27.12.2019 | 10:08

ТЕХНИКА ИЛИИНИ-АТАҔЫ СОЛБУЙДА

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Уон сыл устата сибээс уонна тиэхиньикэ хайдах сайынна ?

Уонча сыллааҕыта: “Оксиэ, бу туох курутуой төлөпүөнэй? Хаска атыыластыҥ? МР-3-лаах дуо?» - диэн сөҕө-махтайа ыйыталаһар буоларбыт. Докумуону, хаартысканы, муусуканы ИК-порт нөҥүө атастаһарбыт. Ону даҕаны алҕас сыыһа баттаатахха эбэтэр үөһээ-аллараа туттахха, баран-кэлэн биэрбэккэ эрэйдээччи.

Баара-суоҕа уонча сыл ааста. Оччотооҕу кэмннэи билигин сонньуйа ахтабыт.

2009 сыл

Көмпүүтэр, төлөпүөн ыал аайы кэриэтэ баар. Муодаҕа плазма тэлэбиисэр киирэн турар. Төһөнөн улахан да, соччонон «курутуой». Ону көрөр наадатыттан аны элбэх ханааллаах тэриэлкэ үөдүйэр. Хас биирдии оҕо ырата – планшет. Интэриниэттээх оҕо онно оонньуу хачайдыыр. Сенсор төлөпүөн элбиир. Аккумулятордаах, улахан памятьтаах флеш-карталаах МР-3 баар буолар.

2010 сыл

«Моноблок” диэн экран көмпүүтэр туһунан үгүстэр аан бастаан истэллэр. Apple хампаанньа IOS платформалаах MacBook-тары, саҥа планшеты таһаарар. Андроид платформалаах маҥнайгы төлөпүөннэр тахсаллар. Сыл бүтүүтэ Iphone-4 кэлэр, сыанатын киһи барыта уйунар кыаҕа суох. Ол да буоллар “деревяшкабытын” быраҕабыт, смартфоҥҥа көһөбүт.

2011 сыл

Дьокуускай куоракка саҥа оператор кэлэр – Билайн. Маҥнай утаа тарыыптара удамыр буолан, сонумсахпытыгар эбитэ дуу, үгүспүт онно көһөр. Сүрүн итэҕэһэ – Билайн симката сорох төлөпүөҥҥэ сөп түбэспэтэ буолбута. Ол эбэтэр, Билайн симкалаах буоллаххына, «курутуой” төлөпүөннээх киһигин диэн удумаҕаланаҕын.

Көмпүүтэр өссө сайдар, кыаҕырар. INTEL хампаанньа i-7 процессордаах көмпүүтэрэ саамай күүстээҕинэн ааҕыллар.

2012 сыл

Билайн сибээһин төлөпүөн барыта өйүүр буолла. Онон Саха сирин нэһилиэнньэтин баһыйар өттө Билайн операторга көһөр. Көмпүүтэр үксэ Windows 8 операционнай систиэмэҕэ көһөр. Ноутбук киһи итэҕэйиэ суох курдук омуннаахтык күүһүрэр. Киһиэхэ барытыгар трансформер ноутбук  баар буолар. Төлөпүөн арааһа элбиир. Аны ыал аайы дьиэтээҕи кинотеатр баар буолар. “WhatsApp» социальнай ситим кэлэр. Apple хампаанньа Iphone-4s смартфону сүрэхтиир. Тыа сиригэр “домашка” төлөпүөннэр бөххө быраҕыллар аакка киирэллэр.

2013 сыл

Бу сылы Apple уонна Samsung хампаанньалар күрэстэһиилэрэ диэххэ сөп. Күнтэн-күн саҥаттан-саҥа сыһыарыылары таһаараллар. Тэлэбиисэргэ күнү супту кинилэр эрэ рекламалара көстөр. Сүрүннээн, Iphone-4s yонна Самсунг S4 мааркалаах төлөпүөннэр муодаҕа киирэллэр. Самсунг сүрүн уратытынан S4 мини диэн дьоҕус төлөпүөнэ атыыга хамаҕатык барар. Атын даҕаны хампаанньалар туора турбаттар. Саҥаттан саҥа төлөпүөнү оҥорон таһаараллар. Саха сиригэр «Instagram” маҥнайгы хараҥаччылара (подписчиктар) регистрацияланаллар. Ол эрэн инстаграм 2010 сыллаахха аан дойду ситимигэр тахсар.

