11.01.2024 | 14:00

Тарскайга чурапчылар эрэллээхтик бастаатылар

Тарскайга чурапчылар эрэллээхтик бастаатылар
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Н.Н. Тарскай 100 сылыгар аналлаах СӨ көҥүл тустууга биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин 67-с чемпионата Бороҕоҥҥо саҥа тутуллубут Н.Н. Тарскай аатынан аарыма спорт уораҕайыгар буолан ааста. 21 улуустан 186 бөҕөс, ол иһигэр 1 норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, 41 Арассыыйа спордун маастара, 83 маастарга хандьыдаат, 61 бастакы разрядтаах бөҕөс икки күн сэргэх хапсыһыылары бэлэхтээтилэр.

 

Ыйааһын аайы хастыы да бөҕөстөрдөөх толору хамаандалары Мэҥэ Хаҥалас (17), Сунтаар (25), Уус Алдан (20), Чурапчы (34) аҕалтаабыттарыттан сылыктаатахха, харааныттан кыайыыга суоттаммыттара билиннэ. Сүрүн судьуйанан Москваттан кэлэ сылдьар Арассыыйа көҥүл тустууга федерациятын бэрэстэбиитэлэ Николай Дмитриев, сүрүн сэкирэтээринэн Дьокуускайга тустууга аналлаах оҕо спортоскуолатын дириэктэрэ Василий Уйгуров үлэлээтилэр. Спорт миниистирэ Леонид Спиридонов көҥүл тустууну сайыннарыыга тренердэри кытта кэпсэттэ.  Бу иннинээҕи Тарскай чемпионатыгар эр-биир чурапчылар (2023) уонна мэҥэ хаҥаластар (2022) бастаабыттара.

 

Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын бөҕөстөрө бэйэлэрин түһэн биэрбэтилэр, туйгун туруктарыгар сылдьалларын көрдөрдүлэр. Бастакы миэстэ иһин хапсыһыыларга күөн көрүстүлэр. Күүстээхтэр хаһан баҕарар болҕомтонон туһаналлар. Иллэрээ сыл Аллараа Бэстээххэ эмиэ саҥа үлэҕэ киллэриллибит “Парус” спорт комплексыгар тэлгэммит Тарскай чемпионатын көбүөрэ ньиргиэрдээхтик ааспыта. Онно тахсыылаахтык тустан эрэр тумус туттар эдэр бөҕөспүт Станислав Свинобоев уонна баай уопуттаах Виктор Рассадин киирсиилэрин көрөөрү сүгүрүйээччилэрэ элбэх буолан түмсүбүттэрэ. Финалга кыайыыны тустуу улахан маастара Виктор Рассадин ситиспитэ. Бу сырыыга бүтэһигэр диэри бэйэ бодотун тардынан тустуу суолталааҕа билиннэ. Финалга тахсар иһин хапсыһыыга Станислав Свинобоев, сэрэҕин сүтэрэн, көмүскэммэккэ, “тилэхтэтэн”, дьарыгын тохтото сылдьар Айсен Потаповка 4:1 баһыйтаран, үгүстэри хомотто. Кыайыылаах аатын сүгэ сылдьыы уустуктардаах, мэлдьитин бастаабаккын. Кытаанах хапсыһыыларга биллиилээх бөҕөстөр Петр Копылов, Николай Охлопков, Софрон Софронов барыллааһын хапсыһыыларга  баһыйтартааннар, миэстэлэспэтилэр. Кичэллээх бэлэмнээхтэр, күүстээх туруктарын ыһыктыбакка сылдьааччылар кыайыы көтөллөннүлэр.

 

Тыҥааһыннаах кытаанах хапсыһыылар, күүтүллүбүтүн курдук, финалга буоллулар.

