12.12.2024 | 14:00

«Тарбаахаптыы астыахха»: саҥа таһым

«Тарбаахаптыы астыахха»:  саҥа таһым
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

СӨ бочуоттаах гражданина, Арассыыйа маастар-повара Иннокентий Иннокентьевич Тарбаахап үбүлүөйдээх 80 сааһыгар анаан оскуола үөрэнээччилэрин ортотугар “Тарбаахаптыы астыахха” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус Ю.А. Готовцев аатынан Дьокуускайдааҕы  технология уонна сервис техникумугар буолан ааста. Куонкурус үөрүүлээх арыллыытыгар СӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирин бастакы солбуйааччыта М.Ю. Присяжнай кыттыыны ылла.
Икки күннээх куонкурус кыайыылааҕынан – Максим Попов (Таатта, Дьохсоҕон), иккис миэстэ – Клавдий Егоров (Үөһээ Бүлүү, Кэнтик), үһүс бириистээх миэстэ хаһаайынынан Үөһээ Бүлүү Намыттан Надия Ван-Пой-Лин ааттаннылар.

Дьокуускай куорат Матросов уулуссатыгар турар уруккута ГПТУ-8 мас дьиэтигэр баар техникум лабораторнай куорпуһугар тиийдим. Киирээти кытта муннубун ас сыта кычыкалатта. Өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыттан мустубут асчыт оҕолор анал нүөмэрдэрдээх остуолларга бэриллибит сорудахтарынан астаан-күөстээн буһа-хата сылдьаллар. Көрүдүөргэ кинилэргэ көх-нэм буолар оҕо да, учуутал да элбэх.

«Киин куорат» хаһыакка анаан “Тарбаахаптыы астыахха” куонкурус «төрөөбүт дойдутун» дэлэгээссийэтин аатыттан Мира Луковцева, Таатта улууһун үөрэх салаатын салайааччыта:

«Тарбаахаптыы астыахха» куонкурус Иннокентий Иннокентьевич төрөөбүт улууһугар биһиэхэ быйыл 13-с төгүлүн ыытылынна уонна быйылгыттан өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тахсыбыта олус үөрүүлээх.

Бу уолаттарга эрэ аналлаах күрэһи Туора Күөл орто оскуолата бастаан бырайыак быһыытынан саҕалаабыта. Ол кэннэ улуус иһинэн 13 төгүл, онтон Илин Эҥэргэ түөртэ ыытан кэллибит. Уолаттар 6-7 кылаастан саҕалаан кыттар этилэр. Ол кэмтэн балачча оҕо повар идэтин талан үлэлии сылдьар. Холобура, Константин Матаннанов бу куонкурустан куорсун анньынан, Иннокентий Иннокентьевичка бэйэтигэр үөрэммитэ уонна билигин «Тыгын Дархан» эрэстэрээҥҥэ шеф-поварынан үлэлии сылдьар.

Дьүүллүүр сүбэ анал хоско үлэлии олороругар киирэммин кэпсэттим.

Константин Степанов, Арктикатааҕы агротехнологическай университет астааһын технологиятын уонна аһылык индустриятын кафедратын профессора:

«Тарбаахаптыы астыахха» диэн оскуола оҕолоругар олус сөптөөх уонна бары өттүнэн туһалаах күрэх. Устудьуоннары үөрэтэр, оскуола үөрэнээччилэрин чинчийэр үлэҕэ тардар киһи буоларым быһыытынан эттэхпинэ, оҕо оҕоттон түргэнник үөрэнэр уонна ылынар. Бу куонкурус биир сүрүн суолтата Иннокентий Иннокентьевич Тарбаахап үлэтин, уопутун, билиитин тарҕатыыга уонна саҥалыы көрүҥнээн таһаарыыга сытар. Холобура, бүгүн саламаат, убаһа этиттэн итии аһылык уонна үүт астан минньигэһи оҥорон көрдөрүөхтээхтэр. Куонкуруска манна интэриэстээх уонна баҕалаах оҕолор кэлэн астыы сылдьаллара харахха быраҕыллар. Оҕолор төрөөбүт дойдубут этин, отоннорун, отторун туттан ити сорудахтары хайдах толороллорун, ону ааһан төһө ыраастык тутталларын, сатабылларын бу видео нөҥүө ыраахтан көрө олоробут. Кинилэргэ мэһэйдэспэппит.

