12.12.2021 | 18:00

Талааннар Ньурбаттан тахсаллар

Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ, Ньурба – Дьокуускай
Бөлөххө киир

Сэтинньи 30 - ахсынньы 4 күннэригэр наукаҕа, искусствоҕа уонна спорка дьоҕурдаах оҕолору көрдүүр өрөспүүбүлүкэ IV-с Үөрэхтээһиҥҥэ экспедицията спорка баай үтүө үгэстэрдээх Ньурба оройуонугар үлэлээтэ.

Бу иннинэ Уус Алданынан, Мэҥэ Хаҥалаһынан, Чурапчынан, Кэбээйинэн, Горнайынан, Өймөкөөнүнэн сылдьыталаабыта. Барыта биэс тыһыынча оскуола оҕотун, спортивнай оскуолалар иитиллээччилэрин анал үөрэхтээх исписэлиистэр тургуттулар.

 

Ньурба экспедициятын бырайыак биир сүрүн көҕүлээччитэ, тэрийээччитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка солбугу бэлэмниир киин дириэктэрин солбуйааччыта Аграфена Колесова салайда. Ньурба куоратынан, Антоновка, Марха, Маалыкай, Малдьаҕар, Хорула, Хаҥалас, Чуукаар бөһүөлэктэригэр чугастааҕы нэһилиэктэртэн түмэн, оскуолаларын оҕолорун, учууталлары, тренердэри, төрөппүттэри, олохтоох дьаһалталары кытта көрсүтэлээтилэр, кэпсэттилэр, маастар-кылаастары ыыттылар, оҕолор балекка, музыкаҕа, спорка дьоҕурдарын тургуттулар, “Медас” эти-хааны чинчийэр аппаратынан көрдүлэр-иһиттилэр.

“Наука” хайысхатыгар математикаҕа уонна физикаҕа үөрэнээччилэр олимпиадаларын жюриларын чилиэннэрэ Тиит Павлов, Алексей Григорьев, “искусствоҕа” балет оскуолатыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Галина Эверстова, фортепианоҕа норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустар лауреаттара Дорофей Саввинов, Егор Макеев, “спорка” буулдьанан ытыыга Саха сирин, Уһук Илин чөмпүйүөнэ, маастар нуормалаах Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһии кыайыылааҕа Герасим Дьяконов; боксаҕа Саха сирин, Уһук Илин чөмпүйүөнэ, Бүтүн Арассыыйатааҕы турнир кыайыылааҕа, спорт маастара Василий Лисица; дзюдоҕа Арассыыйа призера, спорт маастара Гаврил Семенов; көҥүл тустууга спорт маастара Ануфрий Аржаков; оҕунан ытыыга Саха сирин, Уһук Илин, Бүтүн Арассыыйатааҕы турнир кыайыылааҕа, спорт маастара Ньургустаан Федотов; спорка солбугу бэлэмниир киин спорка отделын начальнига Евгений Семенов, начальнигы солбуйааччы Альберт Никаноров талааннаах оҕолору булууга тургутуулары ыыттылар.

Миэстэҕэ сылдьан көрдөххө, ыытыллар дьаһалларга болҕомто ууруллан, төрөппүт интэриэһэ улааппыт, оҕолорун кытта тэҥҥэ сылдьыһаллар. Дьоҕурдаах, талыллыбыт оҕолорго өрөспүүбүлүкэ бастыҥ оскуолаларыгар үөрэнэллэригэр этиилэр, рекомендациялар оҥоһуллаллар. Салгыы анал үөрэх кыһаларыгар киирэргэ экзамен туттараллар, государство болҕомтотугар ылыллан, толору хааччыллыылаах интернатынан хабыллаллар. Оҕо сайдарыгар улахан кыһамньы ууруллар. Оҕо оҕоттон үөрэнэр. Сочига баар “Сириус” Арассыыйа Үөрэхтээһинин киинигэр  билиилэрин-кыахтарын эмиэ сайыннараллар. Уһук Илин, Арассыыйа, Европа, аан дойду күрэхтэһиилэригэр, куонкурустарыгар кыттыылара баар буолуоҕа. Онон, сүрдээх интэриэстээх, тардар, көҕүлүүр, интэриэһи үөскэтэр улахан бырайыак. Личность быһыытынан сириэдийэллэр. Оҕо инники дьылҕата түстэнэр.

Олохтоохтор экспедиция үлэтин ылыналлар, биһирииллэр. Семен Федоров дириэктэрдээх Ньурба спортоскуолата дьоҕурдаах оҕолорун быйылгы ситиһиилэринэн киэн туттар. Дуобакка аан дойду призера Альберт Алексеев, дзюдоҕа Арассыыйаҕа миэстэлэһэр Оля Лихота, тустууктар Ян Васильев,  Адам Николаев Арассыыйа түһүлгэтигэр миэстэлэһэллэр. Сүнньүнэн, үөрэхтэрин бүтэрэн кэлбит, спорт көрүҥнэригэр идэлэрин үчүгэйдик баһылаабыт эдэр тренердэр, олохтоох ыччаттар үлэлииллэр.

 

Спорка көхтөөх, тустууга, кикбоксаҕа аан дойду икки төгүллээх чөмпүйүөнэ Василий Васильев, боксаҕа Арассыыйа чөмпүйүөннэрэ, призердара курдук талааннаах спортсменнары таһаартыыр Таркаайы нэһилиэгин Хатыҥ-Сыһыытыгар Арассыыйа чөмпүйүөнүн, Европа үс төгүллээх, аан дойду призерун бэлэмнээбит, спортивнай оскуола-интэринээти аһан үлэлэтэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тренерэ Иван Бурнашов уопутун кытта үллэһиннэ:

– Билигин даҕаны талааннар тахса тураллар. Саха сирин, Уһук Илин чөмпүйүөннэрэ, Арассыыйа, норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдар кыайыылаахтара, призердара бааллар. Холобур, Саша Авелов Арассыыйаҕа үһүс буолбута, аан дойду оҕолоругар бастаабыта. Улахан саастаах уолаттарга билигин Василий Петрович Уваровка эрчиллэр Кеша Барабанов, Алеша Антипин Арассыыйа көбүөрүгэр үчүгэй көрдөрүүлээхтэр. Инникигэ эрэли үөскэтэллэр. Нэһилиэк дьоно, салалтата спорду өйүүллэр. Саҥа тустуу спортивнай саалатын туттардыбыт, иэнэ 15х15, ахсынньы 22 күнүгэр аһыллыахтаах. Владислав Андреев аата иҥэриллиэҕэ. Талааннаах оҕолор тахсалларыгар биһиги, тренердэр, бастакы базовайын үчүгэйдик оҥоруохпутун наада дии саныыбын. Ол аата, аан бастаан, оҕону Саха сиригэр, Уһук Илиҥҥэ чөмпүйүөн, призер оҥоруохтаахпыт. Базата суох оҕо уһуннук тустубат. Улахан таһымҥа кыайан тахсыбат. Онон, салгыы улахан тренердэргэ биэрэммит таһаартарабыт. Аҥаардас бу биһиги нэһилиэкпититтэн Арассыыйа финалыгар сэттэ оҕобут туһунна.  Кыттыбыттара да үчүгэй дии саныыбын. Талааннаах оҕо диэн ураты. Талааны кытта баҕа санаа баар буолуохтаах. Талааннаах оҕо элбэх, ол эрээри төбөлөрө атыннык олорор буоллаҕына, саҕалаан иһэн баран хаалаллар. Ол иһин, тренер оҕо толкуйдуур дьоҕуругар болҕомто ууруохтаах. Ону таптаххына, оҕо үөһэ диэки тахсан бара турар. Аны, выезка барбатахпытына, киэҥ эйгэҕэ тахсыбатахпытына, ол оҕо кыайан тахсыбат. Ол иһин оҕолорбун Дьокуускайдааҕы ДЮСШ-3, олимпийскай эрэл училищетыгар, Чурапчыга биэрэн таһаарабын. Тоҕо диэтэххэ, биһигиттэн быһа тахсар ыарахан. Базабыт, үппүт-харчыбыт тиийбэт. Ньурба оройуонугар бу Мархаҕа тустуу киинэ тэриллэрэ наада. Ол иһин базабытын кэҥэтэ сатыыбыт. Тустуу саалата, улахан спортивнай саала бааллар, 25 миэстэлээх толору хааччыллыылаах интэринээтттээхпит.  Ньурба оройуонун сборнайдара кэлэннэр түмсүө, эрчиллиэ этилэр. Тустуук оҕолору кыараҕас сиргэ мунньан дьарыктыахха наада. Коркин Чурапчыга ыраах, тэйиччи күөл нөҥүө биир сиргэ тэрийбитин курдук. Оҕолор атыҥҥа аралдьыйыа суоҕа этилэр.

Үөрэхтээһин экспедициятын түмүгүн таһаарыыга Ньурба оройуонун баһылыга Алексей Иннокентьев кыттыыны ылла: «Талааннаах оҕолору көрдүүр Өрөспүүбүлүкэ экспедициятын биһириибит уонна өйүүбүт. Государственнай политика быһыытынан ылынабыт. Оҕолору кытта үлэлээһин суолтата оннук улахан. Оҕоҕо болҕомто ууруу Бастакы Президеммит Михаил Николаевтан саҕаламмыта уонна бүгүн Өрөспүүбүлүкэбит Аҕа Баһылыга Айсен Николаевынан салҕанар. Талааннаах оҕолору кытта үлэни оҕо уһуйааннарыттан саҕалыыр ордук көдьүүстээх буолуо этэ. Биһи оройуоммутугар талааннаах оҕолору кытта үлэлиир “Подготовка кадров”, “Лидеры Нюрбы” бырагыраамалар бааллар. Бу экспедиция кэлэ сылдьыыта биһи сөптөөх хайысханы тутуспуппутун бигэргэтэр. Үрдүкү таһымҥа таһаарыахпытын наада. Дьоҕурдаах оҕолор ханна баҕарар бааллар. Аныгы үйэ киһитэ эргиччи сайдыылаах, үөрэхтээх, үрдүк култууралаах буолуохтаах. Ити хайысхатыгар үлэни саҕалаатыбыт, ол курдук, робототехника, IT-технология Кииннэрин тэрийтэлээтибит. Маалыкайга Уһук Илиҥҥэ соҕотох искусство оскуолатын астыбыт. Өрөспүүбүлүкэ Үөрэхтээһиҥҥэ экспедициятын кытта бииргэ үлэлииргэ бэлэммит. Кэскиллээх хамсааһын”.

 

Экспедиция үлэтигэр Ньурба оройуонун үөрэххэ, спорка Управлениеларын начальниктара Алевтина Аргунова, Роберт Алексеев, искусство оскуолатын дириэктэрэ Елизавета Евсеева, орто үөрэх уонна спорт оскуолаларын дириэктэрдэрэ, нэһилиэктэр баһылыктара, учууталлар, тренердэр көхтөөхтүк кытыннылар. Экспедиция үлэлииригэр табыгастаах усулуобуйалары тэрийдилэр.

 

Ньурба оҕолоро үүнэллэригэр-сайдалларыгар, инникигэ эрэллээх буола улааталларыгар бэртээхэй олук уурулунна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...