13.06.2024 | 18:00

Тарскай 100 сылыгар үбүлүөйдээх ыһыах

Тарскай 100 сылыгар үбүлүөйдээх ыһыах
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Биллиилээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятель, Саха сиригэр киэҥ далааһыннаах физкултуурунай хамсааһыны тэрийбит Николай Николаевич Тарскай төрөөбүтэ 100 сылынан үбүлүөйдээх ыһыах Уус Алдан улууһун Баатаҕай нэһилиэгэр бэс ыйын 8 күнүгэр үрдүк тэрээһиннээхтик буолан ааста.

Чараҥай

Ыһыах ыалдьыттарын Баатаҕайтан биир көс кэриҥэ бэттэх баар Чараҥай сиригэр-уотугар нэһилиэк баһылыга Михаил Белолюбскай, Н.Н. Тарскай аатынан оскуола дириэктэрэ, музей салайааччыта Алеана Бурнашева сахалыы симэнэн таҥныбыт ыччаттарын кытта көрүстүлэр, кымыстаах алаадьынан күндүлээтилэр.

Аҕа дойду Улуу сэриитин, тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии сылларын оҕолоругар, элбэх оҕолоох ийэлэргэ, уруккута “Барыллыалаах”, кэлин Карл Маркс аатынан холкуос туруу үлэһиттэригэр анаан оҥоһуллубут монумент-стеланы көрдөрдүлэр. Н.Н. Тарскай үөрэммит Чараҥай начаалынай оскуолата 1929 с. аһыллан үлэлээбит. Арыый тэйиччи, уруккута оскуола турбут, мас  сулустаах, күрүөлэммит сиригэр арыллыбыт сүүнэ бетон кинигэ күөнүгэр Тарскай олорбут паартата, “Чараҥайбыт оскуолатыгар махтал!” суруктаах кылаас дуоската, 1990 с. Н.Н. Тарскайга оҥоһуллубут бастакы бюст бааллар. Бу ытык сиргэ Баатаҕай оскуолатын 2004 с. бүтэрбиттэр тиит, хатыҥ мастары олордубуттара үүнэн силигилээн ырааппыттар.

Чараҥайтан төрүттээх, сыллата сайылаан олорор биэнсийэлээх Петр Рафаилов нэһилиэк спорка историятын  кэпсээтэ.

Сэрээккэ

Үбүлүөйдээх ыһыах күнүн Тамара Босикова сэбиэдиссэйдээх ”Күнчээн” оҕо уһуйааныгар бэрт сынньалаҥнык утуйан турбут бэтэрээннэр — Н.Н. Тарскайы кытта ыкса алтыспыт 89 саастаах Афанасий Алексеев, Михаил Жирков, үөрэх салаатын бэтэрээнэ Анатолий Никифоров, төрүт Баатаҕай ытык олохтооҕо, лапсалаах кус миининэн күндүлээн көрсүбүт Прокопий Готовцев, Майа музейын салайа сылдьыбыт Анна Петрова, Өрөспүүбүлүкэ спорка музейын дириэктэрэ Михаил Друзьянов, саха норуотун артыыһа Владимир Заболоцкай, суоппарбыт Николай Михайлов буоламмыт — сарсыарда алта чаастан сэрээккэттэн саҕалаатыбыт.

Физическэй култуура уонна маассабай спорт управлениетын отделын салайааччыта Зинаида Афанасьева чэбдигирии араас сонун хамсаныыларын оҥортордо уонна түмүгэр барыбытыгар скандинавскай хаамыы торуоскаларын бэлэхтээн, улаханнык сэргэхситтэ. Баатаҕайга баран кэлиини массыына биэрэн хааччыйбыт Р.М. Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэл училищетын дириэктэрэ Семен Чердоновка улахан махталбытын тиэрдэбит!

Музей

Ыһыах дьаһалларын, умнуллубат кэрэ-бэлиэ түгэннэрин оскуолаҕа баар Н.Н. Тарскай музейыттан саҕалаатыбыт. Музей 1996 с. балаҕан ыйын 28 күнүгэр аһыллыбыт.

Дьоһун музейы саха тылын уонна история учуутала Ксения Румянцева көҕүлээн тэрийбит. 90-с сыллардаахха Н.Н. Тарскай аата чөлүгэр түспүтүгэр, 1994 с. матырыйаал хомуйуутун саҕалаабыт. 1996 с. оскуола кэлэктиибин көмөтүнэн музей аспыттар, сырдатар, пропагандалыыр үлэни сүүрбэччэ сыл ыытан кэлбит. Научнай-практическай конференциялары, үбүлүөйдээх төгүрүк сылларга нэһилиэк, улуус таһымнаах үбүлүөйдэри, ыһыахтары ыыппыттар. Ксения Иннокентьевна төһө да биэнсийэҕэ таҕыстар, күн бүгүнүгэр диэри сүбэ-ама буолар. Баатаҕайдар тумус туттар, улуу киһилэрин 100 сылынан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн улахан болҕомто ууруллубутуттан, үгүс үлэ баран үйэтитиллибититтэн улаханнык үөрэрин, махтанарын биллэрэр. Музей үлэтин билигин үөрэнээччитэ, оскуола дириэктэрэ Алеана Алексеевна  салайар.

