11.02.2020 | 08:34

Таптал кубалара

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

     Ньургун уола аармыйаттан сулууспалаан бүтэн кэлэрин көрсөөрү, Дьокуускайга кэлбитэ хас да хонно. Уол үс оҕоттон кыралара, үрдүк үөрэхтээх, өйүн туппут киһи.

Кини былырыын университеты бүтэрэн идэтинэн үлэ көрдөнөн, элбэх тэрилтэҕэ сылдьыбыта. Онуоха хас да сиргэ “Аармыйаҕа сылдьыбатаххын” диэн аккаастааннар, сулууспалыы барарга быһаарыммыта. Сөпкө быһаарыммыт эбит, билигин сулууспа биир сыл буолан, түргэнник ааста. Аны аармыйаҕа сулууспалаабатаххын диэн хаахайдаспаттар, онон, дьэ, үлэ булунар ини. Тапталлаах кэргэнэ Ольга биэс сыллааҕыта мэйиитигэр тымыр быһа баран, соһумар баҕайытык өлөөхтөөбүтэ. Онтон ыла Ньургун соҕотоҕун олорор. Икки улахан оҕолоро ыаллар, уол хоту улууска тахсыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар, кыыс куоракка олохсуйбута ыраатта. Кинилэр аҕаларын: “Биһиэхэ кэлэн олор”, - диэн ыҥыраллар да, биһиги киһибит олоҕун үтүө сыллара ааспыт дьиэтин-уотун өтөхсүтүмээри, уонна бэлиэр оҕолор көрүүлэригэр киириэм дуо диэн, сөбүлэспэт. Кэргэнэ өллөҕүн бастакы икки сылыгар лаппа тулаайахсыйбыта. Оля бэлэмигэр сылдьыбыт буолан, оннооҕор таҥаһа-саба, туттар тэриллэрэ ханна сыталларын булбакка эрэйдэммитэ. Аны аһын сатаан астаммакка, айаҕар улаханнык тутахсыйбыта. Билигин боростуойдук да буоллар син астанар. Улахаттара аҕалара тулаайахсыйбытын көрө сылдьан: “Аҕаа, сатаатар бэйэҕэр сөп түбэһэр дьахтарда булан ойохтон ээ”, - диэн көрөллөр да, Ньургун дьахталлары наар Олятыгар тэҥниир уонна киниэхэ холооннооҕу булбакка, бэйэтэ бэйэтигэр сылдьар. Кини бүгүн аралдьыйаары уонна билсэр дьонун көрсөөрү, ипподромҥа ат сүүрдүүтүгэр кэллэ. Киһи элбэх эбит. Киирэр аан аттыттан бырагыраама атыылаһан иһирдьэ киирэн хантайан туран трибунаҕа олорор сир көрдөннө. Наһаа ырааҕа суох биир миэстэни таба көрөн, онно тиийдэ уонна аттынааҕы миэстэҕэ олорор ис киирбэх, бэйэтин саастыыта дьахтартан: “Олоробун дуо?” - диэн көҥүллэтэн, олбоҕор хаһыат тэлгээн олордо. Хараҕын кырыытынан дьахтары одуулаан ылла, дьахтар хайдах эрэ курус көрүҥнээҕин бэлиэтии көрдө.     Ньургун сүүрүк сылгылары билбэт, онон уксар санаата суох. Таах олоруохтааҕар аллараа аалыҥнаһа сылдьар дьону одуулаһа олордо. Хас да билэр киһитин таба көрдө, үксүлэрэ ат сүүрдүүтэ диэн баран муннукка ытаабыт биир дойдулаахтара. Сотору буолаат, бастакы сүүрүүнү биллэрдилэр. Эдэр сылгылар 800 миэтэрэҕэ бараллар. Аттары түһэрэр күөйүүгэ киллэрэн бэрт кудуххайдык сүүрдүү саҕаланна. Боруода сылгылар көтүөхтэрин кынаттара эрэ суох, кылгас сири начаас