ТАЛБА ТАЛААН ТАЙАММЫТ КИҺИТЭ
Бүгүн ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуйуллубут Амма Эбэ хотун Амма нэһилиэгин Далбар Хотуна Мария Егоровна Иванова ыалдьыттыыр.
Талааннаах киһи эргиччи талааннаах диэн мээнэҕэ эппэттэр. Мария Егоровна туһунан билиһиннэрбиттэригэр, биир киһи олоҕор бэриллэр талаан таһымнаабытын сөхпүтүм. Ол курдук кини бааһынай хаһаайыстыбанан дьарыктанар, онно ынах сүөһү, сылгы, сибиинньэ, коза, куруолук, куурусса иитиллэн турар, кыралаан хоһоон суруйар, олохтоох норуот тыйаатырыгар артыыстыыр, киинэҕэ уһуллар, куонкурустарга кыттар, ону таһынан оҕуруота, дьиэ ис-тас үлэтэ үгүс. Үс оҕо иһирэх ийэтэ, түөрт сиэн эйэҕэс эбэтэ, тапталлаах кэргэн, бастыҥ хаһаайка.
– Мария Егоровна, бастатан туран, бэйэҥ тускунан билиһиннэриэҥ дуо?
– Ийэм Евдокия Афанасьевна Амма Болугуруттан, оччотооҕуга “Сырдык сулус” диэн холкуостан төрүттээх, аҕам Попов Егор Петрович Мэҥэ Хаҥалас Тиэлиги нэһилиэгэр иитиллибит, улааппыт. Бииргэ төрөөбүттэр алтыа этибит, хомойуох иһин, икки уол билигин биһиги кэккэбитигэр суох. Билигин түөрт кыыс бары ыал буолан, быр-бааччы олоробут. Дьонум барахсаттар саастарын тухары сүөһү иитиитигэр үлэлээбиттэрэ.
1982 сыллаахха оскуоланы бүтэрээт, тыа хаһаайыстыбатын институтугар ветеринария салаатыгар туттарса сылдьан, төттөрү төннөн турардаахпын. Бэйэм баҕабынан сопхуоска хаалан ыанньыксытынан үлэлээн саҕалаабытым.
1990 сыллаахха кэргэммин Александры көрсөн ыал буолбуппут, утуу-субуу икки кыыс оҕоломмуппут. Онтон кыргыттарбытын уһуйааҥҥа ылбакка, 1995 сылга улуус киинигэр көһөн киирбиппит.
Оччолорго “Амма” сопхуос улуус киинигэр ынах сүөһүнү тутан олорор кэмэ этэ, кэргэмминиин пиэрмэҕэ үлэлээн саҕалаабыппыт. Онтон ыһыллыы-тоҕуллуу буолан, устунан Үрүҥ Күөл базатыгар бурдукка завтогунан, “Хойуу” биригээдэтигэр оҕуруотчутунан, кэлин “Бурдук” маҕаһыыҥҥа атыыһытынан үлэлээбитим. Онтон 2011 с. барыта букатыннаахтык ыһыллан, түмүгэр үлэтэ суох хаалбыппыт.
Ити сыл сааһыгар, кулун тутар ыйга, билигин да улууска соҕотох үлэлээн олорор аһы-үөлү переработкалыыр “Амма” СППК тэрилтэтигэр хонтуораҕа муоста сууйааччынан үлэлии киирбитим.
– Онно төһө өр үлэлээтиҥ?
– Кэлин анааран көрдөххө, манна үлэлии киирбитим мээнэҕэ буолбатаҕын өйдөөтүм. Оччолорго дириэктэринэн Иван Николаевич Емельянов үлэлии олороро. Иккис сылбар кабинетыгар ыҥыран ылан, бэйэҕит бааһынай хаһаайыстыбата тэринэн көрбөккүт дуо диэн кэпсэтэн, сүбэлээн ыытта. Оччолорго фермер буолуом этэ диэн өйбөр да суох буоллаҕа, күннээҕи эбээһинэһим муоста сууйуута, билигин санаатахпына тылбыттан-өспүттэн үөрэтэн көрбүт эбит диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.
