18.08.2022 | 16:00

Тэттик кэпсээннэр

Евдокия Кобякова-Долгунча идэтинэн учуутал, өр сылларга саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбитэ. СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, туос иһити тигиинэн дьарыктанар, художественнай оҥоһуктар маастардара, сааһыран баран тэттик кэпсээннэри суруйуунан дьарыгырар.
Тэттик кэпсээннэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сибэтиэй Валентин

Бүгүн олунньу 14 күнэ, Тапталлаахтар күннэрэ. Суругунан да, бассаабынан да валентинкалар субурустулар.

Валентин кэлтэйдии таптыыр кыыстаах. Люда ис киирбэх, үҥкүүһүт бастыҥа, уолаттар көрөр кыыстара, бэйэтэ да сытыы, күлэн-үөрэн, кэпсэтэн-ипсэтэн, киһи чуҥкуйбат киһитэ. Валентин эр хаанын киллэрэн Людаҕа таптыырын туһунан валентинка ыытта уонна ээр-сэмээр бүтэһик паартаҕа күүтэ олордо. Чуораан чугдаарда, ону кытта оҕолор кылааска кутулла түстүлэр. Люда киирэн иһэн Валентины көрдө уонна сөмүйэтин чэчэгэйигэр эргитэн баран, туох да буолбатаҕын курдук паартатыгар тиийэн олорунан кэбистэ. Валентин кулгаахтыын кытта кытарда, сымыһаҕын быһа ытырда, итинник эрэ акаарыгын диэн сэнэбили көрүөм дии санаабатаҕа.

Мантан ыла уонтан тахса сыл ааста. Телевизорга Люда биир дойдулааҕа, кылааһынньыга Ил Түмэн дьокутаата Валентин Сергеевич дойдутугар таас оскуола туруорсан туттарбыта көстө турар. Оҕолуун-улаханныын махтанан тыл этэ тураллар. Люда оргууй туран телевизорын арааран кэбистэ уонна оскуолатааҕы сылларын, Валентин валентинкатын саныы олордо. Арай онно киэр аспатах буоллун, оо, оччоҕо билигин таас дьиэҕэ олоруом этэ диэн баран биир хостоох ч/б дьиэтин саҥа өйдөөбүттүү көрөн кэбистэ. Люда иккитэ кэргэн тахсыбыта да, табыллыбатаҕа, үс оҕолоох аҥаардас хаалбыта, дьиҥнээх сибэтиэй Валентин чугаһаабытын киэр аспыт аньыытыгар.

Хантайан туран силлээбитиҥ хараххар түһүө

Чараҥнаах дэриэбинэтин сис ыала Сиидэрэптэр аҕалара хонтуораҕа кэбиниэттээх тос курдук тойон, ийэлэрэ Екатерина Ивановна чааһынай улахан маҕаһыыннаах, кыра дэриэбинэҕэ муҥур ыраахтааҕы.

Барытын кини билбитэ, кини дьаһайбыта аатырар, сэниир дьоннордоох, онтуларын күн аайы ыас гынан ыстыыр: «Кини эмиэ киһи үһү дуо, сүөһү дии», - диэн тыллаах. Үгүстүк Бочоохтор диэн элбэх оҕолоох кыаммат ыал кини ыстыыр ыаһа буолаллар. "Ити оҕолорун ыстаана тэстибит, бу оҕолоро саппыкыта ханньайбыт", - дьэ, таба көрөрө элбэх.

Бэйэлэрэ күҥҥэ көрбүт соҕотох кыыстаахтар, Инна диэн. Онтуларыгар ас амтаннааҕа, таҥас муодунайа, суотабайа айфон эрэ. Кыыс кыратыттан көрдөөбүтүн ыла, сөбүлээбитин буллара үөрэммит, куттаатаҕына, үс хонук аһаабат, кэпсэппэт, ийэлээх аҕатын биир муостанан хаамтарар. Хата, этэҥҥэ улаатан, билигин омук тылыгар үөрэнэ сылдьар.

Катя дьүөгэтэ Таня бара-кэлэ маҕаһыыҥҥа таарыйар, атыылаһааччы суох буоллаҕына, хобугураһыы бөҕө. Ол сиэринэн бүгүн эмиэ дьону бары сиилээтилэр. Бэл, Бочоохтор улаханнара юридическайга үөрэнэр үһү, кини баҕас суоппар да буолуох хаалбыт дэстилэр. Бу туран Екатерина Ивановна уоһун-тииһин оҥостон: «Эйиэхэ эрэ этэбин, кыыһым Сережка диэн уоллаах, бассаабын кистээн көрбүтүм, таптал бөҕө, ыал буолабыт, үйэбит тухары бииргэ буолабыт диэннээхтэр, онон куораттан күтүөт күүтэбин», – диэн көмүс ытарҕата эйэҥэлээтэ...

