28.12.2024 | 14:00

Тоҥ балыгы хайдах талабыт?

Тоҥ балыгы хайдах талабыт?
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

Саха сиригэр үксүн чыыр, тууччах, муксуун, уомул балыгы тоҥнуу сииллэр. Сорох улуустарга дьарҕааны, бэл, күндүөбэйи кытта кыһаллар.

Илбиркэй, саһархай, хара бээтинэлэрдээх, бэйэтин быһыытын сүтэрбит балык буоллаҕына, атыыласпат ордук. Бу аата хат-хат ирэн-тоҥон, номнуо эргэрбит балык. 

 

Эргэ балык киһи муннун саба биэрэр ураты сыттаах, тутан көрдөххө, арыынан биһиллибит курдук таһыгар сыалаах буолар. 

Маннык балык киһи доруобуйатыгар кутталлаах да буолуон сөп.

 

Хатырыктаммыт балыгы хаһаайкалар ордук сөбүлээн атыылаһаллар. Дьиэҕэ хатырыктаан эрэйдэнимээри гыналлара өйдөнөр. Ол эрээри балык сэбиэһэйин-эргэтин таһыттан көрөн хатырыгынан эрэ быһаарар кыах баар. Оттон атыыһыттар үксүн эргэ балыгы хатырыктаан атыылыыллар.

Салапааннаах балык эмиэ амтана уларыйар.

 

Ырыынакка ууга өлбүт балыгы кытта кыһыллар балык диэн атыылыыллара кистэл буолбатах. Быһаарсыбат киһи оннукка дэбигис албыннатыан сөп. 

 

Ууга өлбүт балык үксүгэр айаҕын улаханнык аппыт уонна хараҕа иһирдьэ киирэ сылдьар буолар. Өр сыппыт балык эмиэ маныаха майгынныыр уонна этэ-хаана хараарбыт буолар.

 

Таһыгар хааннаах балыгы ууттан таһаараат имиппиттэр диэн өйдөбүл баар. Имитиллибит балык сиһин уҥуоҕар хааннаах буолар, маннык балык сииргэ кырыата суох, ордук минньигэс дииллэр.

 

Сибиэһэй булт балыга лапчааннарыттан эмиэ биллэр, сараччы тоҥмут буолаллар. Айаҕа кыратык аппыт буолуохтаах. 

Сибиэһэй балык сыттыын-сымардыын ураты, салгын сыттаах буолар.

Балык кыратык бөкчөгөр, иһин уонна сиһин диэки сыалаах буолуохтаах. Искэҕэ суох балык ордук эмис буолар диэн баар. Искэхтээх балык улахан иһиттэн биллэр.

Балыгы хайдах кыһыахтаахпытый?

Балыгы кыһарга сорохтор бөһүтэ түһэллэрин сөбүлүүллэр. Оттон хоту улуустарга киллэрээт да хатырыктаан бараллар.

 

Онуоха бастаан сиһинэн, өрөҕөтүнэн хайыта сотон баран, сулбу тардан ылаллар. Онтон лапчааннарын быһаллар – анал кыра быһахтаах буолаллар.

Саха быһаҕа биир өттүнэн эрэ сытыылаах уонна синньээн барар буолан, эриллэҕэстэри оҥорон таһаарар.

Балык саамай сыалаах өттө өрөҕөтө уонна сиһэ буолар. Сорохтор иһин, сиһин сыатын туспа кыһан, бысталаан, тэриэлкэ анныгар уураллар. Хоту диэки маннык ньыманан дьон майгытын быһаараллар дииллэр. Иҥсэлээх киһи иһит түгэҕиттэн сыалаах өттүн ылҕаан сиир диэн ааттыыллар. Сиэрдээх дьон балык саамай сыалаах өттүн кэнники, үрүҥ этэ бүттэҕинэ сиэхтээхтэр. Оттон сорохтор ойоҕоһун этигэр сиһиттэн эбэтэр иһиттэн хабар гына устунан кыһаллар.