дайбаан, биэтэккэ утуу-субуу кэллилэр. Ыалдьааччылар ыһыылара-хаһыылара сүрдээх. Ньургунтан чугас олорор, үөһэ уоһугар тор курдук бытыктаах, кыра уҥуохтаах, боростуой таҥастаах-саптаах чахчы дэриэбинэ киһитэ уксан кыайда быһыылаах. Үөрүүтүттэн хаһыытыы-хаһыытыы икки сутуругунан иннигэр олорор холку көрүҥнээх модьу киһи кэтит көхсүн балайда сэниэлээхтик барабааннаата уонна: “Көөһөй, сүүйтэриигин ууран кул!” - диэн баран, харахтара көстүбэт буола үөрэн, күлэн арсайан, аҕыйах тиистээҕэ көстөн турда. Онуоха сүүйтэрээччи туох эрэ диэн ыҥырынна уонна бэркэ астаһан, кууркатын сиэбиттэн харчы хостоон киһитигэр биирдии мөһөөхтөөҕүнэн биэс кумааҕыны ааҕан биэрдэ. Сүүйээччи кыайыытыттан кынаттанан мэктиэтигэр үҥкүүлээн кыдьараҥнаан ылла уонна: “Өссө уксуох, бу сырыыга эн ким буолаҕын?”- диэн баран киһитин кыһытан сирэйин иннигэр сүүйбүт харчытынан ытыһын “лас” гына охсунна. Сүүйтэрээччи муннунан да, айаҕынан да тыыммакка олорбохтоото. Онтон: “Ласс Вегаспын,” - диэтэ. Онуоха атаһа: “Обургу, мин ылыахтаах сүүрүкпүн талан ыллыҥ дии. Чэ, бар, сиэ! Кыайтарыам да буоллар, ити ордубут үс атынан эккирэтиннэрэн көрөөхтүүм”, - диэн суланна. Онуоха табаарыһа: “Суох, үс атынан сатаммат”, - диэн санаатын этинэн бурдурҕаата. Кырата сөбүлэспэт курдук туттан ойон туран туора-маары хаамыталаата буолан баран, аттары лаппа билэр быһыылаах, хараҕа тэбэнэт уотунан чаҕылыһа сылдьаллар. Киһитигэр кэлэн: “Сах салаатын, биир аты туоратабын, икки атынан эккирэтэбин, онно сөбүлэспэт буоллаххына Вегаһы ыламмын атын уксар киһини көрдүү бардым,” - диэн киһитин куттаан татыаккаланна. Көөһөйө балачча саҥата суох дьүккүччү көрөн олорбохтоон баран: “Буоллун”, - диэн сөҥөдүйдэ. Тор курдук бытыктааҕа тугу эрэ толкуйдуу түһэн баран: “Көөһөй, хайа муҥун оҕоҕо-дьахтарга дылы биэстии мөһөөҕүнэн уксан чооҕурдаһабыт, сатаатар биирдии тыһыынчаҕа барыах. Бу сырыыга эн кыайарыҥ чуолкай. Онон сүүйтэриигин төннүннэрбитиҥ таһынан, сүүйүүлээх хаалыаҥ дии”, – диэн ымсыырдан биэрдэ. Тор курдук бытыктаах угаайыта кэбэҕэстик үлэлээтэ. Атаһа үгүс саҥа мэлийбит киһитэ, улгумнук төбөтүн тоҥхох гыннаран сөбүлэҥин биллэрдэ. Ньургун маны көрө олорон, уксааччылартан бөдөҥүн «Көөһөй” диэн олус да сөпкө ааттаабыттар дии санаата.     Иккис сүүрүү олус тыҥааһыннаахтык барда. Үс сылгы утуу-субуу инникилии сырыттылар. Ол аайы трибуна өрө оргуйа олордо. Кыра уҥуохтаах киһи тилэҕинэн муостаны лигийэ-лигийэ кыламмахтаата. Көөһөйүн көхсүн хаста да бэрт ыарыылаахтык сутуруктаата быһыылаах. Атаһа тулуйбакка кини диэки эргиллэн малас гынаат: “Бүт эрэ!”