03.05.2021 | 10:34

Тимир ууһа олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр

Тимир ууһа олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Саха сиригэр коронавирус ааспыт сылга кэлбитэ. Туох-ханнык балаһыанньа үөскүөхтээҕин ким даҕаны билбэт этэ. Икки атахтааҕы таҥнары баттыыр ыарыыбыт уоскуйар санаата суох. Бу дьаҥы утары охсуһар биир саамай көдьүүстээх тэрилинэн салгыны ыраастыыр рециркуляторы ааттыахха сөп. Саха сиригэр биир бастакынан олоххо киллэрбит киһинэн «Якутия» технопаарка резиденэ Иннокентий Уран буолар.

Иннокентий Уран Чурапчы улууһун Бахсытыттан төрүттээх. Оскуола кэннэ СГУ-га, онтон култуура уонна искусство коллеһыгар этно-художественнай салааҕа үөрэммитэ. Эдэр киһини Арчы дьиэтигэр мэтэдьииһинэн ылбыттара. Ол үлэлии сылдьан, хомус оҥорор норуот маастара Павел Николаевич Михайловтыын билсибиттэрэ. Онтон ыла талаанын таба таайан, уһуйуллан, хомус оҥорон барбыта. Иннокентий бэйэтэ кэпсииринэн, төрдүгэр уус дьон элбэхтэр эбит.

Uran Machines производственнай тэрилтэ «Якутия» технопарка сыаҕыгар үлэлии турар. Кинилэр Саха сиригэр биир бастакынан салгыны ыраастыыр Air Rec диэн ааттаах, сабыылаах, кварцевай лаампалары оҥороллор. Бу лаампалар технологиялара, алгоритмнара өрдөөҕүтэ интэриниэт ситимигэр хараллан киирбитэ. Ол эрээри, баҕалаах барыта туһанар, олоххо киллэрэр кыаҕа суоҕа чахчы. Тоҕо диэтэххэ, манна элбэх сыра-сылба, дьиссипилиинэ, тулуур уонна чугас дьонуҥ өйүүр эрэ буоллахтарына табыллар.

Харантыын биллэриллибитигэр хас иккис тэрилтэ онлайн үлэҕэ көспүтэ. Производственнай тэрилтэлэри вируһу утары охсуһарга ыҥырбыттара. Ким эрэ мааска, көстүүм тикпитэ, арыый таһымнаахтар антисептик кытта айбыттара.

Ол кэмҥэ миэхэ хамнастаах үлэһиттэрдээх этим. Бары ыаллар, оҕолоох-уруулаах дьон. Ыарахан кэмҥэ үлэһиттэрбэр хамнастарын быыстала суох биэрэр  инниттэн, кварцевай ультрафиолетовай лаампалары оҥорон саҕалаабыппыт.

Рециркулятордарбыт  сабыылаах тииптэргэ киирсэллэр, ол иһин тулалыыр эйгэҕэ буортута суохтар. Вируһу өлөрөрүн таһынан өссө кини куһаҕан сыты-сымары суох оҥорор. Холобура, мин лаампам бааннабар турар. Түүнүн холбуубут, сарсыарда турбуппут ыраас салгын сыта саба биэрэр.

Биһиэхэ тимири уонна маһы быһар анал лазернай, плазменнай, фрезернэй сыахтаахпыт. Рециркулятор оҥорорбутугар маҥнай лиистэри быһабыт, онтон листогибь көмөтүнэн  сөптөөх форматын оҥоробут. Дьэ ол кэннэ кичэллэн кырааскалыыбыт уонна хатардар камераҕа угабыт. Үчүгэйдик хаппытын кэннэ хомуйталыыбыт.

Ультрафиолетовай лаампа радиацияны көтүппэт, ыстаал куорпус иһигэр баар. Вентилятор лаампа нөҥүө салгыны үрэр. Прибор дьайыыларын бириинсибэ ультрафиолетовай тыҥааһыннаах эффектэригэр олоҕураллар. Стандарт ирдэбилинэн рециркулятордар салгыны 99 %- ҥа диэри ыраастыахтаахтар. Киһи рециркулятор үлэлиир кэмигэр дьиэ иһигэр холкутук сылдьыан сөп. Лаампаны 30 мүнүүтэҕэ холбуугут, онтон 15 мүнүүтэ тохтобул оҥороҕут, онтон эмиэ холбуугут. Биһиэнигэр эбии таймер баар. Ол көмөтүнэн бэйэтэ арахсар уонна холбонор.

Дьэ бу, комплектациятын хантан ылаҕыт, сэрэйдэххэ, Саха сиригэр суоҕа буолуо?

Европа уонна Азия собуоттарыттан сакаастаан ылабыт. Тимирбитин Дьокуускайтан булабыт. Манна куорпуһун оҥоробут, уотун тардабыт, кырааскалыыбыт. Биһиги линейнэй производствонан дьарыктанабыт, хас биирдии тутаах түһүмэххэ тустаах исписэлиис турар, кэтиир, оҥорон таһаарар.

Uran Machines тэрилтэ 8-тан 40 Вт кыамталаах рециркулятордары оҥорор. Иннокентий дьиэ иэниттэн көрөн кыамтатын улаатыннарабыт диир.

Күннээҕи оборот төһө буолан турар?

Биир күҥҥэ 100-кэ тиийэ рециркуляторы оҥоруохпутун сөп. Барыта сакаасчыттан тутулуктаах.

Кимнээх ылалларый? Хайдах батараҕыт?

