12.10.2022 | 20:00 | Просмотров: 644

Тэттик сонуннар

Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

* Читаҕа түмүктэммит Арассыыйа боксаҕа чемпионатыгар Василий Егоров 51 кг финалга биир күүстээх утарсааччытын – дагестанец Расул Салиевы итэҕэтиилээхтик кыайан, кыһыл көмүс мэтээли ылары ситистэ уонна Арассыыйа биэс төгүллээх чөмпүйүөнэ буолла. Мэтээли, кубогы, диплому таһынан 1,5 мөл. солк. кээмэйдээх сертификатынан наҕараадаланна. Михаил Прокопьев үһүс миэстэни былдьаһыыга Арассыыйа үс төгүллээх чөмпүйүөнэ Эдмонд Худояны кытаанах киирсиигэ хотон, боруонса мэтээлинэн уонна 120 тыһ.солк. харчынан биһирэннэ.

* Сочига буолан ааспыт “Мы  вместе. Спорт” девизтээх норуоттар икки ардыларынааҕы “Сайыҥҥы паралимпийскай оонньууларга” Анастасия Диодорова 100 м уһуҥҥа көхсүнэн харбааһыҥҥа уонна 4х50 эстафетаҕа кыайыылары ситиһэн, икки кыһыл көмүс мэтээллэннэ. Виктор Скрыбыкин блочнай оххо биирдиилээн ытыыларга чөмпүйүөн үрдүк аатын сүктэ уонна иккиэ буолан микс ытыыга үрүҥ көмүс, Дьулус Захаров эмиэ блочнай оҕунан ытыыга боруонса мэтээллэннилэр. Айаал Сивцев копьену быраҕыыга – үрүҥ көмүс мэтээл, Михаил Неустроев остуол тенниһигэр боруонса мэтээл хаһаайыннара буоллулар. Сүһүөхтэринэн хааччахтаах адаптивнай спорт бастыҥ спортсменнарын тренердэр Наталья Степанова харбааһыҥҥа, Петр Андросов оҕунан ытыыга, Василий Оленов чэпчэки атлетикаҕа эрчийэллэр. Сочитааҕы сайыҥҥы паралимпийскай оонньуулар 2024 сылга Парижка буолар сайыҥҥы Паралимпийскай оонньууларга бэлэмнэнии суолталаахтар.

* Алтынньы 6-9 күннэригэр Тамбовка ыытыллыбыт бэтэрээннэргэ остуол тенниһигэр Арассыыйа чемпионатын спортсменнарбыт ситиһиилэрдээх түмүктээтилэр.
Биирдиилээн оонньууларга 70-74 саастаахтарга Намтан Евдокия Староватова – үрүҥ көмүс, Елизавета Матвеева боруонса мэтээллэри ылаттаатылар. Пааранан оонньооһуҥҥа Евдокия Староватова уонна Елизавета Матвеева утарсааччыларын барыларын хотуталаан, кыһыл көмүс мэтээллэринэн наҕараадаланнылар. 60-64 саастаахтарга Дьокуускайтан Александра Тутаева уонна Бүлүүттэн Светлана Михайлова боруонса мэтээллэргэ тигистилэр. Эр киһи-дьахтар буккаас паараларыгар Евдокия Староватова Донецкай уобалаһыттан Родионовтыын бириистээх үһүс миэстэлэннилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.