- диэн күргүйдээтэ. Биэтэккэ сырдык тураҕас соноҕос моой быһарынан эрэ бастаан тахсаатын кытта, кыра киһи “Ураа!” хаһыытаат, Көөһөйү хортууһа туура барыар диэри кэтэххэ “лаас”. Маныаха сыгынах саҕа Көөһөй тулуйарыттан ааһан, улахан сутуругун суулуу тутан: “Саайыам!” - диэбитинэн туран кэллэ.Тор курдук бытыктаах наһаалаабытын өйдөөн уонна улахан сутуруктар ыйааһыннарын арааһа этинэн-хаанынан билбит баҕайыта буолуо, бэрт түргэнник хаптас гына түстэ. Киһитин хортууһун ылан тэбии охсон утары уунна уонна: ”Бүттүм, бүттүм!”-диэт, бэринэрдии икки илиитин өрө уунна. Бу дьон мучумааннаһалларын көрө олорон Ньургун санаата улаханнык көтөҕүлүннэ. Аттыгар олорор дьахтара эмиэ маны болҕойон көрө олорор эбит. Били туох эрэ санаа баттыктааҕын умнан, харахтара тырымныы мичилиспиттэр.     Бу көөчөөн көрдөрүн уксар кыдьыктара дьайан, дьахтар Ньургуҥҥа эргиллэн: “Эн биһиги таах олоруохтааҕар биирдии мөһөөххө уксубаппыт дуо? Бу дьону көрө олорон киһи эрэ уксуох курдук”, - диэн тыл көтөхтө. Ньургун толкуйдуу барбакка улгумнук сөбүлэстэ. Дьахтар: “Мин биир да аты билбэппин, ол гынан баран дьүөгэм Надя ат баайар. Кини үс сылгыта сүүрэллэр, онно ыалдьабын”, - диэтэ. Ньургун дьээбэлэнэн: “Мин эмиэ биир да сүүрүк аты билбэппин. Онон эн сылгыларгын, ордубут атын сылгыларынан барыларынан эккирэтиннэрэр буоллаҕым дии”, - диэтэ. Дьахтар толкуйдуу түһэн баран: “Оннооҕор Көөһөй итинниккэ сөбүлэспэт дии. Чэ, буоллун даҕаны!” – диэтэ уонна хорсун баҕайытык төбөтүн хоноччу тутунна. Ньургун маны көрөн: “Чээн! Бу нарын туллук хорсунун көр эрэ”, - дии санаан, дьахтары харыстыыр баҕа санаа дууһатыгар ил гынна. Ньургун дьахтарга мичээрдээт: “Оонньоон этэбин. Мин илин эҥэрбин, онон патриоттаан сүүрүү аайы биирдии илин эҥэр сылгытын ылыам”, - диэн уксар усулуобуйаларын чуолкайдаата. Ньургун дьахтарга: “Бачча уксан эрэр дьон билсэн кэбиһиэх. Мин Ньургуммун”, - диэн баран илиитин уунна. Онуоха дьахтар: “Светланабын”, - диэн баран илиитин биэрдэ. Эр киһи кэтит ытыһынан дьахтар нарын, сылаас тарбахтарын тутан туран, маннык илиини өр туппакка суохтаабытын чуолкайдык өйдөөтө. Иккиэн кыттыһан бырагырааманы үөрэтэн, хаһан кинилэр сылгылара сүүрэллэрин биллилэр. Светлана сылгыттан олох ыраах сылдьар киһи эбит. Онон Ньургун, аттар киирдэхтэринэ, сүүрдээччи камзолунан уонна нүөмэрдэринэн сирдэтэн, киниэхэ сүүрүктэрин ыйан биэрэр. Быыһыгар кыратык дьээбэлэнэн, суустаан, Светлананы мунаахсыта да, күллэрэ да сырытта. Түмүгэр, уксууга 2:1 ахсаанынан Светлана кыайан, үөрэн-көтөн чаҕылыйа олордо. Ньургун кэргэнэ өлүөҕүттэн ыла биир да дьахтары кытта маннык дуоһуйа алтыһа илик.