Константин Матаннанов, Иннокентий Тарбаахап үөрэнээччитэ, «Тыгын Дархан” ресторан шеф-повара:

Оскуола үөрэнээччилэрэ диэтэххэ, бииртэн биир чаҕылхай оҕо астыы сылдьар. Биһиэхэ, дьүүллүүр сүбэҕэ, ким астаабыта нүөмэрдэринэн кэлэр, ону амсайан көрөн быһаарабыт. Оҕолор аска туманы элбэхтик туттар буолбуттарын бэлиэтии көрдүм. Астарын тууһун, туматын амсайан билиэхтээхтэригэр болҕомто ууруохтарын наада эбит. Биһиги оҕолорбутугар ол сэдэхтик көстөр дии санаатым.

Дьэ итинник дьүүллүүр сүбэ иннигэр икки күннээх үлэ саҕаланна диэххэ сөп.

Бу кэмҥэ бөлөҕүнэн сылдьар оҕолордуун кэпсэттим. Горнайтан айаннаан кэлбит биир кылаас оҕолоро “Билигин маастар-кылаас буолар, онно тахсыбаккын?” – диэн бэйэбин ыҥырар дьон буоллулар. Онон атын куорпуска таҕыстыбыт. Техникум устудьуоннара, преподавателлэрэ Саргылана Леонидовна салайыытынан кэлбит ыалдьыттарыгар пицца  уонна мороженай астаан көрдөрөллөрүгэр үөрэнээччилэртэн баҕалаахтар көмөлөстүлэр. Оттон биһиги, көрөөччүлэр, ону тото-хана сиэтибит.

Ю.А. Готовцев аатынан Дьокуускайдааҕы технология уонна сервис техникума бу оскуолалыын ыкса сибээстээхтик үлэлэһэр “Моя первая профессия” диэн бырайыактаах эбиттэр.

Бу туһунан Василиса Аярова, Афанасий Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын учуутала, үөрэнээччилэргэ идэни талыыга көмөлөһөр анал үлэһит (тьютер профессии) кэпсиир:

– «Газель» массыынаҕа төһө батарбытынан кэллибит. Араас үөрэх кыһаларыгар өрүү маннык сырытыннарабыт. Холобура, ыраах Бүлүү педколледжыгар сылдьыбыттаахпыт. Куораттан чугас буоламмыт, атын орто анал үөрэх кыһаларыгар үксүтүгэр сылдьан, кэнэҕэски идэбитин кытта билсиһэбит. Бу техникуму кытта анал дуогабар түһэрсэммит, оҕолорбут онлайн куурустарга сылдьан, практикаларыгар манна кэлэллэр. Урукку сылларга атын идэлэргэ үөрэммиттэрэ. Быйылгылар повар идэтигэр кууруска сылдьаллар.

Ити курдук, “Тарбаахаптыы астыахха” күрэххэ 8 улуустан уонна Дьокуускай куораттан барыта 14 кыттааччы күөн көрүстэ. Маны таһынан Анаабыр улууһуттан интэриниэт ситимин нөҥүө кэтэхтэн кыттыыны ыллылар. Оҕолору кытта көрсөн кэпсэттибит.

Клавдий Егоров, Кэнтик оскуолата, Үөһээ Бүлүү:

Уон биирис кылааска үөрэнэбин. Бэһискэ үөрэнэр кэмим быһыылааҕа. Аҕам  плов буһарбытыгар интэриэһиргээбитим. Онтон аҕабыттан ыйыталаһан, дьиэбэр бэйэм астыыр буолбутум. Ийэм идэтинэн повар. Онон бу мин дьиэм иһиттэн иитиллэн кэлбит баҕа санаам. Асчыт киһиэхэ дьонноруҥ хайгыыллара, махтаналлара наһаа үчүгэй буолар. Уонна, аччыктаатаххына даҕаны, бэйэҥ, ыллыҥ да, аскын буһарынарыҥ бэрт буоллаҕа дии. Быйыл манна Дьокуускайга повар идэтигэр туттарсыахпын баҕарабын.