 

34 бөҕөс тустубут 57 кг бу соторутааҕыта Красноярскайга Миндиашвили турнирын боруонса призера, Борис Будаев норуоттар икки ардыларынааҕы турнирын боруонса призера, Крылов Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирын боруонса призера, барыллааһын хапсыһыыларга утарсааччыларын лаппа баһыйталаабыт Уйгулаан Иванов (Мэҥэ Хаҥалас) уонна кинини утары 2016 с. “Азия оҕолорун” оонньууларын  кыайыылааҕа, Уһук Илин боруонса призера, Базар Ринчинов Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирын үрүҥ көмүс призера, Устудьуоннар норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээллэрин боруонса призера, былырыыҥҥы Тарскай түһүлгэтигэр бэһис миэстэлээх, Миндиашвили Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирын үрүҥ көмүс призера, барыллааһын хапсыһыыларга утарсааччыларыгар биир да баалы биэрбэтэх, финалга тахсар иһин хапсыһыыга бииргэ эрчиллэр Егор Явловскайга эрэ биир баалы “бэрсибит” Любомир Ашеин (Чурапчы) хас биирдии баал иһин сыралаахтык кииристилэр. Ашеин 1:5 баһыйтаран иһэн, харса суох кимитэлээн, арбитр судьуйа көрдөрбүтүнэн, иккитэ иккилии баалы ыла сырытта. Мөккүөр үөскээн тахсан, улахан экраҥҥа хаттаан эргитэн көрүүгэ, баал сүүйтэрэн, хапсыһыы 5:4 Уйгулаан Иванов кыайыытынан түмүктэннэ. Тарскайга аан бастаан чөмпүйүөннээбит бөҕөс кыайыытын тренеригэр И.И. Дмитриевкэ анаата.

Чурапчыттан Дархан Игнатьев, Егор Явловский боруонса мэтээллэргэ тигистилэр.

 

61 кг (31 кыттааччы). Чурапчы институтугар үөрэнэр 19 саастаах Муома ыччата, 2022 с. Тарскай чемпионатын боруонса призёра, Уһук Илин ыччаттарын кыайыылааҕа, Р.М. Дмитриев турнирын үрүҥ көмүс призера, Бүтүн Арассыыйатааҕы Юрий Власко турнирын кыайыылааҕа, Борис Будаев норуоттар икки ардыларынааҕы турнирын үрүҥ көмүс призера, маастарга кандидат Артем Слепцов уонна бэйэтин кэмигэр уолаттарга аан дойду боруонса призера, Арассыыйа уолаттарын чөмпүйүөнэ, саха тустуутун соргулаахтык ааттаппыт, Сослан Андиев Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирын кыайыылааҕа, норуоттар икки ардыларынааҕы ”Шахтерская слава” турнир боруонса призера, Уһук Илин үрүҥ көмүс медалиһа Петр Константинов  (Дьокуускай) хапсыһыылара маҥнайгы түһүмэххэ 4 баалга быраҕа сылдьыбыт Артем Слепцов 8:5 кыайыытынан түмүктэннэ. Александр Авелов (Ньурба), Михаил Иванов (Горнай) үһүс миэстэлэннилэр.

 

Артем Слепцов: “Тарскайга үһүспүн туһуннум. Чурапчыга биир эрэ эргиир буолтум, ол иннинэ боруонсаны ылбытым. Бу сырыыга бастаатым. Эбиллии баар. Конкуренция күүстээх. Александр Авеловы тэҥ киирсиигэ 2:2 кыайбытым, финал аҥаарыгар Эдьигээнтэн Петр Яковлевтыын ыарахан киирсии ааспыта. Финал эмиэ ыараханнык ааста. Эрдэ элбэх баалы ылбытым көмөлөстө. Төрдүс кылаастан тустабын. Тренерим Ю.В. Афанасьев. Арассыыйа ыччаттарыгар Грознайга барарга бэлэмнэнэбит”.

 

 

65 кг (26 кыттааччы). Олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призера А.Н. Иванов уонна А.В. Крылов Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирдарын үрүҥ көмүс призера, Тарскай-2023 боруонса  призера, Бороҕон Спортивнай оонньууларына боруонса призера Дьулусхан Тотонов уонна Нам 19 саастаах бөҕөһө, өрөспүүбүлүкэ оҕолорун чөмпүйүөнэ, маастарга хандьыдаат Игорь Матвеев хапсыһыылара 3:1 Дьулусхан Тотонов туһатыгар түмүктэннэ. Иван Потапов (Дьааҥы), Андрей Мидловец (Амма) үһүс буоллулар.