     Кини: “Сүүрүү бүттэҕинэ икки аҥы суолунан барабыт дуо? Светлана тарбаҕар обручальнай биһилэҕэ суоҕун иһин, баҕар, кэргэнээх буолуо дии?” - диэн өй-санаа мөккүөрүгэр олордо.  Итинник толкуйдуу олорон, хорсунун киллэрэн: “Светлана, эйигин атаарабын дуо?” - диэн сэмэйдик ыйытта. Онуоха дьахтар боччумура түһээт: “Мин мантан ырааҕа суох олоробун. Салгын сии таарыйа сатыы барыам, хаамаргын ыарырҕаппат буоллаххына, атаар”, - диэн сөбүлэстэ.     Дьон сүрүн халҕаһата ипподромтан тиэтэлинэн халыйан тахсыбытын кэннэ, Ньургуннаах Светлана тахсаннар, ыксаабакка куорат диэки хаамыстылар. Күн арҕаалыыр саҕахха санньыйан, аалай кыһыл сарыалын ыһан, сарсын эмиэ чаҕылхай күн үүнэрин түстээтэ. Массыына бөҕөтө аттыларынан куотуспуттуу сирилэһэн аастылар. Уулусса чуумпуран сайыҥҥы сырдык түүҥҥэ күүлэйдииргэ олус бэрт буолла. Салгын лаппа сөрүүкээн, Светлана дьагдьайбыт курдук буолбутун көрөн, Ньургун кууркатын устан киниэхэ кэтэртэ. Онуоха дьахтар кини диэки сылаастык көрөн кэбистэ уонна махтанна. Бастаан балайда саҥата суох хаамыстылар. Онтон Светлана: “Мин бүгүҥҥү курдук аралдьыйан сэргэхсийбэтэҕим ыраатта. Онон сэргэх киэһэни бэлэхтээбиккэр баһыыба”, - диэтэ. Ньургун маны истэн үөрдэ: “Светлана, мин эмиэ бу курдук кэрэ аҥаары кытта дуоһуйа алтыспатаҕым биэс сыл буолла”, -  диэн хардарда. Онуоха дьахтар ыйытардыы тэрбэс гына көрбүтүн иһин салҕыы олоҕун, Олятын туһунан кэпсээтэ. Дьахтар маны барытын болҕойон истэн баран: “Киһи чугас киһитин араастаан сүтэрэр. Эн олоххун миэхэ аһаҕастык кэпсээтиҥ. Онон мин эмиэ олохпун кэпсиим”, - диэтэ.

   Бу курдук кэпсэтэ-кэпсэтэ кураанах уулуссаны холкутук туораан биэс этээстээх дьиэҕэ тиийэн кэллилэр. Светлана кыратык толкуйдуу түһэн баран: “Мин дьиэбэр кэллибит, киириэх,” - диэн ыҥырда. Хаһаайка дьиэҕэ киирээт газ плитатын холбоон чэй туруорда. Ньургун курткатын, бачыыҥкатын устан Светлана ыйбыт туалетыгар киирэн илиитин суунан, саалаҕа киирэн тэлэбиисэр көрө олордо. Дьиэ-уот килэйэр-халайар баайа суоҕун иһин ырааһа, мал-сал уурбут туппут курдук барыта миэстэтигэр турара Светлана бэртээхэй хаһаайка буоларын туоһуолаата. Сотору Светлана Ньургуну остуолга ыҥырда. Дьахтар сөрү-сөп халаат кэппитэ, кини тупсаҕай быһыытын-таһаатын ураты сылаас тыыннаан, эр киһи дууһатыгар ахтыбыт нарын иэйиини уһугуннарда.