Бу кэпсэтии кэнниттэн аҕыйах кэминэн кыайыылаахтар ортолоругар Клавдий Егоров аата иккиһинэн ааттаммыта кинини арыаллыы сылдьар оскуолатын учууталларыгар үрдүк үөрүүнү бэлэхтээтэ.

Түмүк тахсарын күүтэ олорон, Тааттаттан кэлэ сылдьар уолаттардыын кэпсэттибит. Үһүөн тус-туһунан оскуолаттан кэлбиттэр.

Николай Варламов, Алампа аатынан 1 №-дээх оскуола 9-с кылааһын үөрэнээччитэ, Ытык Күөл:

Саламааппын тыллаах оҥордум. Убаһа этиттэн тыква пюретын кытта рис буһардым. Десерпэр чөчөгөйгө от буккуйан, тымныылыы бэриллэр ас буолла. Дьиэбэр торт, баахыла уонна кекс, бэчиэнньэ астыыбын. Тоҕус сааспыттан  астыыбын.

Борис Коркин, А. Е. Мординов аатынан лицей, Ытык Күөл:

Быйыл бастакыбын кытынным эрээри, наһаа ыарырҕаппатым.

Максим Попов, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан оскуола 11-с кылааһын үөрэнээччитэ, Дьохсоҕон:

Түргэнник импровизациялыахха наада эбит диэн түмүгү оҥоһуннум. Дагда оҥороору гыммытым табыллыбата. Ол иһин иэдьэгэйи кытта сгущенканы уонна чөчөгөйү буккуйдум. Оскуолабын бүтэрдэхпинэ, повар идэтин баһылыахпын баҕарабын. Красноярскайга француз-нуучча куухунатын сэргиибин, манна Саха сиригэр эмиэ баҕарабын.

Максим “Тарбаахаптыы астыахха” күрэххэ маҥнайгы миэстэни ылла. Түмүк тахсыан иннинэ эппит санаата киниэхэ чыпчаал кыайыылаах тахсарыгар улахан оруолу ылбыт буолуохтаах. Ити курдук түргэн толкуй, баар балаһыанньаттан кэбэҕэстик тахсыы уонна сыыдам, ыраас туттуу повар идэтигэр биир сүрүн хаачыстыба буолалларын эдэр асчыт бэйэтинэн билбит.

Саргылана Леонидовна Винокурова, Ю.А. Готовцев аатынан Дьокуускайдааҕы  технология  уонна сервис техникумун преподавателэ:

Өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа да таһымыгар ыытыллар чемпионаттарга бэлэмниир учууталларга, уһуйааччыларга анаан маастар-кылаастар баар буолуохтаахтарын бу күрэхтэһииттэн исписэлиис быһыытынан бэлиэтии көрдүм. Инникитин ону болҕомтоҕо ылыахпыт. Бу күрэхтэһии оҕолору үөрэтэр дьоҥҥо маастарыстыбаларын үрдэтии наадалааҕын көрдөрдө.

70 сыллаах үбүлүөйдээх Ю.А. Готовцев аатынан Дьокуускайдааҕы  технология уонна сервис техникумун бочуоттаах выпускнига, СӨ Бочуоттаах гражданина, Арассыыйа маастар-повара Иннокентий Иннокентьевич Тарбаахап икки күн устата буолбут күрэх кыттыылаахтарыгар, уһуйааччыларга уонна тэрийээччилэргэ махтал мааны тылларын видеосибээс нөҥүө тириэрдибитин дохсун ытыс тыаһа доҕуһуоллаата.

 

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....