2014 сыл

Apple уонна Samsung хампаанньалар күрэстэһиилэрэ уҕараабат. Apple-5s мааркалаах төлөпүөнү таһаарар. Самсунг s5 мини төлөпүөнүнэн былааһы ылар. Ол эрээри айфоннар кыайаллар. Инстаграм-ҥа сахалар омуктары үтүктэн астарын, тыҥырахтарын таһааран бараллар. iMac диэн ааттааах моноблоктар кэлбиттэрэ. Android Wear платформа «өйдөөх чаһылары” оҥорон саҕалыыр. iPhone 6 уонна  6 Plus утуу-субуу тахсаллар. Билайн сибээс Саха сирн барытын баһылыыр. Тыа дьоно ороҥҥо сытан эрэ төлөпүөннэһэр буолаллар.

2015 сыл

Сибээс лаппа тупсар. Саха айтишниктара IT-га маҥнайгы хардыыларын оҥороллор. ГоПро экшн-камера муодаҕа киирэр. Атыыга виртуальнай ачыкылар тахсаллар. Араас хампаанньалар саҥа сыһыарыылары, платформалары олохтууллар. Дьокуускайга 4G мобильнай интэриниэт киирэр.

2016 сыл

Билигин атыыга турар смартфоннарбыт уон сыл анараа өттүгэр оҥоһуллан тахсыбыт көмпүүтэрдээҕэр күүстээхтэр. Ол эрээри өр кэмҥэ "тыыннаах" сылдьар аккумулятордаах төлөпүөнү хайалара даҕаны оҥоро илик. Бары хампаанньалар сүрүн сыаллара бу диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо. Көмпүүтэр ылыан баҕарар киһи маҕаһыыҥҥа тиийэн чаастарынан тус-туспа атыылаһар кыахтанна. Тиэхиньикэни атыылыыр маҕаһыыннарга күн талбыта барыта баар. Кирэдьиит да атыылаһыахха сөп.

2017 сыл

Арассыыйаҕа 3D-бэчээт киирэр, Iphone-х атыыга тахсар. Өйдөөх массыыналар айыллалллар. Омук сиригэр суоппара суох массыына ахсаанын элбэтэллэр. Бэрэсидьиэммит Егор Борисов инники олохпут айтины кытта сибээстээҕин өйдүүр уонна үөрэх хаачыстыбатыгар, эдэр дьоҥҥо туһаайан айти инвенстициялары олоххо киллэрэр. Саха сирин аатырбыт айтишнига Арсен Томскай хампаанньата өрөспүүбүлүкэ  үрдүнэн биир бастыҥ тэрилтэ аатын сүгэр. Бырааттыы Ушницкайдар «МайТона” хампаанньалара Питертан саҕалаан Сингапурга тиийэ офистаналлар. Дьон олоҕо чэпчээбиккэ дылы буолар. Уһуннук сылдьар төлөпүөн аккумулятора хас биирдии саха илиитигэр баар буола түһэр.

2018 сыл

3D-бэчээти аны тимиргэ киллэрэллэр, ырыынакка улахан сыанаҕа атыылыыллар. Великобританияҕа киһи ис уорганын 3D-га уларыталлар. Google хампаанньа бастакынан  Pixel Buds диэн провода суох наушниктары оҥорор. Көмпүүтэр, планшет, ноутбук бириэмэтэ ааһар, атыыга да кэлбэт буолар. Киһи барыта хара сарсыардаттан төлөпүөн тутан баран аһыыр, утуйар. Аатырар Apple хампаанньа ырыынактан туоруу сыһар. Төлөпүөн сыаната 120 тыһ. солк. тиийэ улаатар.

2019 сыл

Дьиэни ыраастыыр, сууйар робот-пылесостар олоххо киирэн бараллар. Киһи кыраадыһын бэрэбиэркэлиир, хат буолбуккун быһаарар анал термометрдар айыллаллар. Омук сиригэр дрон квадрокоптердары оҥорон таһаараллар. Өйдөөх таҥастары, дьиэлэри, улахан тутуулары оҥорор буоллулар. Саха сиригэр айти инники күөҥҥэ таҕыста. Араас хабааннаах куонкурустар, күрэхтэһиилэр ыыттыллаллар, инвестиционнай бырагыраамалар олоххо киирэллэр. Айти эйгэтэ дьон олоҕун чэпчэтэргэ үлэлэһэр. Саха айтишниктара Ил Дархана Айсен Николаев көмөтүн уонна өйөбүлүн эттэринэн-хааннарынан биллилэр. Сыл бүтүүттэ күүтүүлээх үс камералаах Iphone-11 pro-max атыыга таҕыста. Сыаната аан маҥнай 200 тыһ. тиийэ сылдьыбыта

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....