08.06.2024 | 11:50

Тиэргэни тупсарыынан нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүлэр салҕаналлар

Тиэргэни тупсарыынан нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүлэр салҕаналлар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» бырагырааманан Дьокуускай куоракка быйыл тупсарыллар 15 тиэргэн кэккэтигэр Октябрьскай уокурук Чернышевскай, 22/1, 22/2, Аржаков, 16 уонна Кулаковскай, 4/3 тиэргэннэрэ киирсэллэр.
Нэһилиэнньэни кытта көһө сылдьар мунньахха куорат баһылыгын солбуйааччы Антон Алексеенко, Октябрьскай уокуруктан Ил Түмэн дьокутаата Иван Луцкан, уокурук управатын салайааччыта Валентин Эверстов, «Главстрой» МХТ уонна бырайыактыыр тэрилтэ бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар. 
Бырайыактыыр тэрилтэ бэрэстэбиитэлэ иһитиннэрбитинэн, Глухой переулоктан Чернышевскай уулуссатыгар диэри аспаал бүтүннүү уларыйар, уу халдьалара ууруллаллар, оонньуур, спордунан дьарыктанар балаһааккалар, массыына, бэлисипиэт туруорар сирдэр, бөх тоҕор миэстэлэр, ыскамыайкалар о.д.а. баар буолуохтара, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....