19.02.2020 | 13:30

Тэттик сүбэлэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Таҥас ыйыыр быаны илитэн баран тиирдэххинэ, аһара уунуо суоҕа. Куурдаҕына, өссө чиккэйиэ.

Уһуннук сытан сымнаабыт хортуоппуй оргуйа турар уутугар биир кыра ньуоска саахары куттахха, сибиэһэй амтаннаныа, көрүҥэ кытта тупсуо.

Луугу ыраастыыргар кондиционер аттыгар турдаххына хараххыттан уу тахсыа суоҕа.

Тиэрмэс иһэ сыттаннаҕына, биир ыстакаан ууга биир кыра ньуоска 3 быраһыаннаах уксууһу кутан сууй, сыта сонно барыа. Холодильник сыта маннык сууйдахха эмиэ суох буолуоҕа.

Дьиэ иһигэр табах сыта олорон хааллаҕына, таҥаска-сапка, баттахха иҥэр. Түннүккүн арыйан дьиэ иһин салгылат уонна хас да сиргэ сиигирбит икки-үс соттордо ыйаа.

Итиигэ сиэппит буоллаххына, түргэнник тымныы уунан суун уонна ас суодатын таммалат. Глицерининэн, суоратынан уонна уксуустаах томпуонунан тутуннахха, ыарыыта мүлүрүйэр. Бааскар хаһаайыстыбыннай мыыла чараас тоорохойун саба баан – түргэнник оһуо. Кыра эмсэҕэлээһиҥҥэ хаппыыста ороһуолунан угуттуургун умнума. Үлүйбүт оҕуруот аһын, үүнээйини уонна сымыыты бэрт судургутук чөлүгэр түһэриэххэ сөп. Киэҥ иһиккэ сөрүүн ууну кутабыт уонна икки ытыс туус быраҕабыт. Тууһа барыыта сууралыннаҕына, иһиккэ үлүйбүт оҕуруот аһын, үүнээйини угабыт. Сотору кэминэн аспыт амтанныын да, тас көстүүлүүн да чөлүгэр түһүө. Сымыыты эмиэ бу ньыманан чөлүгэр түһэриэххэ сөп. Мааннай куруппаттан оҥоһуллар ас үллэркэй буоларын туһугар куруппаны буһарыах иннинэ тымныы ууга сытыаран чаас кэриҥэ илитиллэр.

Буспут бискибиити лиистэн кыайан араарбатаххына, лиис анныгар инчэҕэй соттору ууруҥ.

Сибиэһэй балык хараҕа быччаҕар, хайыыта кыһыл буолар, ууга уктахха тимирэр.

Килиэби таас, фарфор биитэр эмалированнай иһиккэ уктахха, өр курсуйбат.

Сибиэһэй сымыыты сырдыкка эбэтэр күн уотугар даҕайан туран бэрэбиэркэлиэххэ сөп. Эргэрбит сымыыт ортотугар харалаах буолар.

Дьаабылыканы кырбастаан баран саахарга төкүнүттэххэ, хараарбат. Туорду уонна пирожнайы киэргэтэргэ анаммыт грецкэй эриэхэни духуопкаҕа уган ыллахха, амтана өссө тупсар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....