Күһүөрү эмиэ идэтинэн ыҥыран ылан: “Бээрэ, бу эн хаһааҥҥа диэри швабра хотуна буола сылдьаары гынаҕыный? Кытаат, мин сүбэбин иһит уонна бэйэҥ оргууйдук толкуйдаан көр. Быйылыттан саҥа саҕалааччыларга өрөспүүбүлүкэ көмө харчы көрөр, онон сүөһүлээх киһи, бэйэ дьыалатын саҕалыаҥ этэ. Бастаан уоппускаҕын ыл уонна бараҥҥын биир ыйдаах кууруска үөрэнэн кэл уонна эһиилги сылга граҥҥа киирсээр”, – диэтэ. Оччону истээт, күһүн балаҕан ыйыгар кимиэхэ да биллэрбэккэ киирэн үөрэнэн тахсыбытым.
– Дьэ, онтон бааһынай хаһаайыстыба тэринэн бардыгыт. Ол туһунан кэпсиэҥ дуо, ким улахан тирэх буолбутай?
–Сыл бүтүүтэ регистрацияланан, 2013 сыллаахха куонкуруска кыттан 1,5 мөлүйүөннээх граны ааһан турабын.
Ити курдук бааһынай хаһаайыстыба тэринэрбэр Иван Николаевич элбэх сүбэни-аманы биэрэн улахан тирэх буолбута.
Билигин тыа хаһаайыстыбатыгар сайдар суолу тутуһааччыларга, ол эбэтэр саҥа саҕалааччыларга, бастатан туран, оттуур ходуһа, мэччирэҥ сир боппуруоһа быһаарыллыбытын эрэ кэннэ тэринэллэрэ ордук, биһиги улуус киинигэр олорор буоламмыт, бу өттүгэр ыарахаттары көрсөбүт.
– Мария Егоровна, күннээҕи үлэҕин хайдах аттараҕын?
– Тус бэйэм, хас биирдии ыал ийэтин курдук, дьиэ иһинээҕи-таһынааҕы үлэни бириэмэтигэр саба тутарбын сөбүлүүбүн, ол эрэн биһиги ыалга дьахтар, эр киһи үлэтэ диэн хаһан да араарбакка, оҕолорбутун кыра эрдэхтэриттэн үлэни тэҥҥэ кыайарга үөрэтэн кэлбиппит.
Көннөрү, судургутук эттэххэ, бүгүн кыаллары сарсыҥҥы күҥҥэ хаалларбат курдук.
– Эйигин наһаа үчүгэйдик иистэнэр дииллэр.
–Үлэни эрэ буолбакка, уопсастыбаннай үлэ да буоллун, култуура өттүгэр эмиэ барытын тэҥҥэ аттаран сааһылаан тутабын. Дьиэ – хотон, хотон – дьиэ эрэ курдук эмиэ үлэлээн олоруохха сөп эбитэ буолуо, ол эрэн, мин санаабар, оннукка киһи толкуйа да кыарыыр курдук, хайа уонна уопсастыбаҕа дьону кытары алтыһартан ордук суох буоллаҕа.
Оҕо эрдэхпинэ, ийэм тыыннааҕар иистэнэргэ, сылгы сиэлин хайдах хатарга күүһүнэн кэриэтэ үөрэппитэ. Оччотооҕу уончалаах оҕо өйүм-санаам атыҥҥа буолаахтаатаҕа, оҕолор оонньуулларыгар ымсыыра саныыр этим, ол да буоллар ийэм барахсан бу олохтон эрдэ туоруур быатыгар элбэххэ үөрэппит эбит. Билигин иис өттүгэр түүлээхтэн саҕалаан барытын тигэбин.
Ол курдук оҕолорбор, сиэттэрбэр таҥастарын бэйэм хааччыйабын, ону таһынан сөбүлээн баайабын, 2008 сылтан сиэли тутан саҕалаабытым.
Тэлэбиисэр да көрөрбөр испииссэбин эбэтэр күрүчүөкпүн туппутунан олоробун.
–Аны сиэҥҥиниин киинэҕэ уһуллубуккут.
– Аааспыт сылга быстах эпизодтарга да буоллар үс киинэҕэ уһуллан турардаахпын: Дмитрий Давыдов, Степан Бурнашов, Рустам Пудов хартыыналарыгар. Ону таһынан икки сиэним эмиэ уһуллубуттара.