   Чэй иһэ олорон Светлана олоҕун устан ааспыт сүүрүгүттэн сэһэргээтэ: “Университекка үһүс кууруска үөрэнэ сылдьан, уус-уран самодеятельность бэстибээлин түмүктүүр кэнсиэригэр ыллаары, кыргыттарбынаан кылаабынай куорпус сыанатын кэннигэр долгуйа турдубут. Биһиги иннибитигэр инженернэй-техническай факультет уола Семен Слепцов киирэн “Кубалары” сөҥ куолаһынан ыллаан доллоһутта. Куолаһа бу киэҥин, түөһүн иһиттэн аа - дьуо кутуллар. Иэйиилээх ырыа алыбыгар уйдаран, бары чуумпуран хааллыбыт. Аттыбар турар дьүөгэм Феня: “Семен мин биир дойдулааҕым. Хата, Света, эйигин билиһиннэрэбин дуо? Кини кыыһа суох, иккиэн сөп түбэсиһиэх этигит, бэрээдэктээх уол,” - диэн сибигинэйдэ. Мин соһуччута бэрдиттэн: “Дьүөгэм түргэн кыыскын”, - диэтим. Уол ыллаан бүппүтүгэр саала иһэ ытыс тыаһыттан уонна биис хаһыыттан өрө оргуйа түстэ. Уол икки төгүл төхтүрүйэн сыанаҕа киирэн көрөөччүлэргэ сүгүрүйэн таҕыста. Ити кэнниттэн биһиги ансаамбылынан киирэн ыллаан, эмиэ биис бөҕөтүн ыллыбыт. Сыана кэннигэр тахсыбыппытыгар Семен кэтэһэн турар эбит. Кини барыбытын кэриччи көрө-көрө: “Маладьыастар, чаҕылхайдык ыллаатыгыт”, - диэтэ. Биһиги долгуйбуппут ааһан, күлсэн-салсан уоскуйуубут саҕана, Феня миигин сиэтэн илдьэн Семены кытта билиһиннэрдэ.     Дьэ, бу күнтэн саҕалаан мин олохпор олус сырдык, кэрэ кэмнэр саҕаламмыттара. Семеннуун бэйэ-бэйэбитигэр сөп түбэспиппит, кыратык даҕаны тэйсэ түстэхпитинэ суохтаһар этибит. Ити курдук таптал сылаас долгунугар куустаран, икки аҥаар сыл биллибэккэ ааспыта. Университеппытын бүтэрэр сааспытыгар биир өрөбүл күн элбэх буолан Чочур Мырааҥҥа сынньана тахсыбыппыт. Айылҕаҕа ырыа бөҕөтүн ыллаан, сүүрэн-көтөн дуоһуйа көрүлээбиппит. Уолаттар кыргыттарга саҥа тыллыбыт ньургуһуннары бэлэхтээбиттэрэ. Оонньуу быыһыгар биһиги оҕолортон тэйэн мыраан кытыытыгар аһаҕас сиргэ сиэттиһэн тиийбиппит. Мантан куорат наһаа үчүгэйдик көстөрө, биэс сыл иһигэр ис сүрэхпититтэн таптаабыт дьоллоох Дьокуускайбыт киэлитин кэрийэ көрө турбуппут. Сеня миигин иннигэр уктан, кууһан туран холкутук “Кубаларын” ыллаабыта. Мин ырыа иэйиититтэн уонна таптал абылаҥыттан дьикти турукка киирэн, харахпын саппыппар Сенябынаан кубалар буоламмыт Туймаада хочотун үрдүнэн көтөн иһэрбит илэ көстөн кэлэргэ дылы буолбута. Соргулаах олох суола Эн биһиэхэ арыллар, Дьол сандаарар сулуһа Ол саҕахха умайар, - диэн тыллар күүс-уох бөҕөтүн куппуттара.        Доҕорум салгыны модун кынаттарынан хайытан миэхэ суол тэлэн иһэрэ, мин кини салгыныгар уйдаран наһаа чэпчэкитик көппүтүм. Ырыа бүппүтүгэр балайда саҥата суох куустуһан турбуппут, онтон мин Сеняҕа: “Наһаа да үчүгэйдик ыллаатыҥ, иккиэн куба буолан көттүбүт дии,” – диэбитим. Онуоха кини миигин илиибиттэн тутан туран: “Эн мин кэрэ кубам буолаҕын, холбоһон ыал буолуох,” - диэбитигэр, мин үөрүүнү кытта сөбүлэспитим.      