31.07.2021 | 15:30

Тэллэйтэн сүһүрбэт туһугар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Арассыыйаҕа сыл аайы  тэллэйи сиэһини кытта сибээстээх   сүһүрүү бэлиэтэнэ турар. 
Тэллэй – куртахха ыараханнык “буһар”  бородуукта. Тэллэйгэ организмҥа «буһан» быстыбат хитин диэн суба (клетчатка) олус элбэх. Ол иһин,  тэллэйи төһө да таптаабыппыт иһин, ас буһарар уорганнарыгар ханнык да ыарыыта суох,  доруобай эрэ дьон сиирэ ордук.

Сүһүрүү төрүөттэрэ

Тэллэйтэн сүһүрүү сүрүн төрүөтүнэн тэллэй астаах  эттигэр  токсиннар бааллара буолар. Ону таһынан тэллэй ыарахан металлары, радионуклидтары, сир үрүт араҥатыттан пестицидтары мунньар.

Киһи доруобуйатыгар  тэллэй бу көрүҥнэрэ ордук улахан кутталы үөскэтэллэр:

–  сытыган тэллэй (поганка),

кыһыл уонна  пантернай  мухомор,

свинушка,

чөҥөчөк тэллэйэ (опята),

үөстээх тэллэйдэр, 

лепиота,

волоконница уо.д.а.

 

Тэллэйтэн сүһүрүү тарҕаммыт төрүөттэринэн  тэллэй сэлээппэтин эттиктэригэр  (ардыгар атахтарыгар) радионуклидтар мунньуллуулара буолар. Онтон саамай актыыбынайдара – цезий.

 

Доруобуйа эмсэҕэлээбэтин курдук

Тэллэйтэн сүһүрүүттэн сэрэнэр миэрэлэри саҥа тэллэйдээччилэр эрэ буолбакка, уопуттаах тэллэйдьиттэр эмиэ билиэхтээхтэр. Сүрүн быраабылалары тутустахха, сүһүрэр куттал хаһан баҕарар кыра буолар.

Онуоха СӨ Роспотребнадзор управлениета тугу сүбэлиирий?

 

Билбэт тэллэйдэргитин хомуйумаҥ. Саарбахтыыр буоллаххытына – ол тэллэйи быраҕар ордук. Оннук тэллэйи  атын тэллэйдэргитин кытта бииргэ уурар да сыыһа.

Эргэрбит уонна чиэрбэлэммит тэллэйдэри ылымаҥ.

Тэллэйи хомуйаргытыгар  кини өҥүн-дьүһүнүн: сэлээппэтин  өҥүн, атахтарын (атахтарыгар тиэрбэстэр бааллар дуу, суохтар  дуу) болҕомтолоохтук көрүҥ.

Тэллэйи полиэтилен бакыакка хомуйуллубат, ордук корзина барсар.

Тэллэйи дьиэ сылааһыгар 3 чаастан ордук харайыллыбат.

Ханнык баҕарар тэллэйи бэлэмниэххитин иннинэ үчүгэйдик ыраастааҥ уонна буһарыҥ.

Кыра оҕолор тэллэйдээх аһылыгы сиэбэттэрэ ордук.

 

Ботулизм – ыарахан
ыарыы

Тэллэй ботулизм курдук олус ыарахан ыарыы төрүөтүнэн буолуон сөп. Ботулизмы көбүтээччилэр   сүрүннээн кырыска бааллар. Тэллэй кэнсиэрбэлэниэн иннинэ ситэри ыраастамматах уонна кичэллээхтик сууллубатах буоллаҕына, тэллэйгэ сир кыра өлүүскэлэрин кытта  ботулизмы көбүтээччилэр эмиэ баар буолуохтарын сөп. Кинилэр дьиэтээҕи термическэй ыраастаһыҥҥа бэриммэттэр, өлбөттөр. Оттон салгын киирбэт,  ыксары бүөлэммит бааҥкаҕа киһиэхэ буортулаах дьаат – микробтаах токсин үөскүүр куттала улахан. Ботулизмынан ыалдьыы тэллэйи  сиэбитиҥ 12-72 чаас кэнниттэн биллэр.

Ботулизм сибикилэрэ:

– Төбөҥ ыалдьар, айаҕыҥ куурар, хотуолуугун, сыптарыйаҕын, иҥиириҥ тардар, ыйыстарыҥ ыарыыр уонна көрөрүҥ мөлтүүр (биридимиэт икки буолан, чуолкайа суох көстөр).

 

Тэллэйи хомуйаргытыгар, бэлэмнииргитигэр уонна астыыргытыгар  болҕомтолоох буолуҥ. Сүһүрүү сибикитэ билиннэ да, төһө кыалларынан түргэнник  эмтиир тэрилтэ көмөтүнэн туһаныҥ. Быраас ыйыыта-кэрдиитэ суох бэйэҕит эмтэнимэҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...