 

Дьулусхан Тотонов: “Күүстээхтэр бары баар буоланнар, тыҥааһыннаах киирсиилэр буоллулар. Бэйэбэр эрэллээх этим, ыһыллыбакка, хомуллан туһуннум. Ярыгиҥҥа утарсааччыларбын билэттиибин, Шамил Мамедов, Ибрагим Рахимов курдук кыахтаах уолаттар бааллар. Тренердэрбин кытта сүрүн утарсааччыларым хапсыһыыларын ютубка көрөммүт, хамсаналларын үөрэтэбит, ырытабыт. Сөбүлүүр албаһым улахан суох. Хоннох анныттан ылан хамсатааччыбын. Бу кэлин физикабар болҕомто уураммыт, күүһү хачайдааһыҥҥа үлэлээтибит. Тардынабын, анньынабын, штанганан дьарыктанабыт. Кыайыыбын кэргэммэр, балтараалаах кыыспар аныыбын”.

 

70 кг (18 кыттааччы). Уһук Илин чөмпүйүөнэ, Медведь уонна Нефтеюганскай норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдар үрүҥ көмүс призера, Тарскай-2023 чөмпүйүөнэ, Чурапчы Мындаҕаайытын уонна Дириҥин ыччата Олег Фомин уонна Тарскай түһүлгэтин кыайыылааҕа, Станислав Свинобоевы 3:1 хоппут Уус Алдан маастара Петр Павлов хардарыта бырахсыылаах күүс өһүллэр хапсыһыылара 7:6 Олег Фомин туһатыгар түмүктэннэ. Мэҥэ Хаҥаластан Станислав Свинобоев, Владислав Кривошапкин үһүскэ тигистилэр.

 

Олег Фомин: “Ыарахан хапсыһыы ааста. 5:0 кыайан испитим. Иккис түһүмэххэ киһим кимитэлээн, ахсааны 5:5 тэҥнээбитэ. Онтон өссө биир баалы ылбыта. Аҕыйах сөкүүндэ хаалыбытыгар, хомулламмын, икки баалга охтордум. Бэйэбэр эрэллээх этим. Былырыын Свиновбоев Стаска хотторбутум, онон тустар санаалаах этим. Көрсүбүппүт буоллар, интэриэһинэй буолуо этэ. Хамсаныылар син бааллар, албыннааһыннары, туораттан атахтааһыннары, баайыылары туттааччыбын. Чугас дьоммор, тренердэрбэр, спосордарбар махтанабын, кинилэр көмөлөрүнэн туста сылдьабын. Улахан түһүлгэлэргэ көрдөрүөм диэн эрэллээхпин. Ярыгиҥҥа барабын. Ширяев, Касумов курдук Арассыыйа ааттаахтара бары бааллар”.

 

74 кг (16 кыттааччы). Норуоттар икки ардыларынааҕы Ярыгин турнирын боруонса призера,  “Байкал Опен”  турнирын кыайыылааҕа, Олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призера А.Н. Иванов, Александр Медведь, Канамат Хусеевич, А.В. Крылов Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирдарын үрүҥ көмүс уонна боруонса призера, “Кубок Содружества”, Д.П. Коркин уонна Сослан Андиев Норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдарын үрүҥ көмүс, боруонса призера, Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын хапытаана Константин Капрынов (Чурапчы) уонна Арассыыйа устудьуоннарын чемпионатын уонна Миндиашвили Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирын кыайыылааҕа, Коркин Норуоттар икки ардыларынааҕы турнирын призера, Уһук Илин боруонса призера Айсен Потапов (Дьааҥы) хапсыһыыларын тустууну таптааччылар улахан түһүлгэлэргэ тахсыылаах тустуулары көрдөрө сылдьар Капрынов туһатыгар түмүктэниэ диэн сылыктаабыттара. Ол эрээри кыайыы үөрүүтүн хоту дойду бөҕөһө биллэ. Үһүс миэстэҕэ - Николай Сивцев (Мэҥэ Хаҥалас), Алексей Данилов (Сунтаар).

