04.05.2024 | 11:57 | Просмотров: 477

Тиэргэн өрөмүөнэ быйыл ханнык аадырыстарга ыытылларый?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«ВКонтакте» социальнай ситим нөҥүө быһа эпииригэр быһалык Евгений Григорьев быйыл сайын ханнык аадырыстарга тиэргэн өрөмүөнэ ыытыллаары турарын уонна эһиилги былааҥҥа киирэргэ бүгүҥҥүттэн сайаапка түһэрэр наадатын иһитиннэрдэ. 
«Былырыын түмүктэммит Үс сыллаах тупсарыы сылларынан куорат үрдүнэн 128 тиэргэҥҥэ өрөмүөн ыытылынна. Дойду баһылыга Владимир Путин сорудаҕынан, Дьокуускай куорат маастар-былаанынан, бу үлэ салҕанар»,– диэтэ Евгений Григорьев.

Быйыл сайын уопсайа 19 тиэргэн өрөмүөннэнээри турар:
– Чернышевскай уул., 22/1, 22/2;
– Аржаков уул., 16;
– Кулаковскай, 4/3;
– Кузьмин, 10, 14;
– Можайскай, 17/8, 17/4;
– Дзержинскэй, 45/1, 45/2;
– Киров, 7/3, 7/4;
– Ленин, 11, 38;
– Бестужев-Марлинскай, 22;
– Кальвица, 7/1, 9/11.

Оттон эһиилги өрөмүөн былааныгар киириэн баҕалаахтары баһылык олохтоохтор уопсай мугньахтарын тэрийэн, управалар нөҥүө сайаапката түһэргэ ыҥырда, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.