– Тыый, чахчы куорат дуо? Манна Бочоохтор Сережаларыгар кэргэн тахсар үһү диэн дэриэбинэ туолбут дии... Дьэ онно көрүөххүт этэ, мааны хотун сирэйин – бастаан хараҕа кэҥээтэр кэҥээн быччайан таҕыста, сыҥааҕа уһаан протез тииһэ түһэ сыста, онтон сирэйэ улам кытаран, киирэн эрэр күнү санатта, тыынар салгына кэмчитийдэ, дьүөгэтэ сапсыйарыттан соло булбата...

Хантайан туран силлээбитиҥ хараххар түһүө диэн маны этэн эрдэхтэрэ.

Абааһы көрүүттэн тапталга диэри биир хардыы

Костик ыал саамай күүтүүлээх оҕото, үс кыыс кэнниттэн көстүбүт күндү киһи. Ас талбыта, оонньуур эгэлгэтэ киниэхэ эрэ баар, тугу көрдөөбүтэ сонно туолара.

Дьэ, минньигэһи кэбийэрин, кока-кола иһэрин ордороро, чипсы, "Сникерс", "Баунти", "Кит Кат" мэлдьи баар буолара, ол түмүгэр ааҥҥа баппат гына уойбута, бачыыҥкатын быатын ийэтэ баайара.

Оскуолаҕа эмис буолан оҕолор хаадьыларыгар мэлдьи түбэһэрэ, алын кылааска наадыйбат этэ, бэһискэ тахсан хардарсар буолбута. Ордук паартаҕа бииргэ олорор кыыһа Катя кинини абааһы көрөрө, эмиһинэн үөҕэн тахсара. Бэйэтэ да эмиһин абааһы көрөр буолбута. Устудьуоннуур эдьиийэ сайын кэлэн дэлби сүбэлээбитэ, минньигэһи олох бырах, элбэх уута ис, хамсан диэн. Хата, аҕата сааһын булка, сайынын окко илдьэ сылдьар буолбута, Костик улам сыбыраан барбыта. Ахсыска тахсыытыгар атын уолаттартан уратыта суох буолбута. Аны, киэҥ харахтаах, хойуу хаастаах уол тупса улааппыта, уҥуоҕунан эмискэ уһаабыта, уол да уол буолбута. Катя били үөҕэр уола уларыйбытын сонургуу көрөр буолбута, устунан таптаабытын бэйэтэ да билбэккэ хаалбыта. Ыра санаата, тыынар салгына Костик буолбута.

Абааһы көрүүттэн тапталга диэри биир хардыы диэн сөпкө да эппиттэр эбит!

Кытаанах санаа

Оксана сиэркилэ иннигэр туран бэйэтин бэйэтэ билбэтэ, бэйэтиттэн кэлэйдэ. Арай кини иннигэр саас ортолоох, истэммит, сирэйэ кэтирээбит тетя турар... Аата сүрүн, бу мин дуо?

Үс да оҕолоох дьахталлар бааллар дии, кимнээҕэр эдэрдэр, ырыганнар. Бу да иһин кэргэнэ Валера аахайбат буолбут эбит дии, үлэтиттэн хойутуура элбээтэ, наар бильярдыыр аатырар. Кэллэ да, суолтатыгар чэй испитэ буолаат, сылайбыт аатыран оронун булар. Арааһа атын подругаламмыт быһылаах – күнүү кыыма сүрэҕэр түстэ, уорбалыах санаата баһыйда.

Валератын атын дьахтарга хайдах биэрэн кэбиһиэй, оҕолоро аҕалара суох хайдах улааталлар, иирбэ-таарба санаалар элэҥнэстилэр. Суох, суох, олох былдьаппаппын, ону хайдах ситиһэбин, ол дьахтары булан айдаарыахха... Суох, табыллыбат, оччоҕо хайдах?

Оксана хаһан эрэ уолаттар эргиллэн көрөр кырасаабыссалара этэ дии, Валерата төһөлөөх эккирэппитэй хаһан эрэ... Ол аата ырар, бэйэбин көрүнэр, күнүүлүүрбүн биллэрбэт эбиппин диэн кытаанах санааны ылынна. Субу күнтэн, субу мүнүүтэттэн ырар бигэ санааланан интернеккэ киирэн хайдах ырар туһунан сүбэлэри аахта.

Оксана үһүс оҕотун кэнниттэн саҥа тахсан үлэлээн эрэр, идэтинэн нуучча тылын учуутала.

Күннээҕи олох бииртэн биир туох да уратыта суох ааһан истилэр. Оксана режиминэн аһыыр, сарсыарда аайы скандинавскайынан хаамар буолла. Ыран эрэриттэн сүрдээҕин үөрэр, аны салоннарга сылдьар, муодунай бутиктарга да киирэн тахсар.

