11.07.2019 | 10:42

ТИЭРГЭН ТУТУУЛАРА (хаартысканан кэтэхтэн күрэх)

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

                                         Күрэх балаһыанньата:

“Тиэргэн тутуулара” күрэххэ хаартыскалары тутуу бэс ыйын 20 күнүттэн балаҕан ыйын 26 күнүгэр диэри ыытыллар.

Күрэххэ кыттыыны туоһулуур көҥүллүк суруллар сайаапканы, бэйэҕитин билиһиннэрэр тиэкиһи уонна хаартыскалары электроннай почтаҕа: kiin-sardana@mail.ru  уонна 89142622845 бассаап нүөмэригэр ыытаҕыт. 

Күрэххэ көрүллэр тутуу көрүҥнэрэ:

“Тиэргэн тутуулара” диэҥҥэ киирсэр:

- Оҕо оонньуур балаһаакката, дьиэтэ;

- Тэлгэһэҕэ оҥоһуллубут сынньалаҥ сирэ (беседка о.д.а.);

- Тэлгэһэни киэргэтэр ураты тутуулар.

Үс сыл иһинэн тутуллубут ураты тутуулар сыаналаныахтара. Хаартыска бэйэ түһэриитэ буолуохтаах.

Дьүүллүүр сүбэ:

Дьүүллүүр сүбэҕэ П.А. Ойуунускай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, РФ, СӨ архитектордарын сойууһун чилиэнэ, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуотун маастара Эрнст Александрович Алексеев уонна “Уран” дизайн-студия ХЭТ генеральнай дириэктэрэ, РФ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Вячеслав Васильевич Яроев бааллар.

Кыайыылаахтарга анал уонна биһирэбил бириистэр туттарыллыахтара.

1.Уус Алдан улууһа, Мүрү нэһилиэгэ, Мындааба дэриэбинэтэ. Марфа, Владимир Оконешниковтар дьиэ кэргэттэрэ.

Бэс маһынан тутуллубут сайыҥҥы сынньанар аһаҕас балаһаакка (2017 сыллааҕы тутуу). Ыыппыт хаартыскаларыттан көрдөххө, тиэргэн иһигэр тутуулара элбэҕэ сөхтөрдө. Үксэ мас оҥоһук. Онтон бу сынньанар сирин талан киллэрдибит. Ыал аҕа баһылыга бэйэтэ тутар эбит.

Алаһа дьиэ хаһаайката Марфа Оконешникова:

- Саха ыала алаас ортотугар олорор диэн санааттан, тэлгэһэбит ортотугар сахалыы моһуоннаах сынньанар, аһаҕас балаһаакка туттубуппут. “Саха ыалын олбуора үс үүт күрүөлээх” буолар диэн хас биирдии баҕана илиинэн хаһыллан сиэрдийэтэ киирэн турар. Аҕа баһылык ыраах айантан кэлэн атын баайар сэргэлээх, ортотугар оллоонноох. Күн уотуттан, ардахтан, тыалтан хаххалыыр балаҕан оҥорбуппут. “Уруу ырааҕа, уу чугаһа ордук” диэн өбүгэбит өс хоһоонунан балаһаакка тас өттүгэр көлүччэ курдук оҥорон лобелия сибэккини олордубуппут. Аҕабыт хас биирдии оҥоһугун санаатын ууран, былааннаан, өҥүн дьүөрэлээн тутар.                                                                                                                                      

2. Сунтаар улууһа, Дьаархан бөһүөлэгэ. Дьиэ кэргэн баһылыга Аркадий Алексеевич Спиридонов.

- Оҕо оонньуур балаһааккатын дьиэ хаһаайына сиэнигэр анаан туппут (2018 сыллааҕы тутуу). Матырыйаала: истиэнэтэ ДВП, муостата 10 см халыҥнаах фанера. Балаһаакка бэс мастан оҥоһуллубут. Сарайа профлист.

3. Сунтаар улууһа, Күндээдэ нэһилиэгэ. Николаевтар дьиэ кэргэттэрэ, 5 оҕолоохтор, 2 сиэннээхтэр. Ыал аҕа баһылыга Андриан Петрович чааһынай предприниматель, Сардана Николаевна иитээччи.

Аҕа баһылык “маһы эрэ ыллаппат” уус буоларын оҥоһуктарын көрөн сөҕөҕүн. Манна туох суоҕуй диэх курдук... Мастан уонна тыраахтар тимирдэриттэн чочуллан оҥоһуллубут сибэкки иһиттэрэ, мас лэкэтиттэн оҥоһуллубут тротуар, маска ыттыбыт араас кыыллар, тэлиэскэ, үүнээйини хаххалыыр мас күрүө, сынньанар ыскамыайкалар тиэргэн иһин олус тупсараллар. Киһи кута-сүрэ тохтуур тиэргэнэ.

Дьиэ хаһаайката С. Николаева:

- 2018 сыл сайыныгар аҕабыт Андриан Петрович беседкабытын туппута. Сыл аайы тиэргэммит тутуутун элбэтэбит. Прудун сыл аайы саҥардан, үүнээйитин уларытан иһэбит. Маска хатаастан турар үөнү былырыын кыыһынаан тыаттан булан аҕалбыттара. Инники былааммыт элбэх, саҥа идея киирэ турар. Аҕабыт беседкаҕа сахалыы оһуору бэйэтэ сыбааркалаан оҥорбута. Саас-сайын шашлыктыыр уонна күөс өрүнэр муннуктаахпыт.      

4. Хаҥалас улууһа, Покровскай куорат, Федоровтар дьиэ кэргэттэрэ.   

- 2018 сыл от ыйыгар тутуллубут оҕо оонньуур балаһаакката. Матырыйаала: мас уонна панель, сыыра пластик, сарайа профлист.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....