Үс саастаах сиэним Диана Чурапчы көһөрүллүүтүн туһунан, алталаах улахан сиэммит Тускул “Холодное золото” киинэҕэ.
Кыргыттарбыт оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр Ольга Иванова-Сидоркевич, Гелярий Владимирович салайааччылаах “Амма Чэчирэ” ансаамбылга сылдьыбыттара, ырыа-үҥкүү искусствотын тэҥҥэ тутан улааппыттара.
–Билигин ханна үлэлииллэрий, бука, олохторун култуураны кытта ситимнээбиттэрэ буолуо.
– Улахан кыыс Күннэй – Олоҥхо театрын артыыһа, кэргэннээх, уоллаах кыыс оҕолордоох. Иккис кыыс Александра бэтэринээр идэлээх, кэргэннээх, кыыстаах уол оҕолордоох.
Улахан күтүөт Бүлүүттэн төрүттээх, иккис күтүөт Чурапчыттан, иккиэн даҕаны талбыт курдуктар, тыа сириттэн төрүттээх буоланнар, хайа да үлэттэн толлубаттар.
Соҕотох уолбут Александр 21-рэ. Инникитин үлэлээн олорор хаһаайыстыбабытын тутан хаалыахтаах диэн эрэнэбит. Кэккэ кыһалҕалары тэҥҥэ сылдьыһан билэр, көмөлөһөр, бэйэтэ эмиэ туһунан көрүүлэрдээх, уопсайынан, оҕолорбутун күннээҕинэн буолбакка, уһуну-киэҥи көрөн, онно сөп түбэһэр гына былааннанан олороллоругар кыра эрдэхтэриттэн үөрэтэн -такайан улаатыннартаатыбыт.
– Улахан дьиэ кэргэн мустар кэмҥит сайын буолуо.
– Сайынын оҕолорбут, сиэннэрбит кэлэн күүс-көмө буолаллар. Бары муһуннахпытына Эбэбитин киирэн аһатар идэлээхпит уонна айылҕалыын алтыһабыт, сиэннэрбин батыһыннара сылдьан куруолуктарга, козаларга талах хомуйабыт, көтөрдөргө күөлтэн сапрофель хомуйар үгэстээхпит. Кыра да буоллаллар көмөлөрө баһаам, улаатан истэхтэрин аайы эбээһинэстэрэ уларыйар. Аныгы үйэҕэ тиэхиньикэнэн оттооторбут даҕаны, мунньуутугар кыра, улахан диэбэккэ тэҥҥэ илдьэ сылдьабыт. Онон кыһыны быһа хаһан сайын буоларын кэтэһэллэр.
Сайын от кэмигэр хаһаайыстыбабытыгар нэһилиэк дьаһалтата уонна олохтоох кулууп администрациятын үлэһиттэрэ үс сыл субуотунньуктаан кэллилэр. Ону таһынан нэһилиэк дьаһалтата от кэмигэр сэлээркэ өттүнэн көмөлөһөр. Онон түгэнинэн туһанан, нэһилиэк баһылыгар Артемьев Михаил Алексеевичка, Ф. Потапов аатынан култуура киинин дириэктэригэр Петр Кулаковскайга махталбытын тиэрдэбит, иннникитин бу маннык сибээһи быспакка күүс-көмө буолалларыгар эрэнэбит.
Кэргэммин кытта отут сыл олордубут. Александр сүрдээх киэҥ көҕүстээх буолан бу маннык үлэнэн эрэ муҥурдаммакка, улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэргэ кини баар буолан, өйөөн кыттан кэллим.
– Мария Егоровна, түбүктээх күҥҥүттэн быыс булан кэпсэппиккэр истиҥник махтанабын. Быйыл Аммаҕа Дьиэ кэргэн экономикатын сылын биллэрдилэр. Онно эһиги дьиэ кэргэн көхтөөхтүк кыттан, хаһаайыстыбаҕытын өссө сайыннаран, бэйэҕит чэгиэн олохтонон үөрэ-көтө, дьоллоохтук олоруҥ диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.