔУ - ТУҺАҔА!
Айылҕабытын харыстыыр, ыччаты дойдуга таптал, харыстабыллаах сыһыан тыыныгар иитэр, олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарар сыалтан Аан дойдутааҕы Сир күнүн көрсө
“ТОБОҔУ – ТУҺАҔА!”
хаартысканан күрэх биллэрэбит!
Күрэх балаһыанньата:
“Тобоҕу – туһаҕа!” күрэххэ хаартыскалары тутуу алтынньы 24 күнүттэн кулун тутар 20 күнүгэр диэри ыытыллар.
Хаартыскалары konkurskiinkuorat@mail.ru электроннай почтанан, 8-914-270-64-04 бассаабынан тутабыт.
Күрэх сыала-соруга:
- Саха сирин экологиятын харыстааһын;
- Оҥорон таһаарыыны сайыннарыы;
- Бөҕү туһаҕа таһаарыы;
- Ыччаты төрөөбүт дойдуга, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаҥҥа иитии.
Күрэххэ кытталлар:
Күрэххэ 7 сааһыттан ким баҕалаах, олорор сириттэн тутулуга суох кыттыыны ылар.
Кыттааччыларга ирдэбил:
Кыттааччылар оҥоһуктарын көрдөрөллөрүгэр, үчүгэйдик көстөр үрдүк хаачыстыбалаах хаартыска ыыталлар. Оҥоһугу ким, тугунан, хайдах оҥорбутун толору суруйан, кылгастык билиһиннэрэр тиэкистээх буолуохтаах.
Кэлэктиибинэн кыттыы биһирэнэр.
Күрэххэ көрүллэр оҥоһук көрүҥнэрэ:
Күрэх 3 көрүҥүнэн ыытыллар. Хас биирдии көрүҥҥэ кыайыылаахха анал аат иҥэриллэр.
Көрүҥнэрэ:
– Дьиэҕэ-уокка туттуллар мал-сал;
– Эргэ таҥаһы саҥалыы тыыннааһын;
– Нэһилиэк, улуус, куорат экологиятыгар туһалаах оҥоһук.
Күрэххэ сыаналанар:
– Оҥоһук ураты идеята;
– Туттуллар туһата.
Дүүллүүр сүбэ:
Дьүүллүүр сүбэ экологтартан, экспертэртэн уонна эрэдээксийэ кэлээктиибиттэн талыллан үлэлиэҕэ. Хаартыска 5-бааллынан сыаналанар. Мөккүөрдээх түгэннэргэ дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлин куолаһа быһаарар оруоллаах.
Күрэххэ кыттыыны туоһулуур көҥүллүк суруллар сайаапканы, бэйэҕитин, оҥоһуккутун билиһиннэрэр тиэкиһи уонна хаартыскалары konkurskiinkuorat@mail.ru электроннай почтаҕа ыытаҕыт.
Күрэх ыытыллар кэмигэр кыттааччылар хаартыскалара “Киин куорат” хаһыакка бэчээттэнэр. Күрэх түмүгэ аан дойдутааҕы СИР күнүн көрсө “Киин куорат” хаһыакка тахсар.
КУТУЙАҔЫ ОҤОРОБУТ
Кэлэр сыл бэлиэтэ – кутуйах. Туһата суох малтан маннык кутуйахтары оҥоруохха сөп.
Амматтан биһиги хаһыаппыт эрэллээх ааҕааччылара Табунановтар таҥас сыыһыттан оҥорбут кутуйахтара.