20.11.2019 | 13:57

тобоҕу - туһаҕа

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Айылҕабытын харыстыыр, ыччаты дойдуга таптал, харыстабыллаах сыһыан тыыныгар иитэр, олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарар сыалтан Аан дойдутааҕы Сир күнүн көрсө

Хаартысканан күрэх балаһыанньата:

“Тобоҕу – туһаҕа!” күрэххэ хаартыскалары тутуу алтынньы 24 күнүттэн кулун тутар  20 күнүгэр диэри ыытыллар.

Хаартыскалары konkurskiinkuorat@mail.ru электроннай почтанан, 8-914-270-64-04 бассаабынан тутабыт.

Күрэх сыала-соруга:

- Саха сирин экологиятын харыстааһын;

- Оҥорон таһаарыыны сайыннарыы;

- Бөҕү туһаҕа таһаарыы;

- Ыччаты төрөөбүт дойдуга, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаҥҥа иитии.

Күрэххэ кытталлар:

Күрэххэ 7 сааһыттан ким баҕалаах олорор сириттэн тутулуга   суох кыттыыны ылар.

Кыттааччыларга ирдэбил:

Кыттааччылар оҥоһуктарын көрдөрөллөрүгэр, үчүгэйдик көстөр үрдүк хаачыстыбалаах хаартыска ыыталлар. Оҥоһугу ким, тугунан, хайдах оҥорбутун толору суруйан, кылгастык билиһиннэрэр тиэкистээх буолуохтаах.

Кэлэктиибинэн кыттыы биһирэнэр.

Күрэххэ көрүллэр оҥоһук көрүҥнэрэ:

Күрэх 3 көрүҥүнэн ыытыллар. Хас биирдии көрүҥҥэ кыайыылаахха анал аат иҥэриллэр.

Көрүҥнэрэ:

– Дьиэҕэ-уокка туттуллар мал-сал;

– Эргэ таҥаһы саҥалыы тыыннааһын;

– Нэһилиэк, улуус, куорат экологиятыгар туһалаах оҥоһук.

Күрэххэ сыаналанар:

– Оҥоһук ураты идеята;

– Туттуллар туһата.

Дүүллүүр сүбэ:

Дьүүллүүр сүбэ экологтартан, экспертэртэн уонна эрэдээксийэ кэлэктиибиттэн талыллан үлэлиир. Хаартыска 5-бааллынан сыаналанар. Мөккүөрдээх түгэннэргэ дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлин куолаһа быһаарар оруоллаах.

Күрэххэ кыттыыны туоһулуур көҥүллүк суруллар сайаапканы, бэйэҕитин, оҥоһуккутун билиһиннэрэр тиэкиһи уонна хаартыскалары konkurskiinkuorat@mail.ru электроннай почтаҕа ыытаҕыт. 

Күрэх ыытыллар кэмигэр хаартыскалар “Киин куорат” хаһыакка бэчээттэнэллэр.  Күрэх түмүгэ аан дойдутааҕы СИР күнүн көрсө “Киин куорат” хаһыакка тахсар.

Билсиҥ, күрэхпит бастакы кыттааччыта Аэлина Тюкянова, 9 саастаах:

 – “Дорооболоруҥ, “Киин куорат” хаһыат ааҕааччылара! Мин Аэлина Тюкянова диэммин, 9 саастаахпын. Намнааҕы 2-ис нүөмэрдээх оскуолаҕа 3Б кылааска үөрэнэбин, кылааһым салайааччыта Василина Валерьевна Канаева. Айылҕаҕа бөх аҕыйах буоллун диэн айпсайклинг диэнинэн дьарыктанар буолбутум. Ол аата оҥоһуктарбын туттуллан баран бөххө быраҕыллан хаалар, онтон сүүһүнэн сыллар тухары сири киртитэ сытар пластиковай иһиттэн оҥоробун. Ньуоскалары, биилкэлэри, тэриэлкэлэри туттабын.

Бастаан уһуйааҥҥа сылдьан “Кыталык Куо” күрэххэ кыттаары оҥоһук көрүүтүн түһүмэҕэр төрөппүттэрбин кытта уһуйааным символын – кыталыгы оҥорбуппут. Кыталыкпытын бүтүннүү пластик ньуоскаттан уонна биилкэттэн таҥан таһаарбыппыт. Онно “Талаана Куо” номинацияҕа тиксибитим. Кылааспытыгар веер күрэҕэ тэриллибитэ – онно мин пластик биилкэлэринэн кэрэ көстүүлээх веер оҥорбутум. Былырыын ыһыахха сэлээппэлэр күрэхтэригэр эмиэ айпсайклинг ньыматынан оҥорон дьон сэҥээриитин ылбытым. Онтон кынаттанан чинчийэр үлэҕэ киирсэн эрэбин.

2018 сылтан “Айпсайклинг – наадата суох малы иккис тыыннааһын” тиэмэбинэн улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар конфренцияларга көхтөөхтүк кыттабын, элбэх ситиһиилээхпин.

Ааспыт сэтинньи ыйга Сочи куоракка ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы “Наукаҕа старт” научнай-практическай конференцияҕа “Оҕо харысхалын” оҥорон көмүскээтим.

Мин айылҕабыт ыраас, чэгиэн буолуон баҕарабын. Дойдубут ыраас буолара хас биирдиибититтэн  тутулуктаах!”.

Хаартыскаларга: Аэлина Тюкянова үлэлэрэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....