Эриллэҕэс гына дуу, уһаты дуу, кыра-кыра куһуоччуктарга дуу быспыккыттан балык амтана уларыйбат, ким хайдах сатыырынан, ким хайдах сөбүлүүрүнэн буолар.

 

Саҥа саҕалааччыларга “БалТурМас” диэн тэрили сүбэлииллэр, сатаабат да киһи кыһыан сөп диэн хайҕыыллар.

Оттон кыһыллыбыт тоҥ балыкка тууһу, биэрэһи таһынан араас соустаан сиир дьон баар – эмиэ ким хайдах баҕарарынан.

Ытык киһи туспа көрүүлээх

Саха Өрөспүү-бүлүкэтин Бочуоттаах олохтооҕо, биллэр судаарыстыбаннай диэйэтэл Климент Егорович Иванов Сунтаар улууһун Элгээйититтэн төрүттээх. Кини дьылҕата Саха судаарыстыбаннаһын уонна парламентаризмы кытта ыкса ситимнээҕин саха барыта билэр.

Ытык киһибит Климент Егорович олох үөһүгэр сылдьар көхтөөх киһи. Дьокуускайга хаһыс да сылын ыытыллар “Тоҥ балык” бырааһынньыгар балыгы бэлэмнээһиҥҥэ туспа көрүүлээх буолан биэрдэ:

– Биһиги, сахалар, аспыт култууратыгар тоҥ ас туспа ураты миэстэни ылар – үгэспит, абыычайбыт сорҕото. Мин элбэхтик хоту сирдэринэн, ордук Абыйынан, Аллайыаханан сылдьан үлэлээбит киһибин. Индигир өрүс тардыытын улуустара төрүттээбит астара “индигиркабыт” аан дойдуга аатырар, туспа бренд буолбута ыраатта.

Хоту сырыттахха, таһырдьаттан тоҥон-хатан киирбит киһиэхэ бастаан тоҥ аһы сиэтэллэр ээ – бу тыйыс дойдуга олорор норуот үйэлэргэ муспут муудараһа. Бырааһынньыктарын, дьоро күннэрин аһылыгын барытын тоҥ астан саҕалыыллар. Биһиэхэ, киин сир диэки буоллаҕына, таһырдьаттан тоҥон киирбит киһиэхэ, «итиитэ киллэрин» диэн ааттаан, итии чэйтэн саҕалаан күндүлүүллэрэ, тоҥу аһылык бүтүүтэ биэрэллэрэ төрдүттэн сыыһа эбит. Таһырдьаттан тоҥон киирбит киһи бастаан тымныыны сиэтэҕинэ, этэ-хаана, организма сыыйа сылыйара сөп курдук. Оттон тута итии чэйи сырылаччы истэххэ, киһи организмыгар бары өттүнэн буортулаах даҕаны, күүрүүлээх даҕаны буолар. Хотуларыҥ, ыарахан услуобуйаҕа олорор дьон, бу маны барытын геннарынан өйдүүллэр, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ биэрэн иһэллэр эбит дии санаатым.

Тоҥ ас диэн – саха киһитин бастыҥ аһа. Тоҥ балыгы сииргэр олус ыраастык илиигинэн аһыыгын, тэбээбэккин хайаабаккын, былыр өссө тууһаабат да буоларбыт.

Хотуларыҥ балыгы хаһан даҕаны үөһэттэн аллараа, муостаҕа таҥнары кыспаттар. Тобуктарыгар кыбыйан баран, түөстэринэн өйөөн, утары тардан кыһаллар. Илии үрдүгэр тутан туран тута остуолга кыһан түһэрэллэр. “Триумфка” буолан ааһар тоҥ балык бырааһынньыгар балыгы төбөтүнэн муостаҕа анньан туран үөһэттэн аллараа кыһыы буолар – ол сыыһа диибин.

“Балык турар маһа” эҥин диэни айдылар, онтукаларыгар эмиэ балыгы муостаҕа ууран туран, кутуругуттан төбөтүгэр таҥнары кыһан түһэрэллэр. Бу күрэхпитин аан дойду барыта көрөр буолла – муостаттан ылан аһыыр дьону туох диэхтэрэй?