 

 

Айсен Потапов: “Финал бастакыттан бүтэһигэр диэри сытыытык ааста. Капрынов бастаан, 30 сөкүүндэҕэ баал ылла, онтон көбүөр таһыгар таһаараммын баал ыллым. Бастакы түһүмэх оннук бүттэ. Иккис түһүмэххэ киһим бытаара, уоскуйа быһыытыйбытын көрөммүн, Леонид Спиридонов сөбүлээн туттар албаһыгар “тилэхтээһиҥҥэ” түбэһиннэрдим. Табылынна. Үһүс баалбын хоннох анныттан ыламмын көбүөр таһыгар таһааран ыллым. Онтон отучча сөкүүндэ көмүскэнним. Тулуйдум. Хапсыһыы 4:1 мин туһабар түмүктэннэ. Былырыын үөрэхпин бүтэрбитим. “Ярыгиҥҥа” путевкалаахпын. Тарскайга үһүспүн бастаатым. Дьааҥыга бэтэринээрдиир, хаһаайыстыбалаах эһээбэр оттуубун. Тустарбын көрө, истэ-билэ олорор”. 

 

79 кг (12 кыттааччы). Норуоттар икки ардыларынааҕы Р.М. Дмитриев, Борис Будаев, Д.П. Коркин турнирдарын үрүҥ көмүс призера, Арассыыйа ыччаттарын боруонса призера, Сахаачча турнирын кыайыылааҕа, Бүлүү Кыргыдайыттан Олимпийскай эрэл училище IV куурсугар үөрэнэр Роман Николаев уонна Индияҕа Норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдар кыайыылааҕа, Тарскай хас да төгүллээх призера, көҥүл тустуу уонна хапсаҕай маастара Үөһээ Бүлүүттэн Тимур Николаев хапсыһыылара 3:0 Роман Николаев кыайыытынан түмүктэннэ. Мэҥэ-Хаҥаластан Анатолий Никитин, Василий Кириллин үһүс буоллулар.

 

Роман Николаев: “Тимуру кытта киирсиэхпин баҕарбытым ыраатта, хотторор этим. Кыайыыбыттан үөрдүм. Утумнаах дьарык, тренердэрим үлэлэрэ көһүннэ. Сөбүлээн туттар араас албастардаахпын. 19 сааспар бастакы улахан ситиһиилэнним. Дьарыктаммытым ыраатта. Эһээм өрөспүүбүлүкэ хапсаҕайга абсолютнай чөмпүйүөнэ Леонид Романович Николаев, аан бастаан тустуунан дьарыктаабыта.  Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Тааттаҕа кэлэ сырыттаҕына чөмпүйүөннээбитэ. Тренерим Роман Гаврильевич Окоемов”.

 

86 кг (14 кыттааччы). Мэҥэ Хаҥалас күүстээх бөҕөһө Константин Власов Чурапчыттан Виталий Ефремовы 7:1 кыайан, Тарскай чемпионатыгар сэттис төгүлүн бастаата. Револий Самсонов (Сунтаар), Андриан Ленскэй (Орто Халыма) үһүс миэстэлэр.

 

Константин Власов: “Урукку курдук улахан бэлэмнэнии суоҕа. Ол иһин ыараханнык ааста. Бэйэм тустуубунан, ыган туһуннум. Дьарык суоҕа биллэр эбит. Тренердэрим туһуннараллар. Ыйааһыным эбиллэр, хамсанарга ыарахан. Хапсаҕайга тренердээн эрэбин. 70 кг саҕалаан түөрт ыйааһыҥҥа туһуннум”.