Бастатан туран, тэрилтэлэр ылаллар. Социальнай ситимнэр нөҥүө үлэлэһэбит, ону тэҥэ килийиэннэрбит бородууксуйабытын аймахтарыгар уонна доҕотторугар  сүбэлииллэр. Бастакы баартыйалары балыыһалар хамаҕатык атыыласпыттара. Онтон улуустарынан барбыппыт. Ону тэҥэ оскуолалар, тыа дьаһалталара, маҕаһыыннар, киоскалар, чааһынай хампаанньалар, куорат уонна тыа сирин олохтоохторо ылбыттара.

Хас үлэһиттээххиний?

Сүрүн састааппыт 5 киһиттэн турар: бырайыак таҥааччылар, сварщиктар, ыстаансыйалар оператордара. Маны таһынан, хас да киһини кытта дуогабарынан үлэлиибит. Кинилэри сакаас элбээтэҕинэ,  үлэ-хамнас кээмэйэ улааттаҕына ыҥырабыт.

 

ЫРЫЫНАК ИРДЭБИЛИГЭР ТОЛОРУ ЭППИЭТТИИР

Түгэни сөптөөхтүк туттубут эбиккин, ол да буоллар ааспыт сыл ыарахан этэ. Бизнес-идиэйэҥ эрдэттэн баара дуо?

Рециркулятодары оҥорон таһаарыыны саҕалааһын, уопсастыба ирдэбилэ диибин. Аныгы сайдыылаах олоххо дьон, чуолаан урбаанньыттар ырыынак бары ирдэбилигэр түргэнник эппиэттиир буолуохтарын уонна түргэнник хамсаныахтарын наада. Төбөҕө ханнык баҕарар идиэйэ кэллэҕинэ, олоххо төһө тулуктаһарын тута бэрэбиэркэлиэххэ наада. Бизнескэ, ордук производствоҕа, барыта уопуттан кэлэр. Чыпчаал уонна түгэн диэҥҥэ олус итэҕэйэр буоллум.

Иннокентий тэрилтэтигэр «Якутия» технопаарка салалтата анал көмүскэллээх экраннары (маскалары) оҥорорго этии киллэрбитэ. Тэрилтэ ааспыт сыл муус устарга бастакы экраннары оҥорон, тустаах сертификацияны ааспыта. Бастакы улахан баартыйаны  өрөспүүбүлүкэ бары обсерватордарыгар тиэрдибиттэрэ.

ӨБҮГЭ ҮГЭҺИН УТУМНААЧЧЫ

Үөһээ этэн аһарбытым курдук, дьоруойум хомус маастара буолар. Хомус – дириҥ суолталаах, өйдөбүллээх ураты инструмент.

Сахалыы куттаах киһи буоламмын, төрдүм-ууһум  илдьэ кэлбит хомуһун билигин даҕаны оҥоробун. Миэнэ барыта илии үлэтэ, чехолун фрезернэй станокка быһабын. Ол гынан баран, чехол бырайыагын маҥнай анал бырагыраамаҕа толору бырайыактаан, ол аата саҥа технологиялары туһанан оҥоробун. Кэпсииргэ судургу курдук да, маҥнай ис хоһоонун, хомус тугу этиэхтээҕин, дизайнын кытта толкуйдуубун. Биир кнопканы баттаатыҥ да, станок барытын бэйэтэ толкуйдуур диэн буолбатах. Ол гынан баран маннык технологиялары туттуу маастар иннигэр улахан кыаҕы арыйар дии саныыбын.

Хомус тыаһын илиинэн оҥороҕун дуо?

Оннук! Илиинэн уһаардаххына эрэ, тыаһа дуораһыйар, дириҥиир, киһи уйулҕатын хамсатар буолар.

Бэйэҥ эмиэ хомустуур эбиккин дии?

Оонньуубун. Хомустаатахпына ыраастанабын, дууһалыын чэпчиибин, санаам кытта уоскуйар. Ханнык баҕарар түгэҥҥэ хомус тыаһа көмөлөһөр, эмтиир дииллэр. Ол кырдьык эбит!

АРАССЫЫЙАҔА ТАХСЫАХХА СӨП ДУО?

Дьиҥинэн, биһиги балачча кэскиллээх регионнар ахсааннарыгар киирсэбит. Чуолаан Арассыыйа Илин уонна Арҕаа өттүн холбуубут. Ол эрээри биһиги саамай улахан итэҕэспит – логистика. Онтон сылтаан ханнык баҕарар өҥө сыаната ыарыыр. Дойду салалтата бу боппуруоска быһаччы сыһыаннаах буоларыгар ис сүрэхпиттэн баҕарабын.

Пандемия быстах көстүү буолбатах. Биһиги дойдубут ыраах сытар, дэриэбинэҕэ кэлбэт дии санаабыппыт да, билигин коронавируспут улуустарынан тарҕанна, элбэх киһи ыарыыга сутулунна. Аны туран, дьон-сэргэ сылын ахсын тас дойдуга тахсан сынньанар, үгүстүк айанныыр үйэтэ үүннэ.

Иннокентий Уран этэринэн, салгыны ыраастыыр рециркулятордар билигин хас биирдии ыалга баар буолуохтара. Онон саха уола оҥорбут медицинскэй тэрилэ бэйэтин көдьүүһүн дакаастаабыта быданнаата. Хампаанньа эдэр салайааччыта инники былаана үгүс, бэрт сотору кэминэн кини чочуйан таһаарбыт эбийиэктэрин көрүөхпүт турдаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)