Киһиэхэ биэрэр аһы муостаҕа кыспаттар, арай ыттары аһатаары гыннахха, оннук ыраастыахха сөбө буолуо. Бу барыта аһааһын култуурата буоллаҕа. Аан дойду сэҥээрэр буолбут күрэхтэрин тэрийээччилэр итини барытын учуоттууллара буоллар диэн баҕа санаалаахпын.

Кыһан сииргэ 1-1.5 киилэлээх балык ордук

Николай Иванович Лаптев – “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл “Тоҥ балык – 2024” күрэҕин кыайыылааҕа, Дьокуускай куорат Гагаринскай уокуругун олохтооҕо, Орто Халыматтан төрүттээх эдэр киһи манныгы сүбэлиир:

– Балыгы таларга арыый хараҥа өҥнөөҕүн ылар ордук – бу күөл чыыра. Күөл чыыра, турар уу балыга буолан, биллэ эмис. Оттон сүүрүккэ сылдьар өрүс, үрэх балыга көтөх буолар. Мин санаабар, үрэх, өрүс балыга наар ырыган соҕус буолар, ону сырдык, маҥан даҕаны хатырыгынан кытта билиэххэ сөп.

Балыгы тоҥнуу кыһан сиэри гынар буоллахха, искэхтээҕи ылымыахха наада. Искэхтээх балык иһэ төкүнүк, этэ чараас, арыый ырыган, көхсүгэр эрэ эттээх соҕус буолар. Арай искэҕи тоҥнуу сиирин сөбүлүүр киһи анаан-минээн атыылаһыан сөп. Дьиҥэр, чыыр искэҕэ улахан амтана суох.

Мин балык кыһарбар саха быһаҕын эрэ туттабын. Икки быһахтаахпын: хатырыктыырга – туспа, кыһарга – улахан быһах. Балыгы тоҥнуу сииргэ киллэрээт да хатырыктыыр ордук. Бөһүтэ түһэн баран хатырыктыыр дьон баар буолааччы.

Ол кэннэ өрүс балыгын үчүгэйдик бөһүтэн баран кыһаҕын. Хатырыктаат да кыһан бардахха, кырыалаах буолан, этэ үлтүрүйэ сылдьар.

Билбэт дьон ырыынактан балыгы атыылаһалларыгар албыннатыахтарын сөп. Атыыһыттар оннооҕор эргэ балыкка, сибиэһэй курдук көһүннүн диэн, хаан сыбыыллар дииллэр. Дьиҥэр, үчүгэй булчут, балыксыт балыгы илимтэн хааннаабакка ылар.

Дьон тоҥ балыгы умса туруоран эрэ, кутуругуттан тутан туран кыһаллар. Инник гыннахха, кутуругун этэ ирэн ньалбайан хаалар. Мин тобукпар тутан олорон сытыары кыһабын. Балык саамай үчүгэй этэ кутуругар сылдьар – унуоҕа суох, эттээх өттө.

Тоҥ балыгы сииргэ араас туманы наһаа туттар буоллулар. Бу балык дьиҥнээх амтанын сүтэрэр дии саныыбын. Былыр кырдьаҕастарбыт тууһаабакка да сиир буолаллара. Холобур, мин аҕам тоҥ аһы олох тууһаабат буолара. Араас тумаҕа, соуска умньаан, балык дьиҥнээх амтанын билбэккэ хаалаҕыт диирэ. Килиэби да тоҥорон баран оннук тумалаан сиэтэххэ, син биир буолуо диэн үөрэтэрэ. Мин тоҥ балыгы туустаан, биэрэстээн эбэтэр бэйэ оҥоһуга хартыыһалаан сиэхпин сөп. Онтон атын туманы барсыбат дии саныыбын.

Үчүгэй чыыры булбатах дьон быраҥаатта (пелядь) диэн балыгы атыылаһан амсайыаххытын сөп – тоҥнуу сииргэ ааттаах, амтаннаах, этэ үчүгэй. Муксуун өрүс уонна муора балыга буолан, этэ кытаанах соҕус, үксүн искэхтээх буолар.

Маны тэҥэ суокур (сиг) диэн балык баар – эмиэ тоҥнуу сиэнэр, тас көстүүтүнэн муксууҥҥа маарынныыр, ол эрэн устатынан кылгас соҕус. Хоту улуустарга баар, үксүн искэхтээх, ол иһин төкүнүк истээх буолар. Билбэт киһиэхэ муксууну да, суокуру да чыыр диэн атыылыахтарын эмиэ сөп.

 

Уопсайынан, кыһыллар балыгы 1-1,5 кг ыйааһыннааҕы ылыахха наада, онтон улахан буолла да, кырдьаҕас балык буолар. Син сүөһү идэһэтин талар курдук, эдэрэ ордук.

 

Ырыынакка кэлин хатарыктаммыт балыгы атыылыыр буоллулар. Ити үксүн өрүс, үрэх киэнин хатырыктыыллар. Эргэ, кырыалаах балыгы, харааран хаалбыты эмиэ хатырыктыыллар. Сорох балык быраҕаттааһыҥҥа хатырыга алдьанар, табаарынай көстүүтэ сүтэр, оннугу эмиэ ыраастаан атыылыыллар. Биир өттүнэн дьон бэлэми ылар диэн хайҕыыллар, биир өттүнэн – эргэтин кистиир албастара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Күөх Моҕой уратылара: 2025 сыл биһиэхэ тугу бэлэмниирий
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 10:00
Күөх Моҕой уратылара: 2025 сыл биһиэхэ тугу бэлэмниирий
Кытай култуууратыгар 12 бэлиэ бары бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээхтэр. Ону таһынан хас биирдии бэлиэ бэйэтигэр чугас, ханыылыы бэлиэни тардар. Дьэ, онон, Илиҥҥи гороскобунан күөх Моҕой эн төрөөбүт сылгар хайдах сабыдыаллыырын билиэхпит. Моҕой илиҥҥи үгэһинэн муударай, мындыр өйдөөх, кистэлэҥ күүстээх быһыытынан биллэр. Ол гынан баран моҕой – барытын ааҕан-суоттаан сылдьар сиэмэх кыыл,...
Сыл бастыҥнарын чиэстээһин
Спорт | 27.12.2024 | 14:00
Сыл бастыҥнарын чиэстээһин
Сахабыт сиригэр физкултуурунай-спортивнай хамсааһын уһулуччулаах салайааччыта, тэрийээччитэ Н.Н. Тарскай үбүлүөйдээх 100 сылыгар анаммыт быйылгы Чөмпүйүөннэр бааллара “Триумф” спорт уораҕайыгар үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна.   Спорка ситиһиилэрбит улахан экраҥҥа сиһилии көрдөрүлүннүлэр. Ырыаһыттар, үҥкүүһүттэр киэргэтэн-тупсаран биэрдилэр. Үөрүүлээх тэрээһин биир уратытынан аҕам саастаах спорт бэтэрээннэрэ киин подиумҥа биирдии-биирдии ыҥырылланнар, ааттара-суоллара дуораһыйан, бар дьон ортотугар спорка...
Киһи хантан күүс ыларый...  
Сонуннар | 24.12.2024 | 19:18
Киһи хантан күүс ыларый...  
Кырдьыга даҕаны, киһи хантан күүс ыларый? Киһи күүһэ туохханый... Киһи киһи быһыытынан күүһэ санаатыгар, ол күүс мунньуллан-мунньуллан таска тахсыытыгар уох, ис күүс, эньиэргийэ эбиллэн, күүстээх-уохтаах, ис-тас туруктуун биир таһымҥа тахсан, кыайыылаах-хотуулаах, ситиһиилээх суолу тэлэр.  Дьэ ол күүс-уох хантан кэлэрин дьэҥкэтик билэр СӨ норуот айымньыта сайдыытыгар кылаатын иһин бочуоттаах бэлиэ хаһаайката,...