 

92 кг (10 кыттааччы). Красноярскайдааҕы тустуу оскуолатыгар бэлэмнэниини ааспыт Уһук Илин чөмпүйүөнэ, Базар Ринчинов, А.Н. Иванов, Канамат Хусеевич, Александр Крылов, Миндиашвили Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирдарын кыайыылааҕа, призера, Устудьуоннар норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээллэрин боруонса призера  Максим Толмачев (Дьокуускай) финалга Бүтүн Арассыыйатааҕы БАМ көбүөрүн кыайыылааҕа Денис Максимовы 10:4 хотто.

Үһүс миэстэ - Дьулустаан Калачев (Чурапчы), Владимир Данилов(Сунтаар).  

 

97 кг (8 кыттааччы). Уһук Илин ыччаттарын чөмпүйүөнэ, Бүтүн Арассыыйатааҕы А.Н. Иванов уонна Канамат Хусеевич турнирдарын үрүҥ көмүс призера, Усутудьуоннар норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээллэрин боруонса призера, Тарскай чемпионаттарын кыһыл уонна үрүҥ көмүс медалистара Никита Софронов (Чурапчы) уонна Уһук Илин үрүҥ көмүс призера, Бүтүн Арассыыйатааҕы А.Н. Иванов, А.В. Крылов турнирдарын үрүҥ көмүс призера Евгений Аронов (Дьокуускай) эрийсиилээх тэҥ хапсыһыылара 2:2 бүтэһик баалы ылбыт Никита Софроновка Тарскай чемпионатын иккис кыһыл көмүс мэтээлин аҕалла. Артем Сивцев (Уус Алдан), Александр Халыев (Таатта) боруонса мэтээллэри ылаттаатылар.

 

Никита Софронов: “Начаалынай кылаастан тустуунан дьарыктанабын, бэһис кылаастан Д.П. Коркин аатынан спортоскуолаҕа уонна институкка дьарыктанабын. Тренерим А.Г. Макаров. Сылы кыайыынан саҕалаабыппыттан үөрэбин. Кыайыыбын ыалдьааччыларбар, убайдарбар, эдьиийдэрбэр аныыбын”.

 

125 кг (14 кыттааччы). Уһук Илин чөмпүйүөнэ, Норуоттар икки ардыларынааҕы Шумилин, Борис Будаев, Александр Медведь турнирдарын кыайыылааҕа уонна призера, Бүтүн Арассыыйатааҕы Канат Хусеевич, А.В. Крылов, Миндиашвили турнирдарын кыайыылааҕа, Усутудьуоннар норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээллэрин  үрүҥ көмүс призера, Муома күүстээҕэ Никита Хабаров (Дьокуускай) уонна Үөһээ Бүлүү бөҕөһө

Баппаҕай Харысхал хапсыһыылара 3:0 Никита Хабаров туһатыгар түмүктэнэн, үһүс төгүлүн чөмпүйүөн үрдүк аатын аҕалла. Хаҥаластан  Даниил Иванов, Уус Алдантан Эрчим Максимов үһүс миэстэлэннилэр.

 

Никита Хабаров: “Күүстээх дьарык түмүгэ. Паарам элбэх, усулуобуйа баар, тренерскэй штаб үлэтэ. Улахан ыйааһыннарга болҕомто ууруллар, онон үчүгэй. Ыйааһыммар кырабын, 86 кг тустуохтаах киһибин, түһэриэм этэ. Арассыыйа таһымыгар тэҥҥэ тустабын. Наһаа ыарахан курдук буолбатахпын, чэпчэкитик сананабын.  Уус Алдан улууһун спорка салайааччыта Евгений Петровичка махтанабын. Кыайыыбын биир дойдулаахтарбар муомаларга аныыбын!”.

 

Хамаанданан түмүккэ Чурапчы бастаата, Мэҥэ Хаҥалас - иккис, Сунтаар үһүс миэстэлэри ылаттаатылар. Итинтэн салгыы Уус Алдан, Үөһээ Бүлүү, Дьокуускай,Таатта, Нам, Амма, Бүлүү улуустарын хамаандалара уон иһигэр киирдилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....