Пааматынньык-бюст

Н.Н. Тарскай аатынан Баатаҕай оскуолатын тиэргэнигэр пааматынньык-бюст аһыллыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, Ил Түмэн дьокутаата  Геннадий Васильев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа уонна спорка миниистирин солбуйааччы Гаврил Мохначевскай, улуус баһылыга Василий Аммосов, нэһилиэк баһылыга Михаил Белолюбскай, РФ физическэй култууратын үтүөлээх үлэһитэ Афанасий Алексеев биһирэбил тыллары эттилэр. Бюст оҥоһуута табыллыбыт, Тарскай илэ бэйэтинэн олорор. Скульптора Уус Алдан Мүрүтүн олохтооҕо Геннадий Оллонов бэйэтэ спортиҥҥа, буулдьанан ытыыга спорт маастара, өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ, призера, улуус федерациятын бэрэссэдээтэлэ. Тренер быһыытынан стендэбэй ытыыга икки спорт маастара иитиллээччилээх. Ытыы спордугар Олимпийскай чөмпүйүөннэри таһаарар бүччүм санаалаах.

Үбүлүөйдээх ыһыах

Ыһыах сценарийа олус табыллыбыт. Василий Парников салайар Найахытааҕы “Кэнчээри” ырыа ансаамбыла “Азия оҕолорун” гимнин толорон, улуус култууратын исписэлииһэ Туйаара Ларионова салалтатынан оҕолор пирамида, гимнастика, аэробика хамсаныыларын көрдөрөн, сөҕүүнү-махтайыыны үөскэттилэр.

“Дыгын оонньууларын” сэттэ төгүллээх кыайыылааҕа, Баатаҕайдар киэн туттуулара Иван Белолюбскай ыһыах дуоҕатын нэһилиэк баһылыгар туттарда. Үбүлүөйдээх ыһыах күндү-мааны ыалдьыттарын, ыһыах дьонун эҕэрдэлээн, олохтоох хаһаайын, Баатаҕай нэһилиэгин баһылыга Михаил Белолюбскай ыһыах саҕаланар бэлиэтин дуоҕаны киин түһүлгэ көстүүлээх сиригэр дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллатан туруорда.

Күрэс түһүлгэтэ

Ыраахтан-чугастан ыһыахха түмсүбүт күүстээхтэр-быһыйдар илин-кэлин түсүһүүлэрин, хаһан да буоларын курдук, үгүс көрөөччү төбүрүөннээн олорон, ыһыытаан-хаһыытаан, астына-дуоһуйа көрдө.

100 м сүүрүүгэ Ярослава Софронова (Баатаҕай), Саргылан Семенов (Мүрү); бэтэрээннэргэ Виктория Афанасьева (Мүрү), Иван Иванов (Танда); хапсаҕайга 75 кг Очир Очиржапов  (Хаҥалас), 75 кг үөһэ Леонид Попов (Таатта), муҥутуур бастыыр иһин хапсыһыыга Евгений Алексеев (Мүрү) 100 тыһ. солк.; мас тардыһыыга 75 кг Андрей Никифоров  (Мүрү), 75 кг үөһэ Егор Атласов (Уһун Күөл), абсолютнайга Егор Атласов (Уһун Күөл) убаһанан биһирэннэ; таас көтөҕүүгэ  Михаил Соловьев (Дүпсүн), саха многоборьетыгар Николай Обоев (Ньурба), Евгения Адамова (Баатаҕай) кыайаннар, 100-түү тыһ.солк. наҕараадаланнылар. Бириистэри баатаҕайдар бэйэлэрэ туруорбуттара кэрэхсэниэн эрэ сөп.

Түмүк

Н.Н. Тарскай төрөөбүтэ 100 сылынан физкултуура уонна спорт уһулуччулаах салайааччытын сырдык аатын үйэтитэр дьаһаллар ортолоругар Н.Н. Тарскай аатынан “Туймаада” стадиоҥҥа Тарскай олоҕун, үлэтин кэпсиир анал муннук баар буолуоҕа, “Саха” НКИХ документальнай киинэни көрөөччү киэҥ араҥатыгар таһаарыаҕа, Саха тыйаатырын артыыстара испэктээк туруоран көрдөрүөхтэрэ. Маны сэргэ “АЛРОСА” хампаанньа Н.Н. Тарскай аатын Саха сирин алмааһыгар иҥэрэр туһунан быһаарыыны ылынна, Баатаҕайга саҥа таас оскуола бырайыагын оҥоруу саҕаланна, Лөгөй 2-с Хомустааҕыттан Танда Хомустааҕар диэри айан суолун өрөспүүбүлүкэ оҥорорун туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев бэйэтин дьаһалларыгар киллэрбит.

Ити курдук Н.Н. Тарскайга анаммыт өрөспүүбүлүкэ таһымнаах элбэх тэрээһин ыытыллыаҕа, Н.Н. Тарскай төрөөбүт-үөскээбит Баатаҕайа чэлгийэ сайдыаҕа!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....