Биһиги кэргэним дойдутугар Абыйга үс оҕолономмут, сүүрбэ икки сыл устата толору дьоллоохтук олорбуппут. Сеням “Кубалары” ыллаатаҕына, бу ырыа биһиэхэ ананан суруллубут дии саныырым. Мин Сеняҕа таас истиэнэҕэ эрэнэр курдук эрэнэрим, кини куруук хорсун куба буолан миэхэ суол тэлэрэ. Ити курдук олус үчүгэйдик олордохпутуна, кулууппутугар дириэктэринэн эдэр кыыс ананан кэлбитэ.Көстөр дьүһүнүнэн ураты кэрэ, сытыы майгылаах оҕо. Үлэ бөҕөтүн ыытан барбыта, дэриэбинэ тиллэ түспүтэ. Сеня биһики көхтөөх бөҕөтө дьон, оскуоланы бүтэрээри сылдьар кыра кыыспытын Ньургуйаананы кытта кэнсиэрдэргэ кыттан, сүүрүү-көтүү буолбуппут. Улахан оҕолорбут устудьуоннуу сылдьаллара. Кэнсиэртэр кэннилэриттэн дириэктэр кыыһы ыҥыран, дьиэбитигэр остуол тэрийэн хаста да аһаппыппыт. Биир оннук киэһэ хойуккааҥҥа дылы олорон хаалбыппыт. Кыыс дьиэлииригэр бириэмэ ыраатан Сеня кинини атаара барбыта, мин иһит-хомуос хомуйа хаалбытым. Сеням тоҕо эрэ тардылла түһэн баран кэлбитигэр суолта уурбатаҕым. Мантан ыла кэргэним командировкаҕа эбэтэр булка барара чаастатыйбыта.    Биир киэһэ дьүөгэлэрим: ”Сеня кулууп дириэктэригэр хонор” - диэн кэпсээбиттэрэ. Ити сурах ыраас халлааҥҥа этиҥ этэринии мин сүрэхпэр олус ньиргиэрдээхтик сааллыбыта. Аҕыйах хонуктааҕыта Ньургуйаана оскуолатын бүтэрэн Дьокуускайга үөрэххэ туттарарса баран, дьиэбэр соҕотох этим.Ол түүн Сеня эмиэ кэлбэтэҕэ. Мин санаарҕаан сатаан утуйан биэрбэккэ эрэйдэммитим. Сарсыарданан нуктаан иһэн түүл түһээммин кубаларбын көрбүтүм. Барахсаттар күөл үрдүнэн көтөн истэхтэринэ саа тыаһа хабылла түспүтэ, тыһы куба түөһэ кытар гына түспүтэ уонна наһаа хатаннык кыланаат таастыы сууллубута. Соһуйуом иһин, атыыр куба доҕорун кэтэспэккэ саҕах диэки көтө турбута. Ити түүлтэн дэлби уйулҕам хамсаан, тиритэн аҕай сүрэҕим айахпынан тахсан барыах курдук буолан уһуктубутум. Түүлбүн тойонноон, хаарыаннаах ыраас тапталым өлбүтүн сэрэйбитим уонна ытаан хараҕым уутунан сыттыкпын илиппитим. Ытыы сытан олохпун барытын эргитэн көрбүтүм уонна дьолбут алдьанар дьиэгин Сеня биһикки сыһыаммытыгар булбатаҕым. Мин биири өйдөөбүтүм, Сеня миэхэ төннөн кэлэр да түгэнигэр, кылбаа маҕан кубалар таптал дуолугар куустуһан бииргэ көтөр кыахтара сарбыллыбытын.     Сеня киэһэ лаппа холуочук кэлэн,балайда саҥата суох олорбохтоон баран: “Света, мин эн иннигэр улахан буруйдаахпын. Атын дьахтардаммыппын билэ сырыттаҕыҥ. Дууһам икки аҥы хайа таттаран, эрэй бөҕөтүн көрдүм. Эйиэхэ төннүөхпүн, мин буруйбунан алдьаммыт тапталбытын сатаан тилиннэрбэппитин өйдүүбүн. Аны кинини хаалларыахпын, дьахтарым оһоҕостоох,” - диэтэ. Кэргэним баары баарынан эр киһилии кырдьыгынан кэпсээбититтэн, кинини убаастыы санаабытым уонна холкутук: “Сөпкө быһаарыммыккын, оҕоҕун көрсөн-харайсан улаатыннардаххына сатанар. Мин куоракка оҕолорбор көһүөм, арахсарга сөбүлэҥмин биэрэбин,”- диэбитим. Сеня остуолтан туран миэхэ чугаһаан ыбылы кууһан түөһүгэр сыһыары тарпыта. Онно кини сүрэҕэ туһахха иҥнибит туллук сүрэҕинии өрө мөхсөрө кулгаахпар битигирээн