Биирдэ Валерата ырбыккын диэтэ, оо, онно төһөлөөх үөрбүтүн этэ да барыллыбат! Аны киэһэтин дьүөгэлэригэр баран тардыллар идэлэннэ. Биирдэ Валерата ханна сүтэҕин диэн күнүүлээн турда... Оо, онно үөрбүтүөн... Киһитэ бильярдыыра аҕыйаата, киниэхэ болҕомтотун уурара элбээн барда, ол аайы Оксана үөрэрэ элбээтэр элбээн истэ. Быһыыта-таһаата тупсан, көрүнэн, урукку чөлүгэр түстэ. Кытаанах санаа биир ыал олоҕун быыһаабыта диэтэхпинэ сыыспатым буолуо, оҕолордоох ийэлэр мэлдьи кэрэ сэбэрэҕитин ыһыктымаҥ!

Ынах тыла

Сергей тастыҥ убайа кэргэнинээн арыгы иһэллэрин, дьиэлэрэ арыгыһыттар мустар сирдэрэ буолбутун көрө-көрө, санаата түһэр.

Хаста да эмтэппиттэрэ да, туһалаабата... Санааҕа баттата сылдьан бөһүөлэккэ биллэр күлүгээн, хаайыыга олоро сылдьыбыт күүстээх Валерка ааһан иһэрин тохтотто. Табахтаатылар, ону-маны, буолары-буолбаты кэпсэттилэр. Бу олорон Сергей дьоно арыгылыылларын кэпсээтэ, санаата түһэрин эттэ.

– Оттон эмтэттэрэн кэбис ээ...

– Эмп туһалаабат, хаста да эмтэммиттэрэ.

– Оччоҕо куттуу түһүөххэ буоллаҕа дии.

Уолаттар сүбэлэһэн тугу эрэ ботугурастылар.

Ньукулай идэтинэн икки чаас буолуута маҕаһыын диэки саллаҥнаата. Биэнсийэтэ бүппүтэ ыраатта, баҕар ким эмэ дук гыныа диэн санаалаах. Көрбүтэ, маҕаһыын таһыгар матасыыкыллаах Валерка турар, атын киһи көстүбэт. Суолтатыгар дорооболосто.

– Хайа, Ньукулай, доруобуйа мөлтөх дуу?

– Ээ, абырах наада этэ.

– Миигин кытта биир сиргэ барыс, илим үппүтүм. Онтубар көмөлөстөххүнэ, торуойун биэриэм.

Матасыыкыл бырылыы түстэ, иккиэн Иирэлээх күөлүгэр тэптэрэ турдулар.

– Хайа, илимиҥ ханна баарый?

– Ыстааҥҥын, ырбаахыгын уһул. Билигин көрдөрүөм.

Ньукулай өс киирбэх ыстаанын, ырбаахытын уһула биэрэрин кытта, күүстээх илии ууга умса баттаата, өй мэйдээх тулуйбат хаһыыта буолла: “Өлөрүмэ да өлөрүмэ!”

– Орулаан бүт, арыгыгын ынах тылыгар оботторобун, аны арыгы иһиэҥ дуо?

– Төрүт иһиэм суоҕа... - Балайда өр мачайданнылар.

– Эмээхсиҥҥин эмиэ тохтот, аныгыскы сырыыга иккиэҥҥитин күөлгэ уган ынах тылыгар оботторуом!

Кэпсэтии бүтэн, матасыыкылларыгар олорон бөһүөлэк диэки тэптэрэ турдулар.

Ньукулай эмээхсинигэр уон оччонон омуннаан кэпсээтэ. Түмүгэр ити киһи өлөрөн да кэбиһиэн сөп диэтэ.

Бу кэмтэн ыла Ньукулайдаах арыгыларын иккиэн бырахпыттара. Ыаллыы дэриэбинэҕэ баран Балбаараҕа эмтэппиттэр үһү диэн сурах тарҕаммыта, ынах тыла эмтээҕин ким да билбэтэҕэ.

Ытыс дьэдьэн

Өҥүрүк куйаас сатыылаан турар. Бөтүрүөп ардаҕа биллибэт, чэ, кэнниттэн да кэлэр ини.

Маайа оҕолорун кытта дьэдьэннээн кэллэ. Быйыл оскуолаҕа киириэхтээх Ганята ытыһыгар дьэдьэн үргээн эбэтигэр аҕалла:

– Эбээ, эбээ, ханна бааргыный? – дьиэ иһин ылан кэбистэ. Түгэх хостон эбэтэ Өрүүнэ тахсан кэллэ. Көрбүтэ, сиэнэ ытыһыгар дьэдьэн уунан турар эбит.

– Тыый, бу оҕобун, аата үчүгэйин, – диэт, оройуттан сыллаан ылла уонна хараҕын уута иэдэһин устун сүүрбүтүн бэйэтэ да билбэтэ. Кыл түгэнэ кини Уйбаана сэриигэ барыан иннинэ ытыһыгар толору дьэдьэн ууммутун санаан кэллэ.

– Эбээ, тоҕо ытыыгын, эбээ, тоҕо ытыыгын? – сиэнэ барахсан ыйыта турар эбит. Тоҕо ытаата Өрүүнэ?

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...