05.03.2021 | 04:48

Терапевтан 10 сүбэ

Терапевтан 10 сүбэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Терапевт быраас Виктория Макарова (@terapevt_ykt) доруобуйаны харыстыырга уонна организм аһы буһарар кыаҕын тупсарарга анаммыт 10 сүбэтин туһаныҥ:

1. Күҥҥэ 3-4 төгүл аһааҥ. Бытааннык, хас биирдии куһуоччугу 10-15 сөкүүндэ ыстыы-ыстыы. Үлэлии олорон үрдүттэн ыксалынан  аһаамаҥ, ону тэҥэ тэлэбиисэр көрө, социальнай ситимнэри хасыһа олорон аһыыр сатаммат – аралдьытар ону-маны көрө олорон эһиги организмҥыт төһөнү аһыан баҕарарын өйдөөбөккүт, топпуккутун билбэккэ да хаалыаххытын сөп. Ол түмүгэр наадата суоҕу аһара аһаан кэбиһэҕит.

2. Буортулаах астары уонна гаастаах утахтары аһылыккыт рационуттан суох гыныҥ. Сибиэһэй, натуральнай бородуукталарынан астаныҥ. Рафинированнай астары кыччатыҥ. Фрукта, оҕуруот аһын, бобовай култууралары аһылыккытыгар киллэриҥ. Бу барыта оһоҕос үлэтин тупсарар.

3. Үүттэн оҥоһуллар аһыйбыт астары сиэҥ – оһоҕос микрофлоратыгар үчүгэй дьайыылаахтар. Туһалаах бактериялар организм араас ыарыыларга утарылаһар күүһүн, иммунитетын бөҕөргөтөллөр.

4. Күннээҕи аһылыккытыгар арыы арааһын туһана сатааҥ. Сыалаах кислоталар киһи доруобуйатыгар хайаан да наада буолаллар. Саамай туһалаахтар – лен арыыта, кунжут арыыта, оливка, грецкэй эриэхэ  уонна виноград уҥуохтарыттан ыгыллыбыт арыылар.

5. Углеводтары аҕыйатыҥ. Араас минньигэстэн уонна бурдук астан киирэр саахардар киһи организмыгар глюкоза таһымын түргэнник үрдэтэллэр. Ол эрэн бу тахсыбыт глюкоза түргэн үлүгэрдик түһэн хаалар, ол аата сотору эмиэ аччыктыыгыт.

6. Ыраас ууну ыймахтыы сылдьыҥ. Кофе, араас минньигэс утахтар, чэй – ууну солбуйар кыахтара суох. Организмҥа уу тиийбэт буоллаҕына киһи хойуута хаайтарар, оччоҕуна оһоҕоско хойуу маасса мустан организм интоксикациялаан барар.

7. Туускутун аҕыйатыҥ. Биир сууккаҕа 5 граммтан элбэх тууһу сиир наадата суох. Көннөрү аһылыкка туттуллар повареннай туускутун муора тууһугар эбэтэр гималайскай тууска уларытыҥ. Повареннай тууска икки эрэ эттик баар – натрий уонна хлор. Оттон муора тууһугар араас микроэлемент үгүс. Туус элбэх киирэр буоллаҕына эккит-сииҥҥит дарбайар, хааҥҥыт баттааһына үрдүүр.

8. Аскытын сөпкө астаныҥ. Төһөнөн кылгастык буһараҕыт да, соччонон ас битэмииннэрэ хаалаллар. Организмҥытын химиянан ноҕуруускалаамаҥ. Хаһан баҕарар органическай аһылыгы талыҥ, пластик иһиккэ аскытын сылытымаҥ, ыһаарылыы сатаамаҥ – ыһаарыламмыт ас оһоҕоско куһаҕаннык буһар.

9. Бэйэ күүһүн чөлүгэр түһэрэ сылдьыҥ. Уугутун хана утуйуҥ, кэмигэр сынньаныҥ. Хамсаныы-имсэнии ас буһарар уорганнар үлэлэригэр олус туһалаах. Ол эрэн ханнык баҕарар эт-хаан дьарыга организмҥа улахан ноҕорууска буоларын умнумаҥ.

10. Табахтаамаҥ, арыгылаамаҥ.

Умнумаҥ:

- Кэмиттэн кэмигэр стоматолог бырааска көрдөрүнүҥ;

- Сыл аайы диспансеризацияны, профилактическай чинчийиилэри ааһыҥ;

- 40-нарын ааспыт дьон 2 сылга биирдэ онкоскрининг быһыытынан хойууларын анаалыһын туттарыахтаахтар;

- 50 саастарын ааспыт дьон 5 сылга биирдэ колоноскопияны оҥорторуохтаахтар.

Киһи аһы буһарар уорганнарын үлэтиттэн олус элбэх тутулуктааҕын умнумаҥ. Чэгиэн буолуҥ, бэйэҕитин харыстана сылдьыҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...