Тэпилииссэни кыстыкка хайдах бэлэмниибит?
1. Үүнээйилэри хомуйуҥ
Оҕурсуну, помидору, биэрэһи, баклажаны уонна да атын үүнээйилэри силиһиттэн түөрэн ылар ордук. Түспүт сэбирдэҕи, атын үүнээйини барытын хомуйан ылыҥ. Ото, сэбирдэҕэ араас куһаҕан ыарыылаах, буортулааччылардаах буолуон сөп. Ону барытын саад эбэтэр оҕуруот иһигэр ыспакка, тута бөх тоҕор баахха быраҕан уматыҥ. Бу курдук үүнээйилэр баайыллан турбут быаларын эмиэ уматар ордук.
2. Сууйуҥ
Салапаан, өстүөкүлэ, поликарбонат уонна да атын матырыйааллартан тутуулары көннөрү хаһаайыстыбаннай мыыланан сууйар ордук.
Онуоха 10 л ууну 100 мл кэриҥэ көннөрү эбэтэр убаҕас хаһаайыстыбаннай мыыланы убатыҥ. Күүгэнэ элбиэр диэри булкуйуҥ. Тэпилииссэ үрдүк буоллаҕына, уһун маһынан эбэтэр швабранан туһаныҥ. Конструкцияҕа улахан губка сөп түбэһэр. Истиэнэни, тэпилииссэ үрүтүн кичэйэн сууйуҥ, быылы, кири ыраастааҥ. Ордук киһи илиитэ тиийбэт муннуктарыгар, үөн-көйүүр мунньустар сирдэригэр уонна да атын уустук учаастактарга ураты болҕомтону ууруҥ.
3. Кырыс буору уонна тэпилииссэ холлоҕоһун үчүгэйдик ыраастааҥ
Үүнээйилэргит сайын устата элбэхтик ыалдьыбыт, буортулааччылартан эрэйдэммит түгэннэригэр, бастатан туран, үөн-көйүүр, тэллэй уонна инфекция көбүтээччилэриттэн өрүһүйүөххэ наада. Маныаха 50 г алтан сульфатын 10 л ууну кытта булкуйуҥ. Оҥоһуллубут суурадаһынынан кирээдэлэри ыстарыҥ. Маннык булкааһык быһа холоон 5 кв.м буорга тиийиэхтээх.
Онтон тэпилииссэ эркиннэрин, үрүтүн уонна да атын тутууларын дезинфекциялааҥ. Манна суурадаһын бу курдук оҥоһуллар – 100 г алтан сульфатын 10 л ууга булкуйаҕыт.
Атын боростуой уонна дьон ордук сөбүлээн туттар ньыматынан сера буолар. Сера араас буортулааччылартан үчүгэйдик өрүһүйэр. Биэдэрэҕэ уматан баран, түннүктэри, ааннары кырата икки суукка ыксары сабыахха наада. Оччоҕуна үөн-көйүүр, инфекция буруоҕа тумнастан өлөллөр. Ол эрээри бу маннык ньыма тимир уонна поликарбонат тэпилииссэни алдьатыан сөп. Онон, эһиги тэпилииссэҕит өскөтүн бу матырыйааллартан оҥоһуллубут буоллаҕына, туттубаккыт ордук. Ону сэргэ сераны кытта үлэлиир киһи этин-сиинин харыстанар курдук үчүгэйдик таҥныахтаах, эбиитин ачыкы, мааска кэтэрэ ирдэнэр.
Аны 10 хонугунан тэпилииссэни туһалаах бактерияларынан хааччыйар өссө биир “сиэр-туом” оҥоһуллуон наада. Ол курдук, холобур, «Фитоспорин‑М», «Триходерма», «Фитоцид», «Байкал‑М1» биофунгицидтарынан ыстарар ордук. Хайдах туттуохтаахпыт барыта хаатыгар ыйылла сылдьар буолар. Ханнык да түгэҥҥэ препараттары оҥоруу бириинсибэ биир: суурадаһыны бэлэмниигит, кирээдэлэри ыстараҕыт, тэпилииссэ иһин сиигирдэҕит.
4. Буор тутулун харыстыыр уоҕурдуулар
Биллэн турар, сыл ахсын буор атыылаһан куттарар арыый да уустук. Кэлэр сылга өлгөм үүнүүнү биэрэрин туһуттан үрүҥ хартыыһата, эбиэс бурдукта эбэтэр араапыста (рапс) ыһыҥ. Улахан тымныылар түһүөхтэригэр диэри кинилэр өлүөхтэрэ. Саас силистэриттэн түөрэн, кирээдэлэри бэлэмнииргэ ыраастыахха сөп. Маннык үүнээйилэри көрүү-истии ирдэммэт. Төттөрүтүн, буор хаачыстыбатын тупсарар, иҥэмтэлээх эттиктэринэн хааччыйаллар.