иһиллибитэ. “Доҕоруом, мин кубачааным, кэрэ да киһи буоллаҕыҥ,” - диэбитэ уонна иэдэспиттэн дириҥник да дириҥник бүтэһигин сыллаабыта. Ол кэнниттэн хараҕын уутун ытыһын көхсүнэн хаһыйаат, тахсан барбыта. Мин кинини хараҕым далыттан сүтүөр дылы түннүгүнэн батыһыннары көрөн турбутум. Сеням көхсө холбуйан, хайдах эрэ эмискэ кырдьыбыт курдук буолаахтаан хаама турбута. Кини көстүбэт буолбутун кэннэ олоппоско “лах” гына олоро түспүтүм уонна саҥа таһааран ынчыктаан, ытаан тапталбын хараҕым уутунан сууйан бырастыыласпытым.     Дьахтар хараастан чочумча саҥата суох олордо, хараҕын уутун соттон ылла уонна номнуо сойбут чэйиттэн омурта, онтон холкутаан кэпсээнин салҕаата: “Билигин икки улахаттарым эмиэ эйиэннэрин курдук ыаллар, уолум дойдутугар Абыйга олорор. Арахсарбыт утаата аҕатыгар өһүрбүтэ. Ону кэпсэтэммин, олоххо араас буолар диэн өйдөтөммүн, аҕатыгар сыстан бииргэ сылдьаллар. Улахан кыыс бэртээхэй диэн уолга кэргэн тахсан манна куоракка быр-бааччы олороллор. Ньургуйаанам аспирантураҕа киирэн, Москваҕа үөрэнэ барда. Өрөбүллэргэ сиэннэрбин аҕалан, сэргэхсийэн ылабын. Билигин “Кубалары” ким эмит ыллаатаҕына, харахпар тыһы куба хаанынан уста сытан кыланара иһиллэр. Ол иһин ити ырыаны тулуйан истибэт буоллум. Дьэ, ити курдук”,  - диэн баран хайдах эрэ чэпчээн дириҥник өрө тыынна.     Ньургун бу кэрэ саха дьахтарын кытта баара - суоҕа биир киэһэ алтыһаат, дууһатынан киниэхэ тардыстан барда. Кэпсээн бүппүтүн кэннэ саҥата суох олорбохтоотулар. Онтон ыраас, арылыччы көрбүт харахтары утары одуулаан олорон: “Светлана, мин бүгүн эйигин көрсүбүппүттэн улаханнык үөрэн олоробун. Эн сөбүлэһэр буоллаххына, мин эйиэхэ өссө кэлиэм. Наар ааспыт олох эрэ өйдөбүлүнэн олорор сыыһа быһыылаах. Тойон Таҥара төһө кэми биэрбитинэн, ону барытын толору дьоллоохтук олоруохха дии саныыбын”, - диэтэ. Онуоха дьиэлээх хаһаайка: “Мин утарбаппын, кэлээр. Чугастык билсиэх, салҕыы туох буоларын олох көрдөрүө. Мин даҕаны эйиэхэ тоҕо эрэ тутатына аһыллан олохпун кэпсээтим. Урут маннык кимиэхэ да кэпсии илигим. Эйигиттэн туох эрэ холку, киһи эрэнэр тыына кэлэр, онно тардыстым быһыылаах”, - диэн намыыннык хоруйдаата. Маннык хоруйу истэн Ньургун ис-иһиттэн үөрдэ, сүргэтэ көтөҕүлүннэ. Кини истиэнэҕэ ыйанан турар чаһыны көрдө уонна: “Бириэмэ ырааппыт, утуйан сынньан. Мин эбиэттэн киэһэ кэлиэм,” – диэтэ уонна туран холкутук таҥынна. Тахсаары туран Светлананы санныттан тутан туран, сахалыы сыллаан дьахтар дьикти ыраас сытын эҕирийдэ. Ити кэннэ дьиэттэн тахсан үөрүү кынаттанан илин саҕахтан сандааран эрэр күнү көрбүтүнэн, дьолломмут киһи сиэринэн эдэригэр түһэн, эрчимнээхтик хаама турда. Дьахтар ааны сабан баран, эр киһи атаҕын тыаһа сүтүөр дылы аан тутааҕын тутан турдаҕына, икки куба бэйэ-бэйэлэрин ыҥырсан кылыктыыр саҥаларын алыптаах дорҕооно ханна эрэ ыраах иһилиннэ.Егор Борисов - Буор Булгунньах

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....