Тимофеевтар приемнай дьиэ кэргэн: “Саха ыалын чөлүгэр түһэрэр санаалаахпыт”
Биһиги хаһыаппытыгар, Оҕо көмүскэлин күнүн көрсө, Ольга Ильинична уонна Петр Васильевич Тимофеевтар ыалдьыттыыллар. Кинилэр “Приемнай дьиэ кэргэн” аатын ылан, биэс бииргэ төрөөбүт оҕону холбуу тутан иитэллэрин таһынан, дьиҥнээх төрөппүттэрин көнө суолга туруорар сыал-сорук туруорунан, мээнэ киһи санаммат да дьыалатын оҥоро сылдьар күүстээх санааны ылыммыт дьон.
– Ольга Ильинична, бастаан эйигин билиһиннэриэххэ. Приемнай дьиэ кэргэн докумуонун ситиһэр төһө ыарахан эбитий? Дьон үксүн барытын отчуоттуохха наада диэн саллар эбит. Кумааҕы, докумуон толоруута элбэх дииллэр. Оннук уустук дуо?
– Мин Уус Алдан Өнөрүттэн төрүттээхпин. Дьоммор сэттис оҕо этим. 1979 сыллаахха Курбуһах орто интэринээт-оскуолатын бүтэрбитим. СГУ-ну бүтэрэн баран, нуучча тылын уонна литературатын учууталынан Суоттуга, Курбуһахха, Хоноҕорго үлэлээбитим. Ол кэмҥэ саабыстаабытым, кэлин дириэктэрдээбитим. Онтон Дьокуускайга көһөн киирэн баран, социальнай харалта эйгэтигэр үлэлээбитим быйыл 12 сыл буолла.
Судаарыстыба көрүүтүгэр-харайыытыгар сылдьар, судаарыстыбаттан көмөнү ылар оҕолор буолалларын быһыытынан, кинилэргэ көрүллэр харчыны, биллэн турар, барытын отчуоттуохтаахпыт. Онно кинилэр астарын-таҥастарын хааччыйбытым туһунан буолар. Туох да улахан уустуга суох. Тугу ханна туттубуккун, хаска ылбыккын билэр киһи оҥорор буоллаҕыҥ дии.
Оҕо дьиэтиттэн тулаайах, төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕону ыалга иитэ ыларга улахан туох да мэһэй суох. Саамай сүрүн ирдэбилинэн эн дьиэлээх-уоттаах, үлэлээх-хамнастаах, наркологияҕа уонна психдиспансерга учуокка турбат, ону таһынан сууттамматах киһи буолуохтааххын. Доруобуйаҥ оҕону иитэргэ сүнньүнэн эппиэттэһиэхтээх. Онтон атын улахан ирдэбил суох.
Дьиҥэ, мин бэйэм көрүүбүнэн, оҕо иитэ ылар дьиэ кэргэҥҥэ хайаан даҕаны иккиттэн биирдэрэ үлэлээх буолуохтаах дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, оҕону иитэргэ уопсастыбаҕа туһалаах киһи буоларгын бэйэҥ тыыннаах холобургунан көрдөрүөххүн наада. Дьиэ кэргэҥҥэ медицинскэй үөрэхтээх, эбэтэр психолог, эбэтэр педагог идэлээх киһи баара ордук эбит диэн көрүүлээхпин. Тоҕо диэтэххэ, доруобуйалара айыгараабыт, психологиялара ыһыллыбыт, дьоҥҥо итэҕэллэрин сүтэрбит оҕолор кэлэллэр. Ол иһин бэлэмнээх дьиэ кэргэн эрэ оҕону иитэ ыллаҕына үтүө түмүк тахсыан сөп.
– Приемнай дьиэ кэргэн буолар санаа хаһан, хайдах үөскээбитэй?
– 2017 сыллаахха күһүн биэс оҕону ыларга санаммыппыт. Бу оҕолор Усть-Нера детдомугар олорбуттара оруобуна 9 ый буолбут этэ. Бастаан көрсөргө, кырдьык, кими да итэҕэйбэт буолбут, киһини барытын сүүстэрин аннынан өһөс баҕайытык көрөр барахсаттар этэ. Бары бииргэ төрөөбүттэр. Усть-Нераттан көһөрөн аҕалбыппыт. Дьокуускай куоракка араас оскуолаларга киллэртээн, кэргэним Петр Васильевичтыын үлэлэһэн киирэн барбыппыт.
Кэргэним бастаан “бу эмиэ туохпутуй” диэх курдук буолар этэ. Ол эрэн кини мин үлэбин уруккуттан өйүүр, ылыммыт санаабын өһүлбэппин билэр уонна барытын өйдүүр буолан сөбүлэспитэ. Аҕабыт оҕолору иитиигэ дьиэлээх хаһаайын, дьиэ кэргэн тутаах киһитэ, эр киһи быһыытынан саамай сүрүн оруолу толорор. Мин, чаастаах үлэлээх киһи буоламмын, уопсай хайысхабытын салайабын уонна оҕолорум төрөппүттэрин кытта үлэлэһэбин.
Саха ыалын чөлүгэр түһэрээри
– Приемнай дьиэ кэргэҥҥэ оҕо аата-суола уларыйбат, төрөппүт дьонун билсиэн сөп диэн. Эһиэхэ хайдаҕый?
– Биллэн турар, ааттара-суоллара уларыйбат. Оҕолор хантан төрүттээхтэрин, кимтэн кииннээхтэрин хайаан да билиэхтээхтэр диэн өйдөбүллээхпит. Оннук курдук иитэбит даҕаны. Бу бырайыакпытыгар биһиги хара маҥнайгыттан саха ыалын чөлүгэр түһэрэр санаалаах этибит, оҕолору ыларбытыгар тута дьоннорун булан кэпсэппиппит. Арыгыга ылларбыт дьону кытта үлэлиир Ньурба улууһун Маарыгар баар реабилитационнай кииҥҥэ илдьибиппит. Ийэлээх аҕалара онно 6 ый эмтэппиттэрэ. Ол эмтэнэн баран элбэх кэккэ бэрэбиэркэни ааспыттара. Өр сылларга иһэ-аһыы сылдьыбыт дьон буолан, доруобуйаларын уопсай туругун балай да өр эмтэммиттэрэ.
Ньурбаҕа психологтар, быраастар наһаа үчүгэйдик көрөн-истэн, 6 ый ааспытын кэннэ өссө да эмтэнэ түһэллэрэ буоллар диэннэр, биһиги кинилэри Кангаласстааҕы реабилитациялыыр кииҥҥэ аҕалбыппыт. Онно 4 ый устата трудотерапияны ааспыттара, психологтары кытта ордук күүскэ үлэлэспиттэрэ. Толору 11 ый курдук эмтэнэн баран, дойдуларыгар барбыттара. Барыахтарын иннинэ оҕолорун көрсүһүннэрбиппит.
Оҕолорун көрсөн, эрэх-турах сананан, ыал быһыытынан бииргэ түмсүөхпүтүн сөп эбит диэн толкуйдаах барбыттара. Ол кэннэ иккитэ-хаста көрсө сылдьыбыппыт. Эһиги оҕолоргут манна үөрэнэллэрэ, дьарыктаналлара, биһиги иитэрбит туох да куһаҕана суох диэн санаабытын тиэрдибиппит. Тиийэннэр ыһыллан-тоҕуллан хаалбыт, оһоҕо сууллубут, уота-күөһэ арахсыбыт дьиэлэрин-уоттарын чөлүгэр түһэрбиттэрэ. Онно нэһилиэк баһылыга көмөлөһөн, администрация специалистара бары өйөөннөр, кыстыыр гына тэриммиттэрэ.
Администрация уонна уопсастыбаннас өйөбүлүнэн үлэҕэ киирбиттэрэ. Иккис кыһыннарын толору үлэлээтилэр. Ол иһин тэрилтэлэригэр сүрдээҕин махтанабыт. Дьоммутун көрөн-истэн, өйөөн илдьэ сылдьаллар диэн үөрэбит. Нэһилиэк администрацията туох баар хамсааһыныгар, кэнсиэр буоллун, субуотунньук буоллун, биһиги дьоммутун кытыннаран иһэр. Сүрдээх актыыбынайдык, биир да тэрээһини көтүппэккэ кытта сылдьаллар. Нэһилиэк дьаһалтатын, специалистарын кытта ыалы чөлүгэр түһэрэргэ турунан бииргэ үлэлиирбит үчүгэй.
Оҕолор күн аайы тугу гыммыттарын хаартысканан ыытар буоламмыт, төрөппүттэрэ барытын билэ-көрө олороллор. Төрөппүттэрэ тугу үлэлииллэрин, хайдах сылдьалларын, дьиэлэрин-уоттарын хайдах тэринэн эрэллэрин, оҥостоллорун оҕолоро эмиэ барытын истэ сылдьаллар. Биһиги тугу эмэ кистиирбит, билиһиннэрбэт буолар түгэммит суох. Ити барыта, бу дьон олохторун хаттаан оҥостоллоругар уйулҕа өттүттэн туох да мэһэй суох буолуохтаах диэн толкуйтан тахсар.
– Оҕолоргут туһунан кэпсээҥ. Майгыларын хайдах табаҕытый?
– Оҕолор бииргэ төрөөбүт буоланнар, бэйэ-бэйэлэригэр олус харыстабыллаахтык сыһыаннаһаллар. Биһиэхэ араас ыал, араас омук оҕото буолбатах буоланнар, биир өттүнэн чэпчэки. Иккис өттүнэн эмиэ да ыарахаттардаах, тоҕо диэтэххинэ, биир оҕо хаарылыннаҕына атын оҕо эмиэ хоргутуон, биир оҕо хайҕаннаҕына иккиһэ күнүүлээн туруон сөп. Ол иһин барыларыгар тэҥник сыһыаннаһыахтааххын. Киһи син биир кими эрэ сөбүлээмиэн, кими эрэ сөбүлүүр буолуон сөп эрээри, биһиги дьону кытта алтыһар үлэҕэ өр сылларга үлэлээбит буоламмыт уустуктары наһаа көрсүбэппит.
Ыарахан усулуобуйалаах ыаллар уонна кыаммат араҥа ыаллар оҕолорун көрөр-харайар систиэмэ иһигэр үлэлиибин. Маннык ыалга оҕолор балаһыанньаларын, туох күчүмэҕэйдэри көрсөллөрүн, туох биричиинэттэн манныкка тиийэллэрин син балачча биллим. Оҕолору иитэр ыаллары кытта билсэн баран, итэҕэстэри-быһаҕастары толкуйдаан, арааһа, бу систиэмэ саамай ыарахан уонна кыаллыбат өттө диэн – ыалы чөлүгэр түһэрэр үлэ дии санааммын бырайыак суруйбутум. Ону ким даҕаны улаханнык өйөөбөтөҕө. Тоҕо диэтэххэ, испит-аһаабыт ыалы, төрөппүт бырааба быһыллыбыт дьону бэйэлэрин урукку эйгэлэригэр, бар дьонноругар, уопсастыбаҕа төннөрөр чахчы ыарахан үлэ.
Оҕолор сүнньүнэн адаптацияларын ааһыылара уустук. Атын ыалга киирэллэригэр спортка сыһыарыы суолтатын туһунан Петр Васильевич бэйэтэ кэпсиэҕэ.
Майгыларын хайдах табаҕыт диэтиҥ дии... Оҕо барахсан, “чээн” диэтэххэ, үчүгэй буолар бөҕө буоллаҕа дии. Үчүгэй ас-таҥас, усулуобуйа, истиҥ сыһыан, кини ситиһиитин кытта тэҥҥэ үөрсэн, хомолтотун тэҥҥэ үллэстэн, олох ыарахаттарын тэҥҥэ аһарынар буоллаххына оҕо чугас, наар эйиэхэ тардыһа сылдьар буолар эбит.
Куоракка кэлэн адаптацияны ааһалларыгар биһиги биир суолталаах хайысхабытынан искусство буолуо диэбиппит. Мин бэйэм театры наһаа таптыыбын. Театр бөҕөнү кэрийэн, испэктээкил бөҕөнү ырытан, биир да киинэ сүрэхтэниитин көтүппэккэ сылдьан кэллибит. Обургу оҕолору кытта үлэлиир “Подросток” киини кытта үлэлэспиппит, кинилэри кытта тэрээһиннэргэ барытыгар сылдьабыт. Сайын улахан уол “Подростокка” волонтердаабыта. Харантыын бүттэҕинэ эмиэ барыан баҕарар. Куорат оҕолоро хайдахтарын биллиннэр, дьону кытта алтыһа үөрэнниннэр диэн ыытабыт.
Аҕа оруола сөптөөхтүк сыаналаммат
– Судаарыстыбаттан оҥоһуллар көмө төһө сөптөөх дии саныыгыт? Өссө туох баара эбитэ буоллар, бэрт буолуо этэ диигитий?
– Элбэх эдэр, педагогическай үөрэхтээх даҕаны ыаллар оҕолору иитэ ылыахтарын сөп эбитэ буолуо. Ол эрэн судаарыстыба өттүттэн биир ситэ толкуйдамматах суол баар дии саныыбын – ол үлэ ыстааһа аҕаҕа ааҕыллыбата буолар. Эр киһиэхэ ийэҕэ көрүллэр биһирэбил суола ханнык да суох. Уонча оҕону иитэр приемнай дьиэ кэргэн аҕата, холобур, ыстааһа да суох, хамнаһа да суох буолар. Ийэҕэ хамнас төлөнөр, үлэ ыстааһа ааҕыллар.
Ити өттүн толкуйдуохха наада эбит диэн быйыл сүрдээх элбэх кэпсэтии барда. Дьокутааттары да кытта көрүстүбүт, уопсастыбаннай сэбиэт төгүрүк остуолларыгар этиннибит. “Дети Саха-Азия” пуонда ыытар слетугар эмиэ ити боппуруоһу дириҥник ырыттыбыт, туруорустубут. Аҕа ыстаастаах уонна хамнастаах буолуон наада диибит.
Маны таһынан, элбэх оҕону иитэр приемнай дьиэ кэргэттэргэ тоҕо элбэх оҕолоох ыал статуһун биэрбэттэр диэн өйдөммөт түгэн баар. Чахчыны баарынан ылан көрөр эбит буоллахха, эн элбэх оҕону ылан иитэҕин уонна элбэх оҕолоох ыаллар ахсааннарыгар киирсибэккин. Арассыыйа атын регионнарыгар, холобур, Ханты-Мансийскайга, Ямало-Ненецкэйгэ, Курскайга, Саратовка да буоллун, элбэх оҕону иитэр ыалга бу статуһу биэрэллэр, дастабырыанньа туттараллар, кэккэ чэпчэтиилэринэн туһаналлар.
Аҕа оруолун толорор киһиэхэ үлэтин ыстааһа уонна хамнаһа ааҕыллыбат диэтим. Оҕону иитэр анал дьиэлэргэ 20-30 оҕо баар буолар, онно 100-чэкэ штатнай единица көрүллэр. Ылан көрдөххө, 30 оҕо – 3-4 ыал иитэр оҕото, ол аата 8 эрэ киһи хамнаһа буолуон сөп курдук. Тэрилтэҕэ дьиэлэрин көрүү-истии, транспортара, үлэһиттэр уоппускалара, кинилэри эбии үөрэхтээһин о.д.а. ороскуота олус элбэх. Инникини көрөн толкуйдуур, экономическай өттүн суоттуур буоллахха, судаарыстыбаҕа приемнай дьиэ кэргэн быдан барыстаах буолан тахсар.
Итиннэ мин бэйэм уонна да атын Арассыыйа регионнарыгар сылдьыбыт төрөппүттэрбит санааларын эттэхпинэ маннык: анал оҕо дьиэтигэр доруобуйалара айгыраабыт, хайаан да медицинскэй көрүүгэ түүннэри-күнүстэри наадыйар оҕолор хаалан иитиллиэхтэрин сөп. Оттон доруобай, өй өттүнэн сиппит-хоппут, сайдар кыахтаах оҕолор ыалга иитиллиэхтээхтэр.
Ыалы реабилитациялыыр кииннэр наадалар
– Ольга Ильинична, бэйэҥ социальнай харалта эйгэтигэр үлэҥ эмиэ уратылаах буоллаҕа...
– Дьокуускай куоракка ыарахан балаһыанньаҕа иитиллэ сылдьар оҕолор диэн элбэхтэр. Маннык ыал ахсаана, холобур, биһиги учуоппутугар, 300-тэн тахса. Оттон социальнай кутталлаах турукка сылдьар оҕолор диэн 200-чэкэ курдук. Бу ыаллар олохторо айгыраан олорор. Барыларын ийэ-аҕа быраабын быһан, оҕолорун былдьаан ылан, кылгас кэмҥэ көрүүгэ-истиигэ реабилитационнай кииннэргэ угуу улахан көдьүүһэ суох дии саныыбын.
Бу боппуруоска сыһыаммыт олох тосту уларыйыан наада диибин. Билигин үлэлии, көрө-истэ сатыыбыт. Ол эрэн арыгы баһа-атаҕа суох атыыланар уонна иһиллэр кэмигэр, наркомания кэлиитигэр өйдөрүн сүүйтэрбит 90-с сыллар оҕолоро төрөппүт буолбуттарыгар, оҕо өлүүтэ да тахсар, оҕо бэйэтигэр тиийинэн өлүүтэ да баар. Ол иһин систиэмэ төрдүттэн түөрүллэн, кыһалҕаны көрүү оннуттан уларыйыан наада. Оҕону реабилитациялыыр киин буолбакка, бүтүн ыалы реабилитациялыыр кииннэр наадалар.
Оҕолорбунан киэн туттабын
Ыал аҕата Петр Васильевич Тулагы Киллэмтэн төрүттээх. Аармыйа кэнниттэн, Дьокуускай сопхуоска, кэлин сельхозкооперативка салайар үлэлэргэ сылдьыбыт туруу үлэһит киһи. Дьиэ кэргэн тутаах киһитэ оҕолорун туһунан киэн тутта төһө баҕарар кэпсии олоруон сөп:
– Кэргэним ыарахан балаһыанньалаах оҕолору кытта үлэтин син билэр этим. Онтон кини оҕо иитэ ылыах диэбитигэр, саллан, сөбүлэспэккэ буолан баран, кэлин тылыгар киллэрэн, бу биэс оҕону иитэ ылбыппыт. Эппиэтинэһэ улахана сүрдээх, араас буолуохтарын сөп дии саныыр этим. Доруобуйаларынан мөлтөх соҕус этилэр, олох кыамматтар этэ. Бэйэм эдэр эрдэхпинэ спортка сыстаҕас соҕус киһи этим. Ол иһин сарсыардааҥҥы сэрээккэттэн саҕалаан, спортка сыһыаран барбытым, кэлин анал спортивнай оскуолаларга дьарыкка биэрбиппит.
Үстэ сиртэн анньынаары сыҥсырыйан барар, 200 м сүүрүҥ диэтэххэ ытыыр аккыраҥ оҕолор этилэр. Онтон арахпакка, күн аайы дьарыктаан, билигин эт-хаан өттүнэн сайдыыларын ситистибит. Икки улахан уол сарсыарда 6 буолара 15 мүнүүтэ иннинэ туран, 5 км тахсаны түргэн тэтиминэн сүүрэн кэлэллэр. Кыралар 8, 10 саастаахтарбыт сарсыарда аайы 2,5 км сүүрэллэр.
Улахан кыыспыт маҥнай утаа ыарахан атлетиканан дьарыктана сылдьыбыта. Онтон атаспар Саха АССР, РФ спорт маастара Герман Степанович Тирютиҥҥа оҕунан ытыы дьарыгар биэрбитим. Икки сыл дьарыктаммыт кэмигэр Арассыыйа спордун маастарга кандидатын нуорматын толордо. Улан Удэҕа дойду чемпионатыгар кыттан кэлбитэ. Билигин пандемиянан сибээстээн, күрэхтэһиилэр буолбакка, маастар нуорматын толоруохтааҕын атахтаан тураллар. Күрэхтэһиилэр аһылыннахтарына маастарын нуорматын толорор кыахтаах диэн тренерэ сыана быһар.
Онтон кэлэр икки уолбутун ДЮСШ-3 биэрбиппит. Көбүөргэ киирээт да, кыайтаран ,күрэхтэһииттэн туораан хаалар эбит буоллахпытына, билигин ДЮСШ-быт тренердэрин өҥөлөрүнэн, бэйэбит дьарыкпыт түмүгэр уолаттар тустууларыгар сүрдээҕин эбилиннилэр. Миша М.К.Аммосов турнирыгар 3 миэстэ, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах турнирга 2 миэстэ, пандемия буолбатаҕа буоллар, Арассыыйаҕа туста барыахтааҕа хаалла.
Иккис уолбут Костя хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэ чемпиона буолан, Казахстаҥҥа норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга тустан кэлбитэ. Бу эмиэ икки сыл иһигэр улахан ситиһии диэн ааҕабын. Кадетскай оскуолаҕа туттарсыахтаах.
Онтон кэлэр кыра уолбут доруобуйата эмиэ мөлтөх этэ, сэллик “контактаах” буолан, Сэлликтээх оҕолор санаторийдарыгар 1-кы кылааһын үөрэммитэ. Онно бэйэтин көрөн, ийэбит эдэр сылдьан үҥкүүлээбит буолан, бэйэтэ дьарыктаан, табаарыһым балет эйгэтигэр биллэр Эсен Сайдыкулов сүбэтинэн-аматынан сирдэтинэн, балетнай оскуолаҕа биэрбиппит. Иккис сылын ситиһиилэхтик үҥкүүлүү сылдьар.
Кыра кыыспыт бастаан Тулагы уһуйааныгар сылдьыбыта. Бэйэм таһар этим. Билигин Тулагы орто оскуолатыгар 1-кы кылааска киирэн үөрэнэ сылдьар.
Ити тоҕо бастакыттан айгыраабыт доруобуйалаах оҕолор кэлбиттэрэ диэтим диэ. Холобур, Миша бастаан биһиэхэ кэлэн, диспансеризацияны барарыгар стоматологка, окулистка, эндокринологка, нефрологка, неврологка, о.д.а. бырааска барытыгар учуокка турбута. Быраастары эккирэтэ сылдьан эмтэтэн, ирдэбиллэрин тутуһан, сөптөөх аһылык, дьарык наада диэбиттэрин барытын толорон истибит. “Карликовость” диэн диагноз туруорбут оҕолоро 20 см тахсаны уҥуоҕар улаатан, эндокринолог быраас “атын оҕону аҕалбыккын быһыылаах” диэн үөрэ соһуйуор диэри, тииһин барытын эмтэтэн, хараҕын лучевойга эпэрээссийэлэтэн, неврологтан учуоттан уһулунна. Сөпкө аһаан, эрэсиими тутуһан доруобуйалара көннө диэн быраастар хайҕыыллар.
– Дьиэ үлэтигэр төһө сыһыараҕын?
– Ийэбит чаастаах үлэлээх, сарсыарда туран, 8 ч иннинэ үлэтигэр барар, киэһэ 7-ҕэ биирдэ кэлэр. Мин дьиэҕэ наар баар киһи оҕолорунан дьарыктанабын. Дьиэлэрин-уоттарын хомунан, бэйэлэрин көрүнэ сылдьалларын ирдиибин. Маҥнай дьиэҕэ тугу да сатаабат буоллахтарына, билигин барытын бэйэлэрэ дьаһаналлар. Уочаратынан суунан-тараанан, дьиэлэрин дьуһуурунайдаан көрүнэллэр. Маҥнай таҥастарын сууммат эбит буоллахтарына, билигин сууналлар, улахаттара кыраларын таҥаһын көрөр-истэр. Дьиэ үлэтин барытын толороллор. Уолаттар, сэрээккэлии таарыйа, кыһын хаар күрдьүүтэ, таһыыта үлэлээхтэр. Дьиэ туттарбытыгар 110 бэрэбинэни түргэн үлүгэрдик хатырыктаабыттара. Онон илии үлэтигэр сыһыардыбыт.
Киэһэ ийэбит үлэтиттэн кэлэн, оҕолорун тутан олорон ас астыырга үөрэтэр этэ. Онтон билигин улахан кыыспыт туох да ааттаах асчыт буолла. Бэйэбит сылгы иитэр буоламмыт, ийэтэ көрдөрөн, кыыспыт билигин хайдах баҕарар иһи ырытар, хаан кутар кыахтаах. Иккиэ буолан, ийэлэрин хонтуруолунан, киэһээҥҥи астарын астыыллар. Торт, салаат эҥин диэни барытын сатыыр буоллулар.
Дьиэ иһигэр оҕолор өйдөрүн сайыннараары, остуол оонньууларыгар, хаамыскаҕа, хабылыкка үөрэттэрэммит, онон дьарыгыраллар. Саахыматтыыбыт, дуобаттыыбыт. Ийэбит педагог буолан, киэһэ даҕаны, сарсыарда аһыы олорон даҕаны, наар оҕолорун кытта кэпсэтэн үөрэтэр, такайар. Маҥнай соччо аахайбат курдуктар этэ. Кыра быракаастар ханна барыахтарай. Маҕаһыыҥҥа киирэн ону-маны тутан тахсыбыттара да баара. Ону барытын кыыһырбакка эрэ, холкутук кэпсэтии, өйдөтүү үлэтин